Тыл уонна култуура научнай-чинчийэр института 1938 с. Бүлүү бөлөх улуустарын фольклорун хомуйарга тэрийбит эспэдииссийэтин чэрчитинэн, А.А. Саввин бэрт үгүс үлэни үмүрү тардан оҥорбута. Кини ордук Кэбээйи, Бүлүү уонна Сунтаар улуустарыгар үлэлээбитэ биллэр. Оттон Ньурбаҕа олус уһаабатах. Бэйэтэ суруйарынан корреспонденскай пууннары тэрийэн, норуот айымньытын хайдах хомуйарга, суруйарга сүбэ-ама биэрэн баран Сунтаар улууһугар ааспыт.
Кини сүбэтигэр-аматыгар тирэҕирэн учууталлар И.И. Васильев, М.С. Кириллин, И.А. Санников, С.П. Софронов Ньурба биллэр олоҥхоһута Кутуруков Игнатий Васильевичтан “Дьылырдаайы Бухатыыр” диэн олоҥхону латыын алпаабытынан суруйан туттарбыттар. Бу Ньурба сириттэн институт пуондатыгар бастакынан киирбит олоҥхо буолар. Кини кээмэйэ да улахан – 9 тыһ. кэриҥэ строкалаах.
Оттон олоҥхоһут Кутуруков туһунан туох биллэрий? Кини “Саха сирин олоҥхоһуттара” ыйынньыкка киирэ сылдьар. Онно “Дарбааннаах айаннаах, ньиргиэрдээх тиҥилэхтээх, эрийии тимир кымньыылаах, кутуу тимир тайахтаах Тимир Лыппырдаан бухатыыр”, “Ахсым сырыылаах ала дьоруо аттаах Айыы Дьулустаан бухатыыр” уонна “Дьылырдаайы бухатыыр” диэн олоҥхолордооҕо ыйыллыбыт. 1881-1949 сс. олорон ааспыт киһи. Ньурба Маалыкайа. Аны туран А.А. Саввин муус устар 21 күнүгэр 1938 с. олоҥхоһуту бэйэтин кытта көрсөн сэһэргэспит эбит. Оччолорго Игнатий Васильевич 57 саастаах. Кини “тигиилээх сирэйдээхтэр” туһунан кэпсээбит. Ити эргин оннук ааттаах, сирэйдэрин тиктэр тоҥус биистэрэ үөскүү, хойукка диэри олоро сылдьыбыт сирдэрэ. Кэпсээнньит бэйэтин ийэтэ эдэригэр сирэйин ойуулата сылдьыбыт эбит, ону дьоно сөбүлээбэккэлэр уонна тиктэрбитэ ириҥэрэн ылларбыт. Маны таһынан Игнатий Васильевич тигиини хайдах оҥороллорун, ханнык ааттаах ойуулар баалларын суруйтарбыт.
Оттон олоҥхону суруйбут учууталлартан Софронов Софрон Прокопьевич туһунан биллэр. Кини Чаппандаҕа төрөөбүт. Орто үөрэхтээх. 1936 сылтан Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Өҥөлдьөҕө уонна Хаҥаласка учууталынан үлэлээбит. 1941 с. фроҥҥа ыҥырыллан сэриилэспит. Фашистскай Германияны утары сэрии кыттыылааҕа.
Ити курдук бу түөрт учууталлар Кутуруков улахан олоҥхотун, А.А. Саввин ыйыытынан суруйан тураллар.
Саввин А.А. Ньурбаҕа сырыытын туһунан билэр, истибит кырдьаҕастар билигин олус сэдэхтэр. Арай кыраайы үөрэтээччи, норуот маастара Саввинов В.И. Андрей Андреевич Кугдаар (билиҥҥинэн Күндээдэ) сис ыаллара баай Александровтарга сылдьыбытын туһунан эппитэ. Ону чопчуластыбыт. Онуоха өссө биир кыраайы үөрэтээччи, Күндээдэ олохтооҕо Иванов Петр Тимофеевич этэринэн оччолорго Александровтар кулаактаммыттара ыраатан, Александров Сүөдэркээн ойоҕо Попова Наталья Михайловна ордон Мархаҕа аймаҕыгар Боһуут Куолатыгар – учуутал Алексеев Николай Степановичка олордоҕуна көрсүбүт буолуон сөп эбит. Онно чопчу тугу суруммута, өссө ханнык Ньурба дьонун көрсүтэлээбитин туһунан институт архыыбыгар баар буолуохтаах.
Түгэнинэн туһанан Александровтар тустарынан сырдатан ааһар тоҕоостоох. Александровтар аатырбыт муҥаат баай Мындай сыдьааннара. Александров Ньукууһа диэнтэн Баһылай уонна Сүөдэр диэн бырааттыылар төрүүллэр. Дьон-сэргэ Баһылайкаан уонна Сүөдэркээн диэн ааттыыллар. Ийэлэрэ Даарыйа диэн. Аканаттан сүктэн кэлбит. Өлбүтүн кэннэ сүрдээх улахан уҥуох тутан көмпүттэр.
Бу уҥуоҕу Күндээдэҕэ уот линиятын оҥороллоругар ойууру солуу сылдьан утары анньыллан, хата, аньыыргаан алдьаппатахтар, билигин да тулата маһынан үүнэн бэрт чиргэл турар. Бу Александровтар олохторугар Сиэл Ыйаабыкка үс ат баайар сэргэ билигин да тураллар. Александровтар Фекла диэн кыыстарын суруйааччы Тимофеев-Терешкин бииргэ төрөөбүт быраата ойох ылбыт. Биир кыыстарын Боһуут Куолата ылар. Онон Наталья Михайловна Мархаҕа киниэхэ баран олорбут буолуохтаах.
Онон А.А. Саввин Ньурбаҕа өссө кими көрсүбүтүн, тугу суруйбутун чопчулуур үлэ иннибитигэр күүтэр.
Өссө манныкка тохтоон ааһар тоҕоостоох. Андрей Андреевич Сунтаар улууһугар сылдьан Хаҥалас нэһилиэгэр (билиҥҥи Кутана) Ытанньах Күөлэ диэн сиргэ үрдэ икки салаалаах “хоолдьуга сэргэтэ” диэни уруһуйдаабыта баар. Чопчу маннык сэргэ Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэгэр Балыга суох диэн алааска уонна Саалтааныга Күөллэй диэн сиргэ тураллар. Оҥоһуулара олох биир. Онон маннык оҥоһуулаах сэргэ сиэр-туом быһыытынан олоҕорбут сэргэ эбит диэн түмүк оҥоруохха сөп. А.А. Саввин ГЧуонХААОКИ архыыбыгар “Былыргы сэргэлэр” диэн 71 лиистээх үлэтэ харалла сытар. Бу үлэ киэҥ эйгэҕэ бэчээккэ тахсара буоллар саха төрүт култууратын сэргээччилэргэ олус туһалаах буолуо этэ.
Ити курдук чулуу чинчийээччи, фольклорист, этнограф А.А. Саввин сахатын норуотун төрүт култууратын, үгэһин, сиэрин-туомун, тылынан уус-уран айымньытын үйэтитиигэ үгүс сыратын биэрэн үлэлээн тугунан да кэмнэммэт барҕа баайы хаалларан турар.
Борисов Б.Б.
Хаартысканы http://museumchur.ru/ саайтан туһанныбыт