Устуоруйа билимин кандидаата, этнограф Наталья Ксенофонтовна Данилованы кытта дьиэҕэ-уокка туттуллар сиэр-туом туһунан кэпсэттибит. Иннинэн сирэйдээх, хаптаҕай кулгаахтаах, икки атахтаах көрбөтө-билбэтэ үгүс. Сиэри-туому тутуһуҥ, айылҕалыын бииргэ буолуҥ диэн ыҥырыам этэ…
«Эдьиийкээни» көрсүү
Саһыл сахаларга олус дириҥ суолталаах кыыл. Дьахтары, элбэх оҕолонууну көрдөрөр. Саһыл саҕа кэнчээри ыччаты харыстыыр ымыы буолар. Дьахтар кыайан төрөөбөт буоллаҕына саһыл тириитин «эдьиийкээним» диэн ааттыы-ааттыы, маанылаан эркиҥҥэ ыйаан туруорар. Саһыл тэллэххэ сытар. Саһылы бултаан аҕалбыт булчут кэллэҕинэ дьиэ түннүгү тоҥсуйар. Оччоҕо дьиэлээхтэр тута билэллэр. Халҕаны сэгэтэн, дьахтар дьабака бэргэһэтин уонна илин кэбиһэрин биэрэр. Эр киһи саһылга ол биэрбитин кэтэрдэр уонна тумсун сыанан сотор. Онуоха «хотуммут кэллэ, ыалдьыты мааныылаан көрсүҥ»— диэн саҥара-саҥара эр киһи булдун киллэрэр. Оччоҕо дьиэлээхтэр бары үөрэ-көтө көрсөллөр, саһыгыраччы күлсэллэр. Аал уоттарын аһаталлар. Ол курдук биир күнү быһа саһылларын дьиэ хаһаайката сытар далбар оронугар сытыараллар. Бултаммыт саһылы Бүлүүгэ кийиит кыыска тэҥнээн, кыракый ураһа курдук дьиэ тутан дьиэлииллэрэ. Иччилээх кыыл буолан удаҕаны кытта тэҥнииллэрэ.
Дьиэ иччитэ
Саҥа киирбит дьиэҕэ хаан таһаараллар, куобах, куурусса хаанын, ис уорганын саҥа тутутуллубут дьиэ көмүлүөк буоругар көмөллөр, ол үрдүгэр уот оттоллор. Эргэ дьиэлээх уһаайбаны ылан дьиэ туттубут буоллахтарына, ол ыал иччитэ саҥа дьиэҕэ баар буолан хаалар. Дьиэлээхтэр дьиэ иччитин Дьиэрдэ Бахсыны кытта хайдах сыһыаннаһалларыттан, бэйэтин иһигэр ылынар. Эргэ дьиэни көтүрэр буоллахтарына акылаатын көтүрүө суохтаахтар. Иччитэ сордуон сөп. Ол турбут дьиэ оннугар туттар буоллахха, үрдүгэр буолбакка, акылаатын онон-манан, иһинэн-таһынан түһэриллиэхтээх. Эргэ дьиэҕэ көһөн кэлэр буоллахха, арыылаах аһы дэлби уура сылдьыллыахтаах. Сылгы сиэлин уматан баран дьиэ муннуктарын кэрийэ сылдьан ыраастаныллыахтаах. Ол умайбыт күлүн салгыҥҥа үрдэрэн, көтүтэн кэбиһиэхтээххин. Этиҥ түспүт маһын илдьэ сылдьар дьон баар буолаллар. Маннык мас ыраастыыр күүстээх.
Төрөөбүт дойдуга эргиллэргэ
Уонча сылы быһа төрөөбүт дойдугар сылдьыбатах буоллаххына, иччитэ хомойор. Хайдах көрсүө биллибэт. Онон 5-6 устуука үүттээх тааһы булуохтааххын. Ону улааппыт тиэргэҥҥэр илдьэн көмөҕүн. Көрдөһөҕүн. олорбут күөлгэр тиийэн Эбэ иччитин аһатан, суорат кутаҕын. Ити олох түҥ былыргы сахалартан кэлбит үгэс. Ол кэннэ ытык маска салама баайаллар, бэлэх (манньыат) уураллар.
Ангелина Кузьмина,
Иннокентий Юрьевич Пестряков “Байанай алгыһа” уруһуйа.