Акыыда Боотур 13 оҕолооҕуттан Дуйан Өлөксөй уонна Таһыамдьы диэн ойууннар тустарынан үһүйээн. Дуйан күүстээх, олоҥхоһут, тустуук бэрдэ. Манчаары Малдьаҕарга кэлэн олорор кэмэ эбит. Дайыыла Күөгэлэп ыһыах ыспыт. Онно Нуой диэн атыыр оҕус курдук күүстээх киһини кытта тустан кыайбыт. Ини-бии икки ойуун чугас-чугас олорон ыарытыйар буолбуттар. Онон бу курдук олордохпутуна иккиэммититтэн биирбит хаалыыһы диэн Таһыамдьы Бүлүү диэки түспүт. Дуйан Өлөксөй сут кураан турбутугар ардах түһэрээри гыммытын Кырса удаҕан абын-хомуһунун күүһүнэн ардаҕы Марха уонна Хорула икки ардыгар түһэрбитин туһунан устуу бастакы аҥаарыгар кэпсэнэр.
Иккис аҥаарыгар Тыгын Дархантан куотан кэлбит Хорула Боотуру кытта Булааҥкый диэн боотур кэлбитин уонна Өнүйэ Дьаарханы дьээбэлээбитин, кэлин көнсөн иллээхтик олорбуттарын туһунан кэпсэнэр. Бу үһүйээннэри Ньурба улууһун Маар нэһилиэгин олохтооҕо 1938 с. төрүөх Николаев Иван Ильич кэпсиирин истиҥ.