Билиҥҥи кэмҥэ саха оҕото төрөөбүт тылынан кэпсэтэрэ, бэл, тыа сиригэр, лаппа аҕыйаата. Уулуссаҕа, оҕо былаһааккаларыгар кырачааннар бэйэ-бэйэлэрин кытта нууччалыы кэпсэтэллэрин истэр сонун буолбатах. Оннооҕор мин сахалыы саҥалаах сиэннэрим бэйэлэрин саастыылаахтарын көрүстэхтэринэ, нууччалыы кэпсэппитинэн бараллар. Ити биир да нуучча суох тыа дэриэбинэтин оҕолоро. Киин сир оҕолорун туһунан этэ да барыллыбат.
Биһиги оскуолабыт холобуругар көрдөххө, 8-11 кылаастар үөрэнээччилэрэ төрөөбүт тылларынан холкутук кэпсэтэллэр, санааларын сааһылаан суруйаллар. Оттон 7-с кылаастан кыралар үксүлэрэ нууччалыы толкуйдуур курдуктар. Суруктара эмиэ нуучча тылын киэбинэн буолар. Алын кылаас оҕолоруттан ханнык омуктарын ыйыттахха, «нууччабын” дэнээччилэр бааллар. Ол аата оҕолорбут сахаларын билиммэт (самоидентификация) буоларга тиийэн эрэллэр дуу диэн дьиксинэр санаа киирэр.
Тылбыт тыыннаах буоларыгар улахан кыһалҕа үөскээбитин билинэн, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар араас тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук, саха тылын учууталларын иккис сийиэһигэр, соторутааҕыта Чурапчыга ыытыллыбыт «Тыа сирин оскуолата» дьаарбаҥкаҕа киэҥ кэпсэтиилэр ыытылыннылар. Аны саамай үчүгэйэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт иһинэн «Ойкумена» лааҕыр үлэлээбит уонна онно сылдьыбыт оҕолор сүбэлэһэн “КҮН” диэн хамсааһыны тэрийбиттэр. Хамсааһын төрөөбүт тылга, култуураҕа тус бэйэтин кылаатын угар оҕолору сомоҕолуур күүс буолара үөрдэр. Араас улуустартан баҕалаах оҕолору ыҥыран кэпсэтии былаһааккатын тэрийбиттэр. Саха тылын араҥаччылааһыҥҥа өрүү хорсуннук туруулаһар, төрөөбүт култуураҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа өрөспүүбүлүкэ оҕолорун өйдөрүн-санааларын өрүкүппүт лиссиэй дириэктэригэр И.И.Шамаевка махтал буоллун! Туйаара Сиккиэр ол лааҕырга сылдьан түмсүү үлэтин билсибит уонна «Кыым» хаһыакка «Саастыылаахтарыҥ санааларын иһит…» диэн балаһаны таһаарбыт (15.06.2023 с.). Оҕолор тылы харыстыырга туһуланар туох тэрээһиннэри ыытыахха сөбүн эппиттэр, ол иһигэр, биллэн турар, саха суруйааччыларын айымньыларын ааҕары көҕүлүүргэ ыҥырбыттар. Мантан сиэттэрэн, мин үлэлиир оскуолам алын кылааһын учууталлара хаһыс да сылын «Кэрэхсэбиллээх ааҕыы» диэн бырайыактаахтарын, онон 1-4 кылаастарга көмө босуобуйа оҥорон ситиһиилээхтик үлэлииллэрин санаатым.
Бу сонун көрүүлээх бырайыак ааптардара Адамова Наталия Тихоновна, Артемьева Екатерина Васильевна, Захарова Маргарита Тогоянична, Яковлева Степанида Анатольевна – бары уопуттаах учууталлар. Кинилэр оҥорбут босуобуйалара төрөппүт да туһанарыгар бэрт табыгастаах — оҕо ааҕар сатабылын сайыннарарга туһуланар:
- Айымньыны ис хоһоонун өйдүүр, ырытар уонна чинчийэр сыаллаах аахтарыы — билэр-көрөр сатабыл.
- Оҕо сабаҕалыыр, үлэтин былааннанар, ырытар, кэпсиир, түмүк оңорор усулуобуйатын тэрийии — бэйэни салайынар уонна дьаһанар сатабыл.
- Дьон санаатын истэр, бэйэтин санаатын сааһылаан этэр, сөбүлэспэт түгэнигэр бэйэтин көрүүтүн көмүскүүр сатабылын сайыннарыы.
- Тус суолталаах өйдөбүлү иҥэрэр сатабыл.
Бырайыак ааптардарын, Амма улууһун Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын алын кылаас учууталларын кытта кэпсэттим. Кылаас таһынан ааҕыыга көмө босуобуйа оҥоһуллубут төрүөтүн, сыалын-соругун ыйыталастым. Учууталлар хоруйдара маннык:
Аныгы кэмҥэ тыа сирин саха оҕото төрөөбүт тылынан саҥарара улам сымсаан, тылын саппааһа аҕыйаан, үксүн нуучча тылын кыбытан туттара баар буолла. Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтэ араас билиҥҥи техникаҕа бүгэн олоруута, дьиэ кэргэн иһигэр кэпсэтии, сэһэргэһии суох буолуута — оҕо ийэ тылын толору баһылыырыгар улахан мэһэйдэри үөскэтэллэр. Саха тылын кэрэтин, баайын оҕоҕо тириэрдии тиһиктээх үлэни тэрийдэххэ ситиһиллэр. Ити кыһалҕаттан сиэттэрэн биһиги учууталларга, төрөппүттэргэ, оҕолорго анаан “Кэрэхсэбиллээх ааҕыы”, “Букубаарга оҕо сатабылын билгэлиир кэриҥнэр холобурдара”, “Төрөөбүт тылым алыптаах дорҕооно”, “Буукубаны үөрэтиигэ көмө матырыйаал” (электроннай босуобуйа) босуобуйалары оҥордубут.Бу босубуйаларбыт оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт төрүт тылыгар интэриэһин үрдэтэргэ, саҥарар саҥатын сайыннарарга, саха тыла баайын, кэрэтин билэ-кэрэхсии улаатарыгар олук уурарга аналлаахтар.
Урукку кэмҥэ дьиэ-кэргэн иһигэр оҕону кытта анаан-минээн дьарык баар этэ. Ол курдук биһик ырыата, норуот сиэргэ-майгыга иитэр остуоруйалара, өйү сытыылыыр таабырыннара, муудараһы иҥэриммит сэрэтэр-үөрэтэр өс хоһоонноро оҕо ийэ тылын байыталлара, сайыннараллара. Кэлиҥҥи кэмҥэ дьиэ-кэргэҥҥэ иитии-үөрэтии өттө мөлтөөн барда. Олох тэтимэ түргэтээтэҕин, техника, технология сайыннаҕын аайы бириэмэ тиийбэт буолбут курдук.
Билиҥҥи оҕо тиэтэлинэн сылдьан техниканан оттоһор, сир астаһар, айанныыр. Ол аайы оллоон тула олорон «күөс быстыҥа» кэпсэтии суох. Тулалыыр айылҕаны үлэ үөһүгэр, техниканы эккирэтиһэн, көрбөккө да киириэххин сөп. Дьиэҕэ эмиэ биир оннук. Телевизор, компьютер, интернет… Кинигэ ааҕыыта аҕыйаата. Дьоҥҥо, ыалга барытыгар да буолбатар бу үгүстүк көстөр хартыына буолла. Онон оҕо тылын сайыннарар, толкуйугар көҥүлү биэрэн, саныыр санаатын этэр, истэр, бодоруһар усулуобуйатын тэрийиини детсад, оскуола эрэ ситэрэн биэрэр курдук.
Ийэ тылынан тылламмыт оҕо ис айылгыта бөҕөргүүр, иэйиитэ уһуктар, тулалыыр эйгэни ылынымтыа, аһаҕас буолар. Дьиэ иһинээҕи тыын хайа баҕарар омукка бэйэтин киэнэ, ол тыын кинини иитэр, оҕоҕо дьайар ураты күүстээх.
Биллэрин курдук, кыра саастаах оскуола оҕото суругу-бичиги саҥа кэрэхсээн, үөрэнэн эрэр кэмигэр тылын-өһүн сайыннарыы уһулуччу суолталаах.
Учууталлар итинник санаанан салайтаран, бырайыактарын олоххо киллэрэн, үчүгэй түмүктэри ситиһэллэр. Сөбүлээбитим диэн, оҥорбут босуобуйаларын төрөппүт эмиэ туһанан, оҕотун сайыннарыан сөп. Ааптардар сорудахтары атын үөрэх биридимиэттэрин кытта ситимнээн таба аттаран оҥорбуттар:
- тиэкис ис хоһоонун өйдөөһүҥҥэ сорудахтар араас көрүңнээхтэр, оҕо кэрэхсэбилин тардаллар; айымньылар ис хоһоонноро сиэр-майгы үтүө өрүттэрин олохсутарга аналлаахтар.
- кырамаатыка сорудаҕа саха тылын уруогар үөрэппит быраабылаларын билиитигэр, сатаан туһанарыгар олоҕурар; тиэкискэ билбэт тылларын тылдьыттан көрөн быһаарар; тылдьыты тутта үөрэнэр.
- айар сорудахтар оҕо билиэн-көрүөн баҕатын күүһүрдэллэр, тыл саппааһын байыталлар, айар дьоҕурдарын сайыннараллар.
Холобурга сорудахтары көрүөҕүҥ:
Билсибэтэх доҕордуулар
Тииҥ уонна куобах биир сайын билсибиттэр. Онтон кыһын кэлбит. Маҥан хаар түспүт. Сир тоҥмут. Тииҥ уйа оҥостубут. Куобах сыгынах анныгар сыппыт.
Биирдэ тииҥ уйатыттан өҥөйөн көрбүт. Кини куобаҕы көрбүт да, билбэтэх: куобах маҥан буолан хаалбыт. Оттон куобах тииҥи эмиэ билбэтэх. Тииҥ сайын кугас этэ. Билигин бороҥ буолбут.
Онтон эмиэ сайын кэлбит. Доҕордуулар бэйэ-бэйэлэрин дьэ билсибиттэр.
Аргыс, Охлопкова М.Е.
Сорудахтар:
1. Тииҥ уонна куобах хаһан билсибиттэрий?
а) күһүн б) кыһын в) саас г) сайын
2. Ким уйа оҥостубутуй?
а) куобах б) тииҥ в) чыычаах
3. Кыһын тииҥ уонна куобах тоҕо бэйэ-бэйэлэрин билбэтэхтэрий?
а)дьүһүннэрэ уларыйбыт б) улааппыттар
4. Тииҥ сайын хайдах дьүһүннээҕий?
а) маҥан б) бороҥ в) кугас
5. Этиилэри ситэр.
Кыһын маҥан, сайын бороҥ __________
Кыһын бороҥ, сайын кугас ___________
6. Этиилэри ситэр:
Тииҥ уонна куобах биир … билсибиттэр. … хаар түспүт.
Тииҥ … оҥостубут. Куобах … анныгар сыппыт. Билигин … буолбут.
… бэйэ-бэйэлэрин дьэ билсибиттэр.
7*. Куобах туһунан таабырынна эт.
Куоҕас суор икки.
Бэрт былыр Куоҕас Суор курдук хап-хара эбитэ үһү.
Куоҕастаах Суор атын көтөрдөр эриэннэригэр баҕаран, бэйэ-бэйэлэрин өҥнөрүн кырааскалаан, ойуулаан биэрээри оңостубуттар.
Суор Куоҕаһы араас дьэрэкээн ойуулаан, оһуордаан биэрбит. Куоҕас өрүскэ киирэн дьүһүнүн көрүнэн баран, Суору ойуулуон баҕарбатах, ууга умсан хаалбыт. Албыннаабытын өйдөөн, Суор Куоҕаһы самыытын ыыра охсон кэбиспит.
Оттон Суор, уруккутун курдук, харата харатынан хаалбыт, оттон Куоҕас эриэн түүлээх буолан баран, самыыта хаптаччы оһон, атаҕа тиэрэ буолан хаалбыт.
Суорун Омоллоон
Сорудахтар:
- Бу ханнык айымньыный?
а) кэпсээн б) остуоруйа б) хоһоон
2. Остуоруйа геройдара кимнээҕий?
а) тураах б) суор в) чыычаах г) куоҕас д) кэҕэ
3. Былыр Куоҕас дьүһүнэ хайдах эбитий?
а) эриэн б) бороҥ в) хап-хара г) маҥан
4. Куоҕастаах Суор тоҕо кырааскаланарга санаммыттарый?
5. Куоҕас дьүһүнүн ханна көрүммүтүй?
а) күөлгэ б) үрэххэ в) өрүскэ
6. Куоҕас тоҕо ууга умсан хаалбытый?
а) куттанан б) соһуйан в) ойуулуон баҕарбатах
7. Ойуулаан диэн тыл хас буукубалааҕый? Хас дорҕооннооҕуй?
Буукубата:____________ Дорҕооно:_____________
8. Көппүт тылы суруй.
Суор Куоҕаһы араас ________________ ойуулаан, оһуордаан биэрбит.
9*. Бу икки көтөртөн хайата биһиги дойдубутугар кыстыырый?
Рекордсмен страус
Гиннес рекордун кинигэтигэр страус элбэх көрүҥнэргэ бигэтик иннники миэстэҕэ сылдьар.
Бастакытынан, кини саамай улахан көтөр кынаттаахха киирсэр – үрдүгэ 2 м 74 см тиийиэн сөп.
Көтөр кынаттаахтарга саамай быһый атахтааҕынан биллэр – чааска 72 км сири барыан сөп.
Ону таһынан аан дойдуга саамай улахан сымыыты сымыыттыыр, сымыытын ыйааһына 2,3 киилэҕэ тиийэр. Сымыыта улахан киһи ыйааһынын уйар кыахтаах.
Бу көтөр аан дойдуга биир уһун үйэлээҕинэн биллэр, кини 68 сааһыгар диэри олорор.
Улахан страус атаҕынан 50 мм халыҥнаах хаптаһыны хайа тэбэр кыахтаах, онон ыксал тирээтэҕинэ атаҕынан тэбэн өстөөхтөрүн эчэтиэн сөп. Страус кутталыттан төбөтүн кумахха кистиир диэн бигэргэтии соччо оруна суох. Кини кырдьык кумахха төбөтө, моонньо эрэ буолбакка, түөһүгэр тиийэ батары түһүөн сөп. Маннык хамсаныылары кини кутталыттан буолбакка, тус бэйэтин доруобуйатын чэбдигирдэр туһугар оҥорор. Итии кумахха батары түстэҕинэ кини төбөтүгэр, моонньугар баар бытархай үөн-көйүүр өлөр, сорҕото куотар.
Страус төһө да улаханын иһин, бэйэтигэр сөбө суох кыра мэйиилээх. Библияҕа сурулларынан, Таҥара страуска улахан өйү бэрсибэтэх, ону билиҥҥи учёнайдар этэллэринэн, кини мэйиитин сабардама харахтарын сабардамынааҕар кырата туоһулуур.
Сорудахтар:
1. Ханнык кинигэҕэ страустар бигэтик инники кэккэҕэ сылдьалларый? Тиэкистэн булан суруй.
2. Страус сиртэн төбөтүн оройугар диэри уһуна хас сантиметрый?
а) 2 м 74 см б) 2м 47см в) 4м72см г) 4м. 27см
3. Чааска хас километр сири барыан сөбүй?
а) 72км б) 73км в) 74км г) 75км
4. Страус сымыыта бөҕөтүн тугунан дакаастыахха сөбүй? Тиэкистэн булан суруй
5. Страус хас сааһыгар диэри олоруон сөбүй?
а) 65 б) 66 в) 67 г) 68
6. Тоҕо төбөтүн, моонньун түөһүгэр тиийэ кумахха батары угарый?
а) кутталыттан б) саһан в) доруобуйатын чэбдигирдээри
г) сынньанаары
7. Итии кумахха туох өлөрүй?
а) страус б) үөн-көйүүр в) туох да өлбөт
8. Страус мэйиитэ тугунааҕар кыраный?
а) төбөтүнээҕэр б) хараҕынааҕар в) сутуругунааҕар
г) сымыыттааҕар
9. –лар, — лаах диэн үөскэтэр сыһыарыылаах икки тылла тиэкистэн булан суруй.
10. Бэриллибит тыллары састаабынан ырыт:
кумахха, атахтааҕынан, үйэлээҕинэн, өстөөхтөрүн
11. Киирии тыллары булан суруй.
12*. Эн ханнык рекорду истибиккиний? Суруй.
Сатаатахха — хонууга да күөгүлүөххэ сөп
Күн ортотун саҕана дьонум: „Кыстык балаҕантан кыра балык туутун аҕала тарт“,- диэбиттэрэ.
Тууну сүгэр буолан, бэйэбэр биэстэ эргийэр быаны баанан, суолтан туораан, отонноон сии-сии, кыстык балаҕан диэки баран истим. Онтон Сыаганнаах алыытыгар киирдим. Алыыны туораан иһэн : „Ооҥ-оҥ-оҥ-оҥ-ҥуу-ҥуу“,- диир саҥаны иһиттим.
Иһиллээбитим – бөрө улуйар эбит. Олус куттанным. Түргэнник тыаны былдьастым. Тыаҕа киирэрбин кытта, ойуур иһиттэн бөрө ыстанан таҕыста. Мин ханна даҕаны барыахпын булбатым. Биир сиргэ тэпсэҥнии турдум. Онтон ыстанан тиийэн, улахан тииккэ ытынным. Бөрөм кэлэн тиити кирэ-кирэ: „ау-ауу-ауу-аҥ-аҥ“,-дии-дии субуруҥнаата. Тиити тула сүүрэ сырытта. Мин бөрө тиит хайа өттүгэр барар да, нөҥүө өттүн диэки эргийэ олордум. Бөрө субу-субу тииккэ тахсаары өрүтэ үөмэхтиир. Кыайан тахсыбат, төттөрү сууллан хаалар. Хаппыт мутук тостон түспүтүн айаҕар түһэрэн ылла. „Тоҕо баҕас иҥсэтэй, сордоҥҥо дылы буолан, дьэ хапсаҕай кыыл… Сордоҥу киһи сотору да күөгүлээн ылар буолара, оттон бөрөнү?…“ Сиэппин хаһынным. Биир кыра күөгү баар эбит.
— Олус кырата бэрт, улахан да күөгү буолбатаххыан,- диэн абардым.
Өттүкпүттэн быһыччабын ыллым. Салаалаах мутугу ылан аҥар ойун уһун, аҥарын кылгас гына „күөгү“ оҥордум. Күөгү уһун ойугар быам биир уһугун баайдым. Атын уһугун тииккэ эрийэ туттум. Сиэппэр хааламмыт отоммуттан ылан күөгүбүн соппутум, күөгүм кып-кыһыл буолан хаалла. Бөрө ымсыырарга дылы гынна, эмиэ тииккэ тахсаары үөмэхтэстэ.
Күөгүбүн бөрөҕө бырахтым. Бөрө, эт диэтэ быһыылаах, лап гыннаран ылла да, дьүккүс гынан ыйыстан кэбистэ.Онтон олоро түстэ. Мин быабын эмискэ тарт!!! Бөрө куһаҕаннык хардьыгынаата. „Куһаҕан буолла ээ“, — диэн сэрэйэ санаатым. Мин сиргэ түстүм. Бөрөм хараҕын үрүҥүнэн көрөн баран, охтон түстэ. Хараҕын үрүҥүнэн көрбүтүгэр аһына санаатым. Оттон миигин куттаабытыттан эмиэ абардым.
Дьиэбэр төттөрү тэбинним. Кэлбиппэр дьонум: „Туох буоллуҥ, иирдиҥ дуу?“ — дэстилэр.
— Суох. Бөрөнү…- диибин…
— Бөрө эккирэттэ дуо? — диэн үүйэ-хаайа тутан ыйыттылар.
— Суох,суох, бөрөнү күөгүлээн өлөрдүм, — диэтим. Дьонум дьиктиргээн ах баран хааллылар.
Аҕабын кытта кэлэн бөрөбүт тириитин сүлэн ыллыбыт. Кыһын сүрдээх ичигэс бөрө тириитэ суорҕаннанным.
Тимофей Сметанин.
Сорудахтар:
1. Уол тууну хантан аҕала барбытый?
а) сайылыктан б) кыстык балаҕантан в) күөлтэн г) булчут үүтээниттэн
2. Дьыл ханнык кэмэ кэпсэнэрий?
а) сайын б) күһүн в) кыһын г) саас
3. Уол туохтан куттанна?
4. „тыаны былдьастым“ — бу тыл ситимин атыннык хайдах этиэххэ сөбүй?
а) тыаҕа киирдим б) тыаны буллум в) тыаҕа куоттум г) тыаттан таҕыстым
5. Уол бөрөттөн ханна куотта? Тиэкистэн булан уһул.
6. Бөрө иҥсэтин туохха майгыннатта?
а) ыкка б) саһылга в) сордоҥҥо г) солоҥдоҕо
7. Уол бөрөнү бөрөнү тугунан бултаһаары гынна?
а) быһыччанан б) күөгүнэн в) саанан
8. Уол сиэбигэр баар күөгүтэ кыра буолан, бэйэтэ күөгү оҥоһунна. Кини күөгүнү тугунан оҥордой?
9. Уол күөгүтүн эккэ майгыннатаары тугу гынна?
а) кырааскалаата б) хаанынан сотто в) кыһыл таҥастаата г) отонунан сотто
10. Өлөрбүт бөрөтүн тириитин хайдах туһаммыттарый?
а) саҕынньах тикпиттэр б) тэллэх оҥорбуттар в) суорҕан тикпиттэр г) бэргэһэ гыммыттар
11. Этии тутаах чилиэнин бэлиэтээ.
Күөгүбүн бөрөҕө бырахтым.
12. Үһүс абзацтан үһүс этиини уһул.
13. Уһун аһаҕас дорҕоонноох үс тылла суруй.
14. Айымньы жанрын быһаар.
а) остуоруйа б) омуннаах кэпсээн в) үгэ г) сэһэн
15*. Бэлиэтэммит тылы ханнык тылынан солбуйуохха сөбүй?
Өттүкпүттэн быһыччабын ыллым.
а) кыра сүгэбин б) кыра быһаҕы в) уһун быаны г) чүүччүнү
Сорудахтар оҕо сааһыттан көрөн уустугуран иһэллэр. Ыйытыктар кыракый ааҕааччы айымньы ис хоһоонун өйдүүрүгэр, тыл суолтатын, дэгэтин болҕойоругар, кырамаатыка быраабылатын хатылаан чиҥэтэригэр, айар дьоҕурун сайыннарарыгар туһуланаллар. Айымньылар оҕо билиитэ-көрүүтэ кэҥииригэр эмиэ суолталаахтар. Алын кылаас үөрэнээччилэрэ маннык сорудахтары тиһиктээхтик толоро үөрэннэхтэринэ, улахан кылааска төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ уруоктарыгар, биллэн турар, ситиһиилээхтик үөрэниэхтэрэ. Төрөппүт ханнык баҕарар айымньыны оҕотугар ааҕан эбэтэр аахтаран баран манныкка майгынныыр ыйытыктарынан кырачаан киһини ааҕарга көҕүлүөн, билбэт тылын суолтатын быһаарыан, сахалыы саҥатын сайыннарыан сөп.
Г.Н.Шишигина, саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала