2020 с. тахсыбыт “Саллаат сэһэнэ” кинигэҕэ Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай-бэлитиичэскэй оскуоланы бүтэрбит кадровай офицер, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Анаабыр улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Георгий Дмитриевич Борисов сэрии туһунан суруйан хаалларбыт рукопиһа уонна олоҕун, бойобуой суолун туһунан кэпсэммитэ.
Георгий Дмитриевич бу суруйуутугар Бүлүү эбэ эдэркээн оҕолоро 1942 с. бэс ыйын 22 к. “Пропагандист” борокуотунан куорат анныттан араҕан айаннаабыттара долгутуулаахтык ойууланар. Ол баран иһэн Бүлүү училищетын бииргэ бүтэрбит Тимофеев П. муҥурдааҕа тэстэн өлбүт. Онон табаарыстара мустан өлбүт доҕордорун иин хаһан, суорҕаҥҥа суулаан баран аара көмпүттэр. Ити кэмҥэ борокуот мас ылаары тохтоон турар кэмигэр Бүлүү умнаһын бөҕөстөрө мустан, төрөөбүт сирдэриттэн арахсан эрэллэрин бэлиэтээн “сытыйар иҥиири тугун харыстаатахпытый” диэн ааттаан тустубуттара кэпсэнэрэ хайа саха ыччатын сүрэҕин уйадыппат буолуой… Бу барбыттартан үгүстэрэ төннүбэтэхтэрэ, арааһа, итинник оонньуу-көрүлүү түһэн бүтэһигин тутуһан-хапсыһан хаалбыт буолуохтаахтар…
Сэриилэһэр үөрэҕи, киһи тыыныгар турууга үөрэтии алдьархайын, саха саллаатын чэгиэн өйүнэн мындырдык этэр: “Уопсайынан, киһи киһини өлөрөргө сыллаан, ыйдаан, араастаан кыргар мындырга, сэптэри туттууну баһылыырга букатын да үөрэммэтэ буоллар хайдахтаах үчүгэй буолуох этэй?!”.
Георгий Дмитриевич уһулуччу дьоҕурдаах киһи эбит: ниэмэстии, поляктыы, чиэхтии, австриялыы тылларынан холкутук кэпсэтэрэ, суруйара. Рукопиһын ааҕан истэх аайы бойобуой сорудахтары түргэнник уонна сөпкө чиэстээхтик толороро, дьоҥҥо мындыр сыһыана, булугас сытыы өйө ордук дьэҥкэтик арыллан иһэр. Сэрии хонуутугар ротатын дьоно тыыннаах хаалалларыгар сөптөөх тактиканы тутуһан салайара көстөр.
Сэһэҥҥэ Г.Д. Борисов сэриигэ буолбут быһыыны-майгыны туох да киэргэтиитэ суох хайдах баарынан суруйбута умсугутар. Кинигэни биир дойдулаахтара тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууьун чилиэнэ Ангелина Афанасьевна Кузьмина, СӨ чэпчэки атлетикаҕа успуорт маастара Василий Николаевич Кузьмин, улахан кыыьа Антонина Николаевна Чердонова.
Күндү ааҕааччыларбыт! Кыайыы өрөгөйдөөх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, бу алдьархай аны хаһан да хатылламматын диэн баҕа санаабытын этэн туран, «Саллаат сэһэнэ» кинигэттэн быһа тардан таһаарабыт. Сиһилии Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар киирэн ааҕыаххытын сөп.
Бойобуой сүрэхтэнии
1944 с. атырдьах ыйын 24 күнүгэр, сарсыарда халлаан саҥардыы суһуктуйан эрдэҕинэ, тыас-уус бөҕө буолбутугар эмискэ уһуктубутум. Ойуур саҕатынан ааһар суолунан биһиги дивизиябытыгар киирэр Дон казахтарын кавалерийскай полката паникалаан куотан эрэр эбит. Сорох дьону курданалларыгар диэри сыгынньах курдук көрбүтүм. Аттарын муҥ кыраайынан сүүрдэн ааспыттара. Асчыт Маша кыыс хас да биэдэрэтин хампы үктээн ааспыттар этэ. Итиччэ айдаан буолбутугар биһиги эмиэ тревоганан турбуппут. Сотору подполковник Чернышев кэлбитэ уонна миигин ыҥыран ылан: «Сибилигин инники кирбиигэ көтүт. Балаһыанньа мөлтөх буоллаҕына, биһиги 4 артеллерийскай полкаларбытын иккис линияҕа көҥүллээн таһаар!» – диэн бирикээс биэрбитэ.
Мин коневод уолбун кытта ат үрдүгэр түһэн инники кирбии диэки ойбуппут. Опатув дэриэбинэҕэ чугаһаабыппыт кэннэ суолга өлбүт дьон өлүктэрэ элбээбитэ. Итиннэ-манна бас, илии, атах сытар, дьон очоҕосторо суол кытыытынааҕы мастарга ыйанан тураллар. Букатын куһаҕан атын сыт аҥылыйар.
Суол тулата барыта снаряд боруоҥкатынан хаһыллыбыт. Биһиги утуйа сыттахпытына улахан артподготовканы ниэмэстэр оҥорбуттар.
Билигин Опатув дэриэбинэни киниэхэ киирэр-тахсар суоллары өстөөх ытыалыыр быһылаах. Дэриэбинэ саҕатыгар хас да массыына умайан бүтэн эрэллэрин көрдүм. Биһиги полкаларбытыттан биирдэрэ баар сириттэн хайы-сах барбыт.
Итинэн буоллаҕына, бары да иккис линияҕа таҕыстахтара диэн санаатым. Балаһыанньа хайдаҕын чуолкай билээри дэриэбинэҕэ киирэргэ быһаардым. Суол ытыллар, ол иһин сад быыһынан сүүрдэн киирдим. Дэриэбинэ ортотун диэки уолбун аттарын кытта биир дьаамаҕа кистээтим уонна бэйэм инники бардым.
Биир дьиэ кирилиэһигэр туора бытыктаах саллаат оҕонньор бинтиэпкэтин икки атаҕын икки ардыгар кыбытан аа-дьуо коза атаҕа бөппүрүөскэ эринэ олорор:
– Дьонуҥ ханналарый?» – диэн ыйытабын.
– Куоппуттара, – диир.
– Оттон эн тоҕо хааллыҥ?
– Ээ, мин, кырдьаҕас киһи, төттөрү-таары сүүрэр кыаҕым суох, – диэн буолла.
– Куоппут дьону билигин төттөрү үүрэн аҕалыахтара.
– Оттон ниэмэстэр дэриэбинэҕэ киирдэхтэринэ хайдах буолуоххунуй?
– Оҥкучахха киирэн саһыам.
– Онтон ороон таһаарбаттар дуо?
– Ниэмэстэр куттастар, онон дьиэҕэ да киирэллэрэ биллибэт. Өтөрдөөҕүтэ бу дэриэбинэни күҥҥэ үстэ-түөртэ ылсар этибит, – диир оҕонньор.
Дэриэбинэ нөҥүө кытыытыгар тиийэн эрдэхпинэ ниэмэстэр 6 стволлаах «Ванюша» диэн реактивнай минометтарын миинэлэрэ орулаан иһэрин истибитим. Иннибэр турар кыра дьиэҕэ ойон киирдим. Дьолго дьиэ оҥкучаҕа аһаҕас эбит. Онно баҕа ууга ойорун курдук төбөбүнэн ойдум. Оҥкучах иһигэр кимнээх эрэ илиилэригэр түһэрэн ыллылар. Көрбүтүм биһиги дивизиябыт разведчиктара саһан олороллор эбит. Туох да иилэн ылбат иэдээнэ алдьархай бөҕө буолла, биһиги дөйөн хааллыбыт, сир титирэстээтэ. Чуумпурбутугар дьиэбит үлтүркэйэ саба түспүтүн үрэйэн таһырдьа таҕыстыбыт. Мин дэриэбинэ арҕаа саҕатын диэки эргийэ баран истэхпинэ биһиги ыстааппытыгар бэриллибит танковай батальон хамандыыра хапытааны көрсө түстүм. Киниэхэ туох бирикээс баарын эттим. Киһим: «Ниэмэс 8 тааҥката уонна 2 батальон кэриҥэ пехотата киирэн иһэр. Мин сэриилэһэргэ быһаардым. Билигин сотору көстүөхтэрэ, эн тэскилии оҕус», –диэтэ. «Сэриини, онно эбии тааҥкалар сэриилэрин, хаһан да көрө иликпин, көрүөхпүн баҕарабын», –диэтим. Онуоха ол хорсун киһи хайдах эрэ үчүгэй баҕайытык мичээрдээн баран:«Ол, көрөҕүн дуо, тааҥка башняҕа сытар. Итиннэ үнүрүүн командующай олоро сылдьыбыта. Онно баран олор. Дьыала куһаҕан буоллаҕына, атахха биллэрээр», – диэн баран тааҥкатыгар киирэн хаалбыта. Биһиги түөрт Т-34 тааҥкаларбыт сад саҕатыгар мутугунан маскировкаланан тураллара. Мин аан маҥнайгы наблюдательнай пууммар сүүрэн тиийэн саспытым.
Бастаан ниэмэс тааҥкаларын тыастара ньиргийэн иһиллибитэ. Онтон томтор үрдүгэр туох эрэ улахан, сүллүгэс курдук төбөлөөх оргууй аҕай быган тахсыбыта. Ити ниэмэстэр аатырдар «Тигр» тааҥкаларын пушкатын уотун умуруорара (пламегаситель ) буоларын тута өйдөөбүтүм. Утуу-субуу аҕыс тааҥка тахсан кэлбиттэрэ. Саахымат хараҕынан стройунан сэлэлээн иһэллэрэ. Били хапытаан киирбит тааҥката ытан чаҕылыс гыннарарын кытта, ньиэмэстэр бастаан иһэр тааҥкалара умайан күлүмнээн барбыта. Итинтэн ыла тааҥкалар дуэллара саҕаламмыта. Туох эрэ хатан баҕайы тыаһа час гына түстэ. Көрбүтүм били мин хапытааным тааҥката умайан эрэр, башнятын люга аһыллыбатах, ол аата иһирдьэ умайан эрэллэр. Ниэмэстэр диэки көрбүтүм иккис танк, онтон үһүс умайан эрэллэр. Онтон эмиэ тыас час гынарын кытта биһиги иккис тааҥкабыт күндээрэ түстэ. Тааҥка люга аһыллыбыт, кини аттыгар биир комбинезоннаах киһи таҥаһа умайа-умайа сиргэ төкүнүйэ сатыы сытар. Сулбу ойон туран ол киһиэхэ ыстанным. Тиийэн комбинезонун тобоҕун хайыта тыытан, буорга киһибин соһон уотун умуруордум уонна сыыры таҥнары аппаҕа состум. Онно биир санинструктор кыыс, икки санитар уол кэллилэр. Киһибин кинилэргэ туттаран баран сэриилэһэр тааҥкалар диэки хайыһан көрбүтүм ниэмэс төрдүс тааҥкалара эмиэ умайан эрэр, атыттар субу чугаһаабыттар.
Ити мин өрүһүспүт киһим танковай полк хамандыыра старшай лейтенант эбит этэ. Сирэйэ, баттаҕа, илиилэрэ уокка буһан кэлин биир госпитальга сытан эмтэммиппит.
Сибилигин тааҥкатын кытта умайбыт хапытаан барахсан эппитин курдук дьыала мөлтөҕүн көрөн атахха биллэрдим. Бу сырыыбар мин саатар бэстилиэтэ суох этим. Баарын да иһин туттар түбэлтэ суоҕа, ол эрээри, санааҕа, сэптээх аата сэптээх, астык буолуо этэ.
Баарыын коневодпун кээспит дьаамабар сүүрэн кэлбитим киһим суох. Уларыйан саспыта буолуо диэн көрдөөн ол-бу диэки сүүрэлээтим да, киһим аттардыын мэлигир. Уулуссаҕа сүүрэн тахсыбытым, баарын көрсүбүт оҕонньорум олорбут сиригэр син биир олорор. Кэлэн: «Аттаах уолу көрдүҥ дуо?» – диэбиппэр соһуйан «ходьох» гына түстэ. «Хайа доҕоор, тыыннаах эбиккин дуу?! Уолуҥ“лейтенант өллө” диэн ытыы түһээт, ат үөһээ түстэ да көтүтэ турбута», – диир. “Чэ оҕонньоор, сэрэн. Дэриэбинэҕэ тааҥкалар киирэн эрэллэр”, – диэтим. «Ээ, мин табахтаан баран саһыам», – диэбэт дуо?!
Итинник холку киһини көрбөтөҕүм. Мин: «Бу алдьархай ортотугар аттанан адаарыйыахтааҕар, от-мас быыһынан сатыы сүүрбүт да киһи ордук ини» диэн санаат, дэриэбинэ соҕуруу өттүн диэки тэбинним.
Дэриэбинэ соҕуруу өттүнээҕи суолга снаряд бөҕө түһэн эстэ турар. Ол иһин баарыын атынан сүүрдэн киирбит саадым диэки ыстанным. Сад быыһынан сүүрэн истэхпинэ кэннибиттэн бүлүмүөт бачыгыраата. Буулдьа сыыһа-халты көтөн чыыбырҕаата. Сүүрэн иһэн хайыһан көрбүтүм ниэмэс икки тааҥката миигин сырсан эккирэтэн эрэллэр эбит. Инним диэки аппа көстүбүтүгэр төҥкөйөн сири харбаан ыла-ыла, эккирэтээччилэрим «Киһи бүлүмүөтүнэн табыа суох. Пушканан сөбүн көрүөххэ», – диэтилэр быһыылаах, утуу-субуу иннибэр-кэннибэр түһэртээтилэр. Хаһыс да ытыыларыгар биир снаряд иннибэр бурҕас гынарын кытта мин кэнним диэки салгыҥҥа эһилинним. Өллүм диэн санаа күлүм гынан ааста. Сиргэ сытан өйдөөбүтүм тыыннаахпын эбит. Ойон турдум, аппаны өрө сүүрдүм. Тобугум, түөһүм уонна уҥа илиим ыалдьаллар. Илиибиттэн хаан тарбахтарбар сүүрэн эрэрин өйдөөн галифем сиэбигэр сылдьар сотторум дуомунан илиибин эринним.
Аппа баһыгар биир хотоол сир баарыгар отучча киһи олорор.Үксүн офицердар, мин курдук бүтэһик куотааччылар эбит. Кэлэн аттыларыгар олорон иккис линияҕа төннөр туһунан иһитиннэрдим уонна: «Ханан куотар табыгастааҕый?» – диэн ыйыттым. Икки саллаат:«Биһиги суолунан», –диэт сыыры-таҥнары суолга сүүрэн киирдилэр. Кинилэр сонно оҕуттулар. Суол буора снаряд түһэн эстэриттэн уонна бүлүмүөт буулдьатыттан оргуйа олорор күл буруотун курдук бурҕаҥныыр. Ити олорон өйдөөтөхпүнэ ниэмэс түөрт ордубут тааҥката суолу икки өттүттэн иккилии буолан “ыҥыырдаабыттар” уонна биир сиргэ туран кими да киллэрбэт-таһаарбат гына хойуу уоту аспыттар. Илин диэки томтор сирэйигэр оруос бурдук үүнэн турарын көрөн: «Мин кэннибиттэн кыра бөлөхтөрүнэн иннибит диэки» диэн хамаанда биэрэн дуомнаан баран бастаан сүүрдүм. Үстэ-түөртэ ойон баран охтон төкүнүйэн ылабын. Бурдукка үөһээ-аллараа тыынан сыппалаатым. Дьоннорум утуу-субуу кэлэн бурдукка түһэтэлииллэр.
Биһиги иннибит диэки сыыллынныбыт. Сотору аһаҕас сир кэллэ. Иннибитигэр биһиги тааҥкабыт өрдөөҕүтэ умайбыта кытаран көстөр. Ниэмэстэр кинини эмиэ ытыалыыллар эбит. Таптахтарына уот сырдыргыыр. Мин тааҥка иннинэн сүүрэн аастым уонна эмиэ бурдукка түстүм. Бурдукка түһээппин кэннибэр туох эрэ тыаһа «харк» гыммытыгар хайыһан көрбүтүм биир баһа суох саллаат өлүгэ хонууга төкүнүйэн эрэр. Саатар, тааҥканы ыппыт болванка снарядтара (эстибэт тимир снаряд) биир киһи төбөтүн илдьэ ааһар буоллаҕа… Томтору туораан бэйэбит диэки эниэ сирэйигэр кэлэн дьэ кэҥээтибит. Тохтоон ким эрэ табаҕын кэриһэн тартыбыт. Бииргэ куоппут дьоммун кытта илии тутуһан араҕыстыбыт. Бадаҕа, тыыннаах киһи эрэйдэнэргэ эрэ буолбакка,үксүн үөрэргэ-көтөргө аналлаах быһыылаах. Биһиги бу алдьархайдаах быһылаантан тыыннаах ордоммут бары үөрсүбүппүт.
Мин дьонум артиллеристар, намыһах сиргэ тахсыахтаахтар, ол иһин томтортон Модлибожище үрэх тардыытын диэки аллараа барбытым.
Сыыры таҥнары аҕыйахтык хардыылаат аһаҕас окуопаҕа кэтиллибитим. Хаҥас өттүбэр улахан дзот көстөрө. Кимнээҕин билээри онно киирдим. Биир полковник, биир подполковник уонна хас да офицердар, төлөпүөнистар бааллар. Кэпсэтэн билсибитим манна танковай биригээдэ команднай пууна эбит. Полковник сүрдээх эйэҕэс,үөрбүт-көппүт киһи, миигин табаҕынан күндүлээтэ. Инники кирбиигэ туох буола турарын ыйыталаста. “Биһигини кытта эбиэт бустаҕына аһаан баран аа-дьуо төннүөҥ буоллаҕа дии” диэтэ.
Араанньы буолбуппун аһыммыт аламаҕай дьону кытта аһаары эбиэт буһарын кэтэһэн олорон эмискэ ис испиттэн тэһийбэт буолан кэллим. Көхсүм тымныйталаан ылар, куйахам күүрэр, сүрэҕим ытырбахтыыр. Илиим баһа ыалдьара бэргээтэ. Ол иһин дьоммор:«Мин барыыһыбын», –диэн быраһаайдаһан тахсан бардым. Кинилэртэн 50-ча хаамыыны барааппын эмиэ «ванюша» миинэлэрэ орулаан иһэллэр. «Туох хара сордоох сэбэй! Эмиэ миигин туһулаан иһэллэр быһылаах» дии санаат, икки кулгаахпын ытыспынан саба туттан, айахпын атан баран, окуопа түгэҕэр умсары сытынан кэбистим. Эмиэ халлаан хайдар, сир титирэстиир тыаһа-ууһа бөҕө буолла. Мин дөйөн баран, саҥардыы өйдөнөн эрдэхпинэ ким эрэ сүүрэн кэлэн миигиттэн иҥнэн оҕутта. Көрбүтүм дзокка киириигэ олорор төлөпүөнист эбит. Дөйөн хаалан баран үрүт-үрдүгэр: «КП сапта… КП-ны сапта…»,– диир уонна сыыр анныгар баар дьонун диэки сүүрэ турда. Мин туран, эмиэ бэйэм дьоммун көрдүү бардым.
Модлибожице үрэх салааларыгар биирдэстэригэр оттоох-мастаах намыһах сир баарыгар биир гаубичнай полкабыт тохтообут. Бойобуой бэрээдэги ылыммыт. Биир батарея огневой позициятыгар кэлэн старшай лейтенант уолу олорор окуопатыттан таһааран төлөпүөннээри окуопаҕа киирэбин. Кинилэр дивизияларын ыстаабын ыҥыран, полк ыстаабын холботобун, онтон бэйэм үлэлиир ыстааппын ыҥыра сатыы олордум. Ол олордохпуна ниэмэс ити артиллерийскай батареяҕа артналет оҥордо.
Биир снаряд батареяны ааһа баран талахтарга эстэн бурҕайда. Мин таспар саньытаар оҕо, полк уола Петушков турбута. “Дивизион парткома онно утуйа барбыта” дии түһээт, санитарнай суумкатын өттүгүн дуомугар уган сүүрэн тойтойо турда. Сүүрэн ортолообутун кэннэ снаряд түһэн эһиннэ. Кыракый оҕо муҥнаах кырамталара салгыҥҥа күдээрийдэ… Ити кэмҥэ мин кулгаахпар “Нева истэр кэпсэт”, –диэн саҥа иһилиннэ. Лейтенант уол мин кэпсэтэрбин истээри аттыбар окуопа кытыытыгар чохчойон олордо. Саҥа: “Нева, алло! Алло, нева…” диэн эрдэхпинэ биһиги кэннибитигэр снаряд түһэн эһилиннэ да, били уолум куһаҕан баҕайытык ынчыктыы түһээт, үрдүбэр охтон түстэ. Икки илиитинэн моойбуттан ыга кууста уонна туймаарыйан “миигин быыһааҥ, миигин быыһааҥ”,– дии-дии, баар-суох күүһүнэн миигин моойбуттан хам кууста. Мин тумнастан, киһим ыарыытыттан кыараҕас окуопа иһигэр кулуннуу мөҕүстүбүт. Нэһиилэ киһим диэки эргийэн тыыммын ыллым. Арааран окуопа иһигэр сытыардым. Биир саньытаар кыыс кэлэн бэрэбээскилээбитэ. Ол кыыска мин эмиэ били илиибин бэрэбээскилэттим. Ыараханнык бааһырбыт көхсүн хаба ортотугар снаряд үлтүркэйэ батары түспүт. Массыына ыҥыран, киһибитин сонно тута медсанбакка ыыттыбыт. Кэлин ити уолбун кытта эмиэ биир госпитальга сытан эмтэммиппит. «Неваны» хат ыҥыран, дьэ кэпсэтэбин. Ыстаап начальнига 22-с, мин 28-с диэн куодунан өлбүтү «украинец», араанньы буолбуту «русский», саллааты «харандаас» диэн ааттаан кэпсэтэрбит. Хапытаан:
– Нева 22-һэ истэр,– диир.
– Табаарыс 28-с саҥарабын, – диибин.
– Ханнык 28 саҥараҕыный, – диэн киһим мунааран хат ыйытар.
– Нева 28, – диибин.
– Неваҕа 28 суох буолбута, – диэн буолла. – Мин ыксаатым:
– Баарбын, баарбын Борисов баар, – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Киһим эмиэ соһуйуу бөҕөнү соһуйда:
– Тыый тыыннааххын дуо? Бүтүҥҥүн дуо? Массыына ыытабын, ат ыытабын дуу», – диэн үрүт-үрдүгэр ыйытта.
– Кыратык бүтүммүн, суох, тугу да ыытыма, билигин сатыы тиийиэм, – диэтим.
– Чэ, түргэнник кэл, ас астатыллыа, өлөн баран тиллибиккин бэлиэтиэхпит, – диэтэ.
Кэпсэтэн бүтээт, мин өлөн баран тиллибит ааттанан хайдах эрэ чэпчээн, дьэ, дьорҕоот соҕустук туттан-хаптан, үлэлиир ыстаабым диэки хаама турдум.
Медлибожице үрэххэ чугаһаан истэхпинэ, пехота сэриилэрэ чугаһаан биирдии взводунан стройдаан инники кирбии диэки баран иһэллэрин көрсүбүтүм. Үрэх хотоолугар киирбитим куоппут иккис стрелковай биригээдэ бүтүннүү мустан турара. Биригээдэ хамандыыра подполковник бэйэтинэн сылдьан 40-нуу киһини, ким да буоллун стройдуу-стройдуу биирдии офицеры эмиэ ким да буоллун хамаандалаталаан, Опатув дэриэбинэни киэһээҥҥэ диэри ыларга сорудах биэрэ-биэрэ үүртэлиир эбит.
Мин тиийбиппэр эмиэ 40 киһини биэрэн баран төттөрү үүрээри гынна. Онуоха мин үрдүкү сыбаанньалаах уонна дуоһунастаах офицеры кытта аан маҥнайгыбын хохучуоллаһан турабын.
«Дивизия ыстаабын разведкатын начальнигабын. Сибилигин ыстаапка тиийэн эһиги паникаҕыт төһөлөөх сүтүгү таһаарбытын комдивка дакылааттыам», – диэтим уонна «Личность удостоверения» диэн кыракый кыһыл киниискэни сиэппиттэн хаҥас илиибинэн хостоон ылан көрдөрдүм. Киһим докумуоммун ылан көрөн баран: «Бырастыы гын. Манна киһи кимэ сирэйигэр суруллубат сирэ», – диэтэ. Мин: «Эһиги пааникаҕыт мин илиибэр сурулунна», – диэн куруубай соҕустук санаан баран саҥарбатым, ааһа турдум. Хааман иһэн: «Били холку оҕонньор барахсан өтө билэн олорор киһи эбит. Сөпкө гынар, сэриигэ уһуннук эрэйдэнэн үөрэммит киһи буоллаҕа», – дии санаатым.
Сэриигэ паника улахан кутталлааҕын үөрэхтэн эрэ урут билэрим, билигин илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим.
Ниэмэс зениткаларын, биһиги Катюшаларбыт “үлэлэрэ!”
Биһигини соҕуруу диэки бырахпыттара. «Нейсе» өрүс үөһээ өттүн диэки тохтообут сэриилэри өйүөхтээхпит. Сотору саҥа сэриилэр буола турар сирдэригэр тиийбиппит. Иннибитигэр артиллерийскай канонада, бүлүмүөттэр табыгырыыллара иһиллэр.
Мин өйбөр ити оройуоҥҥа буолбут сэрии икки быстах хартыыната иҥэн хаалбыт.
Маҥнайгыта – ниэмэстэр зенитнэй батареянан атаакаҕа киирэн иһэр биһиги ротабытын ытыалаан кэбиспиттэрин туһунан.
Арай, ойууртан ыраас хонууга тахсыбыппыт иннибитигэр – обургу дэриэбинэ көстөр. Ойуур саҕатыттан чугас биһиги биир ротабыт сытар. Дэриэбинэни атаакалаары муста сэлэлээн сытар курдуктар.
Ол эрээри бу тыыннаах дьон буолбатахтар. Өлүктэр… Хамандыырдара буоллаҕа буолуо сиэрэй синиэллээх, старшай лейтенант эмиэ биир лейтенаны кытта сэргэ сыталлар.
Бары арҕаа хайыспыттар, умсары сыталлар. Сибилигин аҕай, хамандыырдара илиитин өрө көтөхтөҕүнэ, ураа хаһыынан ньиргийэн, дэриэбинэҕэ атаакалаан киириэх курдуктар. Хамандыырдара мин көрдөхпүнэ саха киһитэ этэ.
Бука бары толору формаларын кэтэн сыталлара. Хамандыырдара оннооҕор планшетын ойоҕоһугар уурунан сытара. Ахсааннара 50-60 киһи быһыылаах. Таҥастара-саптара ып-ыраас этэ.
Ити барыта бу рота кытаанах дисциплиналаах бойобуой рота буоларын туоһулуура.
Ол гынан баран, өлбүттэрэ баҕас тугун хомолтотой?! Тугун бэрээдэгэй?! Саатар, өлөргө эмиэ бэрээдэк эмиэ наада дуу!
Биһиги айаннаан иһэр буоламмыт массыынаттан түһэн, бу дьону кэрийэн көрбөтөхпүт. Оннук наада баара да эбитэ буоллар, киһи санаата буолуо суох курдук этэ. Кинилэри бэйэлэрин дьонноро кэлэн кэлин братскай могилаҕа көмпүттэрэ буолуо.
Иккиһэ – биһиги катюшаларбыт бэйэбит биир ротабытын алҕас саппыттарын туһунан. Чуолкайдык эттэххэ, ол сабыллыбыт рота дьонун өлүктэрин көрбүтүм туһунан.
Бэс саҕатыгар турар хутор баара. Ол хутор арҕаа өттүгэр дириҥ аппа баар. Мин управление взводун аҕыйах уолаттарын кытта ити аппаны сыныйа сылдьан эмиэ рота кэриҥэ саллаат өлүгэр кэтиллэ түстүм.
Аппаҕа окуопаланан сыппыт ротаны биһиги реактивнай минометтарбыт алҕас саппыттар. Өлүктэр алыс элбэҕэ суохтар буолан баран көрүөххэ ынырыктара сүрдээх. Бары хара хоруо буолбуттар. Термитнэй снаряд эстэригэр 700 кыраадыс итиини таһаарар сурахтааҕа, ол аанньа оҥоруо дуо?
Аны биһиэхэ рота кэриҥэ ниэмэс саба түстэ. Хуторга кэлэн хаххаланарга күһэлиннибит. Биир улахан сарайга биһиги дивизиоммут разведчигын начальнига старшай лейтенант уолаттарын кытта хаайтаран олорор. Ниэмэстэр биһигини артиллерияны кытта доҕуһуоллатан ытыалыыллар. Тиэргэммит бүлүмүөт буулдьатынан биир кэм бурҕайан олорор.
Ниэмэстэр били сылдьыбыт аппабытыгар муһуннулар. Оттон биһиги сарайга хаайтардыбыт. Разведка начальнигыттан “сибээстээххин дуо” диэн ыйытабын. Суох үһү.
Биһиги кабельбыт бэс саҕатыгар баар. Бу уот ортотугар ону хайдах аҕалыахха сөбүй? Уолаттарым сирэйдэрин-харахтарын көрөбүн.Саатар, биир эмэ киһилии киһи суох дии саныыбын. Урал уола, кылгас лаҕаччах курдук киһи, өссө контузиялаах Карпачев, уһун, аҥыр курдук украинец Гапоненко: «Биһиги кабелы аҕалыахпыт»,– диэн тылланнылар.
«Чэ, кытаатыҥ эрэ», – диэтим. Итинник хойуу уокка хайдах таптарбакка сылдьыбыт дьон эбитэ буолла. Уолаттар 5 мүнүүтэ иһинэн төлөпүөнү сарай иһигэр киллэрэн туруоран кэбистилэр уонна: «Комбат, ити ниэмэстэртэн биири да ордорума», – диэн көрдөстүлэр. Сиритэ-хайыта ытыллан өлө сыыһан өстүйбүттэрэ сүрдээх. Биһиги да, сарайга хааттаран олорор дьон кинилэри аһынар төрүөппүт суоҕа.
Мин ити ротаны сотору ыппат оҥорбутум, алҕаска өлбүт бэйэбит буойуттарбытын кытта булкуйбутум. Оччотооҕуга ити мин килиэбим этэ. Карпачеву уонна Гапоненкону ити хорсун быһыыларын көрдөрбүттэрин иһин, наҕараадаҕа түһэрбитим. Икки ый иһинэн, иккиэн Кыһыл сулус уордьанынан наҕараадаламмыттара.
Сэриигэ киһи бүрэ дьүһүннээҕэ соччо тугу да быһаарбат эбит этэ.Итинник урут туохтара-ханныктара биллибэккэ сылдьыбыт мин икки уолум хорсун-хоодуот дьон ахсааннарыгар киирбиттэрэ.
Ниэмэстэр ыарахан снаряды бырахтылар
Биир сиринэн Нейсе өрүскэ эмиэ тиийэн кэллибит. Биһигини алҕас куораттан чугас өрүскэ турар кыра дэриэбинэни көмүскүүр ротаҕа көмөлөһүннэрэ ыыттылар. Управление взводун илдьэ рота команднай пуунугар кэллим. Биир доруобай,үрдүк уҥуохтаах старшай лейтенант олорор. Билсиһэбит. Рота хамандыыра эбит. Эбиэт бириэмэтэ чугаһаан эрэр. Киһим:«Өтөр аһыахпыт, аһаан баран наблюдательнай пункт көрдөнөөр»,– диэн сүбэлээтэ. Сотору аһылыгы аһара кырасыабай көрүҥнээх эдэр дьахтар аҕалла. Мин дьикти сирэйбин одуулаан көрөр. Тахсыбытын кэннэ: «Ити кимий», – диэн ыйыттым. «Ити поварым, бэйэтэ полячка. Туттуута-хаптыыта ырааһа сүрдээх. Ол гынан баран…акаары быһыылаах (сөмүйэтин чэчэгэйин булкуйар). Ити дурочкаҥ муостанан уҥуоргу дэриэбинэҕэ бэҕэһээ баран кэлбитэ», – диир рота хамандыыр. «Кинини кытта оннооҕор ниэмэстэр аахсыбаттар», – диэн эттэ. Дьахтар иһити хомуйа киирбитин кэннэ, мин поляктыы кэпсэттим. Ону кыыс: «Пан поляктыы бэркэ кэпсэтэр эбит», – диэн дьахтар хайҕаата. Кини биһикки быһа холуйан маннык кэпсэттибит.
-Паночка, ити уҥуоргу дэриэбинэҕэ тоҕо бара сырыттыҥ?
– Уҥуоргу дэриэбинэҕэ калежанкам, дьүөгэм баар. Онно 2-3 хоно-хоно баран кэлээччибин.
– Ниэмэстэр хайдах эйигин көҥүллээн аһаралларый?
– Һуу, ниэмэстэр да диэхтээннэр. Муоста уҥуоргу өттүгэр икки оҕонньор, икки сосунок уолаттар олороллор. Эмсэхтэрин эмэн субурҕата олорор уолаттар, олор дуо, дьахтары тохтотуох дьон.
-Уҥуоргу дэриэбинэҕэ ниэмэстэр төһө сэриилэрэ баарый?
– Аҕыйах быһыылаах. Дэриэбинэ бэтэрээ хас да гарматалар (минометтар) тураллар. Ити кырдьыга. Олору мин билигин бэйэм да бүнүөкүлүнэн көрбүтүм.
– Аны хаһан бара сылдьыаҥый?
– Баҕар өйүүн, баҕар сарсын. Биһиги кэпсэтиибит итинэн бүппүтэ. Дьахтар тахсан барда. Рота хамандыыра мин поляктыы хантан билэрбин туоһулаһар. Кини билбэт үһү. «Дьахтарыҥ үспүйүөн быһыылаах. Суох гыныыһыгын»,– диибин.
Киһим баһын тарбанар. «Акаарыга дылы дии, сатана хантан үспүйүөн буолбут үһү, – диэн хардарар. – Мин эһигини кытта манна олорортон саллабын. Онон кэлин наблюдательнай пуун булунабын»,– диэтим. Кырдьык да, киһим холкутун, куттамматын сөҕөн кэбистим.
Мин уолаттарбыныын биэрэстэ аҥаарын баран биир обургу дьиэҕэ НП тэриннибит. Батареяҕа уонна рота КП-гар төлөпүөн тартыбыт.
Мин рейердэри пристрелкалааһыны саҕалыыбын. Аан маҥнайгы миинэни ыттым. Миинэ тыаһа биһиги үрдүбүтүнэн сырдьыгынаан ааста. Эмискэ көмүскүүр ротам команднай пууна сарайын аҥаара «тэллэс» гына түстэ. Көрбүтүм рота хамандыыра сүүрэн элэстэнэн иһэр. Биһиги уолаттарбыт биир снаряды итэҕэс баайбыттар. Ол иһин миинэ өрүһү туораабатах. Итинник алҕас урут тахсан көрө илигэ, кэлин да тахсыбатаҕа.
Били холку дьэ ыксаабыт:
– Ниэмэстэр урут итинник ыарахан снаряды быраҕа иликтэрэ. Дьэ бырахтылар. Арааһа эһигини көрбүттэр быһыылаах. Аны бэйдиэ көстүмэҥ,– диир.
– Чэ, сөп аны быраҕыахтара суоҕа, – диэн хардардым.
– Оннук эрэ буоллун, – диэтэ уонна төннө турда. Биһигини эмиэ төттөрү ыҥырдылар. Букатын атын сиргэ барар үһүбүт.