Амелия Николаева,
С.Ю. Кожурова, Е.Е.Пахомов аатынан Болугур
орто оскуолатын «Тускун» иитэр-үөрэтэр киинэ

Хас биирдии норуот бэйэтэ былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит духуобунай баайын биир көрүҥүнэн – тылынан уус- уран айымньыта буолар.

Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус – уран айымньытын муҥутуур чыпчаала буолар.2005 сыллаахха ЮНЕСКО диэн тэрилтэ олоҥхону аан дойду омуктарын култууратын чыпчаал айымньыларын кэккэтигэр киллэрбитэ, онтон ыла олоҥхону харыстааհын, тарҕатыы, үйэтитии уон сыллаах былаана оҥоհуллан, элбэх үлэ ыытылынна. Олоҥхо саха омугун өркөн өйүн, үрдүк талаанын туоհута буолла.

Олоҥхону толоруу маастарыстыбатын научнайдык аан бастаан сурукка- бичиккэ бэлиэтээбит киհинэн академик – учуонай Александр Федорович Миддендорф буолар. Кини «Путешествие на север и восток Сибири» диэн үлэтигэр 1844 сыллаахха Дьокуускайтан Охотскай муора диэки айаннаан иհэн, аан бастаан, олоҥхо толоруутун истибит, сурукка бэлиэтэммит. Ол суруммутун салгыы  О.Н.Белингк диэн академикка биэрбит.

Саха сиригэр биллэр олоҥхоհуттар: биир дойдулаахпыт Амма улууհун Эмис нэհилиэгин киհитэ Тимофей Васильевич Захаров – Чээбий, Сулҕаччыттан Екатерина Егоровна Иванова, Мэҥэ-Хаҥаластан – Иннокентий Иванович Бурнашов – Тоҥ Суорун, Николай Иванович Степанов – Ноорой, Уус – Алдантан Дмитрий Михайлович Говоров, Өлүөхүмэттэн Михаил Терентьевич Шараборин – Кумаарап, Сунтаартан Сергей Афанасьевич Зверев – Кыыл Уола уо.д.а.   Норуот ырыата эмиэ көрүҥэ элбэх: дэгэрэҥ, дьиэрэтии, тойук, алгыс, энэлгэн ырыата, суланыы ырыата,  мэнэрик ырыата, айан ырыата.

Ырыа араастарын туհунан А.С. Ларионова «Дэгэрэҥ ырыа» (Песенная лирика якутов) диэн кинигэтигэр дэгэрэҥ ырыа туհунан суруйар: «Этот, считающийся в Якутии «высоким», песенный стиль с присущей ему своеобразной мелодикой богато расцвечен кылысахами. Дэгэрэҥ ырыа является непременным элементом старинного якутского праздника Ысыах – «кумысного» календарного праздника, знаменующего расцвет природы и радость жизни».

Улуу олоҥхоհут Тимофей Васильевич Захаров-Чээбий

     Биһиги Аммабыт биир биллэр, аатырбыт олонхоһутунан буолар Т. В. Захаров – Чээбий. Т. В. Захаров – Чээбий 1868 сыллаахха Боотуруусскай улууска (билиҥҥинэн Амма) Эмис нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата Нооноон Баһылай, ийэтэ – Парасковья. Кинилэр үйэлээх саастарыгар Массаагы диэн алааска олорбуттар. Элбэх оҕо төрөөн өлбүт буолан, уолаттарын Түмэппийи  уонна Никииппэри олус харыстаан ииппиттэр.  

Түмэппий 1898 сыллаахха  Мэҥэ Хаҥалас Мэлдьэхси нэһилиэгиттэн сылдьар Евдокия диэн кыыьы кэргэн ылбыта. Икки кыыс оҕоломмуттара. Улаханнара Татьяна икки кэргэҥҥэ биэстэ оҕоломмутуттан билигин соҕотох кыыс Лонгинова Февронья Николаевна ордон, Мэҥэ Хаҥалас Хочотугар олорор, аҕыс оҕолоох. Татьяна бэйэтэ Сталин аатынан холкуоска өр кэмҥэ ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Кыра кыыстара Анна эдэр сааһыгар, кэргэн тахсыбакка сылдьан, өлбүт.

Чээбий эдэр сааһыгар көмүстээх Тайҕаҕа – бодойбоҕо тиийэн хамнаска үлэлээбит. Түмэппий баай атыыһыт Поповка үлэһитинэн, олоҥхоһутунан сылдьыбыт. Ыҥырыыга сылдьан олоҥхолоон биэрдэҕинэ, дойдуларын-дьоннорун ахтыбыт саха ыччаттар махтанан харчы бэрсэллэрэ үһү. 1921 сыллаахха тэриллибит нэһилиэк өрөпкүөмүн бэрэссэдээтэлинэн Захаров Егор Иннокентьевич, чилиэннэринэн Новиков Василий Федорович уонна дойдутугар эргиллибит Захаров Тимофей Васильевич талыллыбыттар. Нэһилиэк бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан, табаарыстыбата сатамматаҕар үөрэх суоҕа буруйдааҕын өйдөөн,  улуус салалтатыгар туруорсан 1923 сыллаахха нэһилиэгэр аан бастаан оскуола астарбыт.  Кини сыралаах үлэтин сыаналаан, В. М. Новиков – Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын 75 сылыгар анаан нэһилиэк таһааттарбыт кинигэтин «Чээбий олоҥхоһут төрүттээбит оскуолата» диэн ааттаабыттара.

Тимофей Васильевич нэһилиэккэ бастакы тыа хаһаайыстыбаннай артыалын – Куду холкуоһу тэрийсибит. Бастакынан чилиэҥҥэ киирбит. Ол курдук куруутун инники кирбиигэ, нэһилиэк сайдарын туһугар сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, бэйэни харыстаммат үлэттэн сэллигэ өрүһүлтэтэ суох өрө туран, 1931 сыллаахха кулун тутар ыйга 63 сааһыгар өлбүтэ. 

Тимофей Васильевич Захаров – Чээбий олоҥхоһут быһыытынан киэҥник сураҕырбыт, аатырбыт киһи. Кини бэйэтин кэмин үөлээннээхтэрэ: олоҥхоһуттар, улахан суруйааччылар Чээбийи бэрт үрдүктүк өрө тутан ааттыыллара. Тимофей Васильевич көмүстээх Тайҕаҕа үлэлии сылдьан «Эмис Түмэппийэ дуо?» дэтиэр диэри олоҥхолоон, олоҥхоһут быһыытынан талба талаана арыллыбыт. Кини Тайҕаттан дойдутугар аатырбыт-сураҕырбыт олоҥхоһут буолан төҥнүбүтэ.

Чээбий маннык олоҥхолордоох эбит:  «Тойон Дьаҕарыма», «Үрүҥ Уолан», «Бэриэт Бэргэн», «Күн Эрилик», «Алантаайы-Кулантаайы», «Сылгы уонна Дыырай», «Ала Булкун», «Көмүс Чүүччүлээн», «Отох улаан аттаах Уол Туйгун», «Үрүҥ Үөдүйээн», «Уһук Туйгун бухатыыр», «Үөмэс харах аттаах Харыадала Бэргэн», «Кылааннаах уһуктаах Кыыс Ньургун», «Күн Эрэли» – барыта 14 олоҥхо.

Күннүк Уурастыырап Чээбийтэн эт хаанынан истибит олоҥхолорун ааттабыта баар: «Нуоҕалдьын аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр», «Күүстээх-уохтаах Күн Эрилик», «Мээрилдьин Сиэр Кулун аттаах бэрт киһи Бэриэт Бэргэн», «Өлбөт-сүппэт Үрүҥ Уолан бухатыыр», «Сылгы уола Дыырай бухатыыр», «Алаҥхаҕа төрөөбүт айаас ала аттаах Ала Булкун бухатыыр» уонна «Көмүс Чүүччүлээн бухатыыр». 

Чээбий олоҥхо идэтигэр биир дойдулааҕа М. Е. Новиков – Мэлэх Мэхээлэттэн уһуйуллубута биллэр. Кини кэлин, кырдьан баран, сурахха киирбит Чээбийи олоҥхолуур идэҕэ уһуйбутунан күөн туттара. 

Чээбий олоҥхоһут быһыытынан биир ураты талааннааҕа. Ол курдук, баар дьону олоҥхотугар кытыаран күлүү-элэк гынан олоҥхолуур үгэстээҕэ. 1905 сыллаахха Эмис нэһилиэгиттэн силистээх-мутуктаах Т. В. Захаров – Чээбий Амма Солобуодатын бааһынайын үөрэхтээх уолугар Виктор Николаевич Васильевка «Алаҥхаҕа төрөөбүт айаас аттаах Ала Булкун бухатыыр» (Ала Булкун) олоҥхону суруйтаран сүппэт-өспөт дьылҕаламмыта. Э. К. Пекарскай Ала Булкун олоҥхону бэйэтин Образцы народной литературы якутов диэн сериятыгар бэчээккэ киллэрээри бэлэмнээбитэ, даҕаны өрөбөлүүссүйэ дьалхаана аймаан кыаллыбатаҕа.  Кэнники 1994 сыллаахха Чээбий олоҥхото бэчээттэммитэ.

Нэһилиэкпит олоҥхоһуттара

Алексей Григорьевич Агапов

Саха норуотун тылынан уус-уран айымнньыта олоҥхо саха балаҕаныттан саҕаламмыта. Ол аата ыалтан. Хас биирдии ыал оҕотуттан саҕалаан оҕонньоругар диэри олоҥхону сэҥээрэн истэрэ, этигэр-хааныгар иҥэрэрэ. Ол курдук олоҥхо көлүөнэттэн көлүөнэҕэ сахалыы тыыннанан, чочуллан, ситэн-хотон эбиллэн иհэрэ. Омук быһыытынан сүтэн, симэлийэн хаалбат туһуттан төрөөбүт төрүт тылбыт сүмэтин эппитигэр иҥэрэн илдьэ сылдьыахтаахпыт. Тылбыт баайа, ууһа — урана, тылын иччитэ итэҕэтиилээҕэ түмүллүбүтэ олоҥхо буолар.

Болугурбут нэһилиэгин олоҥхоһуттара – Агапов Алексей Григорьевич, Алексеева Прасковья Григорьевна, Тихонов Егор Егорович, Яковлев Петр Петрович, Соловьев Егор Иннокентьевич, Яков Петрович Александров – Ырыа Дьаакып, Степан Тихонович Иванов, Александр Семенович Дьячковскай – Чоргуй, Тимофей Михайлович Ефремов – Уларкаан буолаллар.

Бу ытык дьоннорбутуттан, ырыаһыттартан историяҕа киирбит киһинэн 1922 сыллаахха Болугурга төрөөбүт – үөскээбит Агапов Алексей Григорьевич буолар. Алексей Григорьевич  “Сырдык сулус” колхозтаах ыалыгар Евфалия Гаврильевна, Григорий Никитич  дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Алексей Григорьевич бииргэ төрөөбүт төрдүөлэр. Эдьийэ – Прасковья Григорьевна Алексеева, убайа – Николай Григорьевич, игирэтин аҥара – Кирилл Григорьевич.

Алексей Григорьевич кыра эрдэҕиттэн айылҕалыын чугастык алтыһан, ырыаны – тойугу сөбүлээн ыллыыра. Аҕата Григорий Никитич эмиэ олоҥхолуура үհү. Алексей Григорьевич  «Улуу дойду Улай киэлигэр Умсаах кус курдук улан-дыйан улааппыт Учар Боотур», «Буордаах ыырайга буолаҕын биэрбэтэх Модьу хара аттаах буулаҕа будьуру баттах Ботуола Бөҕө», «Үрүҥ Уолан», «Алтан Сабарай бухатыыр» олоҥхолору толороро.

Ахсынньы ыйга 1940 сыллаахха Алексей Григорьевич Болугур – Покровка икки ардытыгар геологическай нефтяной экспедицияҕа уу баհааччынан, онтон буровой оробуочайынан үлэлээбитэ. Ол кэннэ 1943 сыллаахха Алексей Григорьевич хонуу биригээдэтигэр биригэдьииринэн анаммыта. 1944 – 1949 сылларга “Сырдык сулус” колхуоска бэрэссэдээтэлинэн, ол кэннэ 1950 сыллаахха Болугур сэбиэтин исполком бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. 1952 сыллаахха Майскай нэһилиэгэр үлэлээбитэ.  1945 сыллаахха Алексей Григорьевич олоҥхоһут Тихонова Егор Егорович соҕотох кыыһын Варвара Егоровнаны кэргэн ылан, 5 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. 1947 сыллаахха Алексей Григорьевич «Алтан Сабарай бухатыыр», «Учар Боотур», «Ботуола Бөҕө» олоҥхолору  кулуупка дьон иннигэр толорбута.

Быйыл 2024 сылга Амма улууһугар буолар Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, эрдэ биллибэтэх – көстүбэтэх олоҥхоһуттарбытын билии – үөрэтии биир улахан сорук быһыытынан турар. Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ,  олоҥхону үйэтитэн оҕотуттан, улахан дьонугар тиийэ хабан олоҥхону, саха фольклорун, сиэрин-туомун билиһиннэрэр сыаллаах. Ол курдук, быйыл сэтинньи ый 30 күнүгэр  Агапов Алексей Григорьевич “Алтан Сабарай бухатыыр” олоҥхотугар олоҕуран, биир дойдулаахпыт Саргы Куо айымньыларынан киэргэтиллибит олоҥхо испэктээкилэ, нэհилиэк дьонун күүհүнэн сүрэхтэннэ, нэհилиэкпит кулуубун сыанатыгар таҕыста.

Прасковья Григорьевна Алексеева 1910 сыллаах төрүөх. «Очор Боотур» олоҥхону толороро. Фермаҕа  ыанньыксытынан өр сыл пенсияҕа тахсыар дылы үлэлээбитэ. Хоһоону дорҕоонноохтук олус үчүгэйдик ааҕара. Бииргэ төрөөбүт быраата Агапов Алексей Григорьевич.

Егор Егорович Тихонов 1890 с. төрөөбүтэ. «Сырдык Сулус» колхуос чилиэнэ. Айылҕаттан айдарыылаах дэгиттэр дьоҕурдаах, тимиринэн, маһынан уһанар уус, байанайдаах булчут, тойуксут, олоҥхоһут, сүөһүнү да, киһини да эмтиир эмчит, отоһут этэ. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону үстүү түүннээх-күн тохтообокко олоҥхолуура. Олоҥхо уобарастарын араастаан уларытан ыллыыра, олус үчүгэй куоластааҕа. Болугурга бырааһынньык концерыгар сценаҕа, атаҕын хатыйа ууран, илиитин сыҥааҕар даҕайан олорон, тойуктаан ыллаатаӄына дьон олус биһириирэ.

Петр Петрович Яковлев 1918 сыллаахха Амма оройуонун Бологур нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Үөрэҕэ суох, сахалыы ааҕар. 14 сааհыттан олоҥхолообут. Кини «Босхоҥой Боодьоҕот» олоҥхону толороро.

Егор Иннокентьевич Соловьев-Омоллоон нэһилиэгиттэн төрүттээх. «Аҕыс айыы аймаӄа Харылы Сүүрүк» олоҥхолоох.

Яков Петрович Александров-Ырыа Дьаакып   ыҥырыынан сылдьан ыллыыра, ол иհин  дьон- сэргэ Ырыа Дьаакып диэн ааттаабыт, ол эрэн  кини олонхолоро сурукка киирбэккэ хаалбыттара хомолтолоох.

1919 с. Маралаахха Марфа Потапова – Габышева  учууталлыы кэлэр. Бу эдэр учуутал кыыс ахтыытыттан : «Был известный в улусе сказочник- олонхосут Ырыа Дьаакып (Песня Яков), но не всем удалось его слышать, школьникам очень хотелось услышать его пение, и по моему приглашению два раза он приезжал в школу, дети были очень довольны. Не зря называли его «Яков Песня», замечательный был у него голос».

Степан Тихонович Иванов – Болугур нэհилиэгин Омоллоон нэհилиэгин “Берия” колхуос чилиэнэ. Олоҥхоհут.

Александр Семенович Дьячковский-Чоргуй  1911 сыллаахха Омоллоон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Былыргы сахалыы алфавитынан ааҕар-суруйар этэ. Үйэтин тухары холкуоска үлэлээбитэ. Сэрии иннинэ, Марк Жирков салайааччылаах экспедиция кэлэ сылдьан ыллатан,ырыатын-тойугун сурукка киллэрэн  барбыттара. Бэйэтэ  хоһуйан  тойуктуурун,оһуохайдыырын сөбүлүүрэ.  Ол иһин да буолуо үөлэннээхтэрэ Чоргуй Өлөксөөндүр диэн ааттыыллара. “Дьулуруйар Ньургун Боотур”, “Кулун Кулустуур” олоҥхоттон ыллыыра эбитэ үһү.

Тимофей Михайлович Ефремов-Уларкаан  (1884 – 1929) Болугурга Сырдык Куталааҕар төрөөбүт. Олоҥхону сөбүлээн толороро дииллэр. Икки – үс күн тохтообокко олоҥхолуура үհү. Улар курдук куллугурутарын иհин Уларкаан диэн ааттаабыттар.  1930- сылларга Бодойбоҕо мас кэрдиитигэр үлэлээбит. Наհаа күүстээх, кыайыгас эбит. Онно сылдьан тымныйан, сэбиргэхтэтэн ыалдьыбыт. Ат сыарҕатыгар тиэллэн кэлэн, дойдутугар үс ый ыарыыланан өлбүт. Дойдутугар бултуу сылдьан, дьону дьээбэлээн улар курдук саҥарара үհү. Сааհын тухары Александров – Саахардыыр баайгв мас кэрдээччинэн, кыհыҥҥы оттук маհын бэлэмнээн, отун күрүөтүн оҥорон үлэлээбит. Болугур олохтооҕо Иван Павлович Иванов – Дөөдөҥкөй  Алдаҥҥа хаартыհыттарга маайканан эрэ олорон харабыл буоларын уонна уҥуор Кэлтэгэйгэ баар 9 бууттаах тааհы өрө көтөҕөн таհааран, атын тааска хайа быраҕанг кэбиспитин кэпсиирэ.

Түмүк

Олоҥхо – саха норуотун уратыта. Олоҥхоҕо саха норуотун муудараһа, толкуйа, философията барыта киирэ сылдьар. Буолаары турар өрөспүмбүлүкэтээҕи ыһыах хас биирдии улууспут дьонугар: оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ сахалыы тыыны, толкуйу уһугуннарар үтүөкэн, үйэлээх тэрээһин буолуо диэн эрэнэбит.

Туһаныллыбыт литература:

  1. Алексеев А.Н. Якутский героический эпос. «Могучий Эр Соготох».-Новосибирск: Наука. Сибирская издательская фирма РАН,1996.-440 с.
  2. Гоголева М.Т., Молукова Л.Ф., Поликарпова Е.М., Флегонтова У.М. Саха литературата: 10 кылаас уопсай үөрэхтээհин тэрилтэлэригэр үөрэнэр кинигэ
  3. Караканов П. И. «Аммабын Чээбийдии туойдахпына…»/ Амма улууһун муниципальнай тэриллии дьаһалтата Дь.: Бичик, 2003-  С.152-153
  4. Протопопова Н.И., Кириллина В.И., Малышева Н.Н., Ефимова В.К. Марфа Потапова – Габышева : к 110 – летию со дня рождения. Документальный очерк, статьи, архивные документы, воспоминания /; — Якутск; Бичик, 2010. – 232с. 
  5. Уварова Е. Д. «Улуу олоҥхоһут Чээбий». Дь.: Бичик, 2014
  6. Материалы из архива школьного музея им. Л.Е.Филипповой МБОУ «Болугурская СОШ им.Е.Е.Пахомова»     

Курочкин А.П. Мужчина за выделкой кожи. Якуты. Россия, Якутия (Саха). Не позднее 1909. Источник: музей Кунсткамера