Төрөппүт оҕото кыра эрдэҕиттэн сайдыылаах, сөпкө саҥарар-иҥэрэр, баай тыллаах-өстөөх буоларын баҕарар. Кэнники кэмҥэ оҕо саҥата мөлтөөтө диэн анал идэлээхтэр эрэ бэлиэтиир буолбатахтар. Ол төрүөтэ араас: саҥарар аппараата айылҕаттан итэҕэс буолуон сеп, сорох төрөппүт атаатахтатан, оҕо минньитэн саҥарарын олохсутан кэбиһэр эбэтэр болҕомто тиийбэт… Көмпүүтэр, эгэлгэ гаджеттар, аан ситим тыыннаах бодорууһууну, сэһэргэһиини солбуйан, оҕо тылын сайдыыта, кэпсиир дьоҕура, тыл баайын саппааһа тутахсыйан эрэр. Кыра саастарыттан атын омук тылынан саҥараллар, бэйэ-бэйэлэрин кытта нууччалыы кэпсэтэллэр, сахалыы дорҕооннору сатаан саҥарбат саха оҕолоро баар буоллулар. Онон, күндү төрөппүттэр, оҕоҕутун кэтээн көрүҥ, анал идэлээхтэргэ көрдөрүҥ, элбэхтик дьарыктааҥ, сайыннарыҥ.
Миэхэ араас ыйытыы киирээччи: 1-2 саастаах оҕо «р» дорҕоону тоҕо кыайан саҥарбатый; оҕом тылланан иһэн 2-3 сааһыгар саҥарбат буолан хаалла, оскуолаҕа киириэхтээх оҕобут уонча дорҕооно суох, о.д а.
Учуонайдар бэлиэтииллэринэн, оҕо дорҕоону бэйэтин сааһыгар сөп түбэһиннэрэн саҥарар, холобур, 2-3-тээх оҕо уоһа, тыла имигэһэ суох, үчүгэйдик хамсаабат буолан, тылы минньитэн саҥарара сааһыгар сөп, оттон «р» дорҕоону 5 сааһыгар диэри кыайан саҥарбата – биллэн турар, саҥарар аппараата кэһиллиитэ суох буоллаҕына, нуорма.
Дорҕоону чуолкайдык саҥарарга үөрэтии сүрүн олуктара:
— саҥарар аппараата былчыҥнарын сайыннарыыга артикуляционнай эрчиллиилэр;
— илии кыра былчыҥнарын, эти-сиини сайыннарыы;
— араас тыаһы истэ үөрэтии;
— өйгө тутар, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы.
Артикуляционнай эрчиллиилэри 6-7 төгүл хатылыыбыт, эрчиллиини оҥорорбутугар сыҥаах хамсаабат буолуохтаах, хонтуруолланарга сиэркилэ иннигэр оҥорор ордук.
«Чаһы». Тыл төбөтүн таһааран уҥа-хаҥас диэки хамсатабыт.
«Хачыал». Тыл төбөтүнэн үөһэ уоспутун таарыйабыт, онтон аллараа уоспутугар түһэрэбит.
«Носуос». Үөрэбит, тиистэр арыый ыпсыбаттар (испиискэ маһын эбэтэр «зубочистка» уһуктаах төбөлөрүн тоһутан баран туора тутан аргыый ытыртарыахха сөп), тыл аллараа тиистэргэ тирэнэр уонна сыыйан салгыны үрэбит: ссс-ссс-ссс.
«Ат сүүрдэ». Ат туйаҕын тыаһын үтүктэн тыл төбөтүн таҥалайга сыһыара-сыһыара тыастаахтык таҥырҕатабыт. Бу эрчиллиини түргэтэтэн-бытаардан, уларыта сылдьан оҥорторуохха сөп.
«Тэллэй». Тылы таҥалайга сыһыарабыт, айаҕы киэҥник атабыт уонна оҕо сыраана кэлиэр диэри тутабыт. Бу эрчиллиини 2-3 төгүл хатылаатахха сөп.
Илии – иккис саҥарар уорган диэн мээнэҕэ эппэттэр. Киһи тугу эрэ сатаан саҥарбатаҕына, илиитин көмөлөһүннэрбитэ эрэ баар буолааччы, ол аата илии кыра былчыҥнара саҥарар саҥаны кытта ыкса сибээстээх. Боростуой харандааһынан уруһуйдатыы, быластылыынынан оҥорторуу, оҕуруону тиһии, тарбах оонньууларын оонньотуу – илии былчыҥнарын сайыннарыыга олус туһалаахтар.
Тыаһы истэ үөрэтии – дорҕоону арааран истэргэ олус суолталаах. Манна араас тыастаах оонньуурдары, муусука үстүрүмүөннэрин туһаныахха сөп. Ону таһынан күннээҕи олохтон «ханнык массыына тыаһаан ааста», «туох тыаһаата», «ханна тыаһаата» диэн судургу эрээри, толкуйдатар ыйытыылары биэрдэххэ, оҕо истэ да үөрэнэр, толкуйдуур да дьоҕура сайдар.
Дьарык оонньоттоххо, ордук сэргэх буолар, оҕо түргэнник ылынар. Төрөппүттэр ардыгар оҕолорбутугар улахан дьон курдук сыһыаннаһан ирдиибит, биһиги өйдүүрбүтүн кинилэр өйдүөхтээрин курдук саныыбыт. Оттон кинилэр кыралар ээ, оонньууну өрө тутар саастара, оҕону кытта оҕо буолан оонньуургутуттан кыбыстымаҥ. Кини биһигиттэн үөрэнэр, онуоха сөптөөхтүк сыһыаннаһан, бириэмэ булан дьарыктанан, санаатын сайа этэр, бэйэтин иннин көрүнэр, толкуйдаах оҕо буола улаатарыгар кыһаллыахха.
Алексеева Сардаана Серафимовна, МэҥэХаҥалас улууһа, Майатааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин үрдүкү категориялаах логопеда.