Саха саныырынан туох барыта иччилээх. Холобур, күөсчүт иһит оҥоро олорон, иһитэ чоҥкунаатаҕына «иччитийбит» диэн буолара үһү. Онтон туох эмэ кураанаҕы, бас билиитэ суоҕу «иччитэ суох», «иччитэх» дииллэр.
Иччи — айыы да, абааһы да буолбатах. Кини сүрүннээн орто дойдуга олохтоох. Ол эрэн үөһээ да, аллара да дойдуга иччилэр эмиэ бааллар (Винокуров «Иччи (духи-хозяева)…). Холобур, К.Г. Оруоһун «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар аллараа дойду хайаларын иччилэрэ икки саастаах олорор оҕо саҕа алтан эмэгэт буолан көстөллөр. Аны онно от-мас иччилэрэ эмиэ ойууланаллар. П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар Тыһы Тыймыыт диэн аллараа дойду хочото — Өлүү Чөркөчүөх иччитэ баар. М.Н. Андросова «Күл-күл Бөҕө оҕонньор, Силирикээн эмээхсин икки» олоҥхотугар Үөдэн түгэҕин иччитэ Ытык Тураахайдаан көстөн ааһар. Ити курдук элбэх холобур баар. Үөһээ дойду соҕуруулуу-арҕаа халлааныгар олорор Улуутуйар Улуу Тойон баһылыктаах үөһээҥҥи абааһыларга иччилэр эмиэ көстөллөр. Ол курдук Ойуунускай олоҥхотугар ол дойду иччитэ Ньахсаат Буурай диэн, оттон Эҥсэли Кулахай диэн байҕалларын иччитэ Ытык Иэрэгэй Удаҕан диэн эбит. Иччилэр илин халлааҥҥа олохтоох үрдүкү сырдык Айыылар дойдуларыгар эрэ суохтар. Онон олоҥхо матырыйаалларынан көрдөххө, иччи орто дойдуга эрэ олохтоох буолбатах эбит. Ол эрээри саха итэҕэлин быһыытынан, айыы аймаҕын олоҕор-дьаһаҕар саамай суолталаах иччилэр орто дойдуга олороллор.
Биир оннук саха олоҕор улахан дьайыылаах иччинэн Уот иччитэ буолар. Кини нөҥүө араас сиэри-туому оҥороллор, атын иччилэри, үрдүкү Айыылары кытары ситимнэһэллэр. Аһыахтарын иннигэр, туохтан эмэ үөрдэхтэринэ-көттөхтөрүнэ, тугу эрэ көрдөһөөрү гыннахтарына ас күндүтүттэн бэрсэллэр, аһаталлар. Онуоха саха маҥнай аһын халлааҥҥа үөһээ дук гынан баран уокка биэрэр эбит. Уот иччитин маннык диэн хоһуйаллар:
Алаас сыһыы быһаҕаһын саҕа
Аал Дууп мас холумтан дьаарбаҥнаах,
Суостуганнаах суо-хаан
Оһох дурдалаах,
Аһаах мас аһылыктаах,
Хаппыт мас харыҥнаах,
Үөл мас өйүөлээх,
Күл сыттыктаах,
Көмөр суорҕаннаах,
Кыырык төбө,
Кырыа чанчык,
Чүүччү кыламан,
Алтан баһырҕас
Аал уотум иччитэ
Хатан Тэмиэрийэ эһэкэм!
Онон уот иччитэ кыырыктыйбыт баттахтаах, бытыктаах кырдьаҕас оҕонньор буолан көстөр. Кини үөрүнньэҥ, өһүргэс майгылаах. Алаһа дьиэни көмүскүүр айылгылаах. Инникини билгэлиир, билэр дьоҕурдаах. Холобур, ыраахтан ыалдьыт кэлиэх буоллаҕына, оһохтон чох ыстанара үһү. Онтон оһохторун чоҕо субуу курдук уунан таҕыстаҕына, ыраахтан таһаҕастаах дьон кэлэр диэн билгэлииллэрэ. Чох ыстанан киһиэхэ түстэҕинэ, үтүөнү биттэнии курдук ылыналлар. Оттон ханна эмэ ыраах айанныахтарын иннинэ, уоттара улаханнык таһыргаатаҕына, куһаҕаны биттэннэ диэн айаннарын да тохтотоллоро үһү. Уоту уһуктааҕынан таарыйбаттар, чоҕу дьөлү анньан ылбаттар, уот иччитин бааһырдыахха сөп. Уот иччитэ өһүргэннэҕинэ, кыыһырдаҕына киһини хаарыйар, быртаҕырдар. Онон уокка улахан ытыктабылы мэлдьи тутуһаллара.
Олорор дьиэ иччитэ — Дьиэрдэ Бахсыыла диэн. Кини оҕонньор буолан көстөр. Соҕуруулуу-арҕаа муннукка тойон баҕанаҕа олорор. Бүлүү сахалара дьиэ иччитин Өтөхөөн эмээхсин диэн ааттыыллара үһү. Хотон иччитэ — Ньаадьы Дьаҥха диэн. Саха өйдүүрүнэн кини үүт оҥкучаҕар эбэтэр үгэххэ олорор, онно сүөһү уонна көтөр түүтүнэн уйа оҥостор эбит. Ньаадьы хотоҥҥо кыра абааһылары киллэрбэт, оҕолору уонна ньирэйдэри көмүскүүр аналлаах. Сайылыкка көһөллөрүгэр ыал ийэтэ Ньаадьы Дьаҥхаҕа анаан дьиэ өһүөтүгэр, үрүтүгэр үрүҥ аһы ыһара, оттон кыстыктарыгар төптөрү кэлэллэригэр долборукка ууллубут арыыны омурдан ыла-ыла ыһара. Сүөһү өлөрдөхтөрүнэ, эбэтэр сүөһү төрөөтөҕүнэ буспут хаан кырбаһын быдараахха (кыракый туос иһит) уган Ньаадьыга анаан өлүүлүүллэрэ. Сороҕор оһохтон кытара сылдьар чоҕу ылан хотон тас өртүгэр хотугулуу-арҕаа муннукка уураллара уонна онно кылга сууламмыт арыыны ууран сыт таһаараллара. Ньаадьы Дьаҥха — саха олоҕор биллэр суолталаах, быһа этиллибэт иччи этэ.
Тиэргэн уонна тиэргэҥҥэ турар сэргэлэр эмиэ иччилээхтэр. Тиэргэн иччитэ — Хатан Дьаралык. Сэргэ иччитэ — Тойон Түһүмэл эбэтэр Маҕан Күскэм Хотун. Олоҥхоҕо сэргэлэри тыыннааҕымсатан хоһуйаллар. Кинилэр — иэримэ дьиэ араҥаччыһыттарын, харабынайдарын быһыытынан көстөллөр. Холобур, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо маннык хоһуллар:
Үтүөнү санаабыт киһилэригэр
Үс күннүк сиртэн
″Үс киһи үйэтин үйэлэн!″ диэннэр
Үөгүлээбитинэн көрсөн
Үөрдэн ыытар эбиттэр.
Куһаҕаны санаабыт киһилэригэр
″Куруҥах маһы кууспутунан
Курулуу тур″ диэннэр
Куба-лахсыыр тылынан
Куттаан ыытар эбиттэр.
Өссө биир улаханнык ытыктанар иччинэн аан дойду иччитэ Аан Алахчын Хотун буолар. Кини хоһуллар аата үгүс: Маҥан Маҥхалыын, Аан Дархан Хотун, Аан Аалай Хотун, Аан Чэлбэй Айыы о.д.а. П.И. Еремеев суруйарынан, дьыл кэмиттэн көрөн кини аата уларыйа сылдьар эбит. Саас — Саарай Саймаарай Хотун, сайын — Далбар Наскыйа Хотун, күһүн — Күлүк Күндэйэ Хотун, кыһын — Туналыйа Хотун диэн буолар.
Аан Алахчын улахан көстүүлээх маска — хатыҥҥа, тииккэ уйаланар. Саха дьахталлара сайылыкка таҕыстахтарына сир-дойду иччитигэр анаан салама ыйыыллар. Олоҥхоҕо бухатыыр дьол былдьаһа, кэскил тэрийсэ уһун айаҥҥа аттаныан иннинэ булгуччу дойду иччититтэн сүбэ-соргу ылар, эмиийиттэн үүт иһэн күүс-уох эбинэр. Аан Алахчын Хотун от-мас иччилэрэ эрэкэ-дьэрэкэ оҕолордоох. Кинилэр оонньоотохторуна-көрүлээтэхтэринэ от-мас тыллар, сир-дойду чээлэй күөҕүнэн симэнэр.
Саха олоҕор биир улахан суолталаах иччинэн — Баай Барыылаах Байанай буолар. Кини үөрүнньэҥ, күлүүк майгылаах, кыыл тириитэ таҥастаах, улахан уҥуохтаах оҕонньор. Улаханнык күлэр киһини «Байанай курдук күлэр» дииллэрэ. Байанай сэһэни-сэппэни, остуоруйалаһары, дэлэгэй туттууну сөбүлүүр. Ол иһин булчуттар утуйуохтарын иннигэр арааһы сэһэргэһэллэрэ, кэччэммэккэ, суҥхарбакка дэлэгэйдик сылдьаллара. Байанайдар хас да ини-биилэр. Үксүгэр 7-12 байанайдары ааттыыллар. Холобур манныктар:
Баай Барыылаах, кини икки уоллаах — кыыл таба иччитэ Үөрэкэй Туутчут уонна кыһыл саһыл иччитэ Мэрили Мэргэн; Куралай Бэргэн; Добун Соххор; Суойун Эркин — мэһэйи-таһайы үөскэтэр; Нэс Балтыhах, Ондолу Бэкэнэ, Сыраана Кулук, Чочу Кылыыhыт, Элик Хандаҕас, Кустук Тарбах о.д.а. Сороҕор Байанай балтыларын ааттыыллар: Маҥан Чаҥый Ытык Субуйдаан уонна Дьылыс Кыыс диэннэри.
Уу иччитэ сахаҕа эмиэ улахан суолталаах. Кинини Күөх Боллох, Эрилик Тойон, Чыкчылын оҕонньор, Укулаан Тойон о.д. а. ааттыыллара. Өрүһү, күөлү ытыктаан “Эбэбит” дииллэр. Бүлүү сахалара уу иччитин Уу Чоҥкуруун оҕонньор дииллэрэ. Кини уола – Уукун диэн. Уу иччитэ син киһи курдук көрүҥнээх эрээри хааһа да, баттаҕа да, бытыга да суох. Балык хатырыга таҥастааҕа, уу үөнэ-көйүүрэ аһылыктааҕа. Сайын уу иччитэ тахсан, холорук буолан ытыллара. Кыһын, аһаҕас харахтаах дьоҥҥо, күөл мууһугар уот буолан көстөрө. Ол сиринэн илим үттэххэ – сүрдээх элбэх балык кэлэрэ үһү. Саха сыл аайы уу иччитигэр анаан анал туом оҥороро, бэлэх-туһах биэрэрэ (Борисов «Сахаларга балыктааһын…»).
Саха маннык киэҥ дэлэгэй дойдуга олорон, биллэн турар, олоҕун тухары уһаты-туората айан бөҕөнү айанныыра. Онуоха аартык, суол иччилэрэ улаханнык ытыктаналлара. Айан табыллыыта кинилэр алы гыналларыттан, мэһэйдэспэттэриттэн тутулуктааҕа. Биллэр ааттара — Моһол Уола, Буомча Хотун диэннэр. Улахан аартыктарга, суол төрдүлэригэр аарыма баай тииттэргэ бэлэх-туһах ыйыыллара: сиэл, таҥас кырадаһынын, туох эмэ кыра малларын хааллараллара. Дьахталлар, туох да биэрэллэрэ суох буоллаҕына, баттахтарын кытта ыйыыллара үһү. Аны «аартык сэргэтэ» диэни туруораллара. Г.Е. Федоров оннук сэргэ Ньурба Сунтаар улуустарын быыһыгар Ботомоойу үрэх үрдүгэр турбутун суруйар. Биһиги 2015 с. ол диэки экспедицияҕа сылдьаммыт, биир бэрт судургу оҥоһуулаах сэргэ турарын көрбүттээхпит.
Сахаҕа аны тыл иччитэ диэн өйдөбүл баар. Ытык Чыыбыстаан диэн ааттыыллар. П.П. Ядрихинскай «Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» олоҥхотугар тыл иччитэ дьиэрэҥ диэн ааттаах кыра чыычаахха кубулуйар. Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхотугар тыл иччитэ ымыы чыычаах буолан көтөр. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотуругар» Туйаарыма Куо туойбут тойугун иччитэ туруйа буолан көстөр. Былыр улуу олоҥхоһуттар, ырыаһыттар тойуктара иччилэнэн иһиллэрэ үһү. 1845 сыллаахха Ньурбаҕа Накаас нэһилиэгэр төрөөбүт аатырбыт олоҥхоһут, дорҕоонноох тойуксут Доҕойуукап Иван Павлович-Доҕойук уола туойан дьүрүһүттэҕинэ дьиэ иһигэр баар иһит-хомуос, хобордоох, түннүк барыта дыыгыныы, «иччилэнэн» тэҥҥэ ыллаһа олорор курдук буолара үһү.
Онон саха тугу барытын тыыннааҕымсытан көрөр майгыта бу иччилэр нөҥүө ырылыччы көстөр. Сахаҕа оннооҕор тохтор хаан иччилээх — Тимир Ньээкэ диэн ааттаах.
Ити курдук саха итэҕэйэр сүрүн иччилэрин сырдаттыбыт.
Борисов Б.Б.
Тирэх литэрэтиирэ:
1) Борисов Б.Б. Сахаларга балыктааһын сиэрэ-туома. http://sakhaetigentyla.ru/
2) Винокуров В.В. ИЧЧИ (ДУХИ-ХОЗЯЕВА) В ЯКУТСКОМ ГЕРОИЧЕСКОМ ЭПОСЕ ОЛОНХО.//Вестник СВФУ им. М.К. Аммосова: Серия Эпосоведение, номер 3 (07) 2017.
3) Колодезников С. Обряды и представления якутов, связанные с охотой. http://ilin-yakutsk.narod.ru/1991-2/20.htm
3) Курууппа Ойуун көрүүлэрэ. — Дьокуускай, 1993.
4) Обрядовая поэзия саха (якутов). — Новосибирск: Наука, 2003.