Биһиги Бахсыбыт нэһилиэгэ үгүс үһүйээннээх, кистэлэҥнээх дойду. Ол онтон биир үһүйээни кэпсиэм. Бахсыга Слепцов Петр Иванович диэн ааттаах оһуохайдьыт, тыллаах-уустаах, Бахсы былыргытын үчүгэйдик билэр, сылгыһыт киһи баара. Кини оҕолоро, сиэттэрэ билигин манна олохсуйан олороллор. Урут колхуоска, сопхуоска сайын от биригээдэлэрэ тэриллэллэрэ. Биригээдэҕэ улахан дьону кытта оҕолор эмиэ тэҥҥэ сылдьаллара. Барыта илии үлэтэ буолар. Бүөтүр Уйбаанабыс сайын ол курдук оттуу сылдьан кэпсээбитин, кэргэним Барашков Николай Крисьянович, оччолорго кини уонуттан тахсыбыт оҕо, өйдөөн хаалбытын эһиэхэ тиэрдэбин:
— Илин Бэс Тумуһах сайылык соҕуруу өттүгэр Кыл Харбаабыт диэн сир баар. Ол сир тоҕо оннук ааттаммытын туһунан биир киэһэ Бүөтүр, атын алааска тиийэн баран, маннык кэпсээбит. Бу сиргэ хаһан эрэ былыр икки атыыр охсуспуттар. Мантыкаларыҥ көннөрү атыыр сылгылар буолбакка, биирдэстэрэ Үөһээ дойду улуу атыыра, иккиһэ Орто дойду дуолан атыыра. Охсуһан-охсуһан, Орто дойду атыыра кыайыылаах тахсыбыт. Үөһээ Дойду атыыра кыайтаран, самнан үөһэ диэки, куотан истэҕинэ, Орто дойду атыыра кутуругуттан хабан хаалбыт да, тохтоппотох, анарааҥҥыта, сүр түргэнник үөһэ куоппут. Атыыр аҕыйах кылы харбаан хаалбыт. Ол иһин бу алаас Кыл Харбаабыт диэн ааттаммыт.
Үһүйээн киһи өйүгэр баппат эрээри, киһи кутун-сүрүн угуйар туох эрэ дьиктилээх буолар. Оннук түгэн дьиҥнээхтиик буолбутун-буолбатаҕын болҕомтоҕо ылбаккын. Киһи кыаҕын, сатабылын баһыйар, өйүн өрүкүтэр ис хоһооно – кини кистэлэҥэ буолар.
Күндү оҕолор! Бу олус туһалаах үлэҕитигэр өссө ситиһиилэри баҕарабын. Оҕо сааһыттан төрөөбүт улууһун историятын чинчийбит, үөрэппит, нэһилиэктэрин кэрийбит, сээркээн сэһэнньиттэрин, ырыалаах-тойуктаах, талааннаах дьонун көрсүбүт, кэпсэппит оҕолортон хайаан да тумус дьон тахсыаххыт диэн, эрэнэ, үөрэ хаалабын.
Барашков Николай Крисьянович Слепцов Петр Ивановичтан 70-с сылларга истибитин кэпсээбититтэн суруйдулар Жиркова Лина, Максимова Карина, Бахсы нэһилиэгэ, Чурапчы улууһа.
Владимир Григорьев хаартыскаҕа түһэриилэрэ, Дьокуускай.