Ильина Татьяна,
Нам улууһун «И.Е.Винокуров
аатынан Хатыҥ-Арыы орто
үөрэхтээһин оскуолата»

Нам улууһун биир биллэр олоҥхоһута Е.Г. Охлопков-Буоратай норуотугар өлбөт-сүппэт айымньыларын хаалларбыта. Ол курдук «Алантай Боотур» уонна «Үрүҥ Уолан бухатыыр» олоҥхолоро ордук биллэллэр. «Үрүҥ Уолан бухатыыр» ураты олоҥхото Н.В. Емельянов олоҥхолору ис хоһооннорунан көрөн араарбыт классификациятынан, урааҥхай саханы төрүттээччилэр диэн араарыыга киирсэр. Бу олоҥхо үөрэхтээхтэр, чинчийээччилэр болҕомтолорун ылыан ылар.

Биир дойдулаахпыт Е.Г. Охлопков-Буоратай «Үрүҥ Уолан бухатыыр» олоҥхото —  сахаҕа биллэр-көстөр героическай эпос. Архаическай матыыпка олоҕуран айыллыбыт олоҥхо мифологиятын дириҥэтэн ырытар, чинчийэр улахан суолталаах. К.Г. Охлопков-Буоратай «Үрүҥ Уолан бухатыыр» олоҥхотун мифологическай персонажтарын чинчийэр сыаллаах үлэ сурулунна. Онуоха туһааннаах научнай үлэни ааҕан, кылгатан бэлиэтэнии таһынан, мифологическай персонажтар Үс дойдунан наарданылыннылар уонна бу персонажтар толорор дьайыылара сырдатылынна. Бу үлэ соруктарынан буолаллар.

Егор Герасимович-Буоратай Нам улууһугар Көбөкөн нэһилиэгэр 1897 сыллаахха тохсунньу 5 күнүгэр дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. 1939 сылтан ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ. Буоратай 80 сааһыгар диэри төрөөбүт түөлбэтиттэн ханна да тэлэһийбэтэх. Буоратай олоҥхоһут быһыытынан Көбөкөнүгэр биллибит. Ыллыыр-туойар идэҕэ эһэтиттэн Охлопков Дьаакыптан уонна саҥаһыттан Хобороостон уһуйуллубут. Билэр дьон кэпсииллэринэн, Көбөкөҥҥө саамай кэрэ куоластаах, уһун тыыннаах олоҥхоһут эбит. Буоратай биллэр. «Алантай Боотур» уонна «Yрүҥ Уолан бухатыыр» олоҥхолоро күн сирин көрбүттэрэ.

Источник фотографии. Почтовые открытки природы и быта Якутии к. XIX- н. XX в. Коллекция Малых С. А.

«Үрүҥ Уолан бухатыыр» олоҥхо Егор Герасимович Охлопков-Буоратай эт илиитинэн суруйан, архыыпка туттарбыт олоҥхото буолар. 6199 тыһыынча строкалаах бөдөҥ айымньы эбит. Олоҥхону ис хоһооно сайдыытынан көрөн икки чааска араарыахха сөп. Бастакыга Үрүҥ Уолан тус бэйэтин олоҕун оҥостуута, икки айыы бухатыырын Орто дойдуга төрөтүүтэ буолар. Ол курдук олоҥхо сүрүн геройа Үрүҥ Уолан аналлаах кэргэн ылыахтаах кыыһыгар ситэри айаннаан тиийбэккэ, Ый тойон уонна Күн тойон кыргыттарыгар хоно-өрөөн икки уол оҕону төрөтөр. Олоҥхо иккис чааһын сайдыыта икки бырааттыылар тула сайдар.  Бу икки бырааттыылартан ордук күүстээҕинэн  уонна элбэх абааһы бухатыырын кыайарынан кыра уол Дьулуодьа Баатыр ойууланар. Олоҥхо биир ураты көстүүтүнэн аймахтыылар бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннаһыылара, көмөҕө кэлсиилэрэ буолар.

Хайа баҕарар архаическай олоҥхоҕо курдук, миф уонна мифология бастыҥ холобурдарын көрүөххэ сөп. Билэрбит курдук, мифология киһи аймах эрдэтээҥҥи сайдыытын кэмигэр үөскээбит норуот айымньытын ураты көрүҥэ, онон айыылар, иччилэр, абааһылар тустарынан биирдиилээн айымньылары миф диэн ааттыыллар. Мифтэргэ аан дойду айыллыыта, сир-халлаан үөскээһинэ, киһи-сүөһү үөскээн тэнийэн барыыта, олох-дьаһах туругуруута, онуоха биирдиилээн мифологическай геройдар кыттыылара, сырыылара ордук биһирэмнэнэн кэпсэнэр, хоһуллар. Мифтэр уопсай бөлөхтөрө мифология диэн ааттанар. Иккис өттүнэн, мифтэри үөрэтэр наука салаата. Мифтэр норуот айымньытын быһыытынан туспа сылдьыбаттар. Кинилэр ордук олоҥхоҕо мифологическай уобарас, сюжет, матыып быһыытынан сылдьаллар. Олоҥхоҕо урааҥхай саха олоҕо-дьаһаҕа, биис ууһун, ийэ-аҕа ууһун икки ардыгар уонна дьиэ кэргэн иһигэр көстөр сыһыаннары уонна кинилэр хараҥа күүстэри кытта охсуһууларын туһунан кэпсэнэр. Былыргы киһи айылҕа көстүбэт күүстэригэр итэҕэлэ күүһүрбүтүн, кинилэртэн куттанара уонна сүгүрүйэрэ бэрдиттэн сорох мифологическай уобарастар итэҕэлтэн төрүөттэнэн тахсыбыттар эбит.

Буоратай олоҥхотун дьоруойдара бары тус-туһунан ааттаах, атын аналлаах, ураты дьайыылаах буолаллар. 

Сахалар Үс дойду туһунан бигэ өйдөбүллээхтэр. Ол иһин эпоска мифологическай уобарастары Yс дойдуттан булабыт:

Үөһээ дойду мифологическай персонажтара
Анал ааттаахтар

Ахтар Айыыһытоҕо кутун биэрээччи айыы
Дьылҕа Хаанолоҥхо геройдарын дьылҕаларын быһаарар айыы
Күн КүөлэлдьимэКүн тойон кыыһа, Үрүҥ Уолан улахан уолун ийэтэ
Кытыгырас БараанчайДьолуодьа Баатыр ойоҕун уорбут илин халлаан бухатыыра
Кыыра Чаҥый кыргыттаркыргыһыы иччилэрэ
Нуллуо Нургун суруксутҮөһээ дойду суруксута
Обот Соллонуку уолаттаркыргыһыы иччилэрэ
Одун Бөҕөн (Одун Хаан)олоҥхо геройдарын дьылҕаларын быһаарар айыылар
Улуутуйар Улуу тойонҮөһээ үрдүк айыы
Уорда МоҕойУлуутуйар Улуу тойон ойоҕо
Уордаах Дьөһөҕөй (Соҥҥор Дьөһөҕөй)сылгы сүөһү айыыта
Үөлэн КырдьытҮөһээ дойду бухатыыра, Дьура Бөҕө быраата
Үрүҥ Аар тойонсаамай үрдүк айыы
Үрүҥ Аралы хотунҮрүҥ Аар тойон ойоҕо
Чыҥыс хаанолоҥхо геройдарын дьылҕаларын быһаарар айыы
Ытык Сандал бухатыырхаллаан бухатыыра
Ытык Ымыйалаан КуоЫй тойон кыыһа, Үрүҥ Уолан кыра уолун ийэтэ
Эдьэн Эйиэхситоҕо кутун биэрэр айыы. Айыыһыт аатын кытта бииргэ туттуллубут
Анал аата суохтар
Аҕыс кындыл маҕан кыргыттарКүн тойон кыыһын Күн Күөлэлдьимэ арыалдьыт кыргыттара
Ордо дугуй уолаттарКүн тойон кыыһын Күн Күөлэлдьимэ арыалдьыт уолаттара
КыргыттарЫй тойон кыыһын Ытык Ымыйалаан Куо чаҕардара
УолаттарЫй тойон кыыһын Ытык Ымыйалаан Куо чаҕардара

Yөһээ дойдуга айыылар олороллор. Олоҥхоттон 18 анал ааттаах уонна 4 анал аата суох персонаж баар. Хайа баҕарар эпоска орто дойду олохтоохторо бэйэлэрин айыы аймахтарынан ааҕыналлар. «Тоҕус хаттыгастаах үрдүк маҥан халлааҥҥа» олохтоох Yрүҥ Аар тойон орто дойдуну, киһини-сүөһүнү үөскэппитин туһунан мифтэр олоҥхо туллар тутаахтара. Yрүҥ Аар Тойон Yөһээ, Орто дойдулары дьаһайар, атын таҥаралары салайар. Yгэс курдук, үгүстүк Улуутуйар Улуу Суорун, Уордаах Дьөһөгөй, Дьылҕа Хаан, Чыҥыс Хаан, Эдьэн Эйиэхсит, Ахтар Айыыһыт айыылар ахтыллаллар.

«Айыы» диэн киһини-сүөһүнү айар, араҥаччылыыр. Айыы уустара тоҕустар эрэ, онтон ураты «айыы аймаҕа» диэн уус баар. Олор сири-халлааны, киһини-сүөһүнү айбаттар. Араҥаччылыыр эрэ аналлаахтар. Холобур, Одун Хаан, Дьылҕа Хаан, Чыҥыс Хаан – айыы аймахтара.

Аллараа дойду мифологическай персонажтара
Анал ааттаахтар

Адаҕалаах Ала Буурай тойонабааһы аймаҕын атамаана
Аххан Дьайаан оҕонньорТимир Суодабыл диэн абааһы аҕата
Дьорохоно УдаҕанКытыгырас Бараанчай саспыт аллараа дойдуга олохтоох абааһы удаҕана
Дьэбэкэнэ УдаҕанКытыгырас Бараанчай саспыт аллараа дойдуга олохтоох абааһы удаҕана
Тимир ТуймарыынДьулуодьа Баатыр ийэлээх аҕата хамначчыттаабыт абааһы бухатыыра
Уон Арбалдьын ойуунУот Омуруун байҕал иччитэ

Аллараа дойдуга абааһы аймах, адьарай бииһэ олорор. Анал ааттаах 6 анал ааттаах персонаһы ааттыахха сөп. Бу дойду баһылыга – Адаҕалаах Ала Буурай Тойон. Сороҕор кинини Арсан Дуолай, өссө Аҕыс Атахтаах Адьарай бөҕө дииллэр. Абааһы аймаҕа Орто дойду олохтоохторун атаҕастаан, кэрэ кыыһы уоран-талаан бараллар.

Ити курдук, мифологическай сюжеттар, уобарастар олоҥхо аайы көстөллөр. Ол иһин олоҥхо түҥ былыр үөскээбит диэн быһаараллар.

Yөһээ дойду тоҕус хаттыгастаах халлааныгар саха үрдүкү айыыта Yүт таас үктэллээх, өрүөллээх бэргэһэлээх, кириэстээх торуоскалаах Аар Тойон оҕонньор, Yрүҥ Арылы Хотун эмээхсин олороллор. Аан дойдуну айбыт үс бырааттыы үрдүк айыылартан биирдэстэрэ, халлаан уу дьулайын олохтоохторо уолугун төрдүгэр улахан бугул саҕа урдаах Улуутуйар Улуу Тойон уонна Уордаах Моҕолой Хотун эмээхсин оройунан көрбүт одьунаастара Орто туруу дьаҕыл дойдуга таҥнары быгыалаан көрө сылдьаллар.

Олоҥхобут бастакы чааһын сүрүн геройа Үрүҥ Уолан айаннаан истэҕинэ, Күн тойон кыыһа Күн Күөҕэллимэ тохтотон, дьиэтигэр хоннорор. Күн тойон кыыһа киниттэн оһоҕостоох хаалбытын, уол оҕо төрүүрүн уонна киниэхэ Балыйа Баатыр диэн ааты биэрэрин этэр. Үрүҥ Уолан Ый тойон кыыһыгар хонооһуна. Ымыйылаан Куону ойох ылан манна тохтуурга сананар. Аҕыйах буолан, уруу тэрийэллэр. Онтон Ытык Ымыйалаан уол оҕону төрөтөр.

Үөһээҥҥи абааһылар. Кинилэр эмиэ халлааҥҥа олорон, киһиэхэ куһаҕаны оҥороллор, өйүн-санаатын эмсэҕэлэтэллэр. Холобур, Кыыра Чаҥый кыргыттар уонна Обот Соллонуку уолаттар дьону сэрииһит-хаанымсах оҥороллор.

Аллараа дойду адьарайдара. Бу дойду баһылыга Адаҕалаах Ала Буурай тойон Аллараа дойду атамаана аата эрэ ааттанар.

Абааһы бухатыыра Тимир Туймарын Үрүҥ Уолан кыра уолун Дьулуодьа Баатыры кытта охсуһан өлөрө сыһар. Дьэбэкэнэ удаҕан Кытыгырас Бараанчай диэн Үөһээ халлаан бухатыыра Дьулуодьа Баатыр ойоҕун Үкэлиин Куону уорбут илин халлаан бухатыырын кистиир. Үрүҥ Уолан кыра уола Дьулуодьа Баатыр Тимир Суодабыл диэн абааһы бухатыырын кытта охсуһар. Түөрт уон абааһы бухатыыра кинини ааттаан кэлэн олороллорун истэн тиийбитигэр балаҕантан абааһы бухатыыра тахсан охсуһан бараллар. Дьулуодьа Баатыр кыайар. Аһара кыыһыран барыларын суох гынар уонна убайын, дьонун көрдүүр. Дьулуодьа Баатыр сэттэ биэни уот байҕал иччитэ Уон Арбалдьын оҕонньорго бэрик биэрэн туран, ойоҕо ханна баарын билэр. Кытыгырас Бараанчайтан ойоҕун быыһаан ылар уонна өлөрбөт. Дьулуодьа Баатыр Тимиир Туймарын абааһы бухатыырын кытта охсуһуута, түмүгэр кыайтара быһыытыйар. Одону Буурай көмөҕө кэлэн абааһы бухатыырын кыайаллар.

Үлэ түмүгэ маннык буолла: Е.Г. Охлопков-Буоратай «Үрүҥ Уолан бухатыыр» олоҥхотуттан 24 анал ааттаах уонна 4 анал аата суохмифологическай персонаж Yс дойдунан наарданна. Ол курдук, Үөһээ дойдуттан 21, Аллараа дойдуттан 6 персонаж буолла. Орто дойдуттан көстүбэтэ. Мантан көрдөххө, бары билэр Yөһээ айыыларбыт, Аллараа дойду баһылыгын — сорохторун ааттара эрэ ааттанар, быһаччы кыттыбаттар. Ол олоҥхоҕо итэҕэлтэн төрүттээх мифология мөлтөөн барбытын көрдөрөр уонна эпическэй айымньы буоларын быһыытынан, сүрүн болҕомто айыы бухатыырыгар ууруллар. Ол оннугар герой майгытын арыйарга, сырыытын чопчулуурга көмөлөөх атын мифологическай персонажтар үөскээбиттэр.

Литэрэтиирэ

1. Охлопков Е.Г. Үрүҥ Уолан бухатыыр. — Дьокуускай: Көмүөл, 2009. — 244 с.

2. Худяков И.А. Мифология / Краткое описание Верхоянского округа. — Якутск: Бичик, 2002. — С. 38-77

3. Эргис Г.У.. Мифология / Очерки по якутскому фольклору. – Москва: Наука, 1974. – С. 104-152.

Салайааччы: Павлова П.Д.,
саха тылын уонна литературатын учуутала.