Яковлев Динасий, Лидия Алексеевна Васильева,
Үөһээ Бүлүүтээҕи Д.С.Спиридонов аатынан 4 №-дээх орто оскуола
Ханнык баҕарар омук литературата аан бастаан үɵдуйэн, сайдан барыытыгар үктэлин биир бастакы уонна бигэ олуга норуот тылынан уус-уран айымньыта – фольклор буолар.
Бу тыл аангылыйа тылыттан үѳскээбит, «норуот муудараhа», «ɵйɵ» диэн суолталаах. Уус-уран тыллаахтар, ырыаһыттар, олоҥхоһуттар айаллар. Тылынан уус-уран айымньы норуот ɵркɵн ɵйүн, сиэрин-майгытын күндү кылаата. Олоҕун, үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыһыытын, туохха сүгүрүйэрин, бэйэтин чулуу дьоннорун эбэтэр сиэрэ суох быһыылаах дьон туһунан айан, уос номоҕо оҥорон кэпсиир [2].
Өс хоһооно – саха норуотун тылынан айымньытын биир баай көрүҥэ буолар. Олох-дьаһах, сиэр-майгы туһунан түмүктэммит өйү-санааны аҕыйах бэргэн тылынан этии [4]. Биһиги билигин маны төһө өйдүүбүтүй. Сиһилии анааран көрүөҕүҥ эрэ.
«Өс хоһооно – өбүгэ (өһүн) номоҕо» Өс хоһооно – бу дьон-аймах олоҕун-дьаһаҕын, сиэрин-майгытын, быһыытын-таһаатын туһунан дириҥ ис хоһоонноох кылгастык уонна бэргэнник хоһуйан этии буолар. Өс хоһооно бэрт былыргыттан дириҥ силистээх-мутуктаах. Өс хоһооно – киһи олоҕун арахсыспат аргыһа. Өс хоһооно кырдьыгы-сымыйаны, үчүгэйи-куһаҕаны тойонноон биэрэр, кылгас ох тылынан бигэргэтэр, ону таһынан кэпсэтиигэ да, сурукка да киэргэл буолар.
Ѳс хоhоонноро диэн бу норуотунан айыллыбыт бэргэн, уус-уран тыллаах этиилэр. Ѳс хоhоонноро олоҕунан бэрэбиэркэлэммит буоланнар, туоратык иһиллибэттэр, киһи өйүгэр хатанымтыалар, судургу уонна туһааннаах киһиэхэ тиийимтиэлэр.
Дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын үөрүйэҕин кылгастык түмүктээн, тойонноон, үөрэтэн этиини өс хоһооно дэнэр. Өс хоһоонугар санааны толору этиллэр: «Арыы үрдүгэр уу дагдайбат, кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат», «Онно суохха оннооҕор от хамнаабат».Оттон өс номоҕо диэн биирдии предметтэри эбэтэр көстүүлэри дьүһүннээн биэрэр сиппэтэх этиилэри ааттанар: «Бэлэһигэр биэс иннэлээх», «Килэгир харах, көҥдөй көҕүс».
Константин Чиряев ѳс хоhооно дьону умсугутар ураты кэрэлээх, киhиэхэ дьайар ураты күүстээх, олоҕу, үлэни кытары ыкса сибээстээх диэн эппитэ. Кини маннык ѳйдѳбүлү биэрэр: ѳс хоhооно диэн норуот үйэлэргэ муспут муудараhа, дьон – сэргэ быhыытын майгытын, олоҕун – дьаhаҕын, ѳйүн – санаатын туhунан кылгас этиилэрэ, норуот бэйэтэ айбыт философията, ураты педагогиката.[ҕ]
Ɵс хоһоонноро дьону үтүөҕэ, кэрэҕэ, үлэҕэ, сиэрдээх быһыыга иитэллэр, ол иЬин уһулуччу суолталаахтар.
Айар тыл аҕата Ɵксɵкүлээх Ɵлɵксɵй — Алексей Кулаковскай «өс хоһооно» диэни нууччалыы «гармония слова» диэн өйдөбүлгэ чугаһатар. Кини Саха сирин үгүс түөлбэтин кэрийэ сылдьан, норуот тылынан уус-уран айымньытын, сиэрин-туомун, итэҕэлин туһунан элбэх матырыйаалы хомуйан сурукка тиспитэ. «Научные труды» үлэтигэр «Якутские пословицы и поговорки» ааҕан баран, Өксөкүлээх Өлөксөй саха былыргытын, умнулла быһыытыйбыт өрүттэрин сөргүтэн, норуотун санаатын бөҕөргөтөргө сыал-сорук ылынан, бэйэтин харыстаммакка күүскэ үлэлээбит эбит диэн биир түмүккэ кэлэбит. [3]
Сахалар: «Өс хоһооно – өбүгэ номоҕо», — дииллэр. Ол аата өс хоһооно бэрт былыргыттан утумнаан үөскээбитин уһугулаан бэлиэтииллэр. Өс хоһооно – киһи олоҕун аргыһа. Өс хоһооно кырдьыгы-сымыйаны, учугэйи- куһаҕаны тойонноон биэрэр. Кылгас ох тылынан бигэргэтэр, ону таһынан кэпсэтиигэ да, сурукка да киэргэл буолар.
Ɵс хоhоонун көрүҥнэрэ
Ѳс хоhооннорун чопчу тиэмэлэргэ арааран эмиэ туттуохха сѳп.
Емельянов Н.В. “Саха ɵhүн хоhоонноро” кинигэтигэр өс хоhооннору маннык тиэмэлэринэн киллэрбит:
- Тыл, саҥа-иҥэ туhунан өс хоһооннор;
- Бар дьон баҕа санаата;
- Киһи, кини майгыта-сигилитэ;
- Олох-даhах. Кэргэн;
- Саха оhоҕун иннигэр — бɵлүhүɵк [1]
Төрөөбүт дойду туhунан өс хоһооннор төрөөбут дойдуга, бар дьоҥҥо тапталы, ытыктабылы иитэргэ туhалаахтар:
- «Олох олоруу — Ийэ дойдуга иэһи толоруу»;
- «Күн сирэ күндү»;
- «Дойду сурахтаах, алаас ааттаах»;
- «Алаас ахтылҕаннаах , дойду суохтабыллаах».
Үлэ- олох, дьол тѳрүтэ:
- «Үлэни хаһааныма, аһы хаһаан»;
- «Киhини үлэ киэргэтэр»;
- «Киһи дьоло үлэҕэ».
Олох-дьаһах туһунан өс хоһооннор.
Ɵс хоhооннору билэр киhи киэҥ билиилээх, өй-санаа өттүнэн сайдыылаах буолар.
- «Кырдьык ууга да тимирбэт, уокка да умайбат»;
- «Оннооҕор кутуйах хороонноох»;
- «Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук».
Киһи киһини кытта сыһыанын туһунан өс хоһооннор.
Киһи аймах кɵлүɵнэттэн кɵлүɵнэҕэ, үйэттэн үйэҕэ муспут баай уоппута, билбитэ — кɵрбүтэ ɵс хоhооннорго кɵстɵр.
- «Аҕал диэтэххэ, антах хайыһар, мэ диэтэххэ, мичик гынар»;
- «Ааспыты аһат, тоҥмуту ириэр»;
- «Балык уу дириҥэр, киһи олох үчүгэйигэр талаһар»;
- «Санаа холбостоҕуна, сүбэ түмүлүннэҕинэ кыайтарбатах да кыайтарар».
Киһи, кини майгыта-сигилитин туһунан өс хоһооннор.
Үтүѳ майгы – сигили, үчүгэй киhи туhунан норуот бэргэнник этэрэ оҕоҕо тиийимтиэ, үчүгэйгэ талаhыыны үѳскэтэр:
- «Үчүгэй майгын – көтөр кынатыҥ»;
- «Куттас бэйэтин күлүгүттэн куттанар»;
- «Сатабыллаах саһыл саҕалаах»;
- «Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх».
Тыл- ɵс туhунан өс хоһооннор.
Төһөнөн элбэх ɵс хоhоонун билэҕин да, соччонон баай-талым тыллаах буолаҕын.
- «Киһи тыла – ох»;
- «Киһи тыла уоттааҕар абытай»;
- «Үтүө тыл баайдааҕар күндү»;
- «Үтүө киһи биир тыллаах», о.д.а.
Үлэ, үөрэх туһунан өс хоһооннор
- «Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр»;
Иитэр суолтата
Саха ɵhүн хоhооннорун барҕа баай тыыныгар, умсугутар улуу күүһүгэр оҕону кыра эрдэҕиттэн угуйуу, уһуйуу сүрүн сыалбыт буолар.
Ѳс хоhооно – ѳбyгэ yѳрэҕэ. Аҕа кѳлуѳнэ, ѳбугэлэрбит хас эмэ уйэ тухары кэтээн кѳруу тумугунэн, олох олоруу уѳруйэҕинэн мунньуммут баайын: утуѳ санаа, сайаҕас, дэлэгэй, амарах, аhыныгас, кырдьыксыт, ыалдьытымсах, эппит тылы толоругас, харыстанньан, хорсун буолуу курдук угус учугэй ѳруттэри, майгылары ѳс хоьоонун нѳнуѳ тиэрдибит.
Оҕону, ыччаты иитэр өс хоһооннорун К. С. Чиряев сүрүннээн үс бѳлѳххѳ араарар: «норуот сэрэтэр», «норуот сүбэлиир», «норуот сэмэлиир».
Куһаҕан быһыыттан, алҕас туттууттан сэрэтэллэр:
- «Атаҕастыыбын диэн атаххыттан ыллараайаххын»,
- «Киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай»,
- «Куоппут ситиллибэт», о.д.а.
Сүбэлиир өс хоһоонноро да дэлэйдэр:
- «Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах»,
- «Айан аргыһы таптыыр»,
- «Аччыгы аһат, тоҥмуту ириэр»,
- «Дьонноох киһи тутайбат»,
- «Үчүгэй майгыҥ — көтөр кынатыҥ»,о.д.а.
Оттон сэмэлиир ѳс хоhоонноро тустаахха дѳбѳҥнүк тиийэр, сытыытык хаарыйар, умнуллубат ѳйдѳбүлү хаалларар:
- «Күөххэ көппүт, бэлэмҥэ бэрт»,
- «Саһыл курдук ньылаҥнас, ыт курдук ырдырҕас», «Сиик хоту сигилилээх, салгын хоту санаалаах»,
- «Харыйаны таҥнары соспут курдук» уо.д.а.
Ити үс бѳлѳх ѳс хоhооннорун оҕоҕо кыратыттан тоҕоостоох түгэннэргэ туттан, ис номоҕун быhааран биэрэн, сиэр – майгы тѳрүттэрин иҥэриэххэ сѳп.
Доҕордоhуу туhунан ɵс хоhооннор иитиигэ оруоллара
Сахалыы ɵс хоһоонноругар доҕордоhуу туhунан ɵс хоhоон элбэх. Доҕордоhуу үрдүктүк сыаналанарын, доҕордуулар үтүө майгылара, сыһыаннара мэлдьи хайҕанарын, убаастанарын кɵрдɵрɵр. Доҕордоhуу туhунан өс хоһоонноро киһини үчүгэйгэ, сатаан доҕордоhорго, итэҕэһи уонна алҕаһы көннөрөргө үөрэтэллэр.
«Ким доҕордоох – ол дьоллоох» диэн ɵс хоhооно мээнэҕэ этиллибэтэх.Дьону кытта доҕордоhорго кыра эрдэхтэн үɵрэниэхтээхпит. Доҕорбутун биһиги бэйэбит талан ылабыт. «Доҕору булар дөбөҥ, доҕордоһор уустук», «Доҕордуу дьоҥҥо ыраах да чугаһыыр» диэн ɵс хоһоонугар олус сɵпкɵ этиллибит.
«Эйэҕэс киhи үгүс доҕордоох» диэн ɵс хоһооно киһи бэйэтэ кɵҥɵс, кэпсэтинньэҥэ суох буоллаҕына оҕору булара уустук буолар. Оттон үɵрэ-кɵтɵ сылдьар, кэпсэтинньэҥ, эйэҕэс киhи элбэх доҕордоох буолар.
Υтүɵ доҕордоох киһи улэтэ, үɵрэҕэ, олоҕо барыта дьолунан туолар, ыарахан кэмигэр чэпчэки буолар. Доҕорбунаан бэйэ бэйэбитин кытта уопсай интэриэстээх буолабыт, бииргэ оонньуубут, сылдьабыт. Мындыр саха норуота «Үтүө доҕор — улуу баай», «Сана доҕордооҕор урукку доҕор ордук» «Бэйэн хайдаххын да, доҕоруҥ оннук» диэн ɵс хоһооннору айбыт.
Доҕор кыhалҕалаах кэмҥэ куруук кɵмɵлɵhɵр. Доҕорбутугар эрэнэбит, итэҕэйэбит, доҕорбутугар тугу да быраҕан туран кɵмɵҕɵ кэлэбит. «Атас туһугар, атах тостор», «Доҕор доҕорун алдьархайга хаалларбат», «Дьонноох киһи тутайбат» диэн ɵс хоһоонноро доҕотторго кɵмɵлɵhүҥ диэн үɵрэтэр.
«Уу тэстибэт доҕордуулар» хаһан да арахсыбат доҕордуулары этэллэр.
Киhи бу сиргэ биирдэ эрэ олорор, ол иьин доҕотторгор кун аайы үтүɵнү оноруохтааххын, оччоҕо киhи бэйэтэ да үɵрэ-кɵтɵ сылдьар буолар. «Киһи киһинэн олорор, киһи киһинэн тыыннанар», «Биир бэйэҥ бэрт буолуоҥ суоҕа»
Доҕордоhуу туhунан ɵс хоhооннор уус-уран үтүɵнү-куһаҕаны ырыҥалаан билэ үөрэнэргэ, доҕордоhуу наадалааҕын таба сыаналыырга үөрэтэллэр.
Доҕордоhуу туhунан ɵс хоhооннору оҕолорго билсиhиннэрэргэ маннык дьарыктары туттуохха сөп: бэсиэдэлэр, викториналар, ойуулуур –дьүһүннүүр дьарыктар, араас дидактическэй оонньуулар, инсценировкауонна да атыттар.
Доҕордоhуу туhунан ɵс хоhооннор көмөрүнэн оҕону сахалыы тыыҥҥа иитии, киhиэхэ доҕордуу эйэҕэс сыhыаны олохтооЬун, тылларын саппааһын байытыы, уустаан-ураннаан кэпсэтэр уонна кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыы ыытыллар.
Доҕордоhуу, майгы – сигили туhунан уонна субэ – ама суолталаах маннык ɵс хоhооннорун билэр, ис хоhоонун ɵйдɵɵн, тоҕоостоох кэмигэр тубэhиннэрэн, оҕолору, улахан дьону кытта сыhыаныгар, бодоруhуутугар туhанар буолуохтаахпыт.
Түмүгэ
Кэнники сылларга төрөөбүт тылбыт туттуллар эйгэтэ кыараан, тыл толору кыаҕа туһаныллыбат буолла. Оҕо телевизор, компьютер, интернет нөҥүө билиини-көрүүнү ылара элбээтэ, бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэппэт, доҕордоспот буоллулар. Төрөөбүт тылын билэргэ, ийэ тыл баайын өйдүүргэ дьулуһуута намтаата, тылбыт саппааһа дьадайда.
Доҕордоhуу туhунан ɵс хоhооннору оҕолорго кыра саастарыттан билиЬиннэрэн иитиэххэ- үөрэтиэххэ сөп.
Өс хоһооннору үлэһит норуот айар, ол иһин кыайыылаах-хотуулаах үлэ, сытыы мындыр өй үрдүктүк сыаналанар, үтүө майгы-сигили, доҕордоhуу мэлдьи хайҕанар, баттабыл-атаҕастабыл, буруй-сэмэ, содур быһыы сэмэлэнэр. Онон өс хоһооннор киһини үчүгэйгэ, итэҕэһи, алҕаһы, буруйу сэмэлииргэ, көннөрөргө үөрэтэр.
Өс хоһооннорун сүрүн уратытынан кини туспа айымньы быһыытынан сылдьыбакка, норуот кэпсэтиитигэр, сурукка, уус-уран айымньыга киллэриллэн туттуллара буолар. Дьон былыр-былыргыттан айбыт муудараһын быһыытынан өс хоһоонун туттан, эппит санааны бигэргэтиллэр, үтүөнү-үчүгэйи хайҕанар, түктэрини сэмэлэнэр. Өс хоһоонунан олох араас көстүүлэригэр, дьон туттар майгыларыгар сыана бэриллэр.
Тумуктээн эттэххэ, ɵс хоһооно норуот дириҥ муудараһын, үйэтин тухары муспут опытын аҕыйах тылынан дьэҥкэтик, дьүһүннээн биэрэр, тылы сытыырхатар уонна минньитэр.
Саха киһитин сиэринэн киэҥ-холку дууһалаах, амарах сүрэхтээх, хомоҕой тыллаах, сахалыы куттаах-сүрдээх, элбэх эрэллээх доҕордоох дьоһун киhи буоларга дьулуһабын.
Хас биирдии норуот бэйэтин тɵрɵɵбүт тылын, тɵрүт култууратын илдьэ сылдьан, үѳрэтэн, сайыннаран, сүтэрбэккэ кɵлүɵнэттэн кɵлүɵнэҕэ тиэрдэн иhиэхтээх. Бу ɵбүгэлэрбититтэн хаалбыт киэн туттуубут, уратыбыт буолар. Ийэ тылын кэрэхсиир, норуотун үтүɵ үгэстэрин билэргэ талаһар оҕо сайаҕас ɵйдɵɵх-санаалаах буола улаатар.
Сыһыарыы
Өс хоһооннорун төһө билэҕин? (ыйытынньык)
3 «а» кылаас | 4 «а» кыргыттар кылаастара | 4 «б» уолаттар кылаастара | |
Оҕо ахсаана | 16 | 22 | 14 |
Өс хоһооно диэн тугуй? | 0 | 13 | 13 |
Доҕордоһуу туһунан биир өс хоһоонно суруй | 10 | 18 | 14 |
Доҕордоһуу туһунан өс хоһоонноро туохха үөрэтэллэрий? | 0 | 8 | 4 |
Уопсай оҕо ахсаана ҕ2
«Өс хоһооннорун төһө билэҕин» диэн ыйытынньыкпар 3 уонна 4 кылаас оҕолоро, холбоон ҕ2 оҕо кытынна. Кылааһынан түмүкпэр 3 кылаас оҕолоро 16 оҕоттон 10 оҕо доҕордоһуу туһунан биирдии өс хоһоону суруйбуттар. Ол курдук, «Ким доҕордоох, ол дьоллоох» – 7 оҕо, «Доҕордуу дьоҥҥо ыарахан да чэпчиир» – 2 оҕо, «Доҕор доҕорун алдьархайга хаалларбат» — 1 оҕо. Кыраларын быһыытынан өс хоһооно диэн тугун, туохха үөрэтэрин билбэттэр эбит дии санаатым. Онтон 4а кыргыттар кылаастарыгар 22 оҕо кыттыбытыттан 13 оҕо өс хоһооно диэн тугун билэллэр, өйдүүллэр эбит. 18 оҕо биирдии сорохтор иккилии, үстүү өс хоһооннорун суруйбуттар. Ол курдук «Ким доҕордоох, ол дьоллоох», «Атас туһугар атах тостор», «Доҕор доҕорун алдьархайга бырахпат» диэн өс хоһооннорун билэллэрэ билиннэ. Ол эрэн доҕордоһуу туһунан өс хоһоонноро туохха үөрэтэллэрин билбэттэрэ көһүннэ. Онтон 4б уолаттар кылаастара 14 оҕо кыттыбытыттан 13 оҕо өс хоһоонун өйдүүллэр, билэллэр эбит. Бары биирдии өс хоһоонун холобурдаабыттар. Ол курдук, «Ким доҕордоох, ол дьоллоох», «Атас туһугар атах тостор», «Доҕор доҕорун алдьархайга хаалларбат» диэн элбэхтик туттуллар, киэҥник тарҕаммыт өс хоһооннорун бары билэллэрэ көһүннэ, ол гынан баран өс хоһооно туохха үөрэтэрин эмиэ сатаан быһаарбатахтар эбэтэр өйдөөбөтөхтөр дии санаатым.
Уопсай түмүктээһиҥҥэ ҕ2 оҕо кыттыбытыттан 12 эрэ оҕо өс хоһооно туохха үөрэтэрин билэллэр эбит. Биирдиилээн холобуру 10 эрэ оҕо суруйбатах. Өс хоһооно диэн тугун кыттыбыт оҕоттон аҥаара билэр эбит диэн уопсай түмүккэ кэллим. Ыйытынньыгым түмүгүн көрдөрүүтүн өссө тупсарарга элбэҕи ааҕыахха, ыйытан билиэххэ наада.
Онон доҕордоhуу туhунан ɵс хоhооннору оҕолорго кыра саастарыттан билиhиннэрэн иитиэххэ — үөрэтиэххэ сөп эбит дии санаатым.
Онон, оҕолоор, ɵс хоһооннорун үɵрэтиҥ, саҥарар саҥаҕытыгар туттуҥ, уран тыл умсулҕаныгар уhуйуллуҥ.Оччоҕо тɵрɵɵбүт тɵрүт тылбыт уостан симэлийэн сутүɵ суоҕа. Өс хоһоонноро киһини үчүгэйгэ, итэҕэһи, алҕаһы, буруйу сэмэлииргэ, көннөрөргө үөрэтэр.
Тумуктээн эттэххэ, ɵс хоһооно норуот дириҥ муудараһын, үйэтин тухары муспут опытын аҕыйах тылынан дьэҥкэтик, дьүһүннээн биэрэр, тылы сытыырхатар уонна минньитэр
Туhаныллыбыт литература
- Емельянов Н.В. Саха ɵhүн хоhоонноро. Дьокуускай, Бчичк, 2017
- Норуот тылынан уус-уран айымньыта – ыччаты иитиигэ тɵhүү күүс © sakha-sire.ru сайтан: https://sakha-sire.ru/noruot-tylynan-uus-uran-ajymnyta-ychchaty-iitiige-tehyy-kyys/
- Кулаковский А.Е. Научные труды. – Якутск: Кн. Изд-во, 1979.
- Саха өһүн хоһооно. https://sah.wikiquote.org/wiki
- Эбээ үөрэҕэ: Күннээҕи олоххо туттуллар умнуллан эрэр өс хоһоонноро https://keskil14.ru/ebee-re-e-k-nnee-i-olohho-tuttullar-umnullan-erer-s-ho-oonnoro-
- Саха таабырыннара, ɵс хоһоонноро, чабырҕахтара. – Якутск: Бичик, 2006.