Бар дьонум хаһан эмэ
Сырдык санньыар күҥҥэ арыт
мин элэккэй, мин сэмэй
ааппын ахтан аһараарыҥ
Таптыыр сахам тылынан.
Иван Гоголев.
Саха норуодунай бэйиэтэ, биллиилээх прозаик уонна драматург Иван Михайлович Гоголеваата үйэлэр тухары ааттаныа. Кини айыиньылара ол курдук күүстээхтэр, тыл-өс да, ис хоһоон да өттүнэн оннук чаҕылхайдар, аахпыт эрэ киһи өйүгэр-санаатыгар дириҥник дьайар суолталаахтар, алыптаахтар, ураты тыыннаахтар. Бииргэ төрөөбүт балта СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Бочуоттаах үөрэҕириитин бэтэрээнэ Надежда Михайловна Федорованы кытта суруйааччы төрдүн-ууһун, оҕо сааһын, дьиэ кэргэнин уонна айар үлэтинэн хайдах дьарыктаммытын туһунан сэһэргэстибит.
Кимтэн кииннээҕэ, хантан хааннааҕа, туохтан тууралааҕа
– Кэнники кэмҥэ Саха сирин биллэр-көстөр дьонун туһунан, хантан хааннаахтарын, туохтан тууралаахтарын билиэн-көрүөн баҕалаахтарга бэлиэтээһиннэр, суруйуулар, өссө кинигэлэр тахсыталыыр буолбуттара кэрэхсэбиллээх. Ол иһигэр Саха сирин норуотун суруйааччыта Иван Михайлович Гоголев төрдун-ууһун туһунан суруйуулар эмиэ бааллар, олор бары кини аҕатынан эһэтин удьуордарын хабаллар. Өрүүтүн ахтар, суруйааччы буолбутугар махталлаах эбэтэ Огдооччуйа өттунэн аймахтарын туһунан кинигэ 2018 сыллаахха тахсыбыта. Бу «Удьуорбут утума – кэрээбэт кэскилбит» диэн төрүччү кинигэтин өр сылларга үлэлээн, чинчийэн, ахтыылары хомуйан, аймахтар ахтыыларыттан ураты, архыып докумуоннарын кытта тэҥнээн сааһылаан, аймахпыт Васильөва Марфа Спиридоновна суруйан таһаартаран биһиги аймаҕы үөртэ. Кинигэ архыып матырыйаалларыгар тирэҕирбит чахчыларыттан сирдэттэххэ, биһиги аймах ууһун төрүттээбит хос-хос эһэбит Степан Андреев Николаев-Степан Мотуоха (оччоҕотооҕу докумуоҥҥа аата итинник суруллар эбит) 18 үйэ бүтүүтэ, 19 үйэ саҕаланыыта Саха сиригэр дьиэ кэргэниниин көскө утаарыллыбыт дьон оҕолоро эбит. 1816 с. Рөвизскэй сказкаҕа киирбитинэн аҕата Николай Огибалов Мики, ийэтэ Дарья диэннэр эбит. Кинилэр 6 уоллаахтара, 1 кыыстаахтара ахтыллар. Бары да саастаахтар эрээри кэргэннэрэ суохтар: улахан уол Андрей 37, кыралара кыыс – Ульяна 20 саастаахтара, аҕалара 1815 сыллаахха 71 сааһыгар өлбүтэ бэлиэтэммит.
«Мики» диэн араспаанньаны интэриэһиргээн аан ситимтэн булбутум. Арассыыйа эрэгийиэннэригэр киэҥник тарҕамматах эбит. Ол эрээри Иван Грознай ыраахтааҕылаан олорор кэминээҕи Былыргы Нуучча сирин биэрэпиһигэр киирбит. Оччолорго ыраахтааҕы махтал уонна наҕараада быһыытынан бэйэтин эргимтэтин иһигэр уһулуччу чорботон сыһыаннаһар Новгород үрдүк сололоох славяннарыгар итинник уратытык иһиллэр араспаанньалары иҥэрэрэ үһү. Онон биһиги эбэбит Огдооччуйа – Андреева Евдокия Васильевна төрүт өбүгэ дьонун ити диэкиттэн сыдьааннаах буолуохтара диэн сабаҕалыыбыт.
Былыргыттан аймахтарга номох курдук кэпсэнэн хаалбыт сэһэннэргэ олоҕурдахха, өбүгэлэрбит оччолорго Бүлүү Чочутугар киирсэр Тоҥуулаах эбэ кытыытыгар, көскө кэлбит нууччалар уонна поляктар түөлбэлээбит сирдэригэр олорбуттар. Бу сир билигин даҕаны «Нуучча сирэ» диэнинэн биллэр. Степан Андреев Николаөв-Степан Мотуоха Мария диэн кыыһы кэргэн ылбыт үс уоллаах, үс кыыстаах эбит: Василий-Кытыаланар, Иван-Куйуһутар, Тимофей-Кыймай, кыргыттар: Дария, Варвара, Акулина. Кинилэр бары эһэлэрин аатынан араспаанньалананнар Андреевтар буолбуттар. Улахан уол Андреев Василий Степанович (Кытыаланар) биһиги хос эһэбит. Кини 1885 сыллаахха алтынньы 7 күнүгэр Елена Афанасьеваны кытта бэргэһэлэммиттэр. Бастакы оҕолоро Савва 1883 с., Лука 1884 с., Евдокия 1885 с., Елена 1893 с. төрөөбүттэр. Кыра кыыстара Татьяна эрэ төрөөбүт сыла чуолкайа суох. Кытыаланар оҕонньор илим баайа олорон нууччалыы ыллыырын, саҥарарын сиэннэрэ истэллэрэ үһү. Кини улахан кыыһа, биһиги эбэбит Андреева Евдокия Васильевна 1902 сыллаахха, муус устар 14 күнүгэр, Чочу олохтооҕо, аатырбыт уус Күөкэс Мэхээлэ уолугар Куугунуур Ньукулайга кэргэн тахсыбыт, кинилэр соҕотох уоллара – биһиги аҕабыт Гоголев Михаил Николаевич 1906 сыллаахха, тохсунньу 10 күнүгэр Чочуга төрөөбүт. Аҕабыт Гоголев Михаил Николаевич төрөппүттэрэ соҕотох уолларын үөрэттэрбиттэр. Кини 1930 сыллаахха Бүлүүтээҕи педтехникуму бүтэрбит.
Биһиги дьиэ кэргэммит
– Биһиги ийэбит Ахчагнырова Анна Фөдотовна Бүлүү Кыргыдайыттан төрүттээх. Ийэм ийэлээх аҕата ыалдьан эрдэ өлбүттэр. Ол иһин ийэбитин икки бырааттарын кытта Бүлүүгэ олорор аймахтара ылан ииппиттэр. Кини ыалга оҕо көрөөччү буолан айаҕын ииттибит. Дьон кэпсииринэн ийэбит олус кэрэ сэбэрэлээх, үтүө майгылаах кыыс буола улааппыт. 18 сааһыгар биһиги аҕабытын көрсөн кэргэн тахсар. Сааһынан биэс сыл биһиги аҕабытыттан балыс буолан, аҕабыт куруук кинини үөрэтэ-такайа сылдьааччы. Ийэм икки быраатын илдьэ сылдьан үөрэттэрэр, бэйэтэ эмиэ утуу-субуу икки уолланар.
Эдэр сылдьан колхуоска ыанньыксыттаабыт. Ийэм асчыт бастыҥа этэ, сайын отчуттарга килиэп астыырын өйдүүбүн. «Ааныска килиэбэ минньигэс буолар» диэн эрдэ кэлэн биригэдьиирдэр астаммыт итии килиэби былдьаһыгынан ылаллара. Аҕабыт булчут, балыксыт буолан ийэм ханна да олордор ыалларыгар, элбэх дьоҥҥо бэрсэн, үллэстэн дьон махталын ылар этэ. Ийэбит үчүгэй майгытын, дьоҥҥо истиҥ сыһыанын иһин дьон олус ытыктыыллара, махталлаахтык ахталлара. Олоҕун барытын оҕолоругар анаабыт ийэбитин бары олус таптыыр этибит. Уйбаан ханна да сырыттар ийэтин умнубат, куруук кэһиилээх, бэлэхтээх сылдьар этэ. Ийэтигэр элбэх хоһоону анаабыта.
Ийэм дьиэтигэр
Элбэх муора баалын тыыран, Элбэх өрүс уутун иһэн, Элбэх тыаллыын тустан баран, Ийээ, кэллим түспэтийэн. Төнүннүм эн быыкаа дьиэҕэр, Буурҕаттан куотан, чуумпу, Дьара хомо биэрэгэр Сынньанар аал курдукпун… Поэзия диэн кэргэннээх, Уолуҥ кэпсиим көрдьүөстүк, Сиэллрэдэххэ суол нэксиэлээх Дабайдахха хайа үрдүк. Эҥсилгэннээх иэйиилэр, Сындааһыннаах санаалар Мин санаабар сүгэһэр, Түөспэр ыарык буоллулар…
Аҕабыт Гоголев Михаил Николаевич 1930 сыллаахха Бүлүү педтехникумун бүтэрбит күһүнүгэр Халбаакыга оскуола аһыллар буолбутугар онно сэбиэдиссэйинэн ананан, аан маннайгы оскуоланы арыйбыт. Олохтоохтор аҕабытын ытыктаан «Күөгэлэп учуутал» диэн ааттыыллара. Биһиги аҕабыт элбэх сиргэ: Бүлүүгэ, Халбаакыга, Үгүлээккэ, Чочуга (Бүлүү нэһилиэктэрэ), Өлөөҥҥө, Эдьигээҥҥэ, Эдьигээн Бэстээҕэр учууталлаабыта, оскуола сэбиэдиссэйинэн, дириэктэринэн үлэлээбитэ. Олус элбэҕи ааҕара, киэҥ билиилээҕэ, былыргыны үчүгэйдик билэрэ, киһи болҕомтотун тардар сэһэнньит этэ, үлэлээбит сиригэр барытыгар кини политинформация оҥорор идэлээҕэ, кини сатаабата да суох курдуга: уруһуйдуур, маһынан уһанар, илим баайар, оннооҕор иистэнэр буолара. Аҕабыт таҥаспытын барытын тигэр, ийэбитин иискэ үөрэтэр этэ. Мин төрдүс кылааһы бүтэрэрбэр убайбын Мишаны кытта хас күн аайы отоннуу барар этибит ол отону маҕаһыыҥҥа туттарбыппытыгар ийэбит оскуолаҕа кэтэр атах таҥаһа уонна кыһыл бэлбиэт таҥас атыыласпыта, ол таҥаһынан аҕам сон тикпитин сөбүлээн өр кэппитим. Аҕам байанайдаах булчут этэ. Кини мончуук бөҕө оҥорон, кырааскалаан, илим баайан, абырахтаан булка эрдэттэн бэлэмнэнэрэ. Мончууктара үүт-үкчү тыыннаах көтөр курдук буолааччылар, аны көтөр саҥатын үтүктэр дьикти дьоҕурдааҕа, көтөр быһа ааспат диирэ. Биэнсийэҕэ тахсан баран Покровскайга, Селекционнайга биһигини кытта сиэннэрин көрсөн олорбута. Аҕабыт талааннаах учуутал. Кини оскуолаҕа даҕаны, дьиэҕэ даҕаны оҕолору хаһан да мөхпөт этэ. Кылааска оҕолор мэниктээн бэрээдэги кэстэхтэринэ, «куһаҕан хараҕынан» көрөр этэ. Оччоҕо уу чуумпу буолааччы. Кэлин кырдьан баран биһиги оҕолорбутун мөҕөрбүтүн сөбүлээбэт этэ «Мин түөрт уонтан тахса сыл учууталлаабытым да, биирдэ да оҕону мөхпөтөҕүм, эһиги биир-икки оҕоҕутун сатаан ииппэккит, мөҕөҕүт» диэн сиэннэрин көмускэһэр буолара. Ол иһин биһиги оҕолорбутун эһэлэрэ истибэтигэр кистээн мөҕөр этибит. Ийэлээх аҕабыт 6 оҕолорун иитэн, үөрэхтээн, ыал оҥорон, элбэх сиэннэнэн, кырдьар саастарыгар кыра кыыстарын, миигин кытта бииргэ олорон, сиэннэрин көрсөн маҥнай ийэбит, онтон биэс сылынан аҕабыт бу олохтон туораабыттара. Санаабар, билигин даҕаны кинилэр биһигини көрө, араҥаччылыы сылдьар курдуктар.
Ини-биилэр
– Аҕабыт Михаил Николаевич уонна ийэбит Анна Фөдотовна 6 оҕолоох этилэр – үс уол уонна үс кыыс. Икки улахан убайдарбыт, эдьиийбит Лиза саастарынан биһигиттэн, кэнники оҕолортон (Роза, Миша, мин) быдан аҕалара: миигиттэн улахан убайым Коля 18 сыл, оттон Уйбаан 17 сыл. Баҕар, ол иһин буолуо, убайдарбыт Колялаах Уйбаан, эдьиийбит Лиза биһиэхэ оҕолорун курдук сыһыаннаһаллара. Икки улахан убайдарбыт саастыы кэриэтэ этилэр. Коля 1929 сыл тохсунньутугар, Уйбаан 1930 сыл тохсунньутугар төрөөбуттэрэ. Ол кэмцэ ийэлээх аҕабыт төрөппүттэрин кытта бииргэ олорор буолан оҕолору эһэбит Ньукулай уонна эбэбит Огдооччуйа көрсүбүттэр. Эбэбит олус үчүгэй майгылаах, сэһэнньит мааныта үһү. Сиэннэригэр былыргы олоҕу, остуоруйаны кэпсиир эбит. Улаатан баран ахталларынан Коля «эһээ уола», Уйбаан «эбээ уола» эбит. Икки уол мэниктээн сатаспатахтарына, ытастахтарына, эһэлээх эбэбит «ити эн уолуҥ буруйдаах…» диэн «бэйэлэрин» уолларын көмүскэһэллэр үһү. Колялаах Ваня оҕо саастарыттан бииргэ оонньоон-көрүлээн улааппыттар. Коля Халбаакы оскуолатыгар 6 саастааҕар киирбит, ол бириэмэҕэ Уйбаан эмиэ олус сытыы, сайдыылаах буолан киниттэн хаалсыбат эбит. Эһиилигэр Уйбаан 6 сааһыгар оскуолаҕа киирэр күнүгэр маанымсыйан бараары сылдьан, дьиэлэригэр чаһыылара хойутаан, оскуолаҕа кэлбитэ уруок саҕаламмыт, көрудуөргэ ким да суох эбит. Онтон хомойон, оскуола олбуорун остуолбатын үрдүгэр тахсан, уруок бүтүөр диэри ытаабыт, ол кэнниттэн аны оскуолаҕа барбаппын диэн тиэрэ түһэн кэбиспит, эһиилигэр барбыт. Оччолорго аҕыйах оҕолоох оскуолаҕа кылаастары холбоон биир учуутал үөрэтэрэ, онон, Коля уонна Уйбаан биир учууталга үөрэммиттэр.
I Чочу оскуолатыгар үөрэнэр кэмнэригэр убайдыы-бырааттыы уолаттар үчүгэйдик үөрэнэллэр, аны иккиэн уруһуйдьут буолан, оскуолаҕа истиэнэ хаһыатын кинилэр эрэ таһаараллар эбит. Бу оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Уйбаан хоһоон суруйарга холонон барар, кини маҥнайгы хоһооннорун балта Лиза, үчүгэй буочардаах буолан, анал тэтэрээккэ устан иһэрэ. Уоллара хоһоон суруйарынан дьарыктанарыттан ийэлээх аҕа олус үөрэллэрэ, Уйбааҥҥа суруйар дьоҕур баарын, туох эрэ тыыппалаах тахсыаҕын сэрэйэллэрэ. Убайдыы-бырааттыылар бэйэ-бэйэлэригэр чугас, иһирэх сыһыаннаахтара. Убайа Коля Бүлүү педучилищетын бүтэрэн, Өлөөн оскуолатыгар учууталынан ананан барар буолбутугар Уйбаан онно убайын кытта барсар уонна Өлөөн оскуолатыгар үөрэнэр. Уйбаан оскуоланы бүтэрбитигэр ийэлээх аҕам хайаан да Уйбааны, кыаллар буоллаҕына, Коляны эмиэ үөрэттэрэбит диэн Чочуга олорбут дьиэлэрин атыылаан, уолаттарын Уйбааннаах Коляны үөрэххэ диэн ааттаан Москваҕа ыыталлар. Иккиэн да литөратураҕа, үөрэххэ тардыһыылара улахана, дьоҕурдаахтара. Коля ол бириэмэҕэ нуучча суруйааччыларын айымньыларын тылбаастыыр эбит. Москва курдук ыраах, киэҥ сиргэ икки буолан кыайан үөрэниэ суохпут, ороскуота бэрт буолсу диэн Коля төннөн, үлэлээн Уйбааҥҥа үөрэнэригэр көмөлөһөргө быһаарынар. Ону кэлин убайым Коля күлэн кэпсиир этэ: «Бэйи, хайдах гынан аҕабынан суһал соҕустук харчы ыыттарбыт киһи, «срочно» диэтэхпинэ эмиэ да хайдах эрэ, баҕар өйдуө суоҕа», – диэн. Инньэ гынан аҕатыгар телеграмма ыытар: «Немедленно вышли деньги». Онно аҕабыт атын атыылаан уолугар харчы ыытар. Коля дойдутугар төннөн кэлэн үлэлиир, Уйбаан үөрэҕин бүтэриэр диэри ый аайы харчынан көмөлөһөр. Үлэһит да, ыал да буолан баран кинилэр ситимнэрэ быстыбатаҕа. Коля быраатыгар наар үлэлиир усулуобуйа оҥоро сатыыра. Коля элбэҕи ааҕара, куруук суумката тобус-толору хаһыат, сурунаал буолара, сороҕун суруйтаран ааҕар, сороҕун атыылаһар уонна туох саҥаны, интэриэһинэйи билбитин барытын быраатыгар кэпсиир, наадалаах буолуо диэбитин хаһыаттартан ууран аҕалар этэ.
Николай Михайлович Уйбаан Москваҕа үөрэнэ сырыттаҕына, Дьокуускайга педагогическай институту бүтэрбитэ. Элбэх сиргэ учууталынан, дириэктэринэн, үөрэх салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир, талааннаах учуутал, салайааччы быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр. Кини кэргэниниин Вера Тихоновналыын 5 оҕолоохтор. Оҕолор бары уруһуйга сыһыаннаах үөрэххэ үөрэммиттэрэ уонна үлэлээбиттэрэ. Николай Михайлович улахан уола Александр Николаевич Гоголев Саха өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Сата диэн аатынан биллэр бэйиэт. СӨ култууратын туйгуна, өрөспүүбүлүкэҕэ айымньылаах үлэтинэн бэлиэтэнэн, Дархан Уус аатын ылбыт уола Анатолий Николаевич Гоголев омук сиригэр тиийэ биллэр, Норвегия королевата Софияҕа тус үлэни толорон биһирэппит талааннаах муосчут этэ.
Убайдарбыт иккиэн даҕаны, бииртэн биир ордук курдук дьоҕурдаахтара. Кэргэннэрэ эмиэ бэйэлэрин курдук эйэҕэс, кырасыабай, тус-туһунан талааннаах Далбар Хотуттар этилэр. Биһигини, бырааттарын Мишаны, балтыларын Розаны уонна миигин куруук көрө-истэ, сүбэлии сылдьар идэлээхтэрэ. Убайым Коля оҕолоро миигин кытта араа-бараа саастаахтар этэ (улахан убайым уола Саша миигиттэн биир сыл балыс). Эдьигээҥҥэ маннай бары биир дьиэҕэ олорбуппут хас да сыл, онон сорох дьон миигин Колялаах оҕолоро дии саныыллар эбит. Дьокуускайга университекка үөрэнэ сылдьан каникулбар бараары сырыттахпына, биир Эдьигээн киһитэ көрсөн: «Бэҕэһээ ийэлээх аҕаҥ теплоходунан манна Дьокуускайга кэлбиттэрэ дии», – диэн соһутта. Билбитим убайым уонна саҥаһым кэлбиттэр эбит.
Мин олохпор убайдарым улахан оруоллаахтар, бэйэлэрин оҕолорун курдук сыһыаннаһар этилэр. Онон кинилэргэ махталым мунура суох. Үөрэнэ сырыттахпына, улахан саҥаһым, эмиэ илиитигэр талааннаах, иистэнньэҥ бэрдэ, убайым Коля кэргэнэ Вөра Тихоновна миэхэ анаан бэйэтэ тикпит былааччыйатын, бырааһынньыкка баһыылкалаан ыыппыт буолааччы, ону дьүөгэлэрим сөҕөллөрө, бу хайдах эйиэхэ оруобуна сөп гына тигэрий диэн. Былааччыйа эрэ буолбатах, оннооҕор истээх сон тигэн ыыппыта ону сэбүлээн үөрэхпин бүтэриэхпэр диэри кэппитим. Мин кэргэн тахсарбар эмиэ убайым Коля биһиэхэ Дьокуускайга устудьуоннар остолобуойдарыгар сыбаайба оҥорбута. Итинник олус элбэх түгэннэри барытын олус күндүтүк саныыбын.
Биһиги бары даҕаны бэйэ-бэйэбитин куруук истиҥник санаһабыт. Убайым Мишаны, эдьиийим Розаны кытта бары бииргэ Покровскайга Селекционнай ыстаансыйаҕа бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөн, биир ыал курдук олорбуппут. Убайым Миша кэргэнэ Розалия Никифоровна эмиэ олус кэрэ киһи этэ. Олус эппиэтинэстээх үлэһит, үчүгэй хаһаайка, сайаҕас ыал ийэтэ, истиҥ доҕор этэ. Зоотехник, ветеринар буолан буолуо, баҕар, урут ынах, куурусса тутара. Онон биһиги оҕолорбут эмиэ Роза үүтүн, сүөгэйин, суоратын, кууруссатын сымыытын сиэн-аһаан улааппыттара. Сайын бары бииргэ оттоон, отонноон, бырааһынньыктары бииргэ ылан олус үчүгэйдик олорбуппут. Кэнники сылларга оҕолорбут улаатан, ыал буолан, аны сиэннэр, хос сиэннэр эмиэ биһигини үөрдэллэр. Ити күндү түгэннэрбит барыта биһиги олорорбут тухары үчүгэй өйдөбул буолан сурэхпитигэр сөҥө сылдьыаҕа.
Убайым Уйбаан маҥнайгы хоһооннорун 1948 сыллаахха, онтон маннайгы хоһооннорун уонна поэматын хомуурунньуга «Ыҥырар уоттар» 1952 сыллаахха, Иван 22 сааһыгар бэчээккэ тахсыбыт. Иван үөрэҕин бүтэрбит сылыгар биһиги Эдьигээҥҥэ олорор этибит. Онно олордохпутуна, убайым Иван кэргэн ылар үһү диэн сурах кэлбитэ. Кини Москубаҕа Тимирязевскай академияны бүтэрбит уонна Покровскайга Селекционнай ыстаансыйаҕа учуонай-агрономунан үлэлии сылдьар Черткова Мария Алексеевна диэн Орто Халыматтан сылдьар кыыһы кэргэн ылбыта. Биһиги хоту, Эдьигээҥҥэ, олорор буоламмыт, анны сайын аайы мин Селекционнайга оҕолору көрсө, көмөлөһө диэн сайылыы кэлэр буолбутум. Онтон унивөрситөкка үөрэнэ киирэн баран өрөбуллэрбэр эмиэ дьоммор Селекционнайга тахсар этим. Иваннаах Мария үс оҕоломмуттара – Лена, Аня, Алеша. Маҥнай Иван аҕыйах сыл Саха сиригэр кинигэ издательствотыгар эрэдээктэринэн, Покровскай орто оскуолатыгар учууталынан үлэлээн баран, айар үлэнэн идэтийэн дьарыктанар буолбута. Мария Алексеевна агроном буолан сайын сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэтигэр сылдьар. Оҕолор ким дьыссаакка, ким дьиэҕэ хаалар. Убайым дьиэтигэр үлэлиир буолан дьиэ үлэтин барытын уочаратынан иккиэн оҥорорбут. Киһи быһыытынан олус эйэҕэс, судургу, аһара уйан, кыраттан да үөрэр, хомойор, сороҕор кыраны да үлүннэрэн, фантазиялаан кэпсээн киһини күллэрэр уонна бэйэтэ эмиэ онтон тэптэн күлэрэ. Иван уонна Мария эйэҕэс, ыалдьытымсах ыал этилэр. Олус истиҥ элбэх доҕоттордоох этилэр. Сайын дьоммор Иваннааҕы кытта бииргэ үөрэммит табаарыстара, эдэр суруйааччылар, хампаһыытардар, артыыстар кэлэн көрсуһэн, кэпсэтэн ыалдьыттаан бараллара. Мария Алексеевна барыларын эйэҕэстик көрсөн, чэйдэтэн, кими хоннорон ыытар этэ. Сайын дьиэҕэ баппакка, ыалдьыттар, дьиэ таһыгар балааккаҕа хоноллоро.
20 сыл устата Покровскайга олорон, 1974 сыллаахха Дьокуускайга кыбартыыра биэрбиттэригэр, онно көһөн киирэллэригэр олорбут дьиэтигэр ийэлээх аҕатын ыҥыран (ол бириэмэҕэ кинилэр миигин кытта Дьокуускай Табаҕатыгар олорбуттара), онно ийэлээх аҕабытын кытта биһиги, эдэр ыал Фөдоровтар, саҥа төрөөбүт кыыспытыныын көһөн кэлбиппит. Сайын аайы Мария Алексеевна үлэтигэр плодово-ягоднай садка тахсан үлэлиир этэ. Онтон, ол сад сиригэр, кыра сайыҥҥы дьиэ туттан, Иван онно үлэлиир буолбута. Киэһэ аайы Иван баран чугас тыаҕа хааман кэлэрэ, сороҕор күөллэргэ илим, харчаахы быраҕан соболуура, мундулуура, ол сылдьан айымньыларын толкуйдуура буолуо. Киэһэ хойут кэлэн Марияҕа тугу көрбутун-истибитин, сонунун кэпсиир буолара.
Айар ньымата, тыла-өһө
Мин тыыннааҕым тухары Аны Кγн буойунабын, Кγн туhугар кγн аайы Хараҥалыын охсуhабын…
РФ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, СӨ норуотун суруйааччыта П.Н. Харитонов-Ойуку Иван Гоголев-Кындыллыын айар үлэ ньыматын,аналын туһунан сэһэргэһиилэриттэн таһаарабыт. Бу сэһэргэһиигэ Иван Михайлович айымньыларын хайдах баарынан, туох да киэргэтиитэ суох ырытара, санаатын кырдьыктаахтык этэрэ суруйааччы олоҕун, үлэтин үөрэтэргэ уонна тылы-өһү, литератураны чинчийээччилэргэ олус туһалаах:
– Саха поэзията ситтэ-хотто. Ол эрээри өссө да дириҥии илик. Эдэр оҕо курдук. Поэзия ситэрин саҕана ис хоһооно, тас халыыба иккиэннэрэ тэҥҥэ бэрт буолуохтаах. Хотой кыылга ордук хос куорсун суоҕун курдук. Киниттэн икки-үс куорсунун сарбыйдахха, атыннык көтүөхтээх. Онон хоһоонтон ол ордук ирдэниллиэхтээх. Биһиги хоһооммут пуормата атыннарга маарыннаабат. Саха гиэнэ ордук – нууччалартан, французтарга – античнайтан үөскээбит быһыылаах. Биһиги үйэ аҥаарыттан ордук кэм устата суруйан кэлбит үөрүйэхпит рифманы хамаҕатык ылынар кыахтааҕын Арбита көрдөрбүтэ. Рифма хоһоону улаханнык киэргэтэр. Ойуунускай ону дьэрэкээн диирэ. Ассонанс кыайан туттуллубат буолла.
Хоһоону суруйар ыарахан. Ыараханы батыһыахха. Саха поэзиятыгар рифма киирбитэ сөптөөх бырассыас. Поэзия алмаас. Алмааһы кырыылаатахха эрэ бриллиант буолар. Пуормата баай буолуохтаах. Аны дорҕоон дьүөрэлэһиитэ. Саха поэзиятыгар верлибр киирдэ. Верлибр ис хоһооно драматическай, уобараһа фантазиялаах. “Уу оҕуһун муоһугар суруктары” суруйарбар итиниэхэ үлэлээбитим. Күн ахсын биирдии чааһы хоһуйарга боруобалыыбын. Верлибр – философскай, лирическай айымньылары суруйарга ордук.
Мин сахабын, мин киһибин, Дьүкээбил сардаҥатын, Буурҕа тыаһын сүүмэрдээммин Олоҥхону айбытым. «Мин сахабын» хоһоонуттан.
Рифма – онтон уратыларга. Холобур, кэпсээнинэн хоһоону Тургенев, Бунин суруйаллара. Ону эмиэ туттубут киһи дии саныыбын. Тас пуормаҕа киирэн кэпсэттэххэ итинник.
Аны ис хоһооно. Поэзия үрдүк чыпчаала философскай буолуута. Ол фольклорга сытар. Холобур, “Ойуун түүлэ”.
Суруйуу туһунан кэпсэттэххэ, тиэмэтэ – киэҥ буолуохтаах. Экзотика ону мөлтөтөр. Билиҥҥи киһи дууһата эгэлгэ. Бэйиэт бэйэтэ эмиэ оннук сонун, ааҕааччыга саҥа киһи буолуохтаах. Саха хараҕынан көрөн ылынар. Бэйиэт киһи норуот, көлүөнэ аатыттан ааҕааччытыгар туох эрэ саҥаны, хатыламматы этиэхтээх.
Бэйэ кыаҕын таһынан тиэмэни ылыныы – мөлтөх айымньыны үөскэтэр. Хайа өттүгэр күүстээххин бэйэҥ тала сатыахтааххын.
Поэзия хайаан да тылбаастаныахтаах. Онуоха улахан билсии наада. Хайа баҕар суруйааччы, бэйиэт, бэйэтэ эмиэ, деятельнай киһи буолуохтаах.
“Өлүөнэ туһунан кэс тойук” политическай кинигэни суруйдум. Суруйууларбын сатаан ааттаабаппар эрэйи көрөбүн. Өлүөнэни өссө да сатаан туойбаппын. Пуорматын булбакка сылдьыбытым. Инньэ гынаммын, Өлүөнэ таас хайаларын суруктарыгар, турууктарыгар тохтообутум.
- Өлүөнэни арбааһын силлабо-тоническай.
- Өлүөнэ кыһына – философскай санаа.
- Сайына. Сааскыта.
- Өлүөнэ аатыттан алгыс.
- Өлүөнэ аатыттан кырыыс. Пуормата атын. Верлибр ордук кырыыска барар эбит. Аныгылыы көрүҥ.
- Өлүөнэ аатыттан андаҕар.
- Өлүөнэ балладалара. Арыппыана хайата. Улуу ойуун икки кыыстааҕа. Саха удаҕан дьахтара Антип казакка кэргэн тахсар. Суостаах казакка күүстэринэн кэргэн биэрбиттэр. Өрүскэ холорук түһэн хайаҕа сааллар. Бары өлөллөр. Онтон ылата “Аграфена хайата” ааттаммыт. Кэлин үрүҥ таба буолан көстөрө үһү. Балта Тайахтаах удаҕан (Кинини эмээхсин эрэ дииллэр эбит).
Суруйан бүтэрдим. Саҥа былааннардаахпын. “Ый уотунан суруллубут хоһооннор” – сырдык мунчаарыы. “Күн уотунан суруллубут хоһооннор” – киһи биирдэ эрэ төрүүр үөрүүтэ.
Айылҕа уонна Киһи. Киһи урут айылҕа кулута эрэ этэ. Билигин киһи сороҕор айылҕаны бэйэтин туһатыгар туһанаары оҥостор. Ол эрээри айылҕаны кулут оҥосторбут табыллыбат. Эстетическай өттүнэн сайдыылаах дьон бу – дьоппуоннар. Үс тааһы быраҕаллар эбит. Олохторун устата уонна ону булаарылар көрдүүллэр эбит. Кумааҕы – муора, бу олох муҥура суох буолуутун бэлиэтэ.
Кырасыабайдык толкуйдуохтаахпыт. Бэйиэттэр миссиялара – улуу. Хаһан эрэ, киһи үрдүк култуураланнаҕына, куһаҕаны оҥорбот буолуоҕа. Ити тиэмэҕэ эмиэ поэма суруйдарбын диэн саныыбын. Дьикти сюжет диэн баар буолуохтаах, ону булларбын диэн баҕалаахпын. Хайаан да прозанан поэма суруйуохтаахпын. Уонча сылы быһа толкууйдуубун. Итинник баҕа санааларбын кытары атын тиэмэлэргэ эмиэ үлэлии сылдьабын.
“Драма суруйуохпун баҕарабын. Тыйаатырбыт сыаната, драмаларбыт тиэмэтэ дьадаҥыта күһэйэр. Драма жанрыгар мин бастаан остуоруйанан киирбитим. Тыйаатырбытыгар музыкальнай оперетта суоҕа. Онно үлэлээбитим уонна “Кыталыктар кырдаллара”, “Хотугу сибэкки” оперетталары суруйбутум.
“Ыам ыйын халлаана” айымньыбын философскай гыныахпын баҕарбытым кыаллыбатаҕа. Режиссера табыллыбатаҕа.
“Таас таба” кыаллыбатаҕа. Тыйаатырга 8-та эрэ турда. Туох эрэ хаппат быһыылаах. Комедия суох. Көрөөччүнү сатаан күллэрбэппит. “Наара суох” улахан айдаанынан барбыта эрээри билигин даҕаны салгыы бара турар. Аны иккис чааһын суруйа сылдьабын.
Драмаҕа улаханнык эрэйдэнним. Уустук оскуоланы бардым. Кириитикэни уйарга үөрэнним.
“Туймаада сарсыардата” драмам – “Өлүөнэ сарсыардата” буолла. Уонтан тахса барыйааннаах. Улахан күүстээх кириитикэҕэ түбэстим. Политическай да буруйдааһыҥҥа кытта тиксэ сырыттым.
Быйыл драматурдар сэмэнээрдэригэр анаан тураммын бара сырыттым. Сэбиэскэй литература драматын тэбэр сүрэҕэ буолбут киһини кытта билистим. Ол киһим Брюсов, Блок, Есенин табаарыстара эбит. РСФСР Министиэристибэтигэр биир драмабын көннөрөн, өссө эбэн туттардым. Апишкин ылан тылбаастаата. Ону Сойуус муннуктарыгар тарҕатыахтаахтар.
“Хотугу поэма” – бу легенда. Олоҕу кытары фантазия уһаарыллыбыта.
“Эн, суобаһыҥ ыраас дуо?” – хоһоонунан драманы суруйа сылдьабын. Олох-дьаһах тиэмэтигэр. Артыыстарым сирэйдэрин көрөбүн, саҥаларын истэбин…
Проза. Сэһэним соччо табыллыбатах. Ол эрээри бэйэбэр эрэллээхпин. Хойут өйдүөхтэрэ.
“Хара кыталык”. Бу маннык дьон элбэхтэр эбит. Ойууттар үгүс дьон өйүн-санаатын тутан олорбуттара. Ойуун барыта албын буолбатаҕа. Биир эмэ дьиҥнээх баара. Психотерапевтар улахан миссиялаах этилэр. Хараҥа күүстэртэн арчылыыллара. Ол эрээри ойуун байбыта эмиэ биллибэт.
Ойуун ритуалын барытын үөрэттим. Телепатия диэн үөрэх баар. Киһи мэйиитэ билиҥҥэ диэри ситэри үөрэтиллэ илик. Мэйии сорҕото эрэ үлэлиирэ биллэр. Онон улахан резервэлээх.
“Хара кыталык” иккис кинигэтин суруйабын. Тугунан түмүктэнэрин билбэппин. Уонна, дьэ, бүтэрим буолуо. Тоҕо диэтэххэ, билиҥҥи олохтон тэйэн хаалсыбын. Төбөбөр үс арамаан баар. Учуутал отрицательнай уобараһын суруйар табыллыбат. Тенденция баар. Барытын куһаҕан гынан суруйар төрдүттэн табыллыбат.
Бастаан ойуун уобараһа долгуппута. Билигин – бэйиэт уобараһа.
Дьиҥнээх коммунист уобараһа сүрдээх ыарахан. Итини ааҕааччыга тиэрдибит киһи. Манчаары туһунан толкууйдаабытым ыраатта. Сюжета да баар. Барыта историческайы суруйарым, онно эмиэ мөҕүөхтэрэ дуу? Үс киһи үлэтин үлэлиибин.
Ханнык даҕаны тиэмэни ылан үлэлээ, барыта биир суруйааччы монолога буолар.
Биһиги мэйдиэ тыллаахпыт. Ол ыарахан. Өссө өйүм күлүмүрдүү түстүн. Түбэһиэх кириитикэлииллэр даҕаны, ыстатыйалары даҕаны таһаартыыллар.
Онно хардаран ыстатыйа тиһигин суруйар санаалаахпын.
Бэйэм бэйэбэр тимир режимнээхпин. Ол куоракка киирдэхпинэ эрэ кэһиллэр. Алта чааска турабын, гимнастика оҥоробун. Аҕыс аҥаартан, тоҕус чааска диэри аһаабаппын. Кофе эрэ иһэбин. Эбиэккэ диэри суруйабын. Хаамабын, эбэтэр ол быыһыгар кинигэ ааҕабын. Икки чаастан – түөрт чааска диэри утуйабын. Киэһэ икки – үс чаас устата үлэлиибин. Олорон эрэммин толкуйдуубун. Арыт суруйааччыбын, ол быыһыгар, соруйан, көннөрү дьон курдук сылдьа сатыыбын.
Лиэксикэ өттүнэн мөлтөхпүт. Фольклор уонна аан дойду литературатын уопута наада. Литература интеллектуальнай буолуохтаах. Төрөөбүт тылбытын үчүгэйдик билбэппит көстөр. Кырдьаҕастар эрэ ону билэллэр…”.
– Иван дьылҕатыгар кэргэнэ Мария Алексеевна олус улахан оруоллаах. Кини куруук Иваҥҥа үлэлииригэр усулуобуйа оҥоро сатааччы, эдэр эрдэҕиттэн куруук Иваны «Ваня, ты же великий поэт» диир үгэстээҕин, мин хайдах эрэ, ити сахалыы билбэт буолан баран, кини айымньыларын хантан билэрэ буолуой дии санааччыбын. Соҕотох уоллара Алөша 8 саастааҕар ууга былдьатан суох буолбутугар иккиэн, бары даҕаны, олус айманан, ыарахан дьыллар ааспыттара. Уйбаан аһыытыгар ылларан улаханнык аймаммыта, ону Мария Алексеевна Уйбааны өйөөн, өйдөөн аһыыларын син мүлүрүппүттэрэ. Ийэлээх аҕабыт Мария Алексеевнаны олус ытыктыыллара «Уйбаан дьолугар түбэспит кыыс» диэн кэпсэтэллэрин үгүстүк истэрим. Билигин санаатахпына, Мария Алексеевна наһаа үчүгэй психолог эбит. Кыргыттарын инники дьылҕаларыгар эмиэ кини улахан оруоллаах. Улахан кыыһа Лена орто оскуоланы бүтэрэригэр, ханнык идэни таларыгар: литөратурнай институкка барыан дуу, художөственнайга киириэн дуу мунаахсыйар этэ. Лена уруһуйдаабыт кыргыттарын мэтириэттэрин көрдөрө-көрдөрө: «Надя, смотри, вөдь в каждом из них свой образ, характер, у нее талант художника», – диир этэ.
Лена Ивановна художөствөннай училищөны бүтэрэн баран, Лөнинградтааҕы тыйаатыр, муусука уонна кинөмотография институтун (1985 с.) бүтэрбитэ. Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан судаарыстыбаннай опера уонна балет тыйаатырын сүрүн худуоһунньугунан, онтон 1993 сылтан П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай тыйаатырыгар сүрүн худуоһунньугунан үлэлиир. 2002 сылтан Арктикатааҕы судаарыстыбаннай культура уонна искусство институтун преподавателэ. РФ уонна СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ. Кыыһа Мария балерина, СӨ үтүөлээх артыыһа. Икки оҕолоох.
Анна Москвага М.Горькай аатынан литература институтун бүтэрбитэ. Суруйааччы, тылбаасчыт, тыл билимин хандьыдаата, билигин П.А.Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр үлэлиир. Анна Ивановна аҕатын айымньыларын боронсуустуу тылбаастаан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта. Бэйэтэ эмиэ суруйааччы быһыытынан биллэр. Покровскайга олорон Иван олус элбэхтик, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. «Хара кыталык», «Иэйэхсити кэлэтии» арамааннарын, «Кыталыктар кырдаллара» остуоруйа-пьесатын, «Өлуөнэ сарсыардата» драматын, «Наара суох» комедиятын, элбэх сэһэннэри, хоһооннору суруйбута. Убайбыттан ыйытар этим, бу хантан ылан баччаны суруйаҕын диэн. Ону күлэ-күлэ: «Дьэ ити суруйа олордохпуна, ким эрэ кэпсииригэр дылы, төбөбөр бэйэтэ киирэр, ону мин ситиһэн, суруйан эрэ иһэбин. Оннооҕор, ханнык эмэ дьоруойбун маннык дьылҕалаах буолуо диэн санаабыт буоллахпына, онтум суруйан истэхпинэ, миигиттэн тутулуга суох, букатын атын дьылҕаланар», – диирэ. Иван үлэлиир остуолугар өрүү Пекарскай тылдьыта уонна онтон да атын саха тылын араас тылдьыттара баар буолааччылар. Ол тылдьыттары ааҕа, бэлиэтэнэ олорорун элбэхтик көрөөччүбүн. «Ити сорох киһи билбэт тылларын туттаҕын дии, ол тыллары тылдьыттан ылан туттаҕын дуо, – диэн ыйыталастахпына, – Суруйа олорон бэйэм да сөҕөбун, букатын туттубат тылларым сороҕор төбөбөр киирэллэр, ону суруйан баран сарсыарда тылдьыкка көрдөхпүнэ, кырдьык ол тыллар баар буолаллар», – дии-дии күлэр буолара. Кыыһа Анна Ивановна аҕата «Манчаары Баһылай» арамаанын нууччалыы тылбаастыырыгар аҕыйах сирэйи «подстрочник» оҥотторбутугар айар үлэ ыараханын билбитим. Бэлэм айымнньыны көрөн олорон даҕаны ис хоһоонун биэрэр эмиэ улахан сыралаах эбит. Ордук уустуга диэн, олоҥхолообут буоллахтарына, ону тылбаастыыр эбит этэ. Толкуйдуу сатаан-сатаан баран: «Ээ, чэ, хайдах бу убайым барахсан миигин тылбаастаатын диэн, киһи сатаан тылбаастыа суоҕун курдук эрийэ-буруйа суруйбутай, киһини эрэйдээн», – диэн саныы олордохпуна онно, хата, били убайым этэригэр дылы, хайдах эрэ кэлин бэйэтэ сааһыланан тахсан кэлэр курдук буолара.
Убайым өр сылларга үлэлээбит сыралаах үлэтэ сыаналаммыта.
Иван Михайлович саха норуотун суруйааччыта үрдүк аатын ылбыта, «Бочуот знага» уордьанынан, элбэх мэтээллэринэн, бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта, Саха Хомсомуолун аатынан бириэмийэ аан маҥнайгы лауреата, Арассыыйа «Северная звөзда» литөратурнай бириэмийэтин эмиэ бастакы лауреата, төрөөбүт Бүлүүтүн улууһун Бочуоттаах гражданина. Бүлүү уонна Покровскай куораттарга кини аатынан уулуссалар бааллар. Иван Гоголев аатын Бүлүү I Чочу оскуолата, Булуу норуодунай тыйаатыра сүгэллэр, Дьокуускайга олорбут уонна үлэлээбит дьиэтигэр (Хабаров уул. 11/2) мемориальнай дуоска сыһыарыллыбыта уонна кини уҥуоҕар Саха Бырабыыталыстыбатын аатыттан пааматынньык туруоруллубута. Төрөөбутэ 70 сылыгар кини туһунан «Күн хайатын сарыала» ахтыы кинигэ тахсыбыта.
Убайым Иван Михайлович Гоголөв аата үйэлэр тухары ааттана, үлэлээбит үлэтэ сыаналана сылдьыа диэн бигэ эрэллээхпин.
Ангелина Кузьмина, тыл билимин хандьыдаата,
П.А. Ойуунускай аатынан литература түмэлин үлэһитэ.
Хаартыскалары суруйааччы аймахтарын архыыптарыттан туһанныбыт.
Иван Гоголев уонна Федот Потапов саха тыйаатырыгар Мария Алексеевна