Ханнык баҕарар киhи бэйэтин дойдутун, норуотун туhунан билэрэ, үйэтитэ сатыыра – бу кини төрөөбүт дойдутугар ытык иэhэ. Мин сайын аайы Мэҥэ Хаҥаласка Баhылай Манчаары төрөөбүт-үөскээбит Арыылаах диэн алааhыгар сылдьар буоламмын бу тиэмэни чинчийдим.
Манчаары толору аата Василий Федорович Слободчиков. Норуот таптыыр дьоруойа Манчаары мин төрүт аймаҕым буолар. Биhиги Слободчиковтар аймах Чоочоттон силистэнэн тахсыбыппыт. Эhэм этэринэн, Чоочо улахан уолуттан. Оттон Чоочо Манчаары абаҕата буолар, аҕатын кытта бииргэ төрөөбүт. Мин 13-с көлүөнэ Слободчиковпун. Манчаары толору аата Василий Федорович Микиитин.
Кини 1808-1870 сс. олорон ааспыт. Төрөөбут сирэ Нөөруктээйи нэhилиэгэ, Мэнэ-Ханалас улууhа. Норуокка биллибит аата – Манчаары. Аҕата Быттааны Суөдэр уу кытыытыгар үүнэр сытыы кырыылаах от аатынан хос ааттаабыт.
Саха национальнай дьоруойа, саха литөратуратын бастакы айымньыларын сүрүн пөрсонаhа, норуокка киэҤник биллибит олоҤхоhут уонна тойуксут. Манчаары баай батталын утары охсуhуута норуот номоҕо буолан кэпсэнэр.
«Арыылаах алаас» Мэнэ Ханалас улууhугар Сото диэн сир аттыгар баар. Ол курдук массыына суолунан Майа сэл. 12 км. тэйиччи турар, оттон Дьокуускай куораттан 52 км. ыраах турар.
«Google» тэрилтэ спутниковай каартатыгар «Арыылаах» алааhы буллум. Ол курдук 4 тус-туспа күөллэрдээх, илинтэн арҕаа диэки уhаты сытар алаас. Былыргы кэмнэ икки ортоку күөллэр биир эбиттэр, ортотугар арыылаах. Уруhуйга 1 сыыппаранан бэлиэтэннэ Манчаары олорбут өтөҕө, 2 сыыппаранан Манчаары бэс маhа үүнэн турар сирэ.
Манчаары алааhа чахчы айымньыларга хоhулларын курдук, кэрэ, ураты көстуулээх. Кини алааhын олус таптыыр эбит. Алааска киирии аартыктан үөhээттэн көрдөххунэ, күөллэрэ, балаҕана ытыска ууран олорор курдук олус үчүгэйдик көстөр. Сайын аайы алаас хонуута араас сибэккилэринэн симэнэр. Биир сайын алаас иhигэр Сардаана сибэккини көрөн үөрбүтүм.
Мин сайын дьоммун кытта Манчаары алааhыгар куппун-сүрбүн бөҕөргөтө барабын. Алаас кэрэ айылҕатын көрөн дуоhуйабын, үөрэбин. Билигин манна от өлгөмнүк үүнэр. Манчаары балаҕанын 1969 сыллаахха санардан онорбуттара турар. Сыллата бэлиэ спортивнай оонньуулар уоттарын манна уматан илдьэ бараллар. Аҕалаах ийэтэ кинини олус маанылаан, таптаан, туох күүстэрэ тиийэринэн үчүгэйдик ииппиттэр. Кини уончалаах эрдэҕинэ, аҕата Быттааны Сүөдэр өлөн хаалар. Манчаары ийэтин кытта олорон эрэйи-кыhалҕаны көрсөллөр.
Арыылаах алааска Манчаары сөбүлээн сынньанар аарыма бэс маhа баараҕадыйан билигин да үүнэн турара киhини сөхтөрөр. Миэхэ Аал луук маhы санатар.
Манчаары оонньуулара 4 сылга биирдэ ыытыллар Саха сирин «олимпиадата» спортивнай күрэхтэhиитэ буолар. Бастакы оонньуулар 1968 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыбыттара. Үөhээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр 20-с оонньуулар ситиhиилээхтик, үрдүк таhымнаахтык ыытыллыбыттара.Манчаары “Арыылаах” алааhыгар спортсменнарга аналлаах кут-сур көтөҕуутун сиэрин-туомун ыыталлар. Ол тэрээhин хас биирдии ыччат дьоҤҤо инникигэ ситиhиилээх буолалларыгар кыах биэрэр. Манчаары алааhыттан алгыстанан ыччат үрдүккэ тардыhар. Сырдык уобараhа саха ыччатын иитиигэ холобур буолар.
Ганя Слободчиков, “Арыллыы” суруналыыстыка куруhуогун үөрэнээччитэ, Дьокуускай.