Оонньуулар

13. 01. 2024

Оҕо үөрэр дуоһуйан,
Табыллан оонньоотоҕуна…
(ааптар хоһоонуттан)

Оҕо сылдьан оонньооботох киһи суоҕа буолуо. Былыр да, быйыл да оҕо оонньоон улаатар. Оонньоотоҕуна, бары өттүнэн тобуллар: илиитин-атаҕын эрчийэр, дьоҕурун, талаанын сайыннарар, өйүн үлэлэтэр, атын оҕолуун алтыһар, тулуур, дьаныар курдук олоххо наадалаах үөрүйэхтэри иҥэринэр. Былыргы оҕолор дьэ тугунан, хайдах оонньуур эбиттэрий?

Бу ыйытыыга хоруй ылаары былырыын эрэдээксийэлээн таһаартарбыт Уус Алдан улууһун Курбуһах нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа, эһэбит Аммосов Федот Николаевич  туһунан “Сээркээн сэһэнньит Сөдүөт Омуоһап” кинигэбитин туһанным. Манна мындыр кырдьаҕас биһиги билбэт оонньууларбытын бу оонньуулар сүтэр, умнуллар буоллулар диэн сэрэхэдийэн суруйан хаалларбыт. Олору билиһиннэрэбин:

1. Күүһү холоһуу. Саха омук кыраман былыргыттан саамай таптыыр, үгүстүк оонньуур биир бастыҥ оонньуулара саха национальнай тустуулара этэ. Уруулар, ыһыахтар, мунньахтар, атын да түмсүүлэр саха национальнай тустуута суох ааспаттара. Бу тустуу 4 көрүҥнээх.

1) Куустуһан тустуу. Бу тустуу аатын курдук кириэстии ылсан сис систэн куустуһан тусталлара.

2) Курдаһан тустуу. Таҥас курунан холкута суох курданаллар уонна икки илиилэринэн ол куртан тутуһан тусталлар. Курдаһан тустууга тирии, саппыйаан уо.д.а. кытаанах кур туттуллубат.

3) Бүүрүктэһэн тустуу. Ыстаана да, ырбаахыта да суох тустуллар. Былыргы  саха баркытын кэтэллэр. Баркы сототун алын бүүрүгүн тиэрэ тутан баран, быаны хатар курдук икки ытыскынан өрө имэрийэн кичэллээхтик түүрэн, эрийэн икки сотоҕун иккиэннэрин икки буутун төрдүгэр тиэрдэҕин. Буутуҥ төрдүгэр ии курдук мөчөкө бүүрүк үөскүүр. Эн бүүрүккэр утарылаһааччыҥ икки илиитин олорчу тутан 4 тарбахтарын бүүрүк иһигэр угар, тойон эрбэҕин бүүрүк таһыгар тутар. Утарылаһааччыгын эн эмиэ ол курдук ылаҕын. Тустуу ол курдук саҕаланар. Ыраас бырахсыы манна буолар.

4) Хапсаҕайдаһан тустуу. Туоххуттан да тутуспакка көҥүл сылдьан тарбахтарыттан, бэгэччэктэн, харыттан харбаспахтаан, өҥүс баска түһүтэлээн, атахха кииртэлээн ыла-ыла сүүрэ сылдьан тусталлар. Бу тустууну билигин ыһыахха мөлтөх соҕустук оонньууллар. Бастакы үс көрүҥ умнууга хаалла, сүтэр кутталга киирдэ, ханна да оонньообот буоллулар.

Онон саха биллэр биир оонньуутун национальнай тустууну сүтэрэн кэбиһии өбүгэлэрбит үгэстэрин үйэтитиигэ улахан сыыһа быһыы, буруйу оҥоруу буолуон сөп. Онон бу оонньуулары сайыннарыахха, киэҥник оонньуохха. Ону оройуон, республика туһааннаах тэрилтэлэрэ уонна общественность бүтүннүүтэ ылсан үлэлиирэ, тэрийэрэ наада.

Ити тустууларга кыайыылааҕынан ааҕыллар ким утарылаһааччытын урут сири булларбыт, тэҥҥэ оҕуннахтарына ким үрдүкү буолбут. Арай быраҕыы биир албаһыгар урут сири булбут киһи кыайыылааҕынан тахсар. Ол бааһынайдааһын диэн албаска. Бу үксүгэр курдаһан тустууга буолара. Куһаҕаннык бааһынайдыыр киһи бэйэтэ тиэрэ түһэн утарылаһааччытын үрдүгэр түһэн баран үҥкүрүтэн бэйэтэ үрдүгэр тахсара.  Үчүгэйдик бааһынайдыыр киһи чаҕылҕанныы түргэнник сиргэ тиэрэ түһэр. Ол охтон иһэн уҥа атаҕын тобугунан токутан хаҥас тобугун аннынан сототун үрдүгэр туора ууран түһэр.  Утарылаһааччы икки сотото сытар киһи туора сототун үрдүгэр буолан киһини баттыы түһэр. Сытааччы наһаа түргэнник күүскэ өрө тэбэр уонна куруттан ыла сытар илиилэринэн күүскэ өрө анньар, үрдүкү киһи атаҕа үөһэнэн адаарыйбытынан киһини кытта уҥуор төбөлөһө түһэр. Атахтара уҥуор-маҥаар сытар буолар. Бааһынайдаабыт киһи урут ойон туран сытар киһини илиитинэн түөһүн эбэтэр саннын таарыйан ылар. Ол эбэтэр баттаабыт суолтатын көрдөрөр. Мин маннык быраҕыыны  көрбүтүм.

2. Хайах хостоһуу

Бастакы киһи баҕананы илиитинэн кууһан, атаҕынан кыпчыйан баран сиргэ олорор. 2-с киһи бастакы киһи кэннигэр сыста атаҕын 2 өртүнэн тэбэн олорор, бастакы киһи хонноҕун аннынан илиилэрин угар, икки илиитин 4-түү тарбахтарын быыстарынан батары анньан 2 ытыһын 1 улахан ытыс оҥорор уонна бастакы киһини хам кууһар, оннук салҕанан олорон иһэллэр. Барыта 7 — 10 киһини олордуохха сөп. Бу дьон хайахтар диэн аатыраллар. Хайаҕы хостооччу 1 киһи буолар. Кини олорбот. Бүтэһик киһини  хонноҕун аннынан илиилэрин уган, эмиэ тарбахтарын кыбытан улахан ытыс оҥорон баран, кууһан ыарытыннарбакка аргыый аҕай сыыйа эптэр эбэн тардар, күүһэ бүтүөр диэри. Олорор киһи илиитэ төлөрүйэн туура тардылыннаҕына, инники дьоннору салҕаан турута тардан иһэр. Бары киһини туура тардан ыллаҕына, кыайыылааҕынан ааҕыллан бирииһи ылар. Онтон хас да киһини эбэтэр 1 киһини кыайан туура тардан ылбатаҕына кыайтарбытынан ааҕыллар, бириис хайахтарга бэриллэр. Ити куустуһууга харыны хардары уган кууһуу уонна хостооччу эмискэ түһүөлээн тардыыта көҥүллэммэт. Хайаҕы туран эрэн хостоһоллоро. Ол куһаҕан. Киһи туура тардылыннаҕына сиргэ охтон түһэллэрэ.

3. Күлүүстэһии.

Икки киһи атах тэпсэн сиргэ олорон баран, уҥа илиилэрин ортоку тарбахтарын хардарыта куустаран токоолуу тутан баран тардыһаллар. Ким урут тарбаҕа көнөн ыыппыт кыайтарыылааҕынан ааҕыллар.

4. Өһүө салааһына

Былыргы дьиэ үрдүн мөчөкө өртүн аллара гына уураллар, онон өһүө үрдүнэн баар аһаҕас устун кирис өтүүнү уган ылан баран өһүөнү куустары туомтуу баайан кэбиһэллэр. Өтүү сиргэ субулла сытар. Өһүө салааһына 2 көрүҥнээх:

1) Боростуойа. Сиргэ олороҕун. Өтүүттэн уунан тутуһан 2 илиигин хардары — таары төһө баҕарар киэҥник атыллатан тутан тардыһан үөһэ тахсаҕын, атаххын санньылытарыҥ көҥүл. Өһүөҕэ тиийэҥҥин тылгынан өһүөнү салаан ылаҕын.

2) Тутумнаан тахсыы дэнэр. Сиргэ атаххын кичэллээхтик халаачыктыы ууран олороҕун. Илиигин үөһэ уунан өтүүттэн тутуһан баран 2 илиигин хардары-таары тутумун үрдүнэн ууран, биирдии тутумунан хаамтаран өһүөнү тиийэн салыыгын. Аара атаҕыҥ халаачыга кыратык да өһүлүннэҕинэ өһүөнү салаабатаҕынан ааҕыллаҕын. 2-с көрүҥү дэҥҥэ толороллоро. Кирис өтүү синньигэс уонна халтархай буолар. Сайыҥҥы оонньууга 3 миэтэрэ үрдүктээх аргы сыыһын оҥорон маннык оонньуохха сөп. Быата бирээдьинэ, таҥас быа буолуо суохтаах, хайаан да кирис өтүү буолуохтаах. Аргыга тиийии кыайыылааҕа ким түргэнник тахсыбытынан көрүөххэ сөп.

 5. Үҥкүү.

Былыр кыргыттар уонна эдэр дьахталлар биир таптыыр оонньуулара кулун куллуруһуута диэн этэ. Кулун куллуруһааччылар сиэттиһэн баран кэккэлэһэ тураллар. Турааччылар, аҥар уһуктарыттан 2 киһи иһирдьэ өҕүллэн киирэннэр, 2 ардыларынан киһи батар гына бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи тураллар. Сиэттиспит илиилэрин өрө ууналлар. Ити аата «аан» оҥордулар. Турааччылар нөҥүө уһуктарынааҕы киһи бастаан, дьонун сиэппитинэн бэдьэҥ үктээн бэдьэйэ сиэлэн кэлэн, аан устун субуруспутунан тахсан бараллар. Киһи тахсан бүттэҕинэ, аан буолбут дьон төбөлөрүн илиилэрин анныларынан уган эргийэллэр, оччоҕо хат эмиэ көбүс — көнөтүк туруу үөскүүр. Бу сырыыга нөҥүө уһук дьон аан оҥороллор. Бастакы аан буолбут дьон бастаан маарыҥҥы курдук бараллар. Итинник элбэхтик оонньууллара. Билигин саха үҥкүүтүн үгүстүк толороллор. Бу үҥкүү кулун куллуруһуутунан бүтэрэ сатаныа дуо диэн саныыбын. Иккитэ төхтүрүйэн кулун куллуруһан баран,  үсүһүгэр сценаттан тахсан барар буоллар син буолуо этэ. (Аммосов Ф.Н. “Сээркээн сэһэнньит Сөдүөт Омуоһап”, 145-146 с.)

Итини таһынан бэйэм саастаах киһи буоларым быһыытынан, биһиги саҕанааҕы, чуолкайдаан эттэххэ, 60 — 70-с сыллардааҕы оонньуулары эмиэ ахтан ааһарым тоҕоостоох курдук. Урукку оҕо билиҥҥи оҕо курдук көмпүүтэргэ, түлүппүөҥҥэ хатанан олорбот этэ. Үөрэх, үлэ быыһыгар сөбүлээн оонньуур оонньуулардаах этэ. Оҕо чаҕаарыйар саҥатынан, көрдөөх күлүүтүнэн туолбут  сааскы оскуолам олбуора үтүө өйдөбүл, оҕо саас саамай дьоллоох түгэнэ буолан өйгө – сүрэххэ күүскэ иҥэн хаалбыт. Онно, таһырдьа,  сөбүлээн оонньуур оонньууларбытын билиһиннэрдэххэ маннык:

Биһиги, кыргыттар, кыраайдыыбыт, (Уус Алдаҥҥа ону кылаастыыбыт (түөлбэ тыл) дииллэр), кылаастыыбыт, ыскакаалкалыыбыт.

Ыскакаалка билигин  физкултуура уруоктарыгар, эти – хааны эрчийэр араас дьарыктарга туһаныллар. Иннигинэн эбэтэр кэннигинэн, биир эбэтэр икки атаххынан сыыспакка ыскакаалка үрдүнэн төһө  ойоргунан киирсэҕин, хаста ойбутуҥ ааҕыллар. Саамай элбэхтэ ойбут оҕо кыайыылаах буолар.  Ыскакаалкаларын кириэстии тута – тута ыстанар кыргыттар баар буолааччылар.

Кылаастаах оонньооһун диэн  табаарыһыҥ ытыһын иһигэр бытархайы кистээбитин таба эттэххинэ, кирилиэс үктэлин тахсан иһэҕин, ол аата кылааскын тахсан иһэриҥ курдук. Оскуолабыт иннигэр улахан күүлэни эргийэ барар хас да үктэллээх кирилиэс баара, онно сөбүлээн оонньуур этибит. Хас да оҕону  “учуутал” оҕо кылааһын таһаарар.

Кыраайдыыр диэн көнө сиргэ килиэккэлэрдээх сурааһын тардаҕын. Икки кэккэнэн үс — түөрт килиэккэ буоллаҕына ыстанар килиэккэҥ алта эбэтэр аҕыс буолар. Ыстанаргар таас бытархайын килиэккэҕэ уочаратынан быраҕаҕын. Аҥаар атаххынан кылыйан тиийэн ылаҕын, эргийэ төттөрү кылыйан төннөн кэлэҕин. Килиэккэни ааҕа барытын тааскын быраҕан хомуйан кэллэххинэ, бэтэрээ уһукка туран кэннигинэн тааскын быраҕаҕын, онтуҥ түспүт килиэккэтин хараардаҕын, ол аата дьиэлэнэҕин, онно бэйэҥ ыстанан иһэн тохтоон сынньанаҕын, атыттар ол килиэккэни ойон ааһыахтаахтар. Уустугурдубакка да оонньуохха сөп. Билигин көрдөххө, сорох оскуолаларга көрүдүөр муостатыгар килиэккэлэр араастык ойууламмыт буолаллар, оҕолор онно, ааһан иһэн,  ыстана оонньууллар быһыылаах. В этой статье упоминается ваш любимый по супер низким ценам. Выберите доставку в тот же день, доставку под автомобилем или самовывоз.

Мээчик хабыы. Өссө кыргыттар биир сөбүлээн оонньуур оонньуулара кыра мээчиги араастаан быраҕан хабыы буолара. Барыта быраабыланан, сороҕун умнубуппун. Бастаан мээчиги уонна тэйитэ – тэйитэ хабаҕын. Онтон аны ытыскын таһынан ыла – ыла хабаҕын, онтон мээчиккин биир атаҕыҥ аннынан ыытан хабаҕын, иккис сырыыгар ытыс таһыныытын эбэн биэрэҕин, онтон мээчиккин үөһэ быраҕан ыла – ыла хабаҕын, өссө мээчиккин быраҕан баран эргийэ охсон баран хабан ылаҕын, ытыһыҥ көхсүгэр түһэрэн баран эмиэ үөһэ быраҕан хабаҕын. Итинник арааһа элбэх,  уустугурдан иһэҕин. Холобур, мээчиги быраҕар, эргийэр, өссө мээчигин хабарыгар ытыһын таһынар. Көрүҥ уларыйдаҕын аайы оҥорор ахсааныҥ биирдиинэн көҕүрээн иһэр. Уонтан саҕалаан бүтэһик көрүҥү биирдэ эрэ оҥороҕун. Кыайыылаах барытын сыыспакка уон көрүҥү урут оҥорон бүппүт киһи буолар. Хас да буолан уочараттаһан оонньуугун, сыыстаххына, иккис сырыыгар ханна сыыспыккыттан салҕаан оонньуугун.

Чыахалааһын. Уолаттар үксүлэрэ мас оскуола истиэнэтигэр бытархай харчы быраҕан чыахалыыллар,  Уус Алдаҥҥа истиэнкэлииллэр (түөлбэ тыл).

Чыахалааһын быраабылата: бастаан биир оҕо харчыны истиэнэттэн тэйитэ быраҕар, онтон иккис уол ол харчы таһыгар эмиэ истиэнэттэн тэйитэн быраҕар, түспүт икки бытархай харчыны сөмүйэтинэн уонна тойон эрбэҕинэн харыстаан көрөр. Харчы ыккарда биир харыс иһинэн буоллаҕына  кыайар, харчыны ылар. Тарбах кыранан тиийбэккэ хааллаҕына дьэ кыһыы буолар. Хас да уол оонньуур буоллаҕына уочаратынан быраҕаллар.

Баһаарка. Өссө биир уолаттар сөбүлээн оонньуур оонньуулара баһаарка диэн баарын кэргэним кэпсээтэ. Быраабылата маннык: бытархай харчыны мунньан үрүт үрдүгэр Холобур, өрүөл өттүнэн кыстаан таһаараллар эбит. Ону оһох хараҕын саамай кыра ыарахан хаппаҕынан ыраахтан таба быраҕан суулларыахтааххын. Быраҕаат, сүүрэн кэлэн харчыны көрөҕүн, эргийэн түспүт буоллаҕына ылан иһэҕин. Эргийбэтэх харчыны били ыарахан ыйааһыннаах кыра хаппаҕынан охсон, тэйитэн эргитиэхтээххин. Эргийдэ да эйиэнэ буолар. Быраҕаргар сурааһыны, уһуну ыстанарга курдук,  атаххынан үктээбэккин. Быраҕыы уочаратынан буолар. Оччолорго маҕаһыыҥҥа бытархай харчы үксэ хомуллуулаах буолар этэ диэн кэпсээччим күлэр. Бу Уус Алданнар оонньуулара.

Көлүөһэ сүүрдүүтэ диэн баар. Онно анаан күрэхтэспэккин эрээри, холобур, табаарыскар оонньуу бараргар көлүөһэҕин эргитэн сүүрүүнэн бараҕын, таарыйа сүүрэн эрчиллэҕин.  Ол бэлисипиэт   көлөһөтүн хаамырата суох уобуруччута буолар. Онно анаан боробулуоханан бэйэҕэр сөп түбэһэр үтэр уһун тутаах оҥороҕун, тутааххынан анньан сүүрэҕин. Уус Алдаҥҥа маһынан анньан сүүрэллэр үһү. Урут дэриэбинэ уолаттарыгар үгүстэригэр баар курдук өйдүүбүн.

Биһиги өссө сир былдьаһыыта диэни кыыстыын – уоллуун бары оонньооччубут. Быһаҕынан син улахан төгүрүгү сурааһыннаан оҥороҕун, хас буолан оонньуургунан көрөн чаастарга үллэрэҕин. Бэйэҥ сиргэр туран атын киһи сиригэр  быһаҕы сиргэ батары быраҕаҕын. Быһаххын ыларгар батары түспүт сиринэн сурааһын тардан сир ылаҕын. Уочаратынан быраҕаҕын, ким элбэх сири ыларыгар күрэхтэһэҕин. Хас да буолан оонньуугун.

Чыхаарда. Уолаттар чыхаардалыылларын ааһан биһиги, кыргыттар, эмиэ оонньооччубут. Элбэх оҕо тутуһан төҥкөйөн боробуос курдук тураллар. Атын иккис хамаанда оҕолоро тэйиччиттэн сүүрэн кэлэн “боробуос” үрдүгэр ыстанан сытан иһэллэр. Элбэх оҕо ыйааһынын кыайбакка, “боробуос” быһыннаҕына, ол хамаанда хотторор. Хотторбут хамаанда иккистээн турар, хаһан кыайыар диэри хатыланар. Интиринээккэ олорон чыхаардалаан, кыргыттар баспытааталлартан мөҕүллэр этибит. 

Билиэн тутуһуу. Саамай сөбүлүүр оонньуубут билиэн тутуһуу буолара.  Кыыстыын –уоллуун бары оонньуубут.  Элбэх оҕо куотар, икки оҕо сырсан, эккирэтэн ситэн аҕалан мунньан иһэллэр. Мустубут оҕолор илиилэрин быластаабытынан сиэттиһэн тураллар. Ону ситтэрэ илик оҕо кэлэн таарыйар, оччоҕо бары “тиллэн”, босхолонон куотан хаалаллар. Эккирэтээччи оҕо сылбырҕа уонна быһый буолара ирдэнэр. Оскуолабыт икки этээстээх буолан, үөһэнэн – алларанан сүүрэргэ наһаа табыгастаах буолааччы. Онуска үөрэнэ сылдьан, уолаттарбыт аһара азартарыгар киирэн, кыра оҕолору үрдүлэринэн ойон ааһыахтарыгар диэри  көр буолааччы. Дьоллоох оҕо саас! Билигин ким эргитиэ буоллаҕай ол кыһалҕата суох дьоллоох оҕо сааспытын?! Суох буоллаҕа.

Успуорт былаһааккатыгар лапта, былаах былдьаһыыта диэн сүүрүүлээх оонньуу куруук буолааччы. Аныгы да оҕолор билэллэр. Лаптаны физкультура уруогар киллэриэхпит дииллэрин араадьыйаҕа истэн аһарбытым.

Сасыһыы – бырыычыка. Сайын сайылык буоллун, дэриэбинэ буоллун оҕо аймах сөбүлээн оонньуурасасыһыы- бырыычыкабуолара. Көрдүүр оҕо хараҕын сабан туран уоҥҥа диэри ааҕар. Ол кэмҥэ бары саһа охсуохтааххын. Дьэ онтон көрдүү барар. Саспыт оҕону көрдө да оҕо аатын этэр, “Бырыычыка! Көһүннүҥ!” диир уонна  сүүрэн кэлэн бырыычыка  маһынан  үстэ муостаны, сири охсор (маһа ханна өйөнөн турарынан). Сайылыкка улахан дьон арыт оонньоһон сүргэбит көтөҕүллээччи.

Дьиэ иһигэр оонньонор оонньуулар: түлүппүөннэһии, биһилэх кутуута. Түлүппүөннэһиигэ элбэх буолан кэккэлэһэ олороҕун. Биир оҕо бастакы олорор оҕоҕо кулгааҕар уһун соҕус  тыл эбэтэр икки – үс тыллаах чэпчэки этиини этэр. Ону аттыгар олорор оҕоҕор этэҕин, оннук салҕанан барар. Бүтэһик оҕо туран тылы этэр. Ким сыыһа истибитэ быһаарыллар, ол оҕо ыстарааптанар.

Биһилэх кутууга бары эмиэ кэккэлэһэ олороллор. Икки оҕо оонньуур: биирэ кутааччы, биирэ таайааччы. Биир оҕо бытархай тугу эмэ оҕоҕо холбуу туппут ытыһыгар хайаларыгар эрэ түһэрэн кэбиһэр. Салгыы атын оҕолорго син биир түһэрэр курдук артыыстыыр.  Таайааччы оҕо кимиэхэ биһилэх баарын таба этиэхтээх, сыыһа эттэҕинэ ыстарааптанар.

Күһүн, саас халлаан сылааһыгар уонна сайын мустан оонньуур диэн туспа. Билигин оҕолор ордук хаҥкылыыллар, дэриэбинэҕэ да онно анаан хотуок оҥоһуллар буолла. Сайынын бэлисипиэт тэбэллэр, мээчиктииллэр, сөтүөлүүллэр.

Умнуллан эрэр оонньууларбытын сөргүтэн оҕолорбутугар оонньотуоҕуҥ, сынньалаҥ кэмҥэ дьиэ кэргэнинэн тула олорон остуол оонньууларын оонньуоҕуҥ. Ытык кырдьаҕас суруйан хаалларбытын болҕомтоҕо ылан, биир эмэ күрэхтэһиигэ туһаналлара буоллар диэн баҕа санаалаах суруйуубун түмүктүүбүн.

Хаартыскалары Национальнай бибилэтиэкэ пуондатыгар хараллан сытар И.С. Гурвич архыыбыттан туһанныбыт.