Максимов Харысхан,
Нам улууһун «И.Е.Винокуров
аатынан Хатыҥ-Арыы орто
үөрэхтээһин оскуолата» МБYөТ
4-с кылааһын үөрэнээччитэ

К.Г. Оросин

Тааттаттан төрүттээх К.Г. Оросин ырыаһыт, олоҥхоһут эбит. Кини үөрэхтэнэн баран, фольклору хомуйааччы буолбут. Э.К. Пекарскай бэлэхтээбит тэтэрээтигэр  «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону суруйбута. Онон бу олоҥхону 1895 сыллаахха сурукка киллэрбит киһинэн биллэр. Кэлин П.А. Ойуунускай аан дойдуга аатырбыт «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун суруйарыгар төрүт буолбута.

Саха норуотун тылынан уус-уран айымньыта үөскүөн иннинэ мифтэр баар эбиттэр. Кинилэр олоҥхоҕо ордук көстөллөр. Үс дойдунан мифологическай матыып, уобарас элбэх. Айыы бухатыыра мифологическай төрүттээх буолан, үрдүк аналлаах. Ону К. Оросин олоҥхотугар олоҕуран чинчийэр тоҕоостоох. Чинчийиибитигэр алын кылаас оҕолоругар анаммыт олоҥхо тиэкиһин туһанныбыт.

К.Г. Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун мифологиятын чинчийии сүрүн сыал буолар. Бу олоҥхо мифологиятын аан бастаан киэҥник хабан чинчийии курдук сыаналалыан сөп. Тиэмэҕэ туһааннаах матырыйаалы ааҕан, кылгатан бэлиэтэнии таһынан, олоҥхо мифологиятын (Үс дойду, Аал Луук Мас о.д.а.) быһаарар, олоҥхо мифологическай уобарастарын сырдатар уонна сүрүн герой мифологическай өрүттэрин ырытар соруктары туруоруммуппут.

«Миф» диэн тыл былыргы грек омуктан киирбит. Сахалыы тылбааһа «сэһэн», «үһүйээн». Миф сурук-бичик үөскүөн иннинэ түҥ былыр үөскээбитэ уонна көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тылынан бэриллэн сурук сайдыбытын кэннэ кумааҕыга киирбитэ.

Миф күн сиригэр баары барытын быһаара, ырыҥалыы сатыыр. Миф норуот айар фантазиятын, итэҕэлин кытта ыкса сибээстээх. Мифкэ норуот үтүөҕэ ырата-баҕата, тыл сүөгэйэ-сүмэтэ түмүллүбүт.

Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытыгар мифтэр норуот айымньытын быһыытынан туспа сылдьыбаттар. Кинилэр ордук олоҥхоҕо мифологическай уобарас, сюжет, матыып быһыытынан сылдьаллар. Олоҥхо – фольклор бөдөҥ айымньыта, чыпчаала. Олоҥхо — бухатыырдар хорсун сырыыларын көрдөрөр героическай эпос.

Эпоска мифологическай уобарастары Yс дойдуттан булабыт. Аллараа дойдуга абааһы аймах, адьарай бииһэ олорор. Орто Туруу Бараан дойдуга араас иччилэр айыы аймаҕын, бухатыырын көмөлөһөөччүлэрэ, сүбэһиттэрэ буолаллар. Кинилэри нөҥүө үрдүк айыылары кытта сибээстэһэллэр. Yөһээ дойдуга айыылар олороллор. Хайа баҕарар эпоска орто дойду олохтоохторо бэйэлэрин айыы аймахтарынан ааҕыналлар.

Ити курдук, мифологическай сюжеттар, уобарастар олоҥхо аайы көстөллөр. Ол иһин олоҥхо түҥ былыр үөскээбит диэн быһаараллар.

Алын кылаас оҕолоругар анаммыт Константин Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар Аан дойду айыллыытын туһунан матыып киирбэтэх. Yс дойду сирин-уотун ойуулааһын толорута суох. Үөһээ дойдуну ойуулааһын суруллубатах. Орто дойду саамай ортотугар хаһан да хагдарыйбат, элбэх күөллээх, олус уһун киэҥ хочолоох үтүө сир баар эбит. Аллараа дойду ойуулааһына үстэ көстөр. Тимир Ыйыста Хара дойдута «кып-кыһыл хаан курдук уулаах байҕал кытыыта», Уот Уһутаакы дойдута «от-мас диэн төрүкү сыстыбатах, сымара хара тааһынан көрбүт дойду эбит. Барбатах балык миинин курдук бадыа-бүдүө халлааннаах», Алып Хара дойдута «күнүһүн кэлтэгэй күн, түүнүн кэлтэгэй ый тыгар. Эҥин араас ынырык күлүктэр көстөллөр… Куһаҕан баҕайы сыттаах дьэбэрэ уута көҕөрөн көстөр»  эбиттэр.

Аал Луук Мас Орто дойду хонуутун саамай дьогдьойор саалыгар үүнэн турар эбит. Мас чыпчаала Үөһээ дойдуга тиийэ тахсаары гынан баран, үөһээҥҥилэр өһүргэниэхтэрэ диэн, оттон силиһэ Аллараа дойдуга киирээри гынан баран, абааһылар кырыахтара диэн тохтообут. Бу Аал Луук Мас мас таһыгар Ньургун Боотур Кыыс Ньургуннуун көрсөн күүстэрин холоноллор уонна кыыс киниэхэ кэргэн тахсыах буолан тылын биэрэр.

Ити курдук, олоҥхо Yс дойдутун уобараһа саха Аан дойдуну анаарар мифологическай өйдөбүллэрин кытта сибээстээх. Аал Кудук мас олоҥхоҕо Үс дойдуну ситимниир уонна Ньургун Боотур кэргэн ылар быһаарыылаах киининэн буолар. Айыы дьоно ыһыах ыһалларыгар бу маска салама, сиэл тардан сүгүрүйэр эбиттэр.

Олоҥхоҕо сүрүн геройдартан ураты элбэх мифологическай уобарас көстөр.

Yөһээ дойду олохтоохторо. Дьылҕа Тойон Орто дойду олохтоохторун көрдөһүүлэрин толорор. Кини аҕыс кырыылаах курустаал таас курдук остуолбатыгар ким туох дьылҕалааҕа, хайдах олоруохтааҕа сурулла сылдьар эбит. Ол остуолбатыгар Орто дойду Ньургун Боотур көмүскүөхтээҕин туһунан сурук баара. Онон Ньургун Боотуру балтын кытта ыытарга соруйар. Кэлин Ньургун Боотур Тимир Ыйыста Харалыын охсуһууларын Уот Байҕал ортотугар баар очуос хайаҕа салгыылларын ыйаахтыыр.

Айыы Умсуур удаҕан — аҕыс дойду арчыһыта, тоҕус дойду домньута. Кини кыталык кыыл буолан, Ньургун Боотур охсуһа сылдьан хоттороору гыммытыгар хас саҕа илгэни аҕалан, көмөлөһөр. Бухатыыр Уот Байҕалга түһэн истэҕинэ, дүҥүрүн тоһуйан биэрэн быыһыыр. Тимир Ыйыста Хара Ытык Хахайдаан дүҥүрүгэр түһэн быыһаныах курдук буолан истэҕинэ Айыы Умсуур абааһы удаҕанын дүҥүрүн түгэҕин тэһэ үрэн кэбиһэр. Инньэ гынан, абааһы бухатыыра умайа турар байҕалга түһэн өлөр. Маны таһынан, Ньургун Боотурга баҕардаҕына батыйа да буолар, баҕардаҕына куйах буолар аптаах кымньыытын бэлэхтиир.

Үрүҥ көмүс таҥастаах Күн Эрбийэ — таҥаралар сорук-боллур уоллара. Кини Ньургун Боотуру бэйэтин наһаа күүстээхтик сананан, абааһылары ыҥырбытын сэмэлиир уонна балтын, Айталы Куону, Аллараа дойду бухатыыра Тимир Ыйыста Хара уоран барбытын биллэрэр.

Орто дойду мифологическай уобарастара. Бухатыыр ата. Үөһэттэн анаммыт тыллаах-өстөөх Дьураа Хара ата киһилии саҥарар, үтүө сүбэлэри биэрэр, Хайа да дойдуттан иҥнэн-толлон турбат айаннаах чахчы бухатыыр ата, бухатыыр эрэллээх доҕоро буолар.

Тыл иччитэ. Орто дойду дьонун көрдөһөр тыла. Айыы аймахтарын Аллараа дойдуттан абааһы адьарайдара сүгүн олордубат буолаллар. Кэрэ дойдуларын көмүскүүр бухатыыр ыытарыгар Дьылҕа Тойоҥҥо илдьит ыыталлар. Дьылҕа Тойоҥҥо тиийэн, дьон көрдөһүүтүн үүт-үкчү хатылаан биэрбит.

Аллараа дойду адьарайдара. Бу дойду баһылыга Арсан Дуолай диэн оҕонньор Ньургун Боотур Тимир Ыйыста Харалыын охсуһан, Аллараа дойдуну аймаабыттарыгар ый төрөөбүт Ытык Хайатыгар, күн төрөөбүт Көмүс хайатыгар баралларыгар соруйар.

Тимир Ыйыста Хара — абааһы бухатыыра. Ньургун Боотур балтын Айталы Куону уорбут

Уот Уһутаакы — уот садаҕа моҕой. Күс Хаҥыл Хотун уонна Түөнэ Моҕол Тойон кыыстарын Үчүгэй Үөкүйдээни уорбут. Күн Дьирибинэ бухатыыры уонна түөрт уон айыы бухатыырын кэлгийэн олорбут.

Алып Хара — «хас да төбөлөөх, элбэх илиилээх-атахтаах, сүүнэ улахан ооҕуй оҕуһу маарынныыр». Кыыс Ньургун убайын Айыы Дьураҕастайы хаайбыт.

Ытык Хахайдаан удаҕан — Тимир Ыйыста Хара эдьиийэ. Ыйыста Хара Ньургун Боотурдуун охсуһар кэмигэр көмөлөһө сатыыр. Хаан бөлөнөҕүн быраҕан биэрэр. Быраата Уот Байҕалга түһэн эрдэҕинэ, дүҥүрүн тоһуйан биэрбитэ. Ону Айыы Умсуур дүҥүр түгэҕин тэһэ үрэр. Абааһы бухатыыра өлбүтүгэр ый-хай бөҕөнү түһэрэн, ытаан-соҥоон кэдбит сирин диэки көтөн хаалар.  

Олоҥхоттон Үөһээ дойдуттан 3; Орто дойдуттан 2; Аллараа дойдуттан 6 уобараһы буллубут. Бары анал ааттаахтар. Сүрүн герой майгытын арыйарга, сырыытын чопчулуурга көмөлөөх мифологическай уобарастар көстөллөр.

Сүрүн дьүһүлгэн мифологическай өрүттээҕэ кини көннөрү киһиттэн ураты айдарыылааҕар, толорор дьайыыларыгар, дьүһүн кубулуйуутугар көстөр.

Олоҥхо киириитигэр айыы бухатыырын төрөөһүнүн матыыба биир сүрүн миэстэни ылар. А.Н. Данилова бэлиэтииринэн, сүрүннээн, бухатыыр төрдүн-ууһун көрдөрөр хас да матыып көрүҥэ баар. Ол курдук, айыы бухатыырдара: кырдьаҕас дьонтон төрүүр, Үөһээ дойдуга үөскүүр, сылгыттан күн сирин көрөр уонна хантан кэлбитэ биллибэттик Орто дойдуга баар буолан хаалар эбиттэр. Онон бары дьиктитик төрөөһүннэрэ аҕааччыны сөхтөрөллөр. Онтон Ньургун Боотур Үөһээ дойдуга төрөөбүт-үөскээбит, ол аата үөһэттэн айдарыылаах. Төрөөбүтүгэр сир-халлаан дьигиһийэн хамнаан ылбыт эбит. Үөһээ дойду олохтоохторо Айыы Сиэр Тойон уонна Айыы Нуоралдьын Хотун уолларын Ньургун Боотуру балтын Айталы Куону кытта, орто дойду олохтоохторун көрдөһүүлэринэн, Дьылҕа Тойон ыйаахтыыр. Дьылҕа остуолбатыгар: «Орто дойдуну, Айыы аймаҕын көмүскүүр бухатыыр аата Дьулуруйар Ньургун Боотур» — диэн суруллубут эбит. Ол иһин Ньургун Боотур Айыы аймаҕын араҥаччылыырга, күн улууһун көмүскүүргэ ананан үрдүктэн төлкөлөммүтүн өйдүүр. Бухатыыр оҕолор түргэнник улааппыттар. Олоҥхоҕо бухатыыр дьиктитик төрөөһүнэ, омуннаахтык улаатыыта героическай матыыпка киирэр эбит.

Ньургун Боотур түөрт абааһы адьарайын кыайар-хотор. Тимир Ыйыста Хараны, Тимир Дьигиһистэйи, Уот Уһутаакыны уонна Алып Хараны кытта охсуһарыгар тыллаах-өстөөх бухатыыр атынан, Дьураа Харалыын, орто, аллараа дойдунан көтө сылдьан охсуһаллар. Күүстэрэ-уохтара, кыргыһыылара эмиэ омуннаах. Ый орулуур отут күнүн быһа охсуспуттар. Ол тухары таҥастара алдьамматах, күүстэрэ эстибэтэх, уохтара хараабатах. Түмүгэр, өлөр-тиллэр охсуһууттан тыыннаах хаалар.

Чинчийээччилэр бэлиэтииллэринэн, айыы бухатыырдара дьүһүн кубулуйаллар. Маныаха саха норуотун киһи муҥура суох күүһүгэр эрэниитэ, баҕарыыта көстөр эбит. Ол курдук, Ньургун Боотур хаста даҕаны дьүһүн кубулуйар. Уот Уһутаакы диэн абааһы бухатыырын кытта охсуһа барыан иннинэ, өлбөт тыыннаах бухатыыр буолаары, төкүнүс гынар да сордоҥ балыкка кубулуйан, бухатыырдары тургутар күөлгэ сөтүөлээн тахсар. Ону ааһан, тоҕус уон тоҕус кубулҕаттаах эбит. Түөрт уон айыы бухатыырын быыһаары, Уот Уһутаакы буолан кубулуйара эмиэ дьикти. Ол абааһы бухатыырын куолаһынан хаһыытаан бытарытар. Онон кэлгиллэн турбут быстыбат быаларын үрэйэр.   

Архаическай матыып быһыытынан, бары олоҥхо айыы бухатыырдарын курдук, Дьулуруйар Ньургун Боотур мифологическай өрүттээх буолан, үрдүк аналын толорор.

К. Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун мифологиятын чинчийии түмүгэ маннык буолла:

— олоҥхо Yс дойдутун уобараһа саха Аан дойдуну анаарар мифологическай өйдөбүллэрин кытта сибээстээх. Аал Кудук Мас олоҥхо эргийэр киининэн буолар;

— олоҥхоттон Үс дойду 11 мифологическай уобарас баар. Бу уобарастар Ньургун Боотуру хорсун сырыытын, үрдүк аналлааҕын арыйарга көмөлөөхтөр;

— Ньургун Боотур Үөһээ дойдуга төрөөһүнэ, оҕоттон эрэ түргэнник улаатыыта, дьүһүн кубулуйуута, хас да дойдунан сылдьан охсуһуута, өлөн-охтон биэрбэтэ мифологическай өрүттээҕин көрдөрөр. 

Литэрэтиирэ

1. Данилова А.Н. Мотив чудесного рождения главного героя в якутском олонхо // Вестник СВФУ им.М.К.Аммосова: Серия Эпосоведение. — Якутск, 2019. —  № 4 (16). — 125-135с.

2. Оросин К.Г. Дьулуруйар Ньургун Боотур. — Дьокуускай: Бичик, 2008. — 56 с.

3. Эргис Г.У.. Мифология / Очерки по якутскому фольклору. – Москва: Наука, 1974. – 104-152 с.

Салайааччы: Павлова П.Д.,
саха тылын уонна
литературатын учуутала