Саха героическай эпоһа олоҥхо – норуот тылынан уус-уран айымньыларыттан чулуулара, тγγр-монгуол тыллаах омуктар эпическай айымньыларын уһулуччулаах кɵстγγтэ буолар. Олоҥхо саха норуотун устуоруйатын, философиятын, итэҕэлин илдьэ сылдьар айымньы. Ортоку олоҥхолор кээмэйдэрэ 10-20 тыһыынча хоһоонунан строкалартан турар, сороҕор 50 тыһыынча строкаҕа тиийиэн эмиэ сɵп. Үөһээ Бүлүүгэ буолуохтаах олоҥхо ыһыаҕа буолара чугаһаабыт кэмигэр анаан-минээн бу сүдү айымньыбытыгар кыыс ньургун дьахталлар уобарастарын, дьоруой дьиктитик төрөөһүнүн, ааттар кистэлэҥнэрин туһунан Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын институтун фольклор уонна литература салаатын научнай үлэһитэ, филология билимин хандьыдаата А.Н. Данилованы кытта кэпсэттибит.
— Анна Николаевна, саха олоҥхотугар айыы кыыһа бухатыыр буолуутугар дьахтар аналын хайдах көрөҕүнүй?
— Ханнык баҕарар уус-уран айымньыга буоларын курдук, таптал ыраас иэйиитэ, ɵрɵ кɵтɵҕγллγγтэ – кыыс оҕо кэрэ кɵстγγтγттэн тахсар. Кини ураннык ойууланар, ырыаҕа-тойукка ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар. «Кыыс – омук анала» диэн норуот ɵһγн хоһоонуттан сиэттэрэн эттэххэ, кыыс оҕо барахсан Одун Хаантан оҥоһуллан, Чыҥыс Хаантан ыйаахтанан бу Орто туруу баран дойдуга ийэ буолар γрдγк аналлаах кэлэр. Былыргы биһиги ɵбγгэлэрбит кыыһы уратытык тутан иитиилэрэ олоҥхоҕо эмиэ ойууланар. Ол курдук ийэ буолар аналлаах айыы кыыһын «Былыттаах кγн былаҕай былдьыа диэн быктаран кɵрбɵтɵх, Кγннээх халлааҥҥа кɵмγс субата кɵлбɵҕγрγɵ диэн кɵрдɵрɵн кɵрдɵрбɵтɵх, Тоҕус хос чуллурууттаах чуулааҥҥа, Аҕыс хос аарыма ампаарга, Сэттэ хос ситэри кириэппэскэ, Кистээн-кичэмэлээн, Баттаан саһыаран» ураты харыстаан бγɵбэйдээн иитэллэр эбит. Айыы бухатыырдара кинини абааһылартан кɵмγскээн улуу охсуһууну охсуһаллар. Сорох олоҥхоҕо айыы кыыһын сэргэ атын туспа аналлаах кыыс бухатыыр ойууланар. Кини олох кыра оҕо сааһыттан уолу кытта тэҥҥэ оонньоон, тустан, сγγрэн-кɵтɵн, кγрэс былдьаһан хатан иҥиирдэнэн, сытыы сирэйдээх-харахтаах кыыс оҕо кылааннааҕа буола улаатар. Кыыс бухатыыр айылҕаттан айдарыллан, γɵһэттэн ыйыллан айыы дьонун кɵмγскγγр. Үгүс олоҥхолорго кылааннаах-ɵргɵстɵɵх Кыыс Ньургун Бухатыыр диэн ааттанар. Ол да буоллар, кини мγччγргэннээх сырыыларын, элбэх ыарахаттары, уоттаах охсуһуулары туораан, тиһэҕэр бэйэтин аналын булан олоҕун оҥостор.
Олоҥхо кыыһа бэйэтин тас кɵрγҥэ, быһыыта-майгыта аатыгар сɵп тγбэһэр уонна γксγгэр «куо» диэн ааттанар. Холобур: Туйаарыма Куо, Хаанчылаан Куо, Уйуллаан Куо, Айталы Куо, Сыралыма Куо уо.д.а.
Кыыс толору аатыттан кини туох дьарыктааҕын эмиэ билиэххэ сɵп. Ол курдук холобура, «Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур» диэн олоҥхоҕо “Солко саптаах, Кɵмγс иннэлээх Кγн Туналы” диэн бухатыыр анала кыыс ааттанар. Мантан кɵстɵрγнэн кини сытыары-сымнаҕас майгылаах, уран тарбахтаах кыыс-дьахтар буолара биллэр.
Маны таһынан олоҥхоҕо Ийэлэр, Айыыһыт, Иэйиэхсит Хотуттар ураты ыраас, чэбэр сырдык санаалаах уобарастар быһыытынан кɵрдɵрγллэллэр.
Олоҥхо жанр быһыытынан баай ойуулуур-дьүһүннүүр тыллары дьүөрэлиир, таҥар ньымалардаах. Ол курдук үгэс буолбут олук хоһооннор, гиперболалар, тэҥнэбиллэр, метафоралар, эпиитэттэр араастара олоҥхоҕо элбэхтик көстөллөр. Маннык олук хоһоон уостан уоска бэриллэр эпостарга барыларыгар баар көстүү.
— Бухатыыр дьахтар дьоруойдаах олоҥхолор хайдах үөскээбит буолуохтарын сөбүй?
— 2021 с. олоҥхоһут П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ төрөөбүтэ 120 сылын туолбута. Кини аан маҥнайгы киэҥ эйгэҕэ биллибит олоҥхото “Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр” буолар. Бу олоҥхону фольклорист ученай П.Н.Дмитриев 1981 сыллаахха расшифровкалаан, кэммэнтээрийдээн туспа кинигэ гынан бэчээккэ таһаарбыта. Олоҥхо барыта 8220 строкалаах орто олоҥхоҕо киирсэр. Айыы кыыһа Дьырыбына Дьырыалыатта айыы дьонун абааһы аймаҕыттан быыһаан, бэйэтин аналын көрсөн улахан уруу буоларынан түмүктэнэр.
Дьахтар бухатыыр дьоруойдаах олоҥхолор сюжеттара саха фольклоругар биир ураты миэстэни ылаллар. Бу туһунан Н.В.Емельянов «Сюжеты ранних типов якутских олонхо» диэн γлэтигэр суруйан турар. Онно бэлиэтииринэн, маннык сюжеттаах олоҥхолор урукку кγγстээх дьахталлар туһунан γһγйээннэртэн γɵскээбит буолуохтарын сɵп диэн сабаҕалыыр уонна барыта 11 кыыс бухатыыр, дьоруойдуу сырыыларын туһунан кэпсиир ис хоһоонноох, олоҥхо сюжеттара баар диэбит. Архыып матырыйаалыттан биллэринэн, сахаҕа барыта 15 кыыс бухатыыр дьоруойдаах олоҥхолор бааллара биллэр. Олортон 9-һа толору ис хоһооно суруллубут, 6-та толорута суох быһа тардыылара бэриллибиттэр.
Кыыс бухатыыр уобараһа атын тγγр омуктарга эмиэ кɵстɵр эбит, ол курдук, алтайдарга, хакастарга, бүрээттэргэ. Олоҥхолорго ураты суолталаахтык Кыыс бухатыыр ойууламмыта саха норуота дьахтары γрдγк идеал оҥостон, кини γтγɵ-мааны майгытын, сылаас сыһыанын, дьахтар норуоту салгыыр, омук омугунан хаалар, кутун-сγрγн тутар, кɵҥγл дьоллоох олоҕун бэлиэтэ буолар улуу ɵйдɵбγллээҕин кɵрдɵрɵр.
— Олоҥхо дьонун аатын уратыта туохханый?
— Фольклорист П.Н. Дмитриев ханнык баҕарар олоҥхоҕо олуктар биэс араастара баарын ыйбыта: былыргы бириэмэ олуга, орто дойду олуга, алгыс олуга, сыыппаралар олуктара уонна персонажтар ааттарын олуга. Олоҥхо ааттарын үөрэтиини Н.В. Емельянов «Сюжеты якутских олонхо» диэн үлэтигэр олоҥхо персонажтарын уонна сир-дойду анал ааттарын тылдьытын оҥороругар, ааттар икки чаастан туралларын ыйбыта: быһаарар уонна сүрүн чаас диэн. Быһаарар чааһыгар кини төрөөбүт сирин, атын аатын киллэрэр, онтон сүрүн чааска дьоруой анал аатын киллэрбит. Олоҥхо анал ааттарын тутулларын, ис хоһооннорун лингвофольклористика өттүттэн көрөн анаан-минээн Н.И. Филиппова үөрэппитэ.
Хас биирдии персонаж аата олуктартан турар. Аат персонаж халбаҥнаабат бэлиэтэ буолар. Олоҥхо дьоруойдарын ааттара халбаҥнаабат биэс быһаарыылаах эрээттэн турар. Ол курдук бастакы быһаарыылаах эрээт персонажтар ханна олороллорун ыйар, иккис персонаж төрдүн-ууһун, хантан төрүттээҕин көрдөрөр, үһүс быһаарыылаах эрээт персонаж туттар сэбин, атын, быһыытын-майгытын ойуулуур, төрдүс быһаарыылаах эрээккэ персонаж тус бэйэтин аата бэриллэр, бэһис быһаарыылаах эрээт персонаж сааһын, эмээхсин (оҕонньор), кыыс (уол) буоларын чопчулуур уонна социальнай араҥатынан араарар.
«Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхоҕо толору ааттаах барыта 34 персонаж ойууланар. Манна айыы, абааһы бухатыырдара, айыы, абааһы дьахталлара, абааһы тойотторо, кулуттар, айыылар, сир-дойду иччилэрэ киирэллэр. Бу персонажтар ааттарын олугар барыларыгар бу биэс быһаарыылаах эрээт баар буолбат. Үксүгэр икки утарыта турар айыы уонна абааһы дьоннорун ааттарыгар толору көстөр. Оттон айыылар, иччилэр, айыы, абааһы тойотторун, кулуттар ааттарыгар үс-түөрт эрээт бэриллэр.
Холобур, олоҥхо сүрүн дьоруойа Дьырыбына Дьырылыатта толору аатын олук хоһооно барыта 14 строкаттан турар. Бу манна Дьырыбына Дьырылыатта орто дойду олохтоохторо Арылы тойон оҕонньор, Кэрэмэс хотун эмээхсин саамай күндү оҕолоро буолара маннык тылларга көстөр: «Көрдөр харахтарын харата«, «Көтүрдэр тиистэрин миилэтэ», » Көмөлүйдэр сүрэхтэрин чопчута». Манна бухатыыр кыыс үөһээ халлаантан төрүттээх аналлаах атын ойуулааһын бухатыыр аатын арахсыспат кэрчигэ буолар. Олоҥхо устатын тухары Дьырыбына Дьырылыатта аатын олугун барыйаана араастык этиллибит, сороҕор кылгатан, сороҕор уһатан этиллэр: Тыллаах-өстөөх дыллыа маҥан аттаах Дьырыбына Дьырылыатта бухатыыр, Дьырыбына Дьырылыатта, Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр барахсан.
9Дьырыбына Дьырылыатта аатын олуга үксүн персонажтар кэпсэтиилэригэр ордук толорутук этиллэр. Оттон көннөрү ойуулааһыҥҥа кылгас аатын олуга туттуллар эбэтэр солбуйар аатынан этиллэр эбит. Олоҥхоҕо дьоруой бэйэтигэр сөп түбэһэр ааттаах уонна бэйэтэ сүрүн миэстэлээх. Аат олугунан баар персонаж уобараһын бэриллиитин көрүөххэ сөп эбит. Аакка баар быһаарыылаах эрээттэр бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн-толорсон, дьоруой толору аатын быһааран, чопчулаан биэрэллэр.
— Олоҥхо дьоруойа уратытык төрүүр матыыптарын туһунан тугу этиэҥ этэй?
— Ити түүр, монгуол тыллаах омуктар айымньыларыгар үгүстүк көстөр. Ол курдук саха олоҥхолоругар бухатыыр төрөөһүнэ араастык ойууланар, кэпсэнэр. Ыччата суох кэргэнниилэр Үөһээ дойду айыыларыттан оҕо кутун көрдөөн, ол көрдөһүүлэрэ туолан кырдьар саастарыгар айыы аймаҕын көмүскүүр бухатыыры төрөтөллөр.
Олоҥхо дьоруойдарын дьикти төрөөһүннэрэ мифологияны кытта ыкса сибээстээҕин үгүс чинчийээччилэр ыйаллар. Маннык матыып үгүс норуот эпическэй айымньыларыгар, остуоруйаларыгар баар. Холобур, оҕото суох дьахталлар дьикти үүнээйи отонун сиэн хат буолаллара ойууланар. Бүлүү аатырбыт олоҥхоһута С.И. Еремеев-Дэдэгэс «Төбөт Мэник бухатыыр» олоҥхотун саҕаланыытыгар оҕото суох Айыы Чаҕаан оҕонньор, Аан Дархан хотун эмээхсин диэн дьоннор Орто дойдуга байан-тайан олороллоро ойууланар. Кырдьар саастарыгар диэри кинилэр биир да оҕолоро суох. Кинилэр Аар Кудук Хатыҥ мастарыттан көрдөһөн оҕо кутун үөһэ дойдулартан ылаллар. Ол түмүгэр уол оҕолоноллор. Бухатыыр кырдьаҕас дьонтон төрүүрэ үгүс олоҥхоҕо ойууланар тарҕаммыт матыып буолар. Бу оҕолоро төрөөт да, сүтэн баран хас да хонон баран хайыы-үйэ улахан киһи буолан кэлэн, аатын ааттатан баран, абааһы бухатыыра уорбут айыы кыыһын Туналыкаан Куону быыһыы барар. Маннык оҕо түргэнник улаатарын туһунан нуучча биллиилээх фольклориһа В.Я. Пропп суруйан турар уонна дьоруой дьикти төрөөһүнэ, кини омуннаахтык улаатыыта анараа дойдуну кытта ыкса ситимнээҕин ыйбыта. Ол курдук кини түргэнник улаатыыта өлбүт киһи дууһата дьоруой буолан хаттаан төрөөн, урукку олоҕор ситиспэтэх дьайыыларын оҥоро охсорун кытта сибээстээх буолан, омуннаахтык улаатар эбит диэн быһаарбыт. Ол иһин олоҥхоҕо кырдьаҕас дьонтон төрөөбүт оҕо түргэнник улаата охсон, айыы дьонун араҥаччылыыра ойууламмыт.
Саха биллиилээх фольклориһа, эпосоведа Иннокентий Васильевич Пухов саха олоҥхотун уобарастарын үөрэтэригэр уонна атын омуктар эпостарын кытта тэҥнээн көрөн ырытарыгар маннык матыыптары эмиэ таарыйбыта. Ол курдук чиччик дьоруой төрүүрүн Д.М. Говоров “Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө” олоҥхотугар дьоруой кута уот кыһыл мохсоҕол оҕото буолан, бухатыыр уйатыгар сытарын Айыыһыт бэйэтинэн бүөбэйдиир. Ийэтэ ыараханнык оҕолонор, онуоха көмөҕө кэлбит удаҕаннар, сыыһа хамсанан мохсоҕол уйатын түҥнэрэллэр. Ол түмүгэр оҕо кута этин-хаанын кытта кыайан холбоспокко хаалар. Кута сыстыбатах оҕо көстөр дьүһүннүүн чиччик буолар эбит. Оҕолорун көрөн уолуйбут төрөппүттэр Симэхсин эмээхсиҥҥэ биэрэллэр, ону ылан хотоҥҥо саах анныгар көмөр. Оҕо отут сыл устата, сиртэн инчэҕэйдэнэн, халлаантан салгыннанан сытар. Ол кэннэ киһи аймах көмүскээччитэ буолар. Кэлин уһугар көтөр дьүһүннээх чиччик оҕо хорсун-хоодуот быһыылары оҥорор. Онтон үүт маҥан күөлгэ суунан, кэрэ бэйэлээх бухатыырга кубулуйар.
Олоҥхоҕо бухатыыр араас кыыл буолан төрүүрэ эмиэ көстөр. Холобур, Хаҥалас улууһун биллиилээх олоҥхоһута М.И. Саввин «Мүлдьүөт Бөҕө» диэн олоҥхотугар айыы дьонугар бухатыыр кыыс уратытык төрүүрэ ойууланар. Аҕыс уон саастаах эмээхсин тоҕус сылы быһа иһэ ыалдьан баран, маҕан төбөлөөх сүүнэ улахан суору төрөтөр. Бу суор кэлин Кыыс Бүлгүйдээн диэн ааттаах бухатыыр кыыс буолан айыы дьонун көмүскүүрэ кэпсэнэр.
Онтон абааһы аймаҕар оҕо хайдах төрүүрүн эмиэ бу олоҥхоҕо баарын ыйбыт. Ол курдук Хара Бүгүстээн диэн абааһы бухатыырын төрүүрэ маннык: ийэтэ Тимир Аҕыластай түөрт кырыылаах күтүр улахан тааһы төрөппүтэ сиргэ түһэригэр хайа ыстанан ол иһиттэн абааһы оҕото тахсара ойууламмыт.
Онтон атын түүр, монгуол тыллаах омуктар эпостарыгар маннык матыып хайдаҕын И.В. Пухов шор омук эпоһын ырытарыгар көрбүт. Ол курдук “Ак Хан” диэн эпоска сүрүн дьоруой эмиэ кырдьаҕас оҕонньордоох эмээхсинтэн төрүүр. Ол эрээри саха олоҥхотуттан уратыта диэн эмээхсин оҕонньоро бултуу барбытын кэннэ оҕотун төрөтөр. Онуоха оҕонньоро кэлэн мин оҕом буолбатах диэн итэҕэйбэт. Ону эмээхсин оҕотун дьүһүнүн, туох ураты бэлиэлэрдээҕин ыйан туран кинилэр оҕолоро буоларын быһаарар. Онтон хакас норуотун “Хан Хырчотой” диэн эпоһыгар оҕонньоро бултуу барбытын кэннэ эмээхсинэ уол оҕону төрөтөр. Бу оҕото төрөөт даҕаны куота сатыыр. Ону тутан иитэллэр. Онтон алтай “Маадай Кара” диэн эпоһыгар оҕонньоро суоҕар эмээхсинэ эмиэ уол оҕону төрөппүтэ кэпсэнэр. Маадай Кара уолун куһаҕан санаалаах дьонтон куоттаран, түөрт хатыҥ мас анныгар хаалларар уонна айаҕар ийэтин үүтэ хааппыланан түһэрин курдук иһиккэ ууран ыйаан кэбиһэр. Бу курдук аһаан оҕото кэлин бухатыыр буолан дьонун көмүскүүр. Маннык матыып чиччик төрөөбүт оҕо сиргэ сытан улаатарын кытта ситимнээҕин ыйбыт.
Ангелина КУЗЬМИНА,
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үрдүкү научнай үлэһитэ, филология билимин хандьыдаата.