Моҕол ураһа кэтитэ (диаметр) 9 миэтэрэ, үрдүгэ 12 миэтэрэ буолуохтаах. Иһигэр 2 м 15 см усталаах, 1 м 15 см туоралаах испэ туос ыйаныахтаах. Бу үлэни иилээбит-саҕалаабыт, салайбыт Б,Ф. Неустроев-Мандар Уус да, туоһу тигиини көҕүлээччи, уһуйааччы В.Т. Васильева да сааһырдылар. Айылҕаттан ураты айдарыылаах дьоммут билиилэрин-көрүүлэрин тиэрдэн, моҕол ураһа ситэри тигиллэн Таатта улууһун Баайаҕа сиригэр-уотугар дьэндэйдэ.
“Симэх” галерея пуондатын үлэһитэ Азияна Филипповна Харлампьева:
– Өбүгэлэрбит билиилэрин киҥкиниир киэҥ куйаартан ылаллар. Онон оһуордара бары дириҥ суолталаахтар. Ураһаҕа баар ынах оһуордар – хонуу муҥунан хороҕор муостааҕы үксэт диэн суолталаахтар. Саха киһитин баайа ынах сүөһү буоллаҕа дии. Эр киһи куругар эмиэ маннык оһуордар бааллар. Онон баай, байылыат олохтонуҥ диэн алҕаан туран тигэллэр. Ынах оһуордар утары-таары сылдьаллара таҥнары сылдьар курдук көстөллөр. Ону Айыыларга сурук-бичик курдук көрүөххэ сөп. Аны биэс харахтаах харысхал оһуору “туора оһуор” диэн эмиэ ааттыыллар. Туора – күн бэлиэтэ. “Күн сиригэр олорон баайданан-дуолланан, тэнийэ тур” диэн суолталаах буолуон сөп. Бу оһуору Г.В. Ксенофонтов үчүгэйдик үөрэппитэ. Маны нуучча таҥараһыттара аҕалбыттара диибит. Дьиҥинэн, оннук буолбатах. Бу үчүгэйдик үөрэтиллэ илик. Өссө ураһа бэлиэтэ оһуор баар. Ол аата, эн хаан-уруу аймахтарыҥ тэнийэ турдуннар диэн буолар. Хас ураһа аайы уруулара кэлэн олороллор. Хаппахчыга баар оһуору сорох чинчийээччи Айыыһыт, сорох ынах оһуор диэн ааттыыр. Төрүүр-үөскүүр кэмиҥ кэллэ, онуоха диэри ыраас сырыт диэн хоболууллар. Киһи киирбитэ-тахсыбыта барыта иһиллэн олорор. Биэ эмийэ оһуорунан киэргэтии – сыһыы муҥунан сыспай сиэллээҕи тэнит диэн өйдөбүллээх. Былыр төһө элбэх сылгылааххын даҕаны, оччонон баайгын. Хоруоҥкалыылларыгар булгуччу халлаан күөх, хара, үрүҥ өҥнөрү тутталлар. Үрүҥ өҥ – ыраас буолууну, хара – сахаларга үрүҥ уонна хара өҥ дьүөрэлэһэ сылдьаллар, киһи ортотунан олоруохтаах. Үрүҥ-хара сиэттиһэ сылдьар буоллаҕына киһи буолаҕын. Онтон толкуйданыахтааххын. Аньыыны оҥорбут киһиэхэ сэтэ-сэлээнэ бэйэтигэр буолбатаҕына, бэдэригэр кэлэр. Ону саха киһитэ наһаа үчүгэйдик билэр. Сиргэ сүгүрүйүү диэн эмиэ көрүөххэ сөп. Халлаан күөх – Айыыларга итэҕэл бэлиэтэ. Таспа туос – ураһа тас өттүн бүрүйэргэ туттуллар. Манна сурааһын бэлиэни сахалар наһаа тутталлар. Саха киһитэ биир сурааһыны түһэрбитэ 100 сыыппараҕа тэҥнэһэр. Тоҕүс сурааһыннаах буолар, 100-кэ сүөһүлэрин хаһан да тиэрдибэттэр. Ааттаах-суоллаах булчуттар эмиэ оннук: 99-ка тиийдэ да, бултуур аналым бүттэ диэн тохтуур, салгыы эдэр киһи кини туйаҕын хатарар. Сорохтор маннык оһуору харах диэн ааттыыллар. Эн тугу эрэ саҥарбыккын, сыыһа тылласпыккын бу харахтар көрөн олороллор диэн итэҕэл баара бэлиэтэнэр. Былыр-былыргыттан харах диэн сэргэҕэ эмиэ баар. Испэ туос – ураһа ис өттүнээҕи туос, туора оһуордаах буолар. Бу туора оһуор түүрдэргэ барыларыгар баар (таҥалай ойуу эмиэ).
Моҕол ураһа чаастара — норуот маастара Варвара Тихоновна Васильева иистэнньэҥнэри иилээн-саҕалаан, салайан тиктэрбит хас да сыллаах үлэтин түмүгэ:
– Мандар Уустуун моҕол ураһаны тутуу туһунан кэпсэппиппит ыраатта. 10-тан тахса сыл буолла. Мандар туруорсан, 2014 с. СӨ араас муннуктарыттан 7 маастары түмэн, Санкт-Петербурга этнография түмэлин көрдөрө ыытабын диэбитэ. Салайааччынан мин барбытым. Онно тиийэн этнография түмэлигэр баар Чурапчы Төлөйүттэн 1987 с. барбыт 19-с үйэтээҕи Пинигиннэр ураһаларын ойуутун-бичигин көрбүппүт. 1850 с. оҥоһуллубут быһыылаах этэ. Тиийэммит үөрэтэн кэлбиппит да, саҕалыырбытыгар харчыбыт суох этэ. Ол да буоллар, Уус Алдан Бээрийэтиттэн норуот маастардарын, маастар буолбатах эдэр кыргыттары хомуйан үлэлээн барбыппыт. Маннык хайысхалаах үлэ өссө быдан эрдэ, 1965 сылтан, иис бары көрүҥүн үөрэтииттэн саҕаламмыта. Дьүөгэм, норуот маастара Васильева Евдокия Васильевнаны кытта, дьахталлары түмэн иискэ дьарыктаабыппыт. Билигин 79 хаарбытыгар сылдьабыт. Маҥнай былыргы иһиттэри чөлүгэр түһэрэргэ үлэлээбиппит. Онон саар ыаҕастан саҕалаан, далбар чабычахха, сылгы иһитигэр тиийэ былыргы иһит, мал-сал эгэлгэтэ баар буолла. Ити курдук дьарыктааммыт нэһилиэккэ арыгы иһэр дьахтар суох. Моҕол ураһаҕа да ылсарбытыгар, ол үчүгэйдик көмөлөспүтэ. “Моҕол ураһа” диэн Мандар кинигэтэ тахса илик кэмэ этэ. Ол иһин бэйэтигэр тиийэн көрөн, ойуулары хаартыскаҕа түһэрэн кэлбитим. Киэп оҥорбутум. Ол сайын биир испэни, “Үрдүк айыыларга сүгүрүйүү” ойуутун, тигэн бүтэрбиппит. “Айыыларга сүгүрүйүү ойуу” – барыта айылҕаттан көрдөһүү ис хоһоонноох. Мандары ыҥыран ылбытым. Ардах бөҕө түһэ турара, ол да буоллар киһим Сыырдаахха диэри массыынанан кэлэн баран, сатыы түһүнэ турбут. Уолаттар тахсан көрбүттэрэ, киһи суох үһү. Аара суолга массыынаҕа олорсон, Чараҥҥа түспүт. Оройуоҥҥа соҕотох тааҥка баарыгар көрдөһөммүт култууралар көрүүчэй кутан биэрэн, онон тирилэтэн кэлбитэ. Бастакы тигиибит сыыһалардаах этэ. Айыыларбыт сыыһа тигэрбитин этэн биэрэ олорбутттара. Бэйэм айылҕаттан идэлээхпин. Биирдэ салама диэн тылы бырахпыттара – үөһээттэн көмүскүүр-харыстыыр аналлаах ыйыы бэлиэтэ… Ол иһин үрдүбүтүгэр салама тардыммыппыт. Оннук ханан, хайдах тигэрбитин биирдии тылынан этэ олорбуттара. Иккис ойуубутун “Быйаҥ тардыыны” 6 ый 5 маастар буолан тикпиппит. “Быйаҥ тардыы” – үрдүк айыылартан ынах сылгы, сүөһү көрдөһүү. Саламалартан биирэ – байдам салама, маҥан сиэллээх сылгылардаах, ынахтардаах салама. Баайдар сүөһү таттаралларыгар ойуун кыырдараллар. Онно итинниги ыйыыллар эбит. Биир салама ыһыах саламата. Харысхал суолталаах. Салама мээнэ оҥоһуллубат. Бука бары сылааһынан илгийэ тураллар. Киирбит киһи эрэ барыта сэргэхсийэр. Бүтэрбиппит кэннэ барыта сөп буолбута. Туорааһыммыт диэн, арай, араама курдук талаҕынан тикпиппит. Ону Мандар “айанныырыгар сөп буолуо, ол эрээри итинник араамаламмыт суох этэ” диэбитэ. Ураһаны тигии олус үлэлээх, туоһун хастааһыныттан сабын хатыытыгар тиийэ барыта ыарахан илии үлэтэ. Кыл, сиэл сүгүн көстүбэт. Туоспутун бэс ыйын ортотуттан балаҕан ыйыгар тиийэ хастыыбыт. 70 см ордугу быспаккын, иһинээҕи бороҥ хаҕын тыыппаккын оччоҕо бэйэтин бэйэтэ чөлүгэр түһэринэр. Баастаах да, тобуктаах туос (бөлтөгөрдөөх) баар буолар. 20 диаметрдаах буоллаҕына, иистэнэргэ үчүгэй буолар. Тута тиктэххэ сымнаҕас. Ураһаны саха норуотун архитектурнай пааматынньыгын быһыытынан өйдөөн, саха ураһатын, иһинээҕи туттар малы-салы көрдөрөргө тиһэҕэр диэри ситэри тигэр буоллар, төһөлөөх улахан суолталаах буолуо этэй?!
Ангелина КУЗЬМИНА, филология наукатын хандьыдаата
Хаартыскалары В.Т. Васильева тус архыыбыттан туһанныбыт