Ангелина Афанасьевна Кузьмина, тыл билимин хандьыдаата, «Киэҥ эйгэҕэ сахалыы таба суруйуу уонна хомоҕойдук саҥарыы сатабыла” кинигэтиттэн
Былыр устар ууну сомоҕолуур тыллаах-өстөөх, мындыр киһини «ыллыктаах тыллаах» диэн этэллэрэ. Онон былыр да, быйыл да хайдах саҥараргынан, туттан-хаптан сылдьаргынан сыаналыыллара. Ханнык баҕарар идэлээх буолбуккут иһин, дьоҥҥо-сэргэҕэ тылгын ылыннарар киһи буолуоххун эбэтэр оҕоҕор бу дьоҕуру сайыннарыаххын баҕарар буоллаххына, анаан дьарыктаныаххытын сөп. Онуоха сөптөөх эрчиллиилэри, оонньуулары таһаарабыт.
Ханнык баҕарар методикаҕа дьарык бастакы 5-10 мүнүүтэтэ оонньотор эрчиллиигэ ананыахтаах диэн суруллар. Ол оҕо уйулҕатын уонна этигэр-сиинигэр ноҕуруускатын устуу, айар үлэ туругар киллэрии буолар. Хас биирдии дьарыктааһын чопчуламмыт сыаллаах-соруктаах буолуохтаах, ону оҕолорго инникиттэн быһааран этиллиэхтээх.
Эрчиллиилэр, оонньуулар
Мал туһунан кэпсээ
I. Бөлөхтөн 1-2 оҕону таһааран, төгүрүччү көрөн олорор оҕолор иннилэригэр маннай көннөрү 1-2 мүнүүтэ олордуллар. Онтон учуутал хас биирдии оҕоҕо сахалыы тээбириннэри туттарар: чорооннору, ыаҕыйаны, хамыйаҕы, дэйбиири, тымтайы биэриэн сөп. Итиэннэ 2-3 мүнүүтэ көрөллөрүгэр бириэмэ биэрэр уонна ол кэмҥэ оҕолору кытта арааһы кэпсэтэр. Онтон бириэмэ туолуута иһиттэри хомуйар уонна маҥнай ханнык биридимиэттэри көрдөрбүтүн ойуулаттарар.
II. Иккиһинэн, бөлөх оҕолорун кытары тугу кэпсэппитин ыйытар.
Бу эрчиллии кэнниттэн маннык түгэннэргэ тохтоон, оҕолор болҕомтолорун тардан быһаарыахха наада:
1. Киһи туох да чопчу дьыаланан дьарыктаммакка, тугу саҥарыахтааҕын эрдэттэн бэлэмнэммэтэх буоллаҕына, кыбыстар, тугу гыныан билбэт курдук буолар, көрөөччүлэргэ да, кинини көрөр интэриэһинэйэ суох.
2. Өскөтүн киһи чопчу сыаллаах буоллаҕына, дьон иннигэр эрэллээхтик туттар. Ол-бу тыас-уус, дьон хараҕа мэһэйдээбэт.
3. Оҕо болҕомтотун ордук биридимиэти көрүүгэ туһаайбыт буоллаҕына, учуутал бөлөҕү кытта тугу кэпсэппитин улаханнык өйдөөн истибэтэх буолар. Оттон төттөрутүн оҕолор тугу кэпсэппиттэрин истэ олорбут оҕо биридимиэт туох, хайдах ойуулааҕын-бичиктээҕин өйдөөн, сыныйан көрбөтөх, үрдүнэн — аннынан эрэ көрбүтэ бэлиэтэнэр.
Бу эрчиллиини салгыы атын дьарыкка өссө уустугурдан биэриэххэ сөп. Остуоруйата эбэтэр кэпсээннэ айан кэпсээ. Кэпсээни араас көрүҥнээн кэпсиэхтэрин сөп: детектив, фантастика, олох-дьаһах туһунан о.д.а.
Оонньонуохтаах айымньынан уруһуй
«Аптаах тыл» Амма Аччыгыйа, «Оҕо куйуурдуу турара» Платон Ойуунускай, «Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс» Кун Дьирибинэ, «Хачыгыр» Эриллик Эристиин, о.д.а. айамньыларынан дьоруойдар ис туруктарын ырытан, оҕолорго хайдах өйдүүллэринэн уруһуйдатар дьону, олоҕу өйдүүргэ көмөлөһүө этэ.
Аптаах «Арай …»
Куннээҕи туттар маллары, тээбириннэри эбэтэр дьайыыны арай бу атын ханнык эрэ биридимиэт эбэтэр туох эрэ бэлиэ түгэн буоллун диэн өйгө оҥорон көрөн баран, сыанаҕа оонньуурдуу туттан-хаптан көрдөрүөхтээх. Холобур, уруучука – хирургическай пинцет, моҕой, аптаах мас, саа. Түүлээх бэргэһэ – куобах, куоска. Эбэтэр ханнык эрэ кэбиниэккэ киир, онно чулуу суруйааччылар – П.А. Ойуунускай, А.Е. Кулаковскай, Н.Д. Неустроев, о.д.а. олороллор эбит… Хайдах кэпсэтиэҥ, туттуоҥ-хаптыаҥ этэй?
Саҥата суох кэпсээн
Туох да мал-сал туттуллубат. «Мин сөбүлүүр дьарыгым», «Каникул кэмигэр тугу гыммыппыный?», «Хачыгыр», «Кырынаас кутуруга тоҕо хараарбыта» о. д. а тиэмэлэри саҥата суох хамсанан, пантомимолаан, а.э. сирэйи-хараҕы оонньотон бу бэриллибит тиэмэтин тиэрдэ сатыахтаах.
Сиэркилэ
Икки оҕо утары-таары тураллар. Биирэ сиэркилэ, биирэ сиэркилэҕэ көрүнээччи буолар. Көрүнээччи тараанар сирэйин эҥин араастаан туттар, таҥнар, тииһин көрүнэр о. д. а. Онтон сиэркилэ буолбут оҕо кини хамсаныытын барытын үтүктэр.
Фольклор тылын үөрэтии олус суолталаах үлэ. Бэйэтин норуотун тылын билбэт, тылынан уус-уран айымньытын аахпат оҕо ити ыйыллыбыт ньымаларынан дьарыктамматаҕына, бастакытынан, билиитэ хаҥыыр. Иккиһинэн, саха киһитин быһыытынан, өйө-санаата уһуктар, иитиллэр. Үсүһүнэн, өйө-санаата уһуктубут оҕо олоххо ордук тардыһыылаах, тобуллаҕас буолар. Онон айымньылары үөрэтэн, оҕолор эйгэлэрин нөҥүө аһардан ылыналларын ситиһэр тоҕоостоох. Итини тэҥэ саҥарар дьоҕуру сайыннардахха саха оҕото бары өттүнэн сайдар. Иҥэриммит билиитин, сатабылын, кыаҕын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэн иһэр. Оччоҕо норуот бүттүүнэ сайдар, кэскиллэнэр! Онон бу үлэни суруйуу ис хоһооно, суолтата, анала онно сытар.
Түмүк
Фольклор тылын үөрэтии олус суолталаах үлэ. Бэйэтин норуотун тылын билбэт, тылынан уус-уран айымньытын аахпат оҕо ити ыйыллыбыт ньымаларынан дьарыктамматаҕына, бастакытынан, билиитэ хаҥыыр. Иккиһинэн, саха киһитин быһыытынан, өйө-санаата уһуктар, иитиллэр. Үсүһүнэн, өйө-санаата уһуктубут оҕо олоххо ордук тардыһыылаах, тобуллаҕас буолар. Онон айымньылары үөрэтэн, оҕолор эйгэлэрин нөҥүө аһардан ылыналларын ситиһэр тоҕоостоох. Итини тэҥэ саҥарар дьоҕуру сайыннардахха саха оҕото бары өттүнэн сайдар. Иҥэриммит билиитин, сатабылын, кыаҕын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэн иһэр. Оччоҕо норуот бүттүүнэ сайдар, кэскиллэнэр! Онон бу үлэни суруйуу ис хоһооно, суолтата, анала онно сытар.
Хаартыскалары Майатааҕы «Кэнчээри» уһуйаан архыыбыттан туһанныбыт