Емельян Ярославскай (Губельман) Саха сирин устуоруйатыгар бэйэтин суолун-ииһин хаалларбыт киһи буолар. Кини идэтийбит революционер, судаарыстыбаннай уонна партийнай диэйэтэл, ССРС-га итэҕэли утары охсуһууну көҕүлээччи уонна салайааччы.
Кини салайбыт кистэлэҥ куруһуогуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээбит уонна салайбыт саха чулуу дьоно үүнэн, кынаттанан тахсыбыттара.
Е.М. Ярославскай 1878 с. Чита куоракка көскө кэлбит дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Читатааҕы училищены бүтэрэн баран Казаннааҕы университет иһинэн үлэлиир Читатааҕы гимназияҕа фармацевт идэтигэр экзаменнарын быһалыы туттарбыта. 1898 сылтан – РСДРП чилиэнэ. 1907 с. революционнай кистэлэҥ үлэтин иһин тутуллан хааллар уонна 5 сылга хаатырга үлэтигэр бириигэбэрдэнэр. Болдьоҕун кэнниттэн 1913 с. Дьокуускайга аҕалаллар. Манна олорон кини революционнай үлэтин тэҥэ культурнай-сырдатар уонна билим-чинчийэр үлэни ыыппыта. 1913-1915 сс. метеорологическай станция салайааччытынан, 1915-1917 сс. уобаластааҕы музейга консерваторынан (дьиҥинэн ыллахха музей салайааччытынан) үлэлээбитэ. Кини ол кэмҥэ музей тэлгэһэтигэр турар туспа дьиэҕэ олорбута. Манна үгүстүк политсыылынай бассабыыктар мустаннар дакылаат оҥороллоро, политическай боппуруостары, аан дойдуга уонна Россияҕа буола турар быһыыны-майгыны, революцияны дьүүллэһэллэрэ, ырытыһаллара.
1913-1915 сс. Дьокуускайга “Кэскил” диэн П.А. Слепцов (Ойуунускай) тэрийбит кистэлэҥ литературнай куруһуога үлэлээбитэ. Манна оччотооҕу үөрэх тэрилтэлэрин (4 кылаастаах училище, реальнай училище, учуутал семинарията о.д.а) үөрэнээччилэрэ сылдьаллара. 1915 с. куруһуок бэлиэр 70 киһилэммитэ. Куруһуокка араас литературнай мөккүөрдэр, иһитиннэриилэр, кэпсэтиилэр буолаллара, “Юность” диэн илиинэн суруллар сурунаал тахсара. Манна сылдьар эдэр дьон сыыйа политиканы ырытыһар, дьүүллэһэр буолан барбыттара.
1914 с. Дьокуускайга учуутал семинарията аһыллыбыта. Манна үксэ улуустартан кэлэн боростуой саха оҕолоро үөрэммиттэрэ. Кинилэр бэйэ икки ардыгар түмсүүлэри тэрийбиттэрэ. Ордук Бүлүү бөлөх сахаларын түмсүүтэ тэриллиилээх этэ. Кинилэр “уопсай сайдыыбытыгар” диэн эмиэ куруһуоктаахтара, 1916 с. күһүнүттэн “Дитя” диэн илиинэн суруллар сурунаалы таһааран барбыттара. Бу түмсүүгэ С. Аржаков, С. Гоголев, С. Жирков, И. Иванов-Барахов, Д. Александрова, Д. Жиркова, М. Потапова о.д.а сылдьыбыттара.
1916 сылтан сыылынай бассабыыктар саха эдэр ыччата түмсүүгэ, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылааҕын таба көрөннөр бу оҕолору сыыйа бэйэлэрин куруһуоктарыгар киллэртээн барбыттара. Бу сылга Ем. Ярославскай “Первые шаги” диэн литературнай куруһуок тэрийбитэ.
Саха дьахталларыттан бастакы коммунистка Д.С.Жиркова Ем. Ярославскайдыын хайдах билсибиттэрин маннык ахтар: “Емельян Ярославскай С. Расторгуева (бииргэ дьиэ куортамнаан олорбут кыыһым) репетитора этэ. Кини идэтийбит революционер-ленинец, марксист, үтүөкэннээх оратор, уһулуччулаах конспиратор-подпольщик этэ. Биирдэ, дьарыктар кэннилэриттэн, дьиэбит хаһаайката Ярославскайы чэйдэтэ ыҥырбыта уонна биһигини кытта билиһиннэрбитэ. Емельян Михайлович гимназияҕа хайдах үөрэнэрбитин ыйыталаспыта. Музейга үлэлиибин диэбитэ уонна үлэтин туһунан кэпсээбитэ. Тас көрүҥүттэн көрдөххө 35-40 саастааҕа, пиджактаах уонна хаалтыстаах этэ.
…Биирдэ мин Белинскайы ааҕа олорорбун көрөн “барыта өйдөнөр дуо?” диэн ыйыппыта. Уонна Белинскай олоҕуттан араас саҥаны кэпсээбитэ, уус-уран литератураттан уонна историяттан тугу ааҕыахха сөбүн сүбэлээбитэ. Хойут даҕаны Емельян Михайлович тугу аахпытым туһунан мэлдьи кэпсэтэрэ, өйдөөбөтөхпүн быһааран биэрэрэ.
…Ярославскай дьиэтэ биһиэхэ бэрт дьикти курдуга; киһи хараҕар аан маҥнай кыыллар уонна көтөрдөр чуучулалара уонна долбуурга кыстаммыт сүрдээх элбэх кинигэлэр быраҕыллаллара.
1916 с. кини Өлүөхүмэтээҕи экспедициятыттан үгүс элбэх хайа таастарын, минераллары, үүнээйи уонна үөн-көйүүр арааһын аҕалбыта…”.
Бу да ахтыыттан көстөрүнэн – Ем. Ярославскай сүрдээх дьаныардаах, киэҥ билиилээх, үлэһит киһи буолара көстөр.
Онон 1916 с. саҕалаан политсыылынайдар саха ыччатын революционнай үлэҕэ угуйан барбыттара. Ем. Ярославскай тэрийбит куруһуогар хара маҥнайгыттан М. Аммосов уонна П. Слепцов сылдьыбыттара. Салгыы кинилэр этиилэринэн куруһуокка С. Аржаков, С. Гоголев уонна Д. Жиркова киирбиттэрэ.
Д.С Жиркова дьүөгэлэрин балтылыы Середкиналары уонна К. Атласованы киллэртээбитэ. Туох баар дьарыктар чып кистэлэҥинэн Ярославскай дьиэтигэр, сороҕор Аммосовтаах Ойуунускай эбэтэр Попов дьиэлэригэр буолара. 1916 сыл бүтүүтүгэр куруһуок чилиэннэрэ сүүрбэҕэ тиийбиттэрэ, эбии Н. Бубякин, И. Барахов уо.д.а киирбиттэрэ.
Ярославскайтан ураты куруһуокка Г.И. Петровский, К.И. Кирсанов уонна ол кэмнэргэ Покровскайга олорбут Серго Орджоникидзе кэлэн кэпсэтэллэрэ, дакылааттыыллара.
1916 с. Ем. Ярославскай кэргэнинээн К. Кирсановалыын “Рассвет” диэн ааттаах эмиэ политическай куруһуогу үлэлэппиттэрэ. Манна куруһуок иитиллээччилэрэ Маркс үлэлэрин үөрэтэллэрэ, реферат суруйаллара уонна көмүскүүллэрэ.
1916 с. сэтинньи ый бүтэһигэр Ярославскай «Юный социал-демократ» диэн революционнай куруһуогу тэрийбитэ. Манна “Первые шаги” уонна “Рассвет” куруһуоктартан бэрт ахсааннаах оҕо (олор истэригэр Ньурбаттан Степан Васильев, Михаил Ксенофонтов, Дора Жиркова) киирбитэ, чып кистэлэҥ этэ. 1917 с. өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн куруһуокка Р. Цугель, В. Синеглазова, С. Калачик, И. Альперович, Н. Фаткулов, Г., Н. Шергин киирбиттэрэ.
«Юный социал-демократ» куруһуок кыттыылаахтара 1917 с. улахан дьайыыларга – олунньутааҕы уонна өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэннэ буолбут быһылааннарга быһаччы уонна көхтөөхтүк кыттыбыттара биллэр. Ол курдук ити кэмнэргэ, Ем. Ярославскай бэлиэтээбитинэн, саха ыччатын ортотугар ордук Платон Слепцов уонна Максим Аммосов чорбойбуттара — араатар уонна бассабыык быһыытынан биллибиттэрэ.
Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн үгүс сыылынайдар, олор истэригэр Ем. Ярославскай, дойдуларыгар киин Россияҕа төннүбүттэрэ. Д.С. Жиркова ахтарынан, ыам ыйын 23 күнүгэр сыылынай-бассабыыктары атаараары бириистэҥҥэ үгүс киһи мустубут. Бараары туран Орджоникидзе, Ярославскай уонна Кирсанова тыл эппиттэр. “Юный социал-демократ” куруһуок чилиэннэрэ М.Аммосов, С.Васильев, Н.Бубякин, М. Ксенофонтов (Мегежекскай), А.Попов, К.Середкина, И.Редников, Т.Атласова, Д. Жиркова учууталларыгар махтанан уонна алҕаан эмиэ тыл эппиттэр. Д.С. Жиркова ахтар: “Биһи аҕа табаарыстарбыт, учууталларбыт барбыттара. Кинилэр тустарынан үгүс үтүө өйдөбүл хаалбыта”.
Быһа түһэн эттэххэ, Ем. Ярославскай үйэтин тухары Саха сирин кытта ситимин быспатаҕа, кини саха судаарыстыбаннай диэйэтэллэригэр М.К. Аммосовка, С.В. Васильевка, И.Н. Бараховка уо.д.а сүбэнэн-аманан мэлдьи көмөлөһөрө, быһаччы өйүүрэ даҕаны.
Ем. Ярославскай биир улахан өҥөтө – Саха сирин кыраайы үөрэтэр музейыгар үлэтэ-хамнаһа буолар. Үөһээ этиллибитин курдук кини манна 1915-1917 сс. үлэлээбитэ. Ярославскай үлэлии кэлэригэр музей сабыллан, үлэтэ-хамнаһа ыһыллан турар кэмэ этэ. Экспонаттары сааһылыыр, тиһигинэн тыырар үлэ быстар мөлтөх таһымҥа турара. Онон Ем. Ярославскай хара маҥнайгыттан экспонаттары уонна коллекциялары сааһылыыр үлэҕэ ылсыбыта. Бу үлэ киэҥ билиини уонна бэриниилээх буолууну ирдиирэ. Бу хаачыстыбалар Емельян Михайловичка толору бааллара. Сааһылыыр-дьаарыстыыр үлэни кылгас кэм иһигэр кыайа тутаат, музей аанын 1915 с. ыам ыйын 31 күнүгэр арыйбыта.
Ем. Ярославскай урут киирбит экспонаттары сааһылыырын таһынан саҥа экспонаттар киириилэригэр улахан болҕомтотун уурбута. Аҥардас бастакы үлэлээбит сылыгар музейга 226 саҥа мал киирбитэ. Аны маны барытын туһанан экспозицияны саҥаттан тыырар үлэ үүммүтэ. Бу да кыаллыбыта. Ем. Ярославскай музей этикетаһын суруллуутун саҥа таһымҥа таһаарбыта.
1916 с. Ем. Ярославскай мас кэрдэр партияҕа хара үлэһитинэн киирэн Өлүөхүмэҕэ барсыбыта. Мантан кини 20 буут (320 киилэ!) араас экспонаты уонна хаартыскалары бэйэтэ түһэрэн аҕалбыта.
Ем. Ярославскай ордук араас харамайдар уонна үүнээйилэр коллекцияларын хаҥатарга болҕомтотун уурбута. Кини үлэлиирин саҕана музейга 2 тыһ. кэриҥэ үүнээйи, 2 тыһ. кэриҥэ үөн-көйүүр, 130 минерал экспоната киирбитэ. Емельян Михайлович бэйэтэ чуучула кытта оҥороро. 1916 с. музей төрүттэммитэ 25 сылын туолуутугар “Якутский областной музей за 25 лет своего существования” диэн очерк суруйбута, онно тэрилтэ устуоруйатын уонна салгыы сайдар суолун ыйбыта.
Ем. Ярославскай музейга үлэтигэр үгүс политсыылынайдары кытыннарбыта – экспонат хомуйууга, сурук-бичик үлэтигэр. Оччотооҕу билиилээх-көрүүлээх, үөрэхтээх дьон көмөтө-ньымата сайдыы саҥа суолун тыырбыта дьэҥкэ.
Онон Ем. Ярославскай олох кылгас кэм иһигэр музейы атаҕар туруоран, кини олохтообут оҥкулугар олоҕуран тэрилтэ салгыы сайдан барбыта.
Эрдэ ахтыллыбытын курдук Е.М. Ярославскай бэйэтин үөрэнээччилэрин – саха бастакы бассабыыктарын кытта ситимин быспатаҕа. 1928 с. Саха сиригэр конфедералистар өрө турууларын кэннэ “Якутское дело” диэн силистээх-мутуктаах дьыала “үллэн” тахсыбыта. Манна Саха сирин салалтатын интэриэһин көмүскүү С.В. Васильев Москваҕа соҕотоҕун тиийбитэ. Ол мунньах стенограмматыгар Е.М. Ярославскай бэйэлэрин үөрэнээччилэрин көмүскээн тыл эппитэ хаалбыт. Онно кини эппит: “… Коснусь несколько вопроса насчет руководства. Вот Степа Васильев – это один из тех якутов, которые еще в 1916 г. вступил в подпольный кружок и вел тогда уже работу. Т.Варфоломеев, Вы не входили тогда в подпольный кружок, Вы смотрели только, что из этого выйдет. И многие из национальной интеллигенции примкнули значительно позже, когда Степа Васильев активно боролся против контрреволюции… Я считаю Степу Васильева, Барахова лучшими из якутов…”.
1930-с сыллардааҕы репрециялар кэмнэригэр, С.В. Васильев балыырга түбэһэн хаалла сытан эмиэ учууталыгар Ем. Ярославскайга көрдөһүү сурук суруйбута – мин дьыалабын чиэһинэйдик көрөллөрүгэр тылгын тиэрт диэн. Ону Емельян Михайлович И.В. Сталиҥҥа суруйан турар: “Я получил письмо от Степана Васильева, якута, бывшего члена ЦКК. Он осужден по делу Максима Аммосова. Он просит довести до Вашего сведения это письмо, и я посылаю Вам копию письма и копию его заявления на имя товарища Берия.
Не зная всех обстоятельств дела, я не уверен в его виновности. Я знал С.Васильева еще юношей. Он, Максим Аммосов, Платон Слепцов, Исидор Барахов, Александр Редников, Александр Попов – это молодые якуты, входившие в подпольный кружок в Якутске. На них большое влияние оказал Серго Орджоникидзе. Серго и выдвинул его в ЦКК.
Может быть, было бы целесообразно, если бы Комиссия Партийного Контроля при ЦК ВКП(б) или НКВД более тщательно разобрались в этом деле.”
Бу сурук Ем. Ярославскай бэйэтин дьонун туһугар бүтэһиккэ дылы туруорсубутун уонна кини киһи, табаарыс быһыытынан туруору, көнө сүрүннээҕин көрдөрөр.
Е.М. Ярославскай – саха норуотун устуоруйатыгар бэйэтин дириҥ суолун хаалларбыт киһи. Кини үөрэнээччилэрэ Саха сирин сайдыытын салайсыбыттара, үгүс көлүөнэ саха дьоно туруктаах буолар төлкөлөрүн тускулаабыттара.
Борисов Б.Б.
Тирэх литература
- Е.М.Ярославский о С.Васильеве. https://mdnutkina.sakha.muzkult.ru/
- Местникова М.В. Емельян Ярославский в Якутском краеведческом музее./ Сборник научных статей. Якутский краеведческий музей им. Е. Ярославского. – Якутск: 1955.
- Прибылых А. Емельян Ярославский и якутская молодежь. http://yakutmuseum.ru/stati/emelyan-yaroslavskij-i-yakutskaya-molodezh/
- Жиркова Д.С. 50 лет в партии Ленина. Якутск: Якуткнигоиздат, 1968.