Быйыл кыһын өтөрүнэн буолбатах тымныылар түһэн аастылар, онуоха эбии куһаҕан дьаҥ тарҕанан кырдьаҕас, кыаммат дьону дьиэҕэ хаайда. Ол да буоллар, күн уһаан, халлаан сырдаан, сылыйарга барда, сыыйа-баайа айгыр-силик айылҕа аргыый наллаан уһуктарга барыаҕа. Сааһырбыт киһи бараммат баһаам санаа кулутугар куустарар эбит. Былыт саппыта быданнаабыт саастаргын хос-хос эргитэ санаан кэлэҕин, үйэҕэр көрсүбүт моһоллоруҥ баастара бытааннык оһоллор, үйэ-саас тухары сүрэххэр хаалаллар. Сыл-хонук өксүөнүн, көмнөҕүн уйбакка хап-хара баттахпыт маҥхайар, устар олохпут үөрүүтэ-хомолтото сирэйбитигэр сурааһын түһэрэр. Дьыл-күн араастык кэлэн ааһар. өрүү дьайҕа, нуһараҥ күннэр буолбаттар. Тыаллаах, хаардаах, дьыбардаах чысхааннар аарыгыра айманан эмиэ ааһаллар. өбүгэлэрбит төһөлөөх төгүл ууга-уокка киирэн, өлөр-тиллэр мөккүөрдэрин ааспыттара буолуой. Ол иһин этэн эрдэхтэрэ «өлө-өлө тиллэр, быста-быста салҕанар» диэн өркөн өй, бэргэн этии кэриэс гынан кэннилэригэр хааллардахтара.Саха сиригэр ураа муостаах, сыспай сиэллээх син баар курдук, олору иитэргэ сааһырбыт, кырдьаҕас эрэ көлүөнэ үлэлиир. Ыччаттарбыт хотон сыттаныахтарын баҕарбаттар, сайынын оттоон күн уотугар хараарыахтарын сааталлар.
Билиҥҥитэ өбүгэлэрбит үгэстэрин салҕаан сүөһү-сылгы ииттэн, астанан-үөллэнэн олоробут. үүнэр көлүөнэ оҕолорбутугар бэйэбит төрүт аһылыкпытын аһатыаҕыҥ-сиэтиэҕиҥ, доруобуйаларын айгыраппат туһугар.Дьон-сэргэ олохсуйбат, сүөһү-сылгы суох буоллаҕына, сир-дойду иччитэхсийэр, буомурар, ото-маһа кэхтэр аакка барар. Дьэ ону аныгы эдэр дьон өйдүөх кэриҥнээххит. Ол эрээри тыа киһитэ эрэйдээх үлэтэ бүтэр уһуга көстүбэт үгүс, сарсыарда эрдэ туран ыал ийэтэ, аҕата хотонноругар тахсан ынахтарын ыыллар, саах күрдьэллэр, таһаараллар, сүөһүлэрин аһаталлар. Эр киһи сылгыларын аһатыа, далын ыраастыа, ойбонун алларыа, отун-маһын тиэниэ, булчут буоллаҕына туһаҕын, сохсотун көрсүө.Былыргы дьон барахсаттар сылгыны, ынах сүөһүнү анаан-минээн үчүгэйдик да көрөллөрө-истэллэрэ. Идэһэлэнэр сүөһүлэрин, сылгыларын туспа тутан от киэнэ үчүгэйинэн аһаталлара. Төһө халыҥ хаһалаах, тастаах сылгыны сиэбиттэрэ кэпсээҥҥэ барара үһү. Ынах сүөһүнү идэһэлэннэхтэринэ этин биир хонукка тириититгэр суулаан хоннороллоро, симэһинин этигэр иҥэрэбит диэн ааттаан. Оннооҕор идэһэ сүөһүнү өлөрөргө сүүһүн ойбонун таба охсор, эрэйдээбэккэ өлөрөр киһи ыҥырыкка сылдьар диэччилэр. Идэһэ эрэйдэнэн өлөр түбэлтэтигэр этин миинэ барбат, һыпсах буолар дииллэрин кырдьаҕастар кэпсииллэрин истээччибин, ол оруннаах быһыылаах. Ийэм бокуонньук мэлдьи санатар буолара, идэһэҕин үчүгэйдик өлөрөр киһинэн өлөттөрөр буол диирэ. Бастаан утаа бииртэн биир киһини соруйсарым, кэлин тастыҥ бырааппар өлөттөрөр буолбутум, уолум биирдэ охсон кээһэр буолан, муҥнаахтарым тугу да билбэккэ өлөөхтүүллэр этэ. Түргэнник, ыраастык астыыр буолан, куппун тутар. Күһүн идэһэ өлүүтүн саҕана былыргы курдук ыҥырыкка сылдьар. Сылгы-ынах этэ-үүтэ былыр-былыргыттан икки атахтаах этигэр-хааныгар эмтээҕэ биллибитэ ыраатта эрээри, бу аныгы эмп-том дэлэйиэҕиттэн ахсарыллыбат буолбут бадахтаах.
Саха сүөһүтэ айылҕаттан айыллыбыт барахсан буоллаҕа, өбүгэлэрбит хайдахтаах курдук абыраллаах сүөһүнү кэриэс-хомуруос гынан хаалларбыттарын киһи сөҕөн, тыһа кылгаһынан, үүтэ аҕыйаҕынан хомпуустаан имири эһэ сыыспыттарын биллиилээх учуонай, генетик-селекционер, т/х наукатын хандьыдаата Петр Апаллонович Романов Эбээн Бытантайга үөрэтэн утум хаалларан абыраабытын, билигин дьэ өйдөөн сөргүтэн иккис тыыннаан эрэллэрэ кэрэхсэбиллээх. П.А. Романовка үөрэммит буолан, кини үлэтин тыыннаах туоһута буолан бигэргэтиэхпин сөп. П.А. Романов саха ынаҕын туһунан лекциялара бэрт интэриэһинэй, итэҕэтиилээх буолаллара. Хомойуох иһин эрдэ өлөн тиһэҕэр тиийэ турууласпатаҕа. Саха сүөһүтэ наар кыралар диир алҕас буолуо. Былыргы сахалар сүөһүнү көрөллөрө-истэллэрэ үчүгэйэ бэрт, сүөһүлэрэ бөдөҥ-садаҥ, атаҕа эрэ кылгаһыар буолара. Күтүөппүт Дакараҥ Сүөдэрин аахха Дарама диэн күүлэлээх балаҕан саҕа бөдөҥ ат оҕустахтара үһү, бука улаханын модьутуун иһин Дарама диэн ааттаатахтара буолуо. Кэлин холкуоска от кээһиитигэр мин оҕус сиэтэрим саҕана Хороһуу, Тумаанап диэн көлүүр саха боруода оҕустара бааллара, киһи мыыммат барахсаттара этилэр.Саха ынаҕын үүтүн химическэй састааба быдан баайын дакаастаан тураллар. Саха ынаҕын үүтэ толору эмтээҕин туоһулуур эмээхсин киһи мин буолабын. Биир табылыакка эми сиэбэккэ аҥардас ынах үүтүн иһэн үтүөрбүт киһибин. Ону саас-сааһынан кэпсээтэххэ маннык:1959 с. 7-с кылааска үөрэнэр сылбар сайын холкуоска от үлэтигэр улахан дьону кытары сайыны быһа оскуола оҕотун үөрэҕэ буолуор диэри, биир да күн өрөөн сынньаммакка сиргэ от отууга хоно сылдьан оттуурбут.
Эргэ өтөхтөр элээмэлэригэр хоннохпутуна үөрүү буолара. Оччотооҕу отчут оҕонньоттор утуйар харахтара суох буолааччы. Сарсыарда күн кылбайа ойон тахсыаҕыттан күн киириэр диэри үлэлиирбит. Биир да оту ардахха-саппахха сытыппакка утары мунньан, кээһэн иһиллэрэ, онон киһи кирдээх илиитинэн туппат үчүгэй күп-күөх оту бэлэмниирбит.Күһүҥҥү, сааскы хара хапсыырга субан сүөһүлэргэ сиэтэргэ анаан уу отун оттотоллоро. Сорох дьыл ичигэс күһүн буолара, сорох дьыл эрдэттэн хаһыҥнаан сарсыарда эрдэ уу чаччыйа тоҥооччу. Эр дьоннор охсоллоро, дьахталлар утары ууттан тардан хонууга тарҕата ыһан сараҕытыллааччы. Оннук оттоон элбэх оту кээһиллээччи. Чаччыйбыт мууһу икки атах сыгынньах тоҕута үктээн үлэлии сылдьан мин тымныйан ыалдьан хааллым, оччотоҕу кэмнэргэ эрэһиинэ атах таҥаһа суоҕа. Ньулдьаҕай оҕотук буолан ыарыйдаҕым. Түүнүн бэргиибин, этим умайар, икки харахпыттан уот сардыргыыр, түлэкэтийэбин, олох аһаабат буоллум. үлэһиттэр күнүс ампаарга кэлэн чэйдииллэр, оттуур сирбит чугас этэ. Мин сытабын, турар кыах суох, дьоннорум отур-ботур кэпсэтэллэр, арай биир эдэр киһи этэр: “Ити кыыс үлэттэн сүрэҕэлдьээн сытар быһыылаах” диирин үдүк-бадык иһиттим. Онуоха Маайа диэн дьахтар чэйдээн бүтэн тахсан иһэн: “Балбаара, таах сытыахтааҕар лэппиэскэтэ буһараар эрэ”, — диэтэҕэ үһү. Сыппытым бэһис күнүгэр ат ыҥыырдаан биэрдилэр уонна дьиэҕэр бар диэтилэр. Дьиэбэр тиийэн сыппытым курдук сыттым. Тугу да аһаабаппын, ийэм күҥҥэ үстэ куруускаҕа үүт кыынньаран биэрэр, итиилии ис диэн манаан олорон иһэрдэр этэ уонна эбии суорҕанынан дэлби үллүйэн сабан биэрэр, суорҕаҥҥын олох аһыма диэн кытаанахтык этэрэ. Этим умайарын таһынан итии үүтү испитим этим барыта уунан устара. Ол курдук аҥаардас итии үүт аһылыктаах балай эмит өр сыттым. Соторунан отчуттар отторун кээһэн бүтэрэн дьиэлээн иһэн биһиэхэ чэйдээн аастылар. Били миигин үлэттэн сүрэҕэлдьээн сытар диэбит киһим: “Хайа бу кыыс кырдьык ыалдьыбыт эбит” диир саҥатын иһиттим. Ийэм тугу да саҥарбата. Аһаан-сиэн баран дойдуларыгар бардылар. Арааһа сирэйим-хараҕым олоруута мөлтөҕүн көрдөҕө буолуо.Ол курдук төһө өр сыппытым буолла, кэнникинэн арыый аматыйан кыралаан аһыыр буоллум. Итии үүппүн иһэ сырыттым, суорҕаммын ийэм үллүйэрин курдук үллүйэр, дэлби тиритэбин, ол эрээри этим умайара арыый буолан барда. Дьэ онтон сыыйа арыый буолан бардым, үтүөрэргэ бардаҕым дии. Күнүс туран дьиэ ис-тас үлэтигэр ийэбэр көмөлөһөр буоллум. Оскуола оҕото үөрэммитэ син ырааттаҕа буолуо, оскуолабар барыахпын ийэм ыыппат, өссө үчүгэй буоллаххына бараар диир. Ол курдук итии үүппүн иһэ-иһэ сырыттым, урукку курдук уунан чаалыйан итииргиирим тохтоон барда, сыыйа олох урукку чөлбөр түһэн тото-хана аһаан-сиэн тиргиччи киһи буоллум.өссө да хоммолообутум кэннэ: “Чэ, оскуолаҕар бар, аһара хойутуоҥ”, — диэтэ ийэм. Оччолорго туох тиэхиникэтэ кэлиэй, нөҥүө күнүгэр ыһыктанан-таймаланан туос сатыы үс көһү айаннаан үөрэниэхтээх Мархабар кэллэҕим.Аны санаатахха саха ынаҕын үүтүн иһэн абыраммыт буолуохтаахпын, итии үүтү иһэн дэлби көлөһүннүрэн ыарыым «чаана» онон тахсыбыт буолун сөбө, туох да эмэ-томо суох.Күннэр-дьыллар уу сүүрүгүн курдук үтүрүһэн устан ааһа оҕустулар, оскуоланы бүтэрэн, бэтэринээр үөрэҕэр үөрэнэн идэ ылан Верхоянскай оройуонугар үлэлэтэ утаардылар. «Верхоянскай» сопхуос Дулгалаах диэн отделениетыгар үс төгүрүк сыл этэҥҥэ үлэлээтим, онтон дойдубар кэлэн салгыы үлэлээн биэнсийэҕэ таҕыстаҕым.Дулгалаахха үлэлиир иккис сылбар көрдөрүннүм. Фельдшеринэн нуучча уола Мусик Иван Брониславович үлэлиирэ. Уолум курданарбар диэри сыгынньахтатан баран эргитэ сылдьан иһиллээтэ, көхсүм уҥа-хаҥас өттүн тыҥам туһунан тоҥсуйан көрөр, өссө төгүл өр иһиллээтэ, эмиэ тоҥсуйар, онтон ыйытта: “Хаһан эрэ тымныйан ыалдьан сылдьыбытыҥ дуо”, — диэтэ. Онуоха мин 1959 с. 7-с кылааска үөрэнэр дьылбар оттуу сылдьан ыалдьыбытым диэтим. Фельдшерим эмтэммитиҥ дуо диэн ыйытта, ону суох диэтэҕим дии. “Эс, хайдах эмтэммэтэх үһүгүнүй сымыйалаама” диир. Мин туран тоҕо сымыйалыахпыный, балыыһа суох сиригэр олоробут диэтим. Уолум олох кырдьыктаммат, сотору-сотору баһын быһа илгистэр, «Не может быть» диир, өссө да итэҕэйиэх санаата кэлбэт быһыылааҕа, чыпчырын да чыпчырын буолар. Тохтуу түһэн баран дьэ кэпсээтэ: “Ыараханнык ыалдьа сылдьыбыт эбиккин, хайдах үтүөрбүккүн сөҕөбүн, ол аата организмыҥ, иммунитетыҥ күүстээх буолан түбүркүлүөстээбэтэххин. Итинник тымныйан ыалдьыбыт дьон үксүлэрэ түбүркүлүөс ыарыыга хаптарааччылар. Хаҥас тыҥаҥ аллараа өттө үлэлээбэт (спад легочной ткани), ол билигин туох да куттала суох”, — диэтэ.Мин туран бу уол олус билиилээҕин сөҕөн эрэ кэбистим, үс сыл үлэлээн, болдьоҕо туолан дойдутугар барбыта. Булгуччу быраас буолбут буолуохтаах.Дулгалаахха үлэлии сылдьан фельдшер уол олохтоох дьыссаакка иитээччинэн үлэлиир кыыһы кытары доҕордоһор диэччилэр. Ону дьоннор үтэн-анньан, тоҕо ыал буолбаккыт диэн ыйыттахтарына: “Ити кыыс сүрэҕэ олох куһаҕан, аҕыйах сылынан өлүөҕэ”, — диирэ үһү. Кырдьык даҕаны ол кыыс эрэйдээх мин дойдубар кэлбит иккис сылыгар өлбүт сураҕын истибитим.Онон ол фельдшер уол айылҕаттан бэриһиннэрбит өйдөөх, дириҥ билиилээх эмчит киһи буолбут буолуохтаах. Билии-көрүү өттүнэн сабырыччы киһи быһыылааҕын сэрэйэҕин эрэ.
Хатыҥ Сыһыы кырдьаҕас олохтооҕо Варвара НИКОЛАЕВА