Третьякова Ангелия, Лииндэ оскуолата
Айталина Федоровна Ксенофонтова,
саха тылын, литературатын учуутала.

Билиҥҥи үйэҕэ оҕо көмпүүтэргэ көннөрү кинигэ көрөрүнээҕэр, ааҕарынааҕар элбэх бириэмэни биэрэр. Аныгы оҕо көмпүүтэр оонньууларыттан атыны улаханнык сэҥээрбэт. Бу кинигэбит оҕо толкуйдуур дьоҕурун, саҥарар саҥатын сайыннарарга көннөрү оонньуулартан, ойуулаах кинигэлэртэн олус туһалаах буолуо дии саныыбыт.

Кыра оҕо буукубалары үөрэтэригэр таабырыннар уонна уруһуйдар көмөлөһөллөр. Көмпүүтэринэн таабырыннары таайтаран, буукубалары, уруһуйдары көрдөрдөххө оҕо түргэнник ылынар, өйдүүр.

Олох сайдан аныгы технологиялар, саҥа сүүрээннэр күн-түүн аайы тупсан, сайдан иһэллэр. Ол иһин аныгы үйэ оҕото күнүн улахан аҥарын көмпүүтэргэ, төлөпүөҥҥэ оонньоон атаарар. Онтон сиэттэрэн мин туһалаах буолуо диэн, кыра саастаах оҕолорго аналлаах “Таабырыннаах Азбука” диэн электроннай кинигэ оҥорон көрөргө холоннум.

Хас биирдии туттар тэрилбитин барытын киһи айан, толкуйдаан оҥорор. Араас элбэх оҥоһуллубут үлэлэр сорохторо дьон дьүүлүгэр тахсаллар, туһаҕа бараллар. Сорох үлэлэр биллибэккэ-көстүбэккэ симэлийэн сүтэллэр. Ол курдук мин оҥорбут үлэм киэҥ эйгэҕэ тахсан, туһалаах буолуо дии саныыбын. Үлэлээн истэҕим аайы олус интириэһиргээн истим.

I баһа. Азбука, таабырын.
1.1. Азбука туһунан

«Азбука» диэн өйдөбүл «Алфавит» диэн тылы кытта ыкса сибээстээх. «Алфавит» диэн греческэй тыл, кини суолтата буукубалар бэрээдэктэрэ диэн буолар. Греческэй алфавит бастакы буукубаларын ааттарынан «альфа» уонна «бета» диэнтэн тахсыбыт. Сахалар аан бастакы алфабиттарын кылгастык кэпсээтэххэ маннык: Саха омук саҥа олоҕу тутуһан, сайдан-үүнэн барбыт историятыгар 1922 сыллаахха С.А.Новгородов алфабита олохтоммут «Новгоролов алфавита» өйдөбүл бигэтик олохтоммут. Бу алфавит көмөтүнэн саха норуота маасабай үөрэхтэниилэрэ саҕаламмыта. Алфабит буукубалара латыыныскай грапыкаҕа олохсуйбута. Кэлин. 1924 сыллаахха улахан буукубалары киллэрбиттэр эбит. Онтон 1939 сыллаахха биһиги үөрэнэ сылдьар алфавиппыт ол эбэтэр нуучча алфабита бигэргэтиллибитэ.

1.2. Таабырын туһунан

Таабырын – норуот тылынан уус-уран айымньытыттан биир көрүҥэ буолар. Былыр-былыргаттан саха норуотугар оҕо аймах, улахан да дьон таабырыны таайалларын таптаан дьарыктаналлар. Саамай бэргэн, сытыы тыллаах уустук таабырыны таайарга кыһыҥҥы киэһэ биллибэккэ ааһара. Ол курдук таабырын киһи өйүн-санаатын, толкуйдаан таһаарар, быһаарар дьоҕурун сайыннарар.

II баһа. Электроннай кинигэ «Таабырыннаах Азбука»

Кыра саастаах оҕолорго буукубаны үөрэтэргэ таабырын уонна уруһуй олус көмөлөөх дии саныыбын. Холобура, мин ийэм миигин буукубаны билэрбэр уруһуйдаахталфабит оҥорбута. Ону көрө сылдьан мин бэйэм биэс сааспар буукубаларыбилэр буолбутум. Ол уруһуйдаах алфавиппын уруһуйдара олус үчүгэйдэр этэ. Кыра оҕо сөбүлүүр предметтэрэ ойууламмыт буолан, мин өйбөр олус кииримтиэ этилэр.

Оҕо таабырыны таайарын олус сөбүлүүр. Ол иһин таабырыннары таайтаран баран, оҕоҕо уруһуйдары көрдөрө-көрдөрө буукубалары көрдөрдөххө оҕо буукубалары түргэнник билиэ, ылыныа дии саныыбын. Ону билигин электроннай кинигэбэр көрдөрүөм.

Буукубаны үөрэтэргэ анаан оҥорбут таабырыннарым уопсайа 34 буукубаҕа сурулунна. Тоҕо диэтэххэ, сорох буукубаттан тыллар саҕаламматтар эбит. Холобура; ҕ, һ, ҥ уонна да атыттар. Ол иһин сорох буукубаҕа таабырыннары оҥорботум.

Кыра оҕолорго анаммыт буолан таабырыннар тыллара судургулар. Холобура: Азбука бастакы буукубатыгар маннык таабырыны толкуйдаан оҥордубут.

А –
Мээчик курдук төгүрүк,
Таһа от күөҕэ өҥнөөх,
Иһэ кыһыл өҥнөөх.
Хара улахан сиэмэчкэлээх,
Минньигэс амтаннаах. Ол тугуй?
Оҕо таайыытын сөпкө таайдаҕына арбуз уруһуйа тахсар. Онтон оҕоҕо иккис ыйытыы бэриллэр: арбуз диэн тыл ханнык дорҕоонтон саҕаланарый? (А) тиэтэҕинэ (А) буукуба тахсар.
Б –
Төбөбөр тараахтаахпын
Олус сытыы тумустаахпын
Ку-ка-ре-ку диэн саҥалаахпын.
(Бөтүүк) иккис ыйытыытын сөпкө эппиэттээтэҕинэ (Б) буукуба тахсар.
В –
Самолеттан уратым
Икки кыната суохпун
Олус тургэнник көтөбүн
Ракетаттан бытааммын (верталет).
Г –
Сири-дойдуну көрдөрөбүн
Төгүрүк буолабын (глобус).
Д –
Ууга уста сылдьабын
Халлаан күөҕэ өҥнөөхпүн
Ууга түспүт дьоннорго,
Муораҕа муммут хараабылга
Көмөлөһөр уу харамайабын (дельфин).
Дь –
Саһыл хороонноох,
Чыычаах уйалаах
Киһи… (дьиэлээх).
Ё –
Мин барыта иҥнэбин
Тэллэйдэри хомуйабын. (ёжик).
Ж –
Мин дьиэ кыыла буолбатахпын
Африкаҕа олоробун
Олус уһун моойдоохпун (жирафа).
З –
Эриэнчикэй өҥнөөхпүн
Сөбүлүүрүм маҥан, хара
Мадакаскаар мультикка баарбын. (зебра).
И –
Алдьаммыт таҥаһы
Тигэбин мин куруук (иҥнэ).
Й –
Миигин оҕо барыта
Олус таптаан сииллэр
Мин убаҕас буоламмын
Иһиккэ кутуллан сылдьабын. (йогурт).
К –
Бурдуктан оҥоһуллубутум, арыыга буспутум
Оҕонньордоох эмээхсинтэн куоппутум (колобок)
Л –
Дьиэни, хоһу
Сырдатар аналлаахпын. (лаампа).
М –
Мин олус түргэммин,
Кыһыл уокка тохтуубун,
Саһархай уокка бэлэмнэнэбин,
Күөх уокка барабын (массыына).
Н –
Бегемокка майгынныыбын,
Биир соҕотох муостаахпын (носорог).
Нь –
Иһиккэ-хомуоска аналлаахпын,
Аһы баһар аналлаахпын (ньуоску).
О –
Теплицаҕа үүнэбин,
Уһун ньолбоҕорбун,
От күөҕэ өҥнөөхпүн
Миигн салаат оҥостон сииллэр. (оҕурсуу)
Ө –
Имиллибит таҥаһы,
Көннөрөр аналлаахпын. (өтүүк)
П –
Мин тымныы сирдэргэ
Олохсуйан олоробун
Кынаттаах да буолларбын
Кыайан көппөппүн (пингвин)
Р –
Илиилэрбэр иккилии тарбахтаахпын,
Туттум да ыыппаппын.
Уонна биир атыннаахпын,
Куруук кэннибинэн хаамабын. (рак)
С –
Киһи эрэ барыта,
Миигин албын дииллэр.
Ол эрээри тириибин,
Күндү түүлээххэ тэҥнииллэр. (саһыл)
Т –
Тииттэн тииккэ ойобун,
Аһылыгым эриэхэ. (тииҥ)
У –
Саһыл хороонноох,
Эһэ арҕахтаах,
Киһи дьиэлээх.
Чыычаах… (уйалаах)
Ү –
Илиилэрим тоҥнулар,
Олус кыһыл буоллулар,
Кинилэри мин кэттим,
Илиилэрим ирдилэр (үтүлүк)
Ф –
Лаампа курдук сырдыкпын,
Хараҥаҕа сырдатабын. (фонарь)
Х –
Көтөр бииһин ыраахтааҕытабын,
Сытыы тыҥырахтаахпын,
Тугу барытын мин
Ыраахтан көрөр харахтаахпын. (хотой)
Ц –
Илиискэ төгүрүк оҥорорго,
Көмөлөһөр аналлаахпын.
Тимр да, пласмас да да буолабын. (циркуль)
Ч –
Бириэмэни билэбин,
Тик-так диэн тыаһыыбын. (чаһы)
Ш –
Миигин бары үрэҥҥит,
Төп-төгүрүк оҥороҕут,
Алыс күүскэ үрдэххэ
Тэстэн хаалар эбиппин. (шарик)
Щ –
Дьоннор тиистэрин сууйабын
Мап-маҕан оҥоробун. (щетка)
Ы –
Ким биһиэхэ үүт биэрэр?
Отунан аһылыктанар,
Икки муостаах, туйахтаах,
Синньигэс кутуруктаах. (ынах)
Э –
Банаанынан аһылыктанабын,
Итии дойдуга олоробун (эбисийээнэ)
Ю –
Эргийэбин-эргийэбин,
Биир соҕотох атахтаахпын (юла)
Я –
Кыһыл, күөх өҥнөөхпүн,
Олус минньигэс фруктабын (яблоко)

Түмүк

Түмүктээн этэххэ оҕо да улахан да киһи таабырыннары таайалларын олус сөбүлүүр дьарыктара буолар. Таабырын оҕо өйүн-санаатын, толкуйдаан таһаарар, быһаарар дьоҕурун сайыннарар. Ону тэҥэ хас биирдии оҕо уруһуйдуурун сөбүлүүр, уруһуйдарынан таайарын ордорор. Бу кинигэбинэн уһуйаан оҕолоругар дьарык ыыттыбыт. Оҕолор олус сөбүлээтилэр, көхтөөхтүк кытыннылар.

Мин бу кинигэбэр толкуйдаан оҥорбут таабырыннарым, уруһуйдарым киирдилэр.

Бу оҥорбут Азбукабыт буукубалары үөрэтэргэ табыгастаах буоллун диэн оҥордубут. Тоҕо диэтэххэ аныгы үйэ оҕото компьютеры, гаджеты кытта олус доҕордоһор.

Бу кинигэм оҕо интириэһин тардыа, ону таһынан уһуйаан оҕолоругар, маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэригэр, уһуйаан иитээччилэригэр, учууталларга көмөлөөх буолуо дии саныыбын.

Туһаныллыбыт литература

  1. Авакумов М.С. “ААҕыы дьоҕурун сайыннарар сүһүөхтэр” көмө пособие. Күндэйэ 2010.
  2. А.П Колесова «Буукубаар» Дьокуускай . Бичик. 2006.
  3. И.И.Каратаев «Азбука» Саха сирин кинигэ издательствота. Якутскай 1993.
  4. «Чөмчүүк таас» журнал № 1 (17) январь-март 2010.
  5. «Чөмчүүк таас» журнал № 2 (18) муус устар – бэй ыйа 2010.
  6. «Чөмчүүк таас» журнал № 2 (18) муус устар – бэй ыйа 2011.
  7. “Бастакы үктэл” журнал № 2 (6) муус устар – бэй ыйа 2007.
  8. “Бастакы үктэл” журнал № 2 (22) муус устар – бэй ыйа 2011.
  9. “Бастакы үктэл” журнал № 1 (24) тохсунньу – кулун тутар 2012.