Өбүгэбит түҥ былыр туоска, маска, туойга тугу ордук суолталыырын суруйа сылдьыбыт буолуохтаах. Ол эрээри ити матырыйааллар үйэтэ суох буоланнар, бу күҥҥэ диэри бүтүн тиийбэтэхтэр. Былыргы дьоҥҥо суорба таастар туруору эркиннэрэ холуста курдук суолталаахтара. Саха сиригэр көстүбүт суругу-бичиги, ойууну-мандары айылҕаттан айдарыылаахтар (ойууттар, удаҕаттар, бас-көс дьон) эрэ суруйбут буолуохтаахтар. Сурук диэн түҥ былыргы өбүгэбит Үрдүк Айыыларын, сир-дойду иччилэрин кытта алтыһыытын биир сүдү көрүҥэ этэ. Ол да иһин итинник ойуулар уонна суруктар итэҕэли кытта быһаччы ситимнээхтэр, дьон-сэргэ үҥэн-сүктэн ааһар Ытык Сирдэригэр бааллар.
Сиинэ өрүс төрдүттэн 12 км аллара Сайыҥҥы Аартык («Кыһыл үрэх төрдүгэр, Петровскай дэриэбинэ аттыгар») диэн сиргэ баар «саамай хотугу урууна суругу» («самая северная руническая надпись») акадьыамык А.П. Окладников 1941 с. булбута итиэннэ былыргы түүр тылын чинчийээччи С. Е. Маловка аахтара ыытар. Ол гынан баран С.Е. Малов ити суругу аахпытын туһунан туох да сибидиэнньэ билиҥҥитэ көстө илик. Өлүөнэ Эбэ кытылыгар көстүбүт уруунатыҥы суруктары Окладников А.П., Барашков И.И. түүр тыллаах биис уустара суруйан-бичийэн хаалларбыттар диэн бигэргэтэллэр.
Устуорук А.П. Окладников 1945 с. ахсынньы ыйга былыргы сурук куоппуйатын Анатолий Натович Бернштамҥа ыытар. Ону А.Н. Бернштам «Древнетюркское письмо на р. Лена» үлэтигэр «аз йинчэ эд эб» («азские бусы-добро (в значении «имущество») дом…”) диэн тылбаастаан аахпытын киллэрэр. Онно бу сурук б.э. IX үйэтин эргин суруллубут буолуон сөп диэн сабаҕалыыр итиэннэ Орхон-Енисей суругун бэлиэлэригэр чугаһатар.
2019 сыллаах экспедиция түмүгүнэн, А.Н. Бернштам ааҕыыта (аz jinčä äd äb), сыыһалаах куоппуйаҕа тирэҕирбит буолан, чопчута суоҕа быһаарыллыбыта. Экспедиция сүрүн түмүктэрэ манныктар: 1) сурук тарбах иминэн («ногтевые фаланги пальцев человека») суруллубу; 2) оҥкуллааһын (моделирование) ньыматын көрдөххө, бу суругу бичийбит киһи үрдүгэ быһа холоон 170-175 см эбит; 3) сабаҕалааһын быһыытынан, соһо кырааска «бороһуогун» (туойдаах тимир булкадаһыга) суорба таас эркиниттэн кыһыйан ылан, туох эрэ убаҕаска (хаан эбэтэр үүт буолуон сөп) суурайан, кыһыл соһо кыраасканы таһаарбыттар.
Эспиэрдэр Дегтярева Т.П., Омельяненко Д.В. былыргы суругу хаартыскаҕа түһэрэн баран, буочары чинчийэр анал лабаратыарыйаҕа дактилоскопическай луупанан 4 төгүл улаатыннаран, сыныйан ырыппыттара. Чинчийии түмүгэр А.Н. Бернштамҥа тиксибит куоппуйа икки алҕастааҕа чопчу быһаарыллыбыт.
Сыысхаллаах матырыйаалга олоҕурбут буолан, А.Н. Бернштам ааҕыыта (аz jinčä äd äb) билигин кэлэн салҕыы чопчуланыах тустаах. Кини ити суругу ааҕарыгар бу барыллаан ааҕыы диэн эрдэттэн сэрэтэр. Оттон Рафаилов А.М. «1) Тэгинч дьиэ Өксөкү Эб; 2) Тэгин Ча дьиэ – Өксөкү Эбэ» диэн ааҕыыта билим өттүнэн тирэҕэ суох буолан тахсар. Онон былыргы түүр тылын чинчийэр учуонайдар бу суругу хос ааҕыахтара, сөпкө анаарыахтара диэн эрэнэбит.
Суруктар, тамҕалар, ойуулар аһаҕас халлаан анныгар туран, соһо кырааскалара суураллан, таастара көөрөйөн сүтэн-оһон хаалар кутталлаахтар. Бу түҥ өбүгэбит араас ньыманы туһанан, былыргы быдан дьылларга, ааспыт араллааннаах сахтарга «эппит кэс тылын» харыстыах, кэлэр көлүөнэлэргэ чөл хаалларыах тустаахпыт.
Туһаныллыбыт литература:
Г. Г. Торотоев «Саамай хотугу урууна суругу» кэлимник чинчийэр эспэдииссийэ барыллаан түмүгэ // Алтаистика. 2022. № 2 (05). С. 71-78
Яна Стручкова, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ
Сурук-бичик түмэлин сүрүн мэтэдьииһэ