Ноева Саргылана Еремеевна, ф.н.к., ГЧуоААХОПҮИ научнай үлэһитэ
Билиҥҥи саха литературатын чинчийиигэ суруйааччы куолаһа, кини тус санаатын бэлиэтэ, тас эйгэҕэ оруола, ылар миэстэтэ улахан суолталанна. Ол биһиги омукпут курдук аҕыйах ахсааннаах омук улахан дьалхааннаах үйэҕэ миэстэтин булунуутун, чөл туруктаах хаалар кыһалҕатын кытта ыкса ситимнээҕэ уонна онно тирэҕирэн сытыы ис хоһоонноммута өйдөнөр. Суруйааччы анала айар үлэнэн дьарыктанар, идэ оҥостор киһи өйдөбүлүттэн кэҥээн, дириҥээн, дьон-норуот өйүн-санаатын түмэ тутар, көннөрү дьонтон хас да таһым үрдүк таһымҥа турар сирдээччи, бөлөһүөк, бороруок суолталанар.
Ол чаҕылхай туоһутунан саха литературатын ураты суолланыытыгар, тиэмэтэ, жанра кэҥииригэр үлэлэһэ сылдьар народнай суруйааччы Николай Алексеевич Лугинов айар үлэтэ, кини уус-уран көрдөөһүннэрэ буолаллар.
Николай Лугинов прозата хара маҥнайгыттан философскай хабааннаммыта. Ол курдук “Нуоралдьыма чараҥар”, “Кустук”, “Суор”, “Сэргэ” сэһэннэргэ Николай Лугинов киһи көҥүлүн, дьолун, аналын, кэм туһунан дириҥ толкуйу үөскэтэр аныгы кэм проблемаларын көтөхпүтэ.
Эдэр ааптар ХХ үйэ 90-с сылларынааҕы быыһык кэмигэр саха литературатыгар общество уонна кэм алтыһыытын арыйар сытыы проблемалары хорсуннук туруорбута. Н.Лугинов айымньыларын сүрүн проблематынан КИһИ уонна КЭМ сыһыана, норуот тыыннаах хаалар суола, культура эстиитэ, киһи дьылҕата буолбута.
Лугинову ураты буочардаах, сонун айар ньымалаах суруйааччы быһыытынан, айымньылар харахха тутатына быраҕыллар күүстээх национальнай уратылаахтарын суруйаччы айар үлэтин кэтээн ырытааччылар В.Б.Окорокова, Д.Е. Васильева, А.Н.Мыреева хара маҥнайгыттан сыаналаабыттара, бэлиэтээбиттэрэ.
Онуоха ааптар дириҥ маастарыстыбалаахтык норуот төрүт өйүгэр сөҥмүт тыыннааҕымсытыы ньыматын (анимистическай көрүүнү) туттан, тулалыыр айылҕа көстүүлэрин өйдүүр өйдөөх, толкуйдаах гына айан-тутан кэбиспитэ литератураҕа сонун хардыы буолбута. Саха киһитин тус ментальнай толкуйун, уопсай азиаттыы, түүрдүү кээмэйгэ хабааттарын дириҥник дьэҥкэрдибитэ.
Маны тэҥэ прозаик бу уус-уран көрүүтэ нуучча, атын национальнай литературалар үтүө үгэстэрин кытта ыкса ситимнээҕин ф.н.д. А.Н. Мыреева «Человек и природа в современной якутской прозе» (2001) үлэтигэр Николай Лугинов айар ньымата, киһи уонна тулалыыр эйгэ, айылҕа сыһыанын туһунан көрүүтэ В.Астафьев, В.Распутин, Ч.Айтматов сэ´эннэригэр чугаһын бэлиэтээбитэ.
Айылҕа уонна киһи
Суруйааччы айымньытыгар туруорар биир проблемата – айылҕа уонна киһи. Онуоха экология проблемата кыараҕас суолтаҕа буолбакка, дириҥээн, уһулуччу киэҥ суолталанар: киһи ис эйгэтэ (микромир) баараҕадыйан, бүтүн куйаар, ноосфера хартыыната үөскээн тахсар. Оннук күүстээх ноосфернай уобарастарынан суор, сэргэ, чараҥ, алаас о.д.а. архетип суолталаах өйдөбүллэр буолбуттара.
Айымньыларга хронотоп систематыгар икки утары суолталаах категория – иччитэх буолуу (опустошенность) уонна иччилээх буолуу (одухотворенность) саха культуратыгар олох-өлүү, үрүҥ-хара, баар-суох диэн утары суолталаах бинарнай тиһик чаастара буолан, биир быыкаа алаас уобараһынан улуу куйаар космическай хартыынатын үөскэтэллэр. Иччи өйдөбүлэ “Кустук”, “Сэргэ”, “Суор”, “Нуоралдьыма чараҥар” сэһэннэргэ биир иилиир санаа буолар уонна киһи бэйэ суолун билиниитин (н.э. идентичность), киһи толору буолуутун кытта ыкса ситимнэнэр.
Булчут оҕонньор уол сиэнэ төрөөн сытар кыракый балаҕанын тула салаллар олох, космос эргииригэр Айыылар, Иэйэхсит, Байанай, Дьыл оҕуһа, Орулхан, Таас Дьааҥылар, Дириҥ Аппа, Аар Тайҕа, о.д.а. куйаар эттиктэрэ, Суор, Ийэ бөрө уола, кырдьаҕас булчут бары киирэллэр.
“Сэргэ” (1978-1987) сэһэҥҥэ төрүт майгыны, норуот олоҕун укулаата хамсааһынын суруйааччы бэргэнник бэлиэтиир. Биир алааска аан дойду улуу куйаарын чопчута, мировой вертикаль буолан анньыллыбыт сэргэ үйэ уларыйыытын, дьон өйө-санаата иэҕиллиитин бэлиэтии көрөн турар. Саха литературатыгар сонун уобарастар, кырдьаҕас суор, соҕотох сэргэ анаарыылара, толкуйдара, олоҕу ырытыылара иччитэхсийии (н.э. пустота) категориятын ордук күүстээхтик арыйаллар.
Талааннаах ырыаһыт, мас ууһа Ырыа Ылдьаа, Суртаахаптар ыал түөлбэлэрэ эстиитин нөҥүө ааптар орто дойдуга аат-суол, суол-иис хааларын туһунан дириҥ толкуйдарын этэр. Төрөөбүт балаҕанын, сэргэтин уот гыммыт ааттыын да Кыра Миитээ трагедиятынан бэрт дьэҥкэтик киһи дууһата кураанахсыйыыта, киһи ис туруга дьадайыыта кыра диэн концепт нөҥүө арыллар. Маныаха айымньы идеятын сайыннарар кыра, кэмчи, дьадайыы, кураанахсыйыы, сүтүү, имири эстии диэн сүрүн ассоциативнай эрээт үөскүүр. Үгэһи умнуу, сиэри-туому кэһии, сир-дойду иччитин сүтэриитэ бу айымньы сүрүн проблемата буолар.
Иччини сүтэрии матыыба
Бу матыып булчут ыт кинини хаартыга сүүйтэрэн кэбиспит хаһаайынын, Иччи-Охоноонун, кэтэһиитин туһунан сюжекка олоҕурбут «Кустук“ айымньыга эмиэ салҕанар.
Кустук: «Бу күн сирэ бүтүннүү Иччи тула эргийэр. Туох барыта Иччи туһугар. Барыта Иччиттэн тутуллар. Киниэхэ итэҕэлтэн, эрэлтэн…» (С.40) – диэн санаатыгар саха киһитэ аатын-суолун, суобаһын, силиһин-мутугун, дойдутун, тылын, итэҕэлин сүтэриитин, ол аата киһи тус бэйэтин сүтэриитин туһунан санаа бигэргэтиллэр. Онон суруйааччы ким хайа иннинэ 90-ус сыллар бүтүүлэригэр олох отуора хамсыан сэрэйбит курдук Идентичность проблематын таарыйбыт, ыйытыы биэрбит диэн сыаналыыбыт.
Ити курдук суруйааччы саха киһитин кутун-сурун туругун, тулалыыр эйгэни кытта сибээһин туһунан дириҥ проблемалары туруорбут сэһэннэрэ ХХ үйэтинээҕи саха литературатын чаҕылхай күүстээх айымньыларын ахсааныгар киирэллэр.
Н.А. Лугинов айымньыларын тиэмэтэ, истиилэ, жанровай кыаҕа дьыл-кэм хаамыытыттан, литература сайдыытыттан тутулуктанан сайдан, кэҥээн, уларыйан иһэллэр.
Суруйааччы 1970-80 сылларга айбыт-туппут балаһа кэмин ырытыыга киһи уонна уопсастыба ыккардынааҕы сыһыан, коммуникативнай диалог ырылыччы көстөр. Тыа киһитэ аныгы араллааннаах олох кыһалҕаларын иннигэр туран хаалыыта “Таас Тумус”, “Сэбирдэх уута”, “Үрдүк арыылар” кинигэлэргэ олус кырдьыктаахтык көстөр.
Суруйааччы айар интэлигиэнсийэ, уопсастыба чопчу социальнай араҥатын, спортсменнар, архитектордар, устудьуоннар эйгэлэрин биир бастакынан сырдаппыта. Маннык санаанан сирдэтэн ааптар “Сэргэлээххэ”, “Түһүлгэ” сэһэннэри, “Мэндиэмэннэр” арамааны суруйбута. Лугинов бу айымньыларын биир суол проблематиката – ыччат дьон аныгы кэмҥэ миэстэтэ, аналын булуута. Айымньыларга тыа сирин уонна куорат эйгэлэрэ утары туруулара, саха киһитэ бу икки эйгэ алтыһыытыгар, дьайсыытыгар киириитэ бэрт интэриэһинэйдик ойууланар.
Хас биирдии суруйааччы айымньытыгар геопоэтическай ландшафт ньуура ураты хатыламмат көрүҥнээх. Саха киһитэ алаастан арахсан куорат эйгэтигэр киириитэ менталитет уларыйыытын кытта ыкса ситимнээх, онон бу социальнай көстүү литератураҕа сонун психологическай мэтириэттэр үөскүүллэригэр олук буолбута саарбахтаммат. Арамааннарга куорат топологическай эйгэ быһыытынан культурнай уратыта билиҥҥи литературоведениеҕа балачча үөрэтиллэн эрэр куорат тиэкиһин чинчийии чэрчитинэн бэрт сонуннук хоһуйуллубута болҕомтону тардар. “Мэндиэмэннэр” арамааныгар Дьокуускай хронотобугар ырытааччы бэрт соһуччутук куорат тыйаатыр мөссүөннэниитин туһунан санааны бэлиэтиир. Онуоха тирэх буолар театральнай испиктээхтэр, былыргы Дьокуускай номохторун тустарынан нарративнай киллэһиктэри, арамаан биир сүрүн геройа кырдьаҕас артыыс Киил оҕонньор сюжетнай линиятын ыйыахха сөп. Эмиэ бу ромаҥҥа архитектор уобараһа сирдээҕи дьолу айааччы (создатель), культурнай демиург суолталаах. Онон даҕаны ромаҥҥа кэрэ дьахтарга элбэхтэ холонор Дьокуускай Хотун уобараһа бетонтан, кумахтан, буортан, арматураттан оҥоһуллан, уһаарыллан тахсыбыт, хаарынан-мууһунан симэммит сырдык ыра символа буолан, киһи санаата дохсунун, күүһүн, киһи кыаҕа муҥура суоҕун бэлиэтиир.
Арамаан сайдыытыгар
Саха билиҥҥи арамаана сайдарыгар Николай Алексеевич Лугинов көрдөөһүннэрэ, саҥаны киллэриитэ улахан. Ураты тыыннаах, үгүс культурнай хаттыгастаах балаһа кэмҥэ суруйааччы ХХI үйэ саҕаланыытыгар олус дохсуннук, хорсуннук үктэнэр. Ол бэлиэтинэн бүтүн Евразия континенын билиҥҥи культурнай картатын олохсуппут историческай балаһа кэми сиһилиир “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан”, “Улуу Хуннар”, “Уларыйыы кэмэ” арамааннарын ааттыыбыт.
Николай Лугинов бу арамааннарынан уус-уран айымньы норуоту түмэр, бүттүүн дьон-норуот санаатын холбуур аналын туһунан сонун көрүүнү сайыннарар. Арамааннарга сыһыаннаан “коммеморация” өйдөбүлэ чиҥээһинин бэлиэтиибит: аныгы кэмҥэ литературнай текст коллективнай өй-санаа түмүллүүтүгэр, сомоҕолонуутугар улахан суолталааҕа көстөр. Ол курдук арамаанныҥы толкуй норуот былыргы устуоруйатыгар, генетическай өйүгэр иҥэн-тоҥон киирэн, 14 үйэтинээҕи, түҥ былыргы уонна аныгы кэми ситимнээн көрдөрөр, аҕыйах ахсааннаах, кытыы, тымныы сиргэ олохтоох саха норуота дириҥ силиһин, историяҕа суолтатын арыйар.
Бу арамааннар дьылҕа, анал туһунан дириҥ бөлөһүөктүү проблемалары саха киһитин анаарыытын нөҥүө сырдатарга, норуот уонна кэм диэн дьоһун проблема салгыы сайдыытыгар төрүөт буоллулар. Онон билиҥҥи глобализация үйэтигэр, кыра омук атын омуктары кытта суураллар кутталын, омук бэйэтин (сирэйин) идентичноһын сүтэрэр, омук эстэр иэдээнин өссө биирдэ тоһоҕолоон санаттылар. Ол да иһин “Улуу Хууннар” арамаан геройа Инь Си: “Сир-дойду чэрчитэ кытыылааҕын, эҥэрдээҕин эрэ тухары бэйэтэ туспа ааттаах-суоллаах… Оттон ол мэлийдэ – бүттэ. Биһиги тиһэҕэр диэри күөнү тутуохпут” диэн харыс-кыраныысса суолталаах кытай истиэнэтин тутар соругу туруоруммут герой саҥатын өйдөөн кэлиэҕин.
Омук бэйэтин миэстэтин аан дойду туонатыгар булунуутун туһунан санаа киэҥ хабааннанар, ол ромаҥҥа сүрүн концепт суолталанар граница (чэрчи), порог (кытыы, эҥэр), край (ии-саҕа), конец (бүтэр уһук) диэн өйдөбүллэргэ арыллар. Бэйэ түөлбэлээх, сирдээх-уоттаах буолуу бэлиэлэрэ идентичность тематыгар, бэйэ киэнэ (свой) – атын (чужой) проблематыгар болҕомтону салайаллар, ол билиҥҥи кэмҥэ ордук тоҕоостооҕун бары билэбит.
Ити курдук Николай Лугинов айар үлэтин хайысхата, далааһына киэҥинэн, ис хоһооно, түгэх санаата дириҥинэн, түгэхтээҕинэн билиҥҥи биһиги литературабыт, ону ааһан Россия литературатын чаҕылхай көстүүтэ буолар. Суруйааччы айар үлэтин “Кэпсээннэр” диэн быыкаа кинигэнэн саҕалаабыта. Ол кинигэҕэ киирбит “Суоллар” кэпсээн персонаһа кырачаан уол ыраас хаары алдьатан, саҥа тыырбыт кыракый ыллыга улахан айан суола буолбутун тэҥэ, Николай Алексеевич Лугинов айар суола кыра ыллыктан кэҥээн, хайысхаланан, киэҥ айан аартыгар кубулуйда. Тапталлаах суруйааччыбыт, өссө да айаныҥ дохсун тэтимин тутан, салгыы айаргар, суруйаргар баҕарабыт.