Арсен Рожин, «Айыы кыһата», Дьокуускай
2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ. Кэнчээри ыччаппыт хайдах иитиллэн тахсарыттан норуоппут инники дьылҕата быһаччы тутулуктаах. Оттон оҕону төрүт дьарык үтүө үгэстэригэр уһуйуу, норуот мындыр сатабылларыгар үөрэтии бастатан туран дьиэ кэргэнтэн тахсар. Ол эрээри, хомойуох иһин, үгүс дьон тыа сириттэн көһөн, төрүт дьарыктан букатын тэйэн эрэллэр. Сылгыга-сүөһүгэ убаммакка улааппыт оҕо өбүгэ өйүн, сатабылын баһылыыра ыарахан.
Саханы — сылгы киһи оҥорбута диэн дэлэҕэ эппэттэр. Саха норуотугар – сылгыны иитии үгэс буолбут үлэ көрүҥэ эрэ буолбатах, бу – үйэлэри уҥуордаан бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэн кэлбит биһиги олохпут-дьаһахпыт сүнньэ.Сылгыны көрөөһүн сыралаах, эппиэтинэстээх үлэ. Саха сирин дьонун-сэргэтин олохторун уйгута, өрөспүүбүлүкэбит туруктаах буолуута сылгы иитиини кытта быһаччы сибээстээх.
Былыргылыы үгэһи тутуһан билигин кымыһы оҥоруунан дьарыктанар Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, эһэм Лиханов Марк Прокопьевич буолар. Кини Улахан Алаас бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта, уопсайа 70ча төбө сылгыны иитэр. 2007 сылтан биэлэрин ыан, кымыс оҥоруунан дьарыктанар. Биэ ыырга анаан-минээн өбүгэлэрин сирдэригэр күрүө-хаһаа, титиик туттан, кымыс оҥорорго, көөнньөрөргө анал дьиэ оҥостон күн бокуойа суох үлэлиир-хамныыр.
Биэ ыаһына олус үлэлээх, ылбычча киһи сыстыбат үлэтэ. Сарсыарда алта чаастан киэһэ аҕыс чааска диэри сылгы турар сиригэр далга-күрүөҕэ баар буолуоххун наада. Ол курдук, кулуннарын араартаан, титииккэ киллэрэн баайыллар. Биэлэри бэйэлэрин киэҥ күрүөҕэ мэччитэ-мэччитэ, титииккэ киллэрэн күн устата 5-8 ыыгын. Биир биэттэн күҥҥэ 5 лиитэрэҕэ тиийэ үүтү ылыахха сөп. Эһэм биэлэрин сайынын эрэ буолбакка, төгүрүк сыл устата ыыр.
Ынах үүтэ — тылыгар дииллэрин курдук эмиэ, биэ үүтэ — тылыгар. Ол эбэтэр хайдах аһатаргыттан, көрөргүттэн-истэргиттэн үүтэ олус тутулуктаах. Сылгы төһө даҕаны томороон тымныыга таһырдьа кыстаабытын иһин, көрүүгэ-истиигэ олус наадыйар. Үөр сылгыны мэлдьи кэтээн көрө сылдьыахтааххын, кэмигэр эбии аһатыахтааххын. Оччоҕо эрэ Дьөһөгөй оҕото барахсан үчүгэй төрүөҕү биэрэр, сайынын биэ үүтэ үрүлүйэр.
Киһи олоҕор уонна доруобай буолуутугар ас, аһылык ураты улахан суолталаах. Чөл туруктаах, төрөөбүт дойдутун, айылҕатын аһынан аһыыр киһи чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах буолар.Аар-саарга аатырбыт утахпыт – кымыс, былыр-былыргыттан киһи аймахха эмтээҕинэн биллэр. Кинини бухатыырдар утахтарынан, чэгиэн-чэбдик буолуу, уһун үйэлэнии аһынан ааҕаллар.Кымыс киһи этигэр-хааныгар наада буолар иҥэмтиэлээх сэбдьилэринэн баай уонна кинилэр эккэ-хааҥҥа үчүгэйдик, түргэнник иҥэр буоланнар, киһи хаанын састаабын, эргийиитин, ис уорганнарын үлэлэрин тупсарара биллэр. Саха биэтин үүтэ ынах үүтүттэн хас да төгүл элбэх С бэтэмииннээх, чэпчэкитик эккэ-хааҥҥа иҥэр саахарынан, белоктарына, минеральнай сэбдьилэринэн баай, онон тыйыс айылҕалаах, хоту дойду киһитигэр улахан суолталаах. Дьэ, ол иһин, сахалар кымыһы саамай ыарахан үлэ бириэмэтигэр иһэллэрэ, ордук от охсооччулар сүрүн утахтарынан кымыс буолар. Кымыһы билигин эмп гынан антибиотиктары кытта дьүөрэлэһиннэрэн тыҥа, бүөр, уҥуох сэллигин утары, араас куртах-оһоҕос, сүрэх-тымыр, ньиэрбэ ыарыыларыгар, битэмиин тиийбэт буолуутугар, күүс-уох эстиитигэр тутталлар.
Эһэм кымыһын былыргы төрүт үгэстэргэ олоҕуран оҥорор. Кымыс оҥорор ньымаҕа кини аҕатыттан уонна сопхуос кырдьаҕас үлэһиттэриттэн үөрэнэн хаалбыт. Билиҥҥи кэмҥэ төрүт ньыманан кымыс аһытыытын оҥорор дьон ахсааннаах диэххэ сөп. Ол иһин эһэм кымыһа олус минньигэс уонна иҥэмтиэлээх. Быйыл Туймаада ыһыаҕар эһэм Марк Прокопьевич «Кымыс – Айыы аһа» диэн бэстибээлгэ сэттис төгүлүн кыттыбыта. Ол күрэхтэһиигэ Саха сирин араас муннуктарыттан барытыттан кымысчыттар кэлэн кыттыбыттара. Икки күн устата дьүүллүүр сүбэ барытын көрөн-истэн, кымыстары анал лабораторияҕа чинчийтэрэн баран, түмүгү таһаарбытыгар, эһэм кымыһа бастыҥ кымыһынан ааттаммыта. Биэ ыырга, кымыс оҥорорго бэйэм эмиэ көмөлөһөр буоламмын, ити кыайыыга олус диэн үөрбүтүм.
Маны таһынан эһэм кыһын устата кымыһын «Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо сэллигин эмтиир санаторийга» туттаран, оҕолор үтүөрэллэригэр, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэригэр үлэлэһэр. Бу мин санаабар олус уопсастыбаҕа туһалаах, улахан кэскиллээх хамсааһын. Өссө эһэм биир улахан саҕалааһынынан буолар кыраайы үөрэтэр түмэли тэринии. Кини бэйэтин баҕатынан, үүнэр көлүөнэҕэ анаан, дьиэтин тэлгэһэтигэр сахалыы балаҕан туттан, түмэл тэрийэр түбүгэр ылса сылдьар. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан былыргы туттар тэриллэри хомуйар. Номнуо түмэлгэ 19 үйэ кэриэн ымыйаларыттан саҕалаан, кымыс көөнньөрөр симиир иһиттэригэр тиийэ иһит-хомуос, буораҕынан иитиллэр алта кырыылаах уостаах саа, араас булт тэриллэрэ бааллар. Балаҕаҥҥа киирэн биһиги элбэх саҥаны көрөбүт, билиибит-көрүүбүт кэҥиир.
Мин үлэни өрө туппут, элбэҕи билэр-көрөр, сатабыллаах эһэлээхпинэн киэн туттабын. Инникитин сылгыга-сүөһүгэ сыстан, төрүт сатабылларга уһуйуллан, төрүт дьарыкпытын утумнуур дьон буолуохпут дии саныыбын.