Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдутун кытары ыкса ситимнээх буоллаҕа. Төрөөбүт дойдугуттан ыраах сиргэ тэлэһийэн, атын сиргэ да олохсуйа бардаххына, төрөөбүт дойдугар анаан, кини устуоруйатын туһунан суруйуоххун баҕараҕын. Биир оннук сүдү, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх киһинэн, олоҥхону бөлөҕүнэн толорооччу, оһуохайдьыт, тойуксут, алгысчыт, хомусчут, сэһэнньит, отоһут Харлампьева Каролина Петровна буолар.
Каролина Петровна Харлампьева олоҥхотун туһунан ыйыппыппытыгар бу курдук бэлиэтиир тыл билимин хандьыдаата Айталина Кузьмина бу курдук бэлиэтээтэ: “Бу олоҥхону мин уон сыл толкуйдаммытым уонна биэс сыл иһигэр аргыый соҕустук суруйбутум. Бу олоҥхону бастаан суруйарга туох санаа киирбитэй диэтэххэ, суруйарбар мин Бүлүүттэн түһэр алын Түҥ эбэҕэ, төрөөбүт дойдубар, былыр эбэҥки норуота төрөөн-үөскээн ааспыт уонна эбэҥкититтэн төрүттээх дьоннорбут буоларын быһыытынан, төрөөбүт дойдум кэрэ айылҕатын уонна онно олохсуйан ааспыт дьоннор тобохторо иккистээн эргиллибитин көрбүтүм. Түҥ эбэ диэн ити Амыһахха баар Симиликээн диэн сири ааттыыллар. Бу сир күөх айылҕаны харыстааһын биир ытык сирэ. Ити сиргэ миигин бииргэ төрөөбүт убайым, Баһылай Бөтүрүөбүс Харлампьев уонна быраатым Уйбаан Бөтүрүөбүс Харлампьевтар илдьэ сылдьыбыттара. Онно тиийэн мин түүл түһээбитим. Суруйуу сыала-соруга диэн бу олоҥхонон Саха норуотугар, Үгүлээт түөлбэтэ төрөөбүт дойдум оҕолоро, дьоно-сэргэтэ аҕыйаан испиттэрин, мин кинилэр араас кэмҥэ, араас үлэһиттэр кэлэн ааһан олорбут олохторо уонна итиннэ урукку кэмҥэ бу Амыһах диэн сиргэ Түҥҥэ элбэх наһаа элбэхтик буолбакка дьон-сэргэ олорон ааспыттарын түүлбэр көрбүтүм. Хомойуох иһин, бу сир кэрэ айылҕата улахан баһаардарга умайан хаалбыта, кэлин айылҕата чэчирээн, олохтоохтор оҕолоро үөскээннэр, бу дойдуга иккиһин эргийэн кэлэннэр, бултаан-балыктаан, Үгүлээккэ ыччат бөҕө үөскүө, төрөөбүт дойдуларынан киэн туттуохтара диэн, итинник сыаллаах-соруктаах мин бу олоҥхобун суруйбутум. Ыччат дьон, билиҥҥи кэм оҕолоро, санаалара өскөтүн ураты буолар, ол гынан баран, бу хаалбыт дьонтон үөскээбит-төрөөбүт оҕолоро дойдубутугар туох ханнык дьон кэлэн ааспыттарын билиэхтээхтэр диэн сыаллаах этим, ол иһин итини мин санаабын «уураммын” олоҥхонон дьүһүйэргэ холоммутум.
Олоҥхо, биир улахан маҥнайгы уратытынан, төрөөбүт түөлбэттэн төрүттээх биир олохтооҕо Борис Алексеевич Алексеев-олоҥхоһут Барыыс “Эрбэхтэй Мэргэн” диэн олоҥхотугар олоҕуран олоҥхоҕо дьүһүйүү буолар. Бу бэйэ түөлбэтин киһитин олоҥхотугар олоҕуран суруллубут олонхо сонун, сэдэх көстүү буолар, биир дойдулааҕын айар үлэтин үйэтитии быһыытынан сыаналыахха сөп. Бу олонхолорго урут Үгүлээт сиригэр урут олоро сылдьыбыт дьон дьылҕата ойууланар.
Иккиһинэн, Каролина Харлампьева төрөөбүт-үөскээбит сирин Үгүлээт түөлбэтин Түҥ өрүһүн туһунан уонна кэрэ айылҕатын туһунан олоҥхотугар элбэхтик хоһуйбут. «Бу айымньыга Түҥ өрүс аата хаста да ахтыллан ааһар, эпическэй ландшафт быһыытынан киирбит; “Курулуу сүүрэр Түҥ эбэ уутунуу…”, “Өлөөн өрүс саҕа…”. диэн филологическай наука кандидата А.А.Кузьмина бэлиэтиир. [1.11].
Үсүһүнэн, дьүһүйээччи олоҥхотугар урут Түҥ өрүс кыйа олохсуйа сылдьыбыт эбэҥки норуотун култууратын көрдөрбүт. Урут Түҥ өрүс кытыытынан эбэҥки омуга олохсуйан олорбуттара. Ол да иһин Үгүлээт сирдэрин, күөллэрин аата үксэ эбэҥкэлии ааттаахтар: Манамычаан, Муоһааны, Амыһах, Андында уо.д.а. Каролина Харлампьева олоҥхотугар саха уонна эбэҥки култуурата алтыһалларын көрөбүт. Ол дьиҥ чахчы урут олоро сылдьыбыт норуоттар дьылҕалара көстөр. Саха уонна эбэҥки норуоттара, бэйэ-бэйэлэрин кытары алтыһаннар, ыал буолан, биир саха диэн омук аатын ылбыттара.
Олоҥхо сүрүн дьоруойа тоҥус бухатыыр. Кини төрүттэрин курдук тоҥус хааннаах бухатыыр. Ааптар олоҥхотун дьоруойдара эбэҥкиттэн төрүттээх дьон буолар. Бухатыыр төрөппүттэрэ: Күндүүнэ, Билиилээх уонна убайа Кыылдьыт бухатыыр эбэҥки омуга буолаллара аттарыгар да көстөр. Олонхоҕо атын да эбэҥкэ дьон аата үгүстүк көстөр: Үрүҥ Көмүс Аранчыкаан бухатыыр, Күбэйэ кыыс уо.
Айталина Ахметова бэлиэтиринэн, Бүлүү олоҥхолоругар тоҥус бухатыыр уобараһа күүскэ арыллар. Ол курдук, бу олоҥхоҕо Эрбэһин бухатыыр эбэҥки бухатыырын быһыытынан, майгыта-сигилитэ атын олоҥхо бухатыырдарынааҕар ураты. Холобур, К.Г.Оросин Ньургун Боотуру олонхо саҕаланыытыгар «Уол о5о одьунааһа, саха киһи бастыҥын холобурдаах киһи буолла» диэн кэрэхсиир тылларына хоһуйбута, бухатыыр үтүө санаалаҕын көрдөрөр. Оттон ааптар Эрбэһин бухатыыры « Үллэн-баллан сириэдийэн, улахан киэбэ киэптэнэн, баай ыала баһа бастанан, туора тотон тыыллаҥнаан, хабыллаҥнаан олорбута үһү” диэн этиитэ бухатыыр кытаанах майгылаа5ын туоһулуур. Ону таһынан, манна уол тоҥуй майгылааҕа биэс сылы быһа кыыһы быыһаары абааһы бухатыырын кытта охсуһуута ойууланар, манна иккиэн сылайыахтарыгар диэри охсуһан баран, бүтэһигэр Абааһы бухатыыра кыыһы былдьаспаппын тохтуохха диирин ылыммакка, өлөрөн, үөн аһылыга гынар, ол кэннэ кыыһыран-абаран кэлэн кыыһа хамначчытынан үлэлэтэр. Манна эбэҥки бухатыыра өстөөҕө көрдөһө сатаабытын ылыммат, аһыммат, санаабт тиһэҕэр диэри толорорун көрдөрөр.Кыыска тоҥуй, истиҥ сыһыаны көрдөрбөккө биэс сыл үлэлээн баран үөлэһинэн көтөн халбытын кэннэ, биирдэ үтүө киһини хомоппутун дьэ өйдүүр. Мантан инньэ кини майгыта уларыйан, сүрэҕэ ууллан сиэрдээх киһи уобараһыгар чугаһаан барар. Айталина Ахметова этэринэн, Бүлүү сүнньүнэн сахалар уонна эбэҥкилэр ыкса ситимнээхтик олорор буолан, сорох Бүлүү олоҥхолоругар ол түгэннэрэ көстөр диэн этэр. Холобур, манна эбэҥки тоҥуй бухатыыра Эрбэһин саха үтүө санаалаах кыыһын хомоппута көстөр. Эрбэһин бухатыыр эр киһи быһыытынан, кыыһа барбытын кэннэ, дьэ, биирдэ ис сүрэҕиттэн таптыыр киһитин куоттарбытын өйдүүр. «Киһи ис айылгытын, сигилитин итиннэ хабаатыннаран, эҥин эгэлгэлээн ойулааһын абааһылар уонна айыылар, сирдээҕи дьон майгыларынан олоҥхоҕо түгэхтээн көрдөрүллэр. Олоҥхо былаһын тухары кинилэр айыы тапталынан киһитийиилэрин эрэйдээх-муҥнаах, эндирдээх суоллара сиһилии арыллар.Кыыска тоҥуй, истиҥ сыһыаны көрдөрбөккө биэс сыл үлэлээн баран үөлэһинэн көтөн халбытын кэннэ, биирдэ үтүө киһини хомоппутун дьэ өйдүүр .Мантан инньэ кини майгыта уларыйан, сүрэҕэ ууллан сиэрдээх киһи уобараһыгар чугаһаан барар. Кыыһын көрдөөн булан, кэргэн ылан истиҥник сыһыаннаһар, тапталынан угуттуур.
Айталина Ахметова тоҥус бухатыыра аҕатын тылын улгумнук истэрин, толорорун бэлиэтиир. Ол курдук, бу олоҥхоҕо уол аҕата Билиилээх иккитэ өлөөрү гынан, уолугар илдьит ыыттарар, төһө да ыарахан көрдөһүүлэрин иһин Эрбэхтэй ону улгумнук толорор. Төрөппүттэргэ ытык иэс, аҕаҕа ытыктабыл иэйиитэ көрдөрөр. Бухатыыр кэргэннэнэн баран бухатыы анал күүһүн сүтэрэр диэн баар эбит. Ол эрэн, бу олоҥхоҕо Эрбэстэй биир улахан уратытынан аҕатын көрдөһүүтүн ылынан аллараа дойдуга айаннаан Уот Уһутакы Чаҕылҕаҥҥа тиийэр.
Бүлүү олоҥхотугар бухатыыр ата иччитигэр наар сүбэлиир-амалыыр кэрчиктэрин бэлиэтииллэр. Ол курдук Эрбэстэй бухатыыр ата иччитигэр ыксаллаах, кутталаах кэмҥэ чаҕыйбакка сүбэлиирин көрөбүт.
Олоҥхоҕо саха дьахтарын муудараһын, өйүн, албаһын таба көрөбүт. Ол курдук, кэргэнэ аҕата бастакы көрдөһүүтүнэн уолу сорукка ыыппытыгар « Утуйа сытар хагдаҥ эһэҕэ ыытан сиэттэрээри кыналлар эбит дии» диэн сэрэйэр. Ол кэннэ, олоҥхо түмүгэр Уот Уһутакы Чаҕылҕантан быыһанаары дьиэтин анал хахханан бүрүйэр. Ьу Каролина Харлампьева эбэҥки уола уонна саха кыыһа бэйэ-бэйэлэрин кытары өйдөһөн, ыал буолан, биир сомоҕо буолбуттарын көрдөрбүт.
Саха уус-уран норуотун фольклоругар майгынныыр өрүттэрдээх. Холобур, Бухатыыр кыыһы хамначчытынан үлэлэтэрэ, тугут буолан кыыс уларыйарын уоран көрөрө, оттон тириитин уоттаан кэбиһэрэ, норуот «Үчүгэй Үөдүйээн уонна Куһаҕан Холдьугур диэн остуоруйатыгар майгынныыр».
Олоҥхо ис хоһоонунан биир улахан уратытынан, олоҥхо түмүгэр «Кутурук салайар тойук” туойуллубут. Айталина Ахметова этэринэн, Бүлүү олонхоһуттара ити тойугунан сырдык күүстэртэн, иччилэртэн көмө көрдүүллэр диир. Олоҥхолоотохторуна аллараа дойду абааһылара истэннэр күрэстэһээри алдьархай таһаарыахтара диэн сэрэхэчийэллэр эбит.
Каролина Харлампьева “Эрдэҕэс кутуругун курдук Эриллэҕэс уҥуохтаах Эрбэһин бухатыыр” олоҥхотун ис хоһоонунан ураты кэрчиктэрин чинчийэн баран маннык түмүктэргэ кэллим:
1 Төрөөбүт түөлбэ олоҥхоһуттарын үгэһигэр олоҕуран ураты ис хоһоонноох, култууралаах олоҥхону дьүһүйүүтэ сонун көстүү
2 Түҥ өрүс кыйа олохсуйан олоро сылдьыбыт эбэҥки норуотун култууратын олоҥхоҕо таба киллэрэн дьүһүйбүтэ ис хоһоонун ордук интэриэһинэй, төрүт олохтоох омуктар баай култуураларын туоһулуур.
3 Төрөөбүт түөлбэтин олоҥхотун кэрэ айылҕатын олоҥхо тиэкиһигэр таба киллэрбитэ ордук киэргэппит, киһи болҕомтотун тардар ураты күүстээх.
4.Төрөөбүт түөлбэтигэр урут олоро сылдьыбыт дьон баай историятын, култууратын олонхо нөҥүө дьүһүйбүтэ кэрэхсэбиллээх.
Онон Каролина Харлампьева « Эрдэҕэс Кутуругун эрийэ туппут курдук эриллэҕэс унуохтаах Эрбэһин бухатыыр» олоҥхото ураты ис хоһоонноох айымньы быһыытынан сыаналыыбыт. Кини бу олоҥхонон урут төрөөбүт түөлбэтигэр олоро сылдьыбыт омуктар култуураларын таба ойуулаан көрдөрбүтэ, норуотун дьиҥ-чахчы урукку олоҕун дьүһүйбүтэ кэрэхсэбиллээх.
Ыстатыйан суруйда: Бүлүү улууһун И.В.Яковлев аатынан Үгүлээт орто оскуолатын уон биирис кылааһын үөрэнээччитэ Анна Колтовская.
Салайааччы: Хаарчаана Ивановна Семенова, И.В.Яковлев аатынан Үгүлээт орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын үрдүк категориялаах учуутала.