Эдэр талааннаах суруйааччы Семен Семенович Маисов “Ийэм кэпсиир” арамаана ааҕааччы кэрэхсэбилин тардар суруйуу. Айымньыга тулаайах хаалбыт оҕо эрэйдээх, кыһалҕалаах олоҕо сэрии иннинээҕи кэмтэн саҕалаан уустаан-ураннаан ойууланар. Сүрүн дьоруой Аана кыыс дьоно баалларына улахан кыһалҕаны билбэккэ иитиллэн улаатан испитэ.
Арамаан бастакы чааһыттан быһа тардыы оскуола алтыс кылааһын бырагырааматыгар киллэриллэн үөрэтиллэр. Үөрэнээччилэр айымньыны сөбүлүүллэр. Бэйэлэрин саастыыта Аана кыыс олоҕун долгуйа ааҕаллар. Ол курдук ааптар ыалдьыбыт ийэтин бүөбэйдиир Аананы кытта ааҕааччы тэҥҥэ сылдьыһарын курдук турукка киирэринии итэҕэтиилээхтик суруйар.
Таайа Бүөтүр баран, Аана өлөөрү сытар ийэтиниин иккиэйэҕин хаалаллар. Оҕо барахсан ийэтин кумаартан быыһаары түптэ түптэлиир, тиэтэлинэн сылдьан ынаҕын ыыр. Хааһы буһаран ийэтин аһата сатыыр да, ийэтэ биир да хамыйах хааһыны сиэбэт. Түүн утуйбакка кэриэтэ ийэтин маныыр. Күүттэрэн баран таайа кэлэр, аймахтара киһи доҕор буола кэлсибит. Аана кыыс сылайбыта бэрт буолан, сытаат да, кыбыс-кытаанахтык утуйан хаалаар. Сарсыарда уһуктубута, дьоно арбы-сарбы буолбуттар, “Тоом, ийэҥ бөлүүн бараахтаата”дииллэр. Кыыс бастаан ким ханна барбытын этэр буоллахтарай диэн саныыр. Онтон өйдөөн, ийэтигэр саба түһэн сытан уйаара-кэйээрэ суох ытаан муҥнанар. Хайа да ааҕааччыны уйадытар түгэн. Дириҥ аһыыга ылларбыт оҕо барахсаны аһынан тэҥҥэ хараастаҕын. Мантан ыла Аана тулаайах оҕо ыар олоҕун этинэн-хаанынан билэн барар.
Айымньыны ааҕан баран үөрэнээччилэр араас кэриҥнээх айар үлэ оҥороллор. Холобур, “Аана түбүгэ” диэн үлэни суруйаары былыргы оҕо дьиэҕэ толорор араас эбээһинэстэрин билэллэр. “Аана, кытаат, тулуй” диэн үлэлэригэр оҕолор саамай чугас киһитин, ийэтин, сүтэрбит Аананы кытта тэҥҥэ хараастан, хомойон, кыыс санаатын өрө көтөҕөн сурук суруйаллар.
Онон бу айымньы иитэр-үөрэтэр күүһэ сөҕүмэр. Айымньы ааҕааччыга былыргы олох ыараханын, сут-кураан иэдээнин, тулаайах хаалбыт оҕо сорун-муҥун толору тиэрдэр. Суруллубут тыла-өһө хомоҕой, автобиографическай хабааннаах диэххэ сөп, Аана олоҕо хайа төрүөҕүттэн сырдатыллар. Бу арамааны аахпыт киһи тыылга сэрии аҕалбыт иэдээнин, сэрии кэмигэр үгүс өлүү-сүтүү, хоргуйуу тахсыбытын билэр.
Норуотун ааспыт олоҕун билбэт, сыаналаабат киһи силиһэ суох үүнээйи кэриэтэ диэн норуот суруйааччыта Софрон Данилов этэн хаалларбытын өйдүөхтээхпит. Ыччаппытыгар С.Маисов бу суруйуутун курдук бастыҥ айымньылары аахтарыахтаахпыт.
Санаатын суруйда Аммосова Валентина Ивановна, Уус Алдан Мүрү нэһилиэгин саха тылын уонна литературатын учуутала.