Суруйааччы, экономическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр, РФ наукатын уонна тиэхньикэтин бочуоттаах үлэһитэ, Томпо улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Василий Дарбасов-Дабаччыма тылы хомоҕойдук имитэн-хомутан суруйар. Кини айымньыларыгар саха чулуу дьонун ис туруга, уйулҕата, күүһэ, кыаҕа толору арыллар.
– Василий Романович, төрөппүттэриҥ, ийэҥ, чугас дьонуҥ тустарынан кэпсии түһүөҥ дуо.
– Мин Томпо Мэҥэ Алданыттан төрүттээхпин. Ийэм Настаа, аҕам Арамаан үөрэҕэ суох холкуос, сопхуос үлэтигэр олохторун анаабыттара. 7 оҕоттон билигин мин эрэ баарбын. Ийэм «Дабаччыма» холкуоска ньиирэй көрөрө, элбэх оҕолоох буолан биир-икки ынаҕын иитэн ол үүтүнэн, этинэн олорбуппут, дьиэ кэргэн аһын уотун, таҥаһын-сабын, дьиэ ис-тас үлэтин көрөрө. Кырабар мин онно илии-атах буоларым, 10-чабыттан холкуоска оҕус сиэтэн, сир булуугунан хорутан, от мунньан, кэлин от охсон улааппытым. Сэрии оҕото буолан кыһалҕалаах олоххо олордоҕум. Ол өйбөр хаалбытын ырытан дойдум Дабаччыма туһунан үс кыракый кинигэлэри суруйарга кыттыспытым, тоҕо диэтэххэ, урукку көлүөнэ дьону, кинилэр кыһалҕалаах, эрэйдээх эмиэ да үөрүүлээх-көтүүлээх олохторун умнарбыт табыллыбат, билигин кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ олохторун салгыыллар. Дабаччыма диэн псевдонимы ыларбар Арчылан-Афанасий Гуринов сүбэлээбитэ сөп эбит дии саныыбын. Оччолорго ийэбиниин хотоҥҥо сылдьарым харахпар хатанан хаалбытын хоһоонунан дьүһүйбүппүн аах эрэ:
Бүгүн санаан кэллим мин
Дьоҕус саха хотонун
Тымтык симик уотугар
Ийэм сэмэй мөссүөнүн.
Сайын ынах хомуйан
Сыһыыларга сырсарым,
Кыһын күөлгэ уулатан
Орох тэбэр буоларым.
Өйбөр өрүү хатаммыт
Тымтык симик сырдыгар
Ынах курус хараҕа,
Итии тыынын илгийэ.
– Олоххо сыанабылыҥ хайдаҕый?
– Хас биирдии ааһан иһэр көлүөнэ олоххо тус-туһунан сыаллаах-соруктаах буолар. Мин 9-10 кылааска үөрэнэрбэр 60-с сылларга устуоруйа учуутала Өлөксөй Куһумуун «Аны сүүрбэ, отут сылынан эһиги хомуньууһумҥа олоруоххут, эһиги дьоллоох көлүөнэҕит, туох барыта баар буолуо, байылыат олох кэлиэ аан дойду икки эрэ тылынан кэпсэтэр буолуоҕа» диэн үөрэтэрэ. Биһиги төһө да саарбахтаатарбыт ону эрэнэр этибит, да ол барыта күдэҥҥэ көппүтэ. Ити оччотооҕу бэлиитикэ күүстээх идеологията эбит этэ. Аны бу билигин туох да идиэйэтэ, тустаах хайысхата суох ылбат-биэрбэт саарбах олоххо олоробут. Баай аһара байда, дьадьаҥы кылааһа үөскээтэ, уоруу, талааһын, албыннааһын иитэ-саҕата суох барда. Маны биһиги сааһырбыт дьон сөбүлээбэппит. Арассыыйа сирин -баайын бэйэлэрэ үллэстэн омук сиригэр таһаарар дьон норуот олоҕун айгыраттылар. Онон маны тохтотон сиэрдээх олоххо тиийэрбит наадатын күнэ-дьыла тирээтэ. Дьэ, манна интэлигиэнсийэбит, хорсун -хоодуот салайааччыларбыт, дьокутааттарбыт норуоту сирдиэхтээхтэр. Онуоха суруйааччыларбыт оруоллара кырата суох. Үчүгэй айымньылары таһаарыахтарын наада, мүччүргэннээх кэмнэргэ кинилэр норуоту сирдиир мииссийэлээхтэр. Итиниэхэ эппиэт биэрэр модун санаалаах, талааннаах эдэр бэйээттэр Гаврил Андросов, Рустам Каженкин, Дорҕоон Дохсун этэҥҥэ сырыттахтарына үүнэн-сайдан тахсыахтара!
– Ханнык суруйааччылары кытта алтыспыккын ордук күндүтүк саныыгын?
– Бу 77-лээх киһи балачча уһуннук олордоҕум, элбэҕи биллэҕим-көрдөҕүм, ол иһигэр син элбэх суруйааччыны кытта билистэҕим. Олортон балайда эн-мин дэспит суруйааччыларбыттан Даланы уонна Тумарчаны бэлиэтиэхпин сөп. Даланы кытта мин 80-с сылларга билистим быһыылааҕа. Кини оччолорго «Чолбон» сурунаал сүрүн редактора этэ, онтон мин тыа хаһаайыстыбатын научнай чинчийэр институтугар үлэлиирим. Далан оччолорго «Кэриэн ымыйа», «Тулаайах оҕо», «Глухой Вилюй» диэн бэртээхэй романнарын дьүүллэһиигэ сылдьыталаан бэрт элбэҕи билбитим-көрбүтүм. 1991 с. муус устарга Даланы мин дойдубар илдьэн Хаандыга, Мэҥэ Алдан, Саһыл, Кириэс Халдьаайы ааҕааччыларын кытта көрсүһүүнү тэрийсибитим. Манна сылдьан кини «Дыгын Дархан» диэн өбүгэлэрбит былыргы олохторун көрдөрөр устуоруйа арамаанын бүтэрбитэ бэчээккэ тахсаары сытарын эппитэ. Ити арамааны 1993 с. мин үлэлиир тыа хаһаайыстыбатын академиятын ааҕааччыларын дьүүлүгэр таһаарбыппыт. Онуоха улахан куурус устудьуоннара кинигэни сирийэн ааҕан бэртээхэй сонун этиилэри киллэрбиттэрин суруйааччы улаханнык сөхпүтэ. Ырытыыларга үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ Е.Н. Акимова, профессор А.В. Чугунов, библиотека сэбиэдиссэйэ В.С. Сивцева, устудьуоннар Н.Мурукучаева, В. Баишева, В. Эляков о.д.а. көхтөөхтүк кыттыбыттара. Василий Семеновиһы кытта өссө төгүл 1995 с. муус устар 7-8 күннэригэр Чурапчыга ыытыллыбыт «Өрүс илин эҥээр экология кыһалҕалара» диэн научно-практическай конференцияҕа кыттыбыппыт. Кини онно айылҕа экологиятын туһунан олус итэҕэтиилээх этиини оҥорбута. Киэһэ Далан миигин эмиэ Василий Семенович диэн ааттаах быраатын дьиэтигэр хонноро илдьибитэ. Быраатын кэргэнэ Анна Николаевна ас бөҕөнү астаабыт этэ. Биһиги киэһэ сытан баран түүн үөһэ буолуор диэри сэһэргэспиппит. Сарсыарда кини эрдэ туран Чурапчы күөлүн устун дьаарбайан кэлбитэ. Суруйааччы бэрэсидьиэн М.Е. Николаев ыытар үлэтин биһириирэ, ол туһунан элбэхтик публистика суруйбута. Бэйэтэ салайар «Чолбон» сурунаала тупсуон баҕарара, онно миигин аҕытаассыйалаан хас да ыстатыйа суруйтарбыта.
Тумарчалыын 90-с сыллар саҕаланыыларыгар кини олох уларыйыытын сиэринэн ырыынакка киирии кэмигэр бааһынай хаһаайыстыбаларын тэрийсии үлүскэнигэр сылдьара. Мин эмиэ наука өттүттэн бааһынайдары өйөөн илин эҥэр улуустарынан көсүһүүлэри тэрийсэн, лиэксийэ ааҕан бырапагаандаҕа кыттыһа сылдьыбытым. Оччолорго АККОР диэн Арассыыйа бааһынайдарын бэрэсидьиэнэ кэлэ сырыттаҕына арыаллаһан дэлэгээссийэбитигэр сылдьан Тумарчалыын балайда билсибиппит. Кэлин мин кинигэ суруйа сылдьан киниэхэ көрдөрөн сыаналатар буолбутум. Ону хата кини быһа гыммакка суруйууларбын көннөрөн, аҕастарбын чопчу быһааран биэрэн санаабын бөҕөргөппүтэ. Ол — бу суруйуу ньымаларын хайдах туһанары сүбэлээбитэ. Аны сорох суруйууларбын кини сайылыгар Өктөмҥө элбэх буолан тахсан хоно-өрүү сытан аахтаран истэн бары дьүүллэһэрбит. Онно «Бичик» кыһатын дириэктэрэ Август Егоров, суруйааччы Валерий Луковцев, худуоһунньук Алексей Бочуров, наука үлэһитэ уопсастыбанньык Владимир Борисов о.д.а. баар буоланнар бэрт интэриэһинэй кэпсэтиилэри, аһаҕас мөккүөрдээх санаа атастаһыылара тахсыталыыллара. Түгэнинэн туһанан мин кинигэлэрбин өйөөн-ыйаан, үбүлээн күн сирин көрдөрбүт «Бичик» кыһатын кэллэктиибигэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Аны литератураҕа сыаналаах сүбэлэри биэрбит улахан суруйааччы Тумарчаны, сүрүн эрэдээктэр В. Луковцевы учууталларым тэҥэ сыаналыыбын. Ол Өктөмҥө баар «Саха Переделкинотыгар» суруйааччы эппитинии хойутаан да буоллар «хобобун хоҥкунаппытым, чуорааммын чугдаардыбытым».
– Айар ньымаҥ, тылы туттуу туһунан тугу бэлиэтиэҥ этэй?
–Мин улахан суруйааччы буолбатахпын, онон айар ньымаларым кэмчи соҕустар. Маҥнай дьоҕус былаан оҥостобун, «Иһинээҕитэ» диэн эмиэ быһа холоон түһүмэхтэр ааттарын торумнуубун, ол кэннэ баар матырыйаалларбын сааһылаан саҕалаабытынан барабын. Олору суруйа сырыттахпына эбии матырыйааллар өйбөр тиллэн кэлэллэр. Аны эдэр эрдэхпиттэн олоҕу-дьаһаҕы, айылҕаны дьүһүйэн бэлиэтэммит суруйууларбын туһанабын. Урут дөксө аармыйаҕа сылдьан биир уопсай тэтэрээт курдук хоһооннордоохпун эмиэ туһанабын, олор ханна да тахса иликтэр, таһымнара да намыһах.хата онтум ити суруйууларбар көмө-тирэх буоллахтара. Фольклор диэн байҕал курдук дириҥ, киэҥ, ону миэстэтигэр туһанабын. Ордук Куома Чааскын (2018 с.), «Атыыһыт Кырбаһааҥкын» (2020с.) диэн кинигэлэрбэр киллэрбитим. Онно саха норуотун үгэстэрэ, олоххо-дьаһахха кистэлэҥнэрэ, айылҕаҕа мындыр сыһыаннара, кыайтарбаты кыайар, сатаабаты сатыыр модун кыахтара, дьулуурдара, тулуурдара ойууланар. Дьиҥэ фольклору таһынан дөксө Олоҥхо баар уус-уран тыл чөҥөрө чүөмпэтэ, хаһан да уолан биэрбэт уулардаах эмиэ биир байҕалбыт, ону ситэ-хото литератураҕа туһана иликпит дии саныыбын.
– Бөдөҥ айамньыларгын хайдах суруйбуккунуй?
– Бэйэм сыаналыырбынан «Быйаҥнаах хочолорго» (2012с.) диэн сүдү, бүтүн саха норуота киэн туттар киһитин туһунан суруйуу соруга уустук этэ. Ааспытын кэннэ өйдөөтөххө , оччолорго Михаил Ефимович 70 сааһын туолуутунан кини туһунан кинигэ тахсыахтаах эбит да ким, хайдах суруйара биллибэккэ сылдьар эбит. Онон миэхэ ханна эрэ толкуйдаан, сүбэлэһэн бараннар көмөлөһөөччүтэ М.М. Яковлев төлөпүөннээн этии киллэрбитигэр тута кэриэтэ сөбүлэспитим. Онтон кинигэни саҥардыы саҕалаан иһэн хайдах курдук улахан эппиэтинэскэ киирбиппин дьэ өйдөөбүтүм. Ити 2011 с. кыһын ахсынньыга этэ, эһиилигэр күһүн сэтинньигэ тахсыахтаах, онон сайыҥҥа диэри бүтэрэр сорук турбута. Мин хайыахпыный үлэлээн киирэн барбытым, баартыйа, судаарыстыба архыыптарын хасыһан баран күттүөннээҕи булбакка, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр баар архыыбы сүргэйбитим, онно да наар мунньах боротокуоллара сыталлара. Хата бэйэм дьиэтээҕи кумааҕыларбын сыымайдаан, онтон Пушкин библиотекатыгар хаһыаттары көрүтэлээн, син ону-маны булбутум. Михаил Ефимовиһы кытта бииргэ үлэлээбит Сидор Афанасьевич Филипповы, Тамара Федоровна Каратаеваны, Аркадий Пудович Васильевы кытта кэпсэтэн сөптөөх матырыйаалы булан 350 сирэйдээх кинигэни кэмигэр таһаартарбытым. Дьиҥэ, билигин эбитэ буоллар, ити кинигэни уус-уран өттүнэн эбии чочуйбут буоллар дөксө тупсуон сөп этэ дии саныыбын. Кырата икки -үс персонаһы соратниктара — Климент Егорович Иванову, кэргэнин Дора Никитичнаны, оппоненын Артур Алексеевы киллэрбит буоллар айымньы дөксө күүһүрүөх этэ.
– Төрөөбүт дойдуҥ былыргытын уонна инникитин туһунан санааҥ?
– Сахалар бу хаар-муус дойдуну былыргыттан баһылаан алаастарынан, үрэхтэринэн, бултаах-балыктаах күөллэринэн тарҕанан, бытанан уһаан-тэнийэн олорбуппут. Тоҕо эрэ бөһүөлэктэринэн түмсэн олохсуйбатахпыт, ол эбэтэр айылҕаҕа чугаһаан, «кыстык-сайылык» муударай систиэмэтин олохтоон тыйыс тымныыга тыыннаах ордубуппут. Ол эбэтэр кыһын тыаҕа кыстык чугаһаан балаҕан туттан бултаан, түүлээхтээн, онтон сайын кэлиитэ сайылыкка тахсан дьоҕус дьиэҕэ ынаҕы мэччитэн, күрүө-хаһаа оҥостон, оттоон-мастаан үүтү, арыыны, кымыһы бэлэмнээн битэмииннээх аһылыгынан аһаан олорбуппут. Ити дьиҥинэн аан дойдуга айыллыбатах систиэмэни хотугу курдааһыҥҥа сахалар биһиги аан маҥнай киллэрбиппит саҥаны айыы курдук сыаналаныах кэриҥнээх! Дьиҥинэн ааспыт сэбиэскэй кэмҥэ олус кииннээһининэн үлүһүйбэккэ, дьоҕус бөһүөлэктэри тэринэн онно сөптөөх суол-иис, уот-күөс, аныгылыы тутуулары киллэрбиппит буоллар ити үөһэ ахтыбыт (укулааппыт) систиэмэбит үрэллиэ суохтаах этэ. Айылҕабытыгар чугас сылдьыыбыт эргиччи барыстаах эрэ буолара хааллаҕа.
Инникитин дьон-сэргэ олоҕун маннык буолуо диэн анаарарыҥ уустук, сиртэн тэйдибит, сүөһүбүт аҥаара эрэ хаалла, ыччат санаата уларыйда, глобализация сабардаата… Онон бу ытарчаттан тахсарга үөһэттэн хамсаныылаах уларыйыы буолуон баҕарабын. Биһиги сахалар төрүт дьарыкпытын ынах, сылгы иитиитин ыһыктыа суохтаахпыт. Быыс арыт, кыах күүс баарынан сайыннарыах тустаахпыт, сир оҥоһуутун, бурдук үүннэриитин сөргүтэрбит наада, кэлии аһылык хаачыстыбата өрүү мөлтөх буолара сэрэйиллэр. Итиниэхэ эбии кэтэх хаһаайыстыбаҕа оҕуруот аһын үүннэриитин кыайдахпытына сахалар хаһан да эстэн-быстан биэриэхпит суоҕа, удьуорбут уһуу, кэнчээрибит кэҥии туруоҕа.
– Айар үлэҥ таһынан тугунан дьарыктанаҕын?
– Дьокуускайдааҕы наука киинигэр билигин да үлэлиибин, онуоха тирэҕинэн 50-ча сыл наукаҕа, үөрэҕириигэ үлэлээбит уопутун буоларын салалта өйдөөн өйүүрүгэр дириҥник махтанабын. Сааһым да ыраатта, ыалдьар да буоламмын улахан үлэлэргэ аны ылсыбаппын. Дьиҥэ 2017 с. «Үчүгэйиэн тыыннаах буолар» диэн сэһэним иккис кинигэтин суруйарбар матырыйаал баар да, доруобуйаттан тутулуктаах. Ити уус-уран кинигэлэрбин кэлин 8 сыл араак ыарыыга сылдьан суруйталаабытым. Ол эбэтэр үлэнэн аралдьыйыы эмиэ эмтэниигэ тэҥнээх эбит! диэн түмүккэ кэллим. Иллэҥ кэммэр мас силиһинэн ону-маны чочуйабын. Маһынан «Суруйааччылар скульптуралара» диэн 35 бөгүүрэни оҥорон бүтэрдим Былырыын Пушкин бибилэтиэкэтигэр быыстапка тэрийбиттэрэ син үчүгэй этэ быһыылааҕа, дьон сэргээбитэ, сэҥээрбитэ.
– Билигин тугу суруйа сылдьаҕыный?
Ол-бу бытархайы. Хаһыакка ыстатыйалары суруйуоҕум. Убайым П.Р. Дарбасов туһунан «Арассыыйа үтүөлээх учуутала» диэн ахтыы кинигэтэ бэчээккэ таҕыста. Онтон-мантан ахыылары суруйарга көмөлөһөр көрдөһүүлэр киирэллэрин быһа гыммаппын. Онон күн солото суох сылдьабын.
– Василий Романович, бу олоххо сэдэхтик бэриллэр дьоҕурдаах, үйэҕэ биирдэ кэлэн ааһар чулуу дьон олоҕун туһунан суруйбуккун кэнчээри ыччат кэлин да сыаналыа диэн этэн туран махтаныахпын баҕарабын. Бу элбэх сыраттан тахсар! Өссө да элбэх айымньыны норуоккар бэлэхтиэҥ диэн эрэнэбит!
Ангелина КУЗЬМИНА.
Хаартыскалары суруйааччы тус архыыбыттан туһанныбыт.