«Дьоллоох киһи утары тыалга түбэһэр», «балык ыыр кэмигэр сүүрүк утары айанныыр» диэн саха, нуучча өһүн хоһоонноругар этиллэринии босхо баастаах бороҥ Урааҥхай олох тыалын, сүүрүгүн утары баран, эриллэн-мускуллан, киһи хара буолан, үүнэн-сайдан тыыллан-хабыллан тахсарын этэн эрдэхтэрэ. Филология билимин дуоктара, СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ Н.Н.Ефремов бүгүҥҥү хаһыаппыт маанылаах ыалдьыта. Николай Николаевич Амма улууһугар былыр 17-с үйэҕэ бурдук олордо кэлбит дьон сыдьаана эбит. Кини ииппит ийэтэ Ольга Николаевна эдэр сааһыгар тырахтарыыстаан сир хоруппут, бурдук үүннэрбит, аҕата Николай Ефремов (Элэбээр) бэрт кыайыгас-хотугас, үлэһит дьон эбиттэр. Бу ыал саха олоҥхолорун, ойуунун үөрэппит улахан этнограф В.Н.Васильев, Эрилик Эристиин курдук дьон хаан уруу аймахтара буолаллар. «Эрилик Эристииҥҥэ баар Хотоҕоороп диэн дьиҥнээх баар киһи. Хос эбэм Улахан Маайа инитэ Улахан Бүөтүр Эрилиги «улуу олоҥхоһут этэ» диэн кэпсиир буолара үһү. Кини Яковлевтар (Эриликтээх) иитэр кыыстарын Өрүүнэни кэргэн ылбыт. Чакырга ревком чилиэнэ буола сылдьан, Кыра Хабырыыс – Гаврил Степанович Яковлев – кыыллыы дьакыйыллар кэмигэр өстөөхтөр илиилэриттэн сырдык тыына быстыбыт. Ол курдук Бүөтүрү Тааттаҕа эдьиийгэр бардыбыт диэн албыннаан, илдьэ баран иһэн, «сыал ытабыт ити таҥаһы илдьэн ыйаа эрэ» диэн баран, кэнниттэн ытан өлөрбүттэр эбит. Ол өлөрөн бырахпыттарын инитэ Кыра Бүөтүр оҕуһунан тиэйэн аҕалан ириэрэн хайаан, уҥуох туппуттар»—диэн кэпсээнин саҕалаата Николай Николаевич.
– Эн Ефремовтар диэн ыалга иитиллибит эбиккин. Ити хайдах этэй?
– Төрөппүт ийэм Лидия Васильевна Бушкова аҕата сэриигэ сураҕа суох сүппүт (суруйааччы В.С.Яковлев-Далан Бушковтары кытта эт-хаан аймахтыы буолалларын туһунан биһиги хаһыаппытыгар тахсан турар). Онтон сэрии кэннэ Анна уонна Елизавета диэн балтылара ыалдьан өлөллөр. Ол Елизавета акка бырахтаран искэн буолан сыттаҕына ийэм көрөр-истэр эбит. «Бу икки кыра оҕону кыайан көрүөҥ суоҕа, Ефремовтар оҕоҕо наадыйаллар, онно ииттэрэ биэр» диэн сүбэлээбит эбит балта. Онон соҕотоҕун түөрт оҕону көрөн-иитэн олорор аҥаардас дьахтар, миигин биир сааспар оҕото суох Ефремовтар диэн саха ыалыгар ииттэрэ биэрбит. Ийэм наар биһиэхэ Чапчылҕаҥҥа кэлэ сылдьар этэ, биһиги Аммаҕа киирдэхпитинэ кинилэргэ хонор этибит. Төрөппүт ийэбин «ньаадьам» диэн ааттыырым. Бииргэ төрөөбүттэрим Альбина, Ирина, Александр Аммаҕа олороллор. Оччотооҕу оҕолор сиэрдэринэн күтэрдээн, моҕотойдоон, бэриллибит былааны толорон, «хамнас» аахсар этибит. Ол харчыбытынан тэтэрээт, уруучука атыылаһарбыт. Биирдэ доҕорбунаан баран иһэн дулҕа быыһыгар кус олорорун көрдүбүт. Чугаһаатыбыт. Онутубут өлөн хаалбыт кус эбит. Ыллыбыт. Ханай дуу, көҕөн дуу быһылаах. Доҕорбун кытта сүрдээҕин үөрдүбүт, икки өттүттэн тутан иһэбит. Хайдах үллэстэбит диэн толкуйдуубут. Буһаран баран бииргэ сиэхпит эҥин диэн кэпсэтэбит. Ол истэхпитинэ биир улахан уол иһэр. «Оҕолор кускутун миэхэ туттарыҥ эрэ» диэн көрдөөн ылла. Кыра оҕолор буоламмыт, сылайа быһыытыйаммыт биэрэн кэбистибит. Арай киһибит түргэн-түргэнник хааман, куота баран хааалла. Эккирэтэн көрдүбүт да, киһибитин булбатыбыт. Дьоммутугар кэлэн «куспутун илдьэ барда» диибит. Биһиги булумньубут атын киһи илиитигэр итинник мэлийэн хаалбытыттан хомойдубут. Ол уол аҕата босхоҥноон сытара. Онон дьиэтигэр илдьэн сиэн кэбиспит быһыылааҕа. Ону ийэм «булду мээнэҕэ харыһыйбат баҕайыта, былдьасыһымаҥ, ылла да ылла» диэх курдук эттэ. Дэриэбинэ дьонугар наар көмөлөһөр эйэҕэс ыал этилэр. Онтум мин дьылҕабар хайа эрэ өттүнэн эмиэ сабыдыаллаабыт буолуохтаах. Куттаныа диэн хаһан да мөхпөт, сытыары-сымнаҕас дьон этилэр.
– Саха тыла өрөбөлүүссүйэ иннинэ тарҕаныытын уонна сарбыллар кутталлаах өрүттэрин туһунан тугу этиэҥ этэй?
– Сибиир киэҥ нэлэмэн ньууругар тыыннаах буолууну хааччыйар тыл – саха тыла этэ. Камчаткаҕа, Таймырга, Турухааҥҥа тиийэн, сахалыы кэпсэтэн өйдөһөҕүн. Нуучча кэлиэн быдан инниттэн олохтоох дьон ханна баҕар тиийэ айанныыр эбиттэр диэн киһи сабаҕалыан сөп. Ол курдук Лөглү бөҕө (Эгэй) диэн аҕа ууһун баһылыгын көмүүтүгэр Кытай оҕуруота уонна күөх сукуната көстүбүт. Хантан эрэ аҕалбыттар. Ити көмүүнү 1950 с. З.В.Гоголев биһиги институуппут оччотооҕу дириэктэрэ салайбыт эспэдииссийэтигэр булбута. Е.И.Убрятова саха тыла бэйэтин тылын атын этноска тарҕатан, бүттүүн өйдөһөр биир тыл быһыытынан туттуллар буолбута диэн көрүүлээх. Инньэ гынан ийэ ууһунан Амурга тиийэ айанныыр кыаҕы үөскэппит. Нуучча даҕаны саха үктээн барбыт суолунан кэллэҕэ. Саха тылын билиҥҥи туруга биһигиттэн бэйэбититтэн тутулуктаах. Тылдьыппыт өттүгэр улахан үлэ бара турар. Түмүктэнэрэ чугаһаата. Орфография тылдьыта эмиэ тахсыаҕа. Төрөппүт өйүн-санаатын уһугуннарыахха наада диэн этиилээх этэ сыылынай учуутал В.М.Ионов. «Менталитет» фольклорга сытар. Ол аата норуот уус-уран айымньытын өрө тутуллуохтаах. «Глобализм» уйаара-кэйээрэ суох сабыдыалыгар оҕустаран, тылбытын тэҥнээн үөрэтии киириэн наада. Оччоҕо атын тыл этиитин тутулун араара, сыыһатын-халтытын өйдүү үөрэниэ этибит. Оскуолаҕа үөрэнэр кинигэлэр эмиэ уларыйдылар. Оҕо бэйэтэ быраабыланы айан таһаарарыгар олоҕуран тылы үөрэтии киирдэ. Ол тэтими илдьэ сылдьыы, сайыннарыы улахан сыраны эрэйэр. Саха тыла ииппэт-аһаппат диэн өйдөбүл суох буолуон наада.
– Билиҥҥи тыл билимин үлэтигэр туох тиийбэт курдугуй?
– Биһиэхэ монгол тылын үчүгэйдик билэр чинчийэээччибит суох. Саха тыла 25,9% монгол тылыттан турар. В.И.Рассадин Калмыкияҕа көһөн хаалла. Ст. Калужинскай, Стаховски үөрэппиттэрэ. Биһигиттэн Н.К.Антонов көрө сатаабыта, ол гынан баран дьиҥнээх монголист буолбатах. С.А.Иванов, Нь.Иванов көрбүттэрэ. Мин быйыл Венгрияҕа Сигет диэн куоракка «Алтаистика» киинигэр сылдьыбытым. Кинилэр тылдьыттарга ордук наадыйаллар эбит. Саха тылын тиэрминэ хайдах сайдан иһэр эбитий диэн кэтээн көрүөхтэрин баҕараллар. Онно монгуол тылын үөрэтиигэ улахан интэриэстээхтэр эбит. Ол гынан баран саха тылыгар монгуол тылын үөрэтиини быһаччы ыытар идэлээх киһилэрэ суох эбит. Онон монгол тылын иһиттэн көрөр идэлээх киһи бэйэбититтэн тахсара эбитэ буоллар.
– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ.
– Кэргэним Кэбээйиттэн төрүттээх, кэнники Салайа Иннокентьевна диэн сахалыы ааттаммыта. Арааһа мин сабыдыалбынан буолуо. Технолог идэлээх, ол гынан кэлин «символикаҕа» санааларын суруйар. Дорҕоон систиэмэтигэр олоҕуран, тыл кистэлэҥ күлүүстэрин арыйыыга көрүүлэрдээх. «Саха тылын кистэлэҥэ» диэн кинигэтин салгаан суруйа сылдьар. Икки уоллаахпыт биир уолум Тимофей, кырам Артем диэн. Артем быраабы араҥаччылыыр уорганнарга үлэлиир. Ийэм өттүнэн төрүттэрбэр эмиэ бу эйгэҕэ үлэлии сылдьыбыт дьон бааллар эбит. Василий диэн чэкиистээбит киһи баара. Кэбээйи Сиэгэн күөлгэ тоһуурга түбэһэн өлөөхтөөбүт. Улахан уолбут ыалдьар. Икки сиэннээхпит, оскуолаҕа үөрэнэллэр. Сиргэ-уокка сыһыаннаахпын, кыра да буоллар тирэх, уохта, хаптаҕас, хортуоппуй эҥин, ону-маны үүннэрбитэ буолабын.
– Чинчийэр үлэҕэ уһаарыллыыҥ хайдах этэй?
– Матымаатыкаҕа үчүгэйдик үөрэнэрим эрээри, саха тылын олус сөбүлүүрүм. Үөрэтэр учууталларым Н.Д.Дьячковскай, Н.К.Антонов, М.А.Чоруоһап, П.С.Афанасьев сахалыы куттаах дьон. Матымаатыканы кытта тэҥнээтэххэ, тыл олох туллар тутааҕа, арыллар аана курдуга. Н.Д.Дьячковскай хайдах эрэ билимҥэ үлэлииһигин дуу диэбитэ. Хаадырга эрдэттэн болҕомто уурар быһылааҕа. Үөрэхпин бүтэрээппин кытта иһирдьэ аспирантуураҕа киириэҥ этэ диэн сүбэлээбитэ. Е.И.Убрятова түүр тылын кэмпириэнсийэтигэр кэлэ сырыттаҕына миигин кинини кытта билиһиннэрбиттэрэ. Ону аспирантуураҕа киирдэххинэ Черемисина диэн эдэр учуонай синтаксиска бөлөх тэрийэр, онно киириэҥ диэбитэ. Туттарсан киирэн, Новосибирскайга тиийбитим. Е.И.Убрятова миигин консултаан эрэ быһыытынан салайбыта. Аспыраана наһаа элбэх этэ. Инньэ гынан М.И.Черемисина диэн тюркологияҕа идэтийэн эрэр учуонайга туттарбыта. Онно кини бөлөҕөр Ю.И.Васильев, кэлин Дьаргыстай диэн ааттаммыта, баар эбит. Наһаа талааннаах этэ. Киирдэ киирээт, ыстатыйа бөҕөнү суруйан барбыта, билэрэ-көрөрө сүрдээх киһи буоллаҕа дии. Юраны үтүктэммин үлэлээ да үлэлээ буолабын. «Кандидат буолар минимум» диэн эксээмэн баар. Онно ньиэмэс тылын «5», оттон философияны «3» сыанаҕа туттарбытым. Олох атын баҕайытык ыйыталлар эбит. Кинигэ курдук кэпсииргин олох ылымматтар, бэйэҥ ураты толкуйгун көрөллөр эбит. Онно элбэх киһи кыайан туттарбатаҕа. Иккис сылтан үлэбин суруйууга киирбитим. Мария Ивановнаҕа аҕалан көрдөрөрүм. Сыыһам син баһаам этэ, үстэ дуу, биэстэ дуу көннөрбүтэ. Ол гынан баран хаһан да сэмэлээбэт этэ. Үһүс сылбар үлэбин түмүктээбитим. «Кэм салаа этии» диэн баһылатыылаах холбуу этиини үөрэтиигэ символга олоҕуран, 70-тан тахса халыыбы булларбыта. Нэдиэлэ аайы буолар улахан сэмэнээргэ учуонайдар кэлэн лиэксийэ ааҕаллар этэ. В.М.Беляев диэн тюрколог кып-кыараҕас аудиторияҕа тува, хакаас тылын тэҥнээн сүрдээх уһуннук ырытан көрдөрөр этэ. Солончак Токо «Путь Арато» диэн айымньытын ырытара. Ону бэрэпиэссэрдэр эмиэ кэлэн истэллэрэ. Аспыраан да, бэрэпиэссэр да тэҥҥэ олорон истэрбит. Алма Атаҕа көмүскүүрбэр казахтар өйөбүллэрэ улахан этэ. Абалакаев диэн казах учуонайа Убрятованы кытта иккиэн салайааччылара—С.Е.Малов этэ. Онон кини үлэтин олус үчүгэйдик сыаналыыр эбит. Дьүүллэһиигэ өйөөбүтэ. Дьиҥинэн, холбуу этии суох эҥин диэх курдук утарсар көрүүлэр баар кэмнэригэр көмүскүүр күчүмэҕэйдэрдээх этэ. Араас олуурдаах боппуруостар элбэхтэрэ. «Ырытыыны кытта ыпсыбат» диэн этиилэр эмиэ бааллара. Ону Мукад Ишинэп диэн казах учуонайа иҥэн-тоҕон быһааран биэрбитэ. Ол үөрэнэ сылдьан кэргэммин кытта билсибитим. Онон онно билимҥэ да саҕалааһыным, олоҕум да олуга охсуллубута. Онтон 1989 с. дуоктар буолар үлэбин көмүскээбитим. Ардыгар аспыраан курдук сананан ылаҕын. Туох эрэ саҥаны үөрэттэххинэ устудьуон таһымыгар түһэн хаалаҕын. Исаак Ньютон этиитэ баар дии: «Если мой взгляд проникал дальше других, то это потому я стоял на плечах гигантов». Ол аата мин инники дьонум аарыма буоланнар, ырааҕы көрдүм диэн этэр. Бэйэтин олох туохха да ууруммат. Инники дьон үөрэппитин барытын үөрэтэн, улахан арыйыыларын оҥордоҕо. Онон киһи сааһын тухары үөрэнэр.
Түмүк: Николай Николаевич саха тылын үөрэтиигэ билим билиҥҥи көстүүлэригэр олоҕуран, атын түүр тылларын матырыйаалын кытта тэҥнээн үөрэтэр дьоһун хабааннаах үлэлэрэ түүр тылын чинчийии киэҥ эйгэтигэр улаханнык сыаналанар. Онон саха тылын билимин сайдыытыгар дьоһун суолталаахтар.
Кэпсэттэ Ангелина КУЗЬМИНА.