Саха киһитэ кыыһы, дьахтары аал уот араҥаччытын, иэримэ дьиэ иччитин, күн күбэй ийэ сиимбэлин быһыытынан өйдүүр – ол олоҥхолорго олус үчүгэйдик кэпсэнэр. Ону ааһан удаҕаннар, ойууннардааҕар быдан эрдэ баар буолбуттара уонна ордук күүстээхтэрэ биллэр. Дьахтар харысхаллара түҥ былыргы итэҕэлтэн силис тардаллара – абааһыттан (ыарыыттан) араҥаччылыыр, дьон хатыылаах хараҕыттан, сүлүһүннээх тылыттан харыстыыр, кыргыс кэмигэр сэрии сэбиттэн көмүскүүр аналлаахтара. Ханнык харысхаллар бааллар эбитин сиһилии анаарыаҕыҥ.
Кыптыый – кыыс оҕо бэлиэтэ, харысхала
Оҕо төрөөтүн кытта абааһы сиэбэтин диэн сиэр-туом оҥорон, уйатыгар харысхал эмэгэттэри ыйыыллара, тэллэҕин анныгар угаллара. Талаҕы киэргэтэн, төбөтүгэр кыракый чуораан иилэн биһик үрдүгэр ыйыыллара. Кыыс оҕо тэллэҕин анныгар кыптыыйы угаллара. Сорох сиргэ тирии хаппарга «оҕо кута» оҥорон баттаҕынан уонна киининэн 10 түмүгү оҥорон угар үгэс тутуһуллар эбит. Ол оҕо барахсан уйан кутун бөҕөргөтөр быһыы буолара. Үчүгэйдик утуйдун диэн кубах атаҕын сыттыгын иһигэр угаллара, суорҕаныгар куһаҕан тыыны үргүтэр лыҥкынас тыастаах тиэрбэстэри эбэтэр тимирдэри тигэллэрэ. Оҕо сыыллар, хаамар буоллаҕына, таҥаһын көхсүгэр чуораанчыгы иилэллэрэ. Ол тыаһа уу-ньуулдьаҕай кырачаан киһини, кини сылдьар эйгэтин, балаҕан иһин, туора күүстэртэн ыраастыыра уонна оҕо ханна сылдьарын биллэрэрэ. Улаатан эрэр куорсун хорохой кыыс оҕо кыабакатын симэҕэ (үрүҥ көмүс, алтан тиэрбэстэн тиһэн оҥоһуллубут, кыыс кылгас тирии сыалдьатын илин өттүнэн хас да кэккэнэн сиргэ тиийэ намылыйан түһэр иилэҕэс киэргэл быа) эмиэ оннук аналлааҕа. Мантан көстөрүнэн кыыс оҕону саха ыала хараҕын харатын курдук харыстыыра.
Саха – айылҕа оҕото буоларынан, харысхаллары таастан, мастан, кыыл-сүөл сорҕотуттан, тимиртэн, үрүҥ көмүстэн оҥороллоро, оҕуруонан, өҥнөөх сабынан оһуордаан-мандардаан тигэллэрэ. Олору уус үтүө санаатынан алгыстаан чочуйара. Уус ойууннааҕар үрдүк үктэлгэ турара, онон кини илиитин сылааһа, сүрэҕин иэйиитэ, алгыс тылын илбиһэ иҥпит харысхала күүстээх буолара. Харысхаллары киһи саамай мөлтөх миэстэтигэр, «ойбоно» баар сиригэр тигэллэрэ: сүүһүгэр, чэчэгэйигэр, сүрэҕин, көхсүн хараҕын, синньигэс биилин туһунан. Ол иһин бастыҥа сүүскүн уонна чэчэгэйгин, илин-кэлин кэбиһэр түөскүн, көхсүгүн харыстыыллар. Үрүҥ көмүс куһаҕан тыыны, дьон тылын тэйитэр, оттон кыргыс үйэтигэр куйах суолталаах быһыылаах. Дьабака бэргэһэ туоһахтата күн сиимбэлэ буолар уонна уоспа ыарыыттан көмүскүүр эбитэ үһү. Кэтит көмүс бөҕөх хорук тымырыҥ тэбиэлиир кэбирэх миэстэҕин харыстыыр уонна сиэххинэн тымныы салгын киирэрин бохсор. Ытарҕа – күн аайы кэтиллэр киэргэл. Арааһа элбэх, ол эрээри билигин саамай тарҕаммыт көрүҥүнэн түгэхтээх иэмэх буолар. Кулгаахха иилиллэрэ иэмэх диэн ааттанар, оттон салбырҕаһа түгэҕэ буолар. Ытарҕаны кыыска 5 сааһыттан кэтэрдэллэрэ. Ытарҕатыттан көрөн урут дьахтар олоххо миэстэтин быһаараллара. Холобур, ортотугар дьөлөҕөстөөх буоллаҕына, кыыс кэргэннээҕин билиэххэ сөп, оттон түгэхтээх көҕүөр ойуу быһыылаах салбырҕастаах ытарҕаны элбэх оҕолоох ийэ кэтэрэ диэн сорох суруйууларга баарын этнограф А.Саввинов бэлиэтиир. Эбэттэн көмүс киэргэл сиэнэ кыыска бэриллэр удьуор салҕанарын бэлиэтиир үтүө үгэс баара. Ити курдук, көмүс киэргэлбит дьахтар тас көстүүтүн тупсарарын ааһан, харыстыыр-көмүскүүр суолтата баһыйар курдук.
Быысыбайдаан уонна оҕуруонан тигиллибит оһуор эмиэ харыстыыр аналлаах. Оһуор, уопсайынан, сахаҕа сурук суолталаах. Онон оһуору киэргэлгэ туттарга ис хоһоонун билиэххэ наада. Харысхал быһыытынан эмиэ киһи уйан, кэбирэх миэстэтин хаххалыыр буолуохтаах: сиэххэ, саҕаҕа, курга, таҥас аллараа өттүгэр, көхсүгэр туһаналлар. Дьахтар таҥаһыгар от-мас ойуута ордук барсар – үүнүүнү-сайдыыны, уйгуну-быйаҥы кэрэһэлиир. Оһуор өрүү үөһэ диэки талаһар буолуохтаах, таҥнары оҥорор аньыы эбит. Үнүгэс ойуу олох саҕаланыытын, оҕо-уруу төрүүрүн бэлиэтэ буолар. Сибэкки ойуута эдэр кыыска барсар. Куруук туттуллар көҕүөр ойуу кыыс оҕо уонна кырдьаҕас эмээхсин таҥаһыгар, малыгар туттуллубат. Төгүрүк күн ойуу, олох сиимбэлэ буолан, киһиэхэ барытыгар барсар.
Сүктэр кыыс таҥаһыгар, симэҕэр харысхала
Саха норуотун култууратыгар туспа миэстэни сүктэр кыыс таҥаһа ылар. Таҥаһын-сабын, киэргэлин-симэҕин, атын да энньэтин кыыс эрин дойдутугар тиийэн олохсуйарыгар, күндү кийиит буолан кэргэнин дьонугар маанылатарыгар, үрүҥ дьиэ үрүмэччитэ, хара дьиэ хараҥаччыта аатыран тапталлаах кэргэн, күн күбэй ийэ, далбар хотун буолан дьоллоохтук олороругар төрөппүттэрэ кыһанан алгыһынан тэрийэллэрэ. Бу барыта эрдэттэн, кыыс төрүөҕүттэн кэриэтэ, тэриллэрэ. Күн аайы кэтиллибэт симэҕин кыыс барытын толору кэтэрэ: былыргы көмүүлэри үөрэппит этнограф Михаил Носов суруйарынан, дьахтар 8 суол киэргэллээх буолара – төбөтүгэр бастыҥа, суһуох симэҕэ, ытарҕа, моой симэҕэ, кылдьыы, илин-кэлин кэбиһэр, икки илиитигэр бөҕөх, биһилэх. Маны таһынан хайаан да кыабака симэхтээх, курдаах буолара. Былыр киэргэли сон таһынан кэтэллэрэ – көмүс ыйааһына олус ыарахан, 16-20 киилэҕэ тиийэрэ диэн этнограф А.Саввинов суруйар. Ырбаахы таһынан кэтэр үгэс кэлин кутуу көмүс ыйааһынын чэпчэппиттэрин кэннэ баар буолбут. Симэх араас көрүҥэ барыта быһыылыын-ойуулуун кыыһы харыстыыр-араҥаччылыыр уонна үтүөнү тардар, аҕа ууһун тэнитэр кыаҕы биэрэр суолталааҕа. Оттон оһуор-мандар суолтатын туһунан бу сайтан Б.Б.Борисов ыстатыйатын булан ааҕыахха сөп. Кийиит сүктүүтүн сиэрэ-туома элбэх литератураҕа, А.Романов “Орто дойду” киинэтигэр сиһилии сырдатыллар. Кыыс бэйэтин илиитинэн тыатааҕы (эһэ) түүтүнэн киистэ курдук быһыылаах атын моонньугар иилэр «моонньох» диэни оҥосторо. Ол айанын суолун куһаҕан тыынтан араҥаччылыыр аналлааҕа, суолга эрэйдэммэккэ этэҥҥэ тиийэри мэктиэлиирэ. Тоҕо тыатааҕы түүтэ? Саха итэҕэлинэн, дьахтар түөһүн көрдөрдөҕүнэ эһэ тыыппат, аймаҕыргыыр диэн ааттыыллар. Ол, бука, ханнык эрэ аҕа ууһун ытык кыыла (тотема) буолан, итинник үгэс олохсуйбут буолуон сөп. Кийиит миинэн барар атын симэҕэ эмиэ харыстыыр суолталааҕа. Далан «Тыгын Дархан» историческай арамааныгар Туймаада баһылыгын сиэнэ Эгэй Туллук Нам тойона Мымах Баайга сүктэн барар атын түөрт атаҕар бөҕөх кэтэрдэллэр, аарыгар хобо иилэллэр, үүнэ-тэһиинэ, ыҥыыра – барыта үрүҥ көмүс (үрүҥ көмүс куһаҕаны тэйитэр харысхал буолар). Аны дьахтар сүктүбүт таҥаһа олус суолталааҕын туһунан Уус-Алдан улууһун 2-с Өспөх нэһилиэгэр Таһыырдаах Носторойоп диэн аатынан биллэр кулуба Иван Неустроев туһунан ахтыыга маннык суруллубут: «…хамначчыттар буруйу оҥордохторуна, таһыттарар үгэстээҕэ үһү диэн кэпсээн баар. Онуоха ийэтэ сүктүбүт хаппааҕын таһыллыахтаах киһи үрдүгэр бырахтаҕына, таһыйбаттара үһү. Онон сүктүбүт хаппааҕы суолталыыллара, кэргэннэрин сыаналыыллара көстөр» («Сардаҥа» колхоз: Уус-Алдан улууһа Өспөх нэһилиэгэ/ хомуйан оҥордулар Е.П.Румянцева, Б.С.Гоголев – Дьокуускай: 2015). Халпаак (хаппаах) – чараас таҥастан тигиллибит хороҕор бэргэһэ. Арай, Кавказ омуктарыгар дьахтар былаатын бырахтаҕына иирсээн тохтуур диэн билэбит. Сахаҕа эмиэ оннук үгэс баара дьикти!
Хат дьахтары Айыыһыт араҥаччылыыр. Кини сиимбэлэ куобах тириитэ буолара — кулгааҕар ытарҕа кэтэрдэллэрэ, хараҕын оннугар оҕуруо олордоллоро. Дьахтар оронун үрдүгэр этэҥҥэ быыһанарыгар көрдөһөн ытарҕаны, кымньыыны уонна ат үүнүн ыйыыллара, оронун куһаҕан тыын киирбэтин диэн сурааһынынан эргитэллэрэ. Төрүүрүгэр тардыһан олорбут ачаахтаах хатыҥ маһыгар, уол буоллаҕына быһаҕы, кыыс буоллаҕына кыптыыйы, батары анньаллара. Ачаахтаах хатыҥ мас бэйэтэ харысхал суолталаах. Хатыҥ сир-дойду иччитэ Аан Алахчын Хотун олорор ытык маһа буолан, удьуор утумун салгыыр оҕо күн сирин көрөрүгэр, ийэ этэҥҥэ быыһанарыгар көмөлөһөр диэн саха итэҕэйэрэ. Туттуллан бүппүт маһы аҕалара дьон тыыппат бүөм сиригэр кистии уурара. Оҕо эмнэрэр ийэ биир харысхалынан боруоҥка курдук быһыылаах үүттээх таас буолара. Дьахтар ол таас хайаҕаһынан үүтүн сүүрдэрэ, оччоҕуна оҕотун тоторор үүт киирэрэ, эмиийэ ыалдьыбакка этэҥҥэ буолара.
Үөһэ этиллибитин курдук, тыас харыстыыр суолтата улахан. Ол курдук, хобо-чуораан, табык тыаһа, ойуун кыаһаана о.д.а. куһаҕан тыынтан харыстыыллар. Ону таһынан кыыс-дьахтар хомуска оонньоон мустубут ыарахан санаатын сайҕанара, ыра санаатын, үөрүүтүн-хомолтотун этинэрэ. Ити барыта уйан дууһалаах саха дьахтарын уйулҕатын чэпчэтэрэ. “Ытыс ымыыта” диэн ааттанар хомуспут тыаһынан идэлээхтэр ыарыһаҕы эмтииллэрин эмиэ билэбит.
Билигин кытайдар тикпит сахалыы таҥастара, араас этэрбэстэрэ, киэргэллэрэ атыыга элбэх. Ол барыта дьахтары харыстыыр-арчылыыр суолтата суох таҥастар буоллахтара. Оһуора-ойуута түҥнэри-таҥнары оҥоһуллан, хата, куһаҕаны тардар буолуохтарын сөп. Онон «саха таҥарата” буоларбытын умнумуоҕуҥ — биһиги ыраас айылгылаах, чэгиэн доруобуйалаах буоллахпытына, норуоппут эмиэ чөл туруктаах буолуоҕа.
Г.Н.Шишигина, саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култууратын учуутала.
Хаартыскалары Е.М. Ярославскай аатьынан саха түмэлин саайтыттан уонна В.Л.Серошевскай “Якуты”кинигэтиттэн туһанныбыт.