Иирсээн үөрэҕэр иллэhиннэрээччи нууччалыы-сахалыы тылдьыта таҕыста. Бу тылдьыт дойду Бэрэсидьиэнин Пуондатын өйөбүлүнэн бэчээттэннэ. Эрэдээктэр тыл билимин хандьыдаата, саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас хаапыдыратын дассыана А.А. Васильева. Бырайыак салайааччыта, юрист, медиатор, конфликтолог, АНО “ЯРЦМ” толорооччу дириэктэрэ, таһаараччы уонна тылбаасчыт Д.Н. Иванова санаатын бу курдук үллэһиннэ: “Иирсээн диэн киһи аймах олоҕуттан хаһан да сүппэт көстүү. Олоххо-дьаһахха тахсар араас мөккүөрү уонна иирсээннээх быһыыны-майгыны, «иирсээн сайдыы төрдө буолуохтаах» диэн санаанан салайтаран, иирсээн биһирэмнээх дьайыытыгар дьулуһан, сиэрдээхтик, эйэ дэмнээхтик быһаарсар ордугун дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсии, быһаара сылдьыахха диэн ыҥырабыт.
Тылдьыт инники сирэйин ис өттүгэр өбүгэбит муударай этиилэрин — өс хоһооннору, онтон кэлин сирэйин ис өттүгэр биллиилээх дьон санааларын киллэрдибит. Маны таһынан иирсээҥҥэ бэйэ сыһыанын сыаналанан, толкуйданан көрөргө анаан, аҕыйах ыйытыы суруйдубут.
Тылдьыппыт иирсээҥҥэ сыһыаны толкуйдаттын уонна олоххо-дьаһахха туһалаах буоллун диэн баҕарабыт”. Тылдьытк киэҥ араҥаҕа ананар. Бу тылдьыт дьыала тылынан-өһүнэн, сахалыы сөпкө суруйарга, саҥарарга көмөлөһүө.