Дьиэҕэ тэллэй үөскээтэҕинэ, доруобуйаҕа улаханнык охсор, ордук оҕо доруобуйатыгар. Ол курдук төбө, сүһүөх, тыынар уорганнар ыарыылара элбиир. Мэлдьи сытыйбыт амырыын сыт-сымар кэлэр, дьиэ маһа үллэр, өҥө уларыйар, хайыта барар. Тэллэй үөскээбит миэстэтигэр муостаны көтүрүллүөхтээх. Киһи хараҕар көстүбэт мицеллэрэ дьиэ иһигэр барытыгар тарҕаммыт буолуон сөп. Маннык түгэҥҥэ муоста барыта көтүрүллэн уматыллыахтаах. Саҥа уларытыллыбыт муостаны анал эминэн биһиллэр. Дьиэ тэллэйдээбэтин туһугар чаастатык салгылатыахха, муостаҕа ууну тоҕумуохха, куруук ыраастык көрө-харайа сылдьыахха наада. 950 гр тууһу 50 гр борнай кислатаны кытта буккуйан баран, 5 л оргуйбут ууну кутуллар, онтон киистэнэн эбэтэр тирээпкэнэн тэллэйдээбит сирдэрин туох баар хайдыбыт хайаҕастарыгар киирэрин курдук кыһаллан 5-тэ сотуллар. Оччоҕо дьиэ тэллэйэ сүтүөҕэ.
Онон дьиэ хайдах туруктаах буолара бэйэ билиититтэн, сатабылыттан улахан тутулуктаах.
Буортулаах көйүүрдэри хайдах суох гыныахха?
Таҥаһы сиир көйүүр хатарыллыбыт эпэссиин (апельсин) хахтарын, герань сэбирдэхтэрин эбэтэр саҥа сибэккиилээбит сэппэрээги таҥастар быыстарыгар, сиэптэригэр уктахха чугаһаабат. Итиэннэ ромашка сибэккилэрин илдьиритэн баран салгыҥҥа ыстахха көтө сылдьар таҥас көйүүрдэрэ өлөллөр.
Кистэл буолбатах, сорох дьиэҕэ таракан кыайтарбакка олус элбээн аймыыр. Бу үөннэр -8°С өлөллөр эбит, сэрэхтээх оһоҕос ыарыыларын, дизентерия эбэтэр холера көбүтээччилэринэн буолуохтарын сөп. Кинилэри элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ суох гынар олус ыарахан. Онон маннык дьиэлэргэ таракан суох буолуутун утары үлэ систиэмэлээхтик уонна барыларыгар биир тэҥҥэ ыытыллыахтаах. Таракааны суох гынар эмтэринэн сотон баран дьиэни дэлби сууйан-сотон, ас тобоҕун тохпокко, сабыылаах иһиттэргэ уура сылдьыллыахтаах.
Булчуттарга сүбэлэр.
Тыаҕа барыах иннинэ ичигэс таҥаһы-сабы эбии ылыахха наада.
Ууга түстэххэ таҥаһы тута уларытан куурдуллар. Ону тэҥэ атах таҥаһыгар оту уктахха түргэнник куурар.
Бириһиэнинэн хомуллар солуур оҥордоххо олус чэпчэки буолар уонна ууну да кутуохха сөп. Ойууга көрдөрүллүбүтүн курдук бириһиэни тимиринэн төгүрүктэри оҥорон туттарыллар (1 уруһуй).
Балык тыаһы уорганнарынан хабан «истэр». Ууну хамсатары үчүгэйдик билэллэр. Онон күөгүлүүргэ ууну элбэхтик чомполотон тыаһы таһааран, сотору-сотору хамсаттахха өлгөм балык кэлэр.
3-5 мүн иһигэр хайыһарынан 60-70 кг ыйааһыны кыайар салааска оҥорон кэбиһиэххэ сөп. Уруһуйга көстөрүн курдук хайаҕастары оҥорон баран икки өттүттэн тэҥ мастары ууран, буолтанан туттарыллар (2 уруһуй).
Бэлэмнээтэ Ангелина Кузьмина. Хаартысканы https://yakutmuseum.ru/ саайтан туһанныбыт