Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала
Елена Ивановна Егорова
Саха норуота уус-уран айымньылааҕын, фольклордааҕын туһунан аан маҥнай, XVIII үйэҕэ Сибииргэ, Саха сиригэр сылдьыбыт айанньыттар уонна историктар: Герард Миллер, Иоганн Фишер, Филипп Иоганн фон Страленберг ахтан ааһаллар эбит. Саха фольклорун сурукка киллэриини XIX үйэҕэ саха дойдутун чинчийбит ученайдар Ричард Маак, Александр Миддендорф са5алаабыттара. Афанасий Яковлевич Уваровскай, Отто Николаевич Бетлингк көрдөһүүтүнэн, биир олоҥхону, ырыаны уонна аҕыйах саха таабырыннарын суруйбута, 1851 сыллаахха немецтии тылбаастаах тахсыбыта.
Саха фольклорун бастакы бөдөҥ хомуура 1890 сыллаахха политсыылынай, народник Иван Худяков “Верхоянский сборник» диэн кинигэтигэр тахсыбыта.
1896 сыл эмиэ политсыылынай Вацлав Леопольдович Серошевскай “Сахалар” диэн научнай үлэтин бастакы тома нууччалыы тылынан тахсыбыта. Ол кинигэҕэ автор биир баһы норуот айымньытыгар туспа анаабыта.
1936 сыл этнограф Андрей Попов (төрөөбүт дойдута Саха сирэ) бэйэтэ хомуйбут матырыйаалын уонна сороҕун урут тахыбыт матырыйааллары хомуйан, “Якутский фольклор» диэн кинигэтин «Советский писатель» издательствоҕа таһаартарбыта. Бу кинигэҕэ “Якутская устная литература» диэн ыстатыйа бэчээттэммитэ.
1925 сыл кулун тутарга «Саха кэскилэ» диэн научнай чинчийэр общество тэриллибитэ. Ол общество саха олоҕун историятын, фольклорун уонна тылын чинчийэрэ. Биир кинигэттэн биирдэһигэр, иккис нүөмэригэр, А.Е.Кулаковскай «Якутские пословицы и поговорки» диэн үлэтин сахалыы уонна нууччалыы тылынан суруйан 1925 сыллаахха таһаарбыта.
Норуот бэргэн этиилэрэ – фольклор барҕа баайа
Өс хоһооно – норуот тылынан айымньытын биир баай көрүҥэ буолар. Бу өйдөбүл икки тылтан турар: өс уонна хоһоон. Өс диэн түүр омуктар сөс, сүз диэн тыллара инники дорҕооно түһэн биһиэхэ билиҥҥэ диэри тиийэн кэлбит. Саха билиҥҥи тылыгар үксүгэр атын тыллары кытта хоһулаһар: тыл-өс, өс киирбэх, эбэтэр фольклор айымньыларыгар туттуллар (холобур, өс эт, өскүн кэпсээ). Өс диэн тыл итини таһынан үгэс, абыычай диэн тыл суолтатыгар туттуллар. Холобур: “бу дойду дьонун өһө маннык” диэн этиллэр.
Оттон хоһоон диэн – саха билиҥҥи тылыгар литературнай термин, атын тыллары кытта холбостоҕуна, араас суолталаах сомоҕо өйдөбүллэр үөскүүллэр (тыл хоһооно, ис хоһооно). А.Е.Кулаковскай «өс хоһооно» диэн нууччалыы “гармония слова» диэн өйдөбүлгэ чугаһатар. Өс хоһооно – бу дьон-аймах олоҕун-дьаһаҕын, сиэрин- майгытын, өйүн-санаатын туһунан дириҥ ис хоһоонноох кылгастык уонна бэргэнник быһыы оҥорон, хоһуйан этии буолар. Сахалар: “Өс хоһооно-өбүгэ номоҕо», дииллэр. Ол аата, өс хоһооно бэрт былыргыттан утумнаан үөскээбитин уһугулаан бэлиэтииллэр. Өс хоһооно – киһи олоҕун аргыһа. Кырдьыгы-сымыйаны, үчүгэйи-куһаҕаны тойонноон биэрэр, кылгас ох тылынан бигэргэтэр, ону таһынан кэпсэтиигэ да, сурукка да киэргэл буолар.
А.Е.Кулаковскай «Якутские пословицы и поговорки» диэн үлэтин киириитигэр «Өс хоһооно Саха сирин устатын тухары биир тэҥник тэнийбит», — диэбит. («Научные труды» 105 стр). Дьэ, ол киһи дэбигис тиийбэт-түгэммэт, сирдэринэн бытарыйан, ыһыллан алаас, үрэх бастарынан бүгэн олорбут саха норуотугар өс хоһооно биир тэҥник тарҕаммыта киһини сөхтөрөр.
Өс хоһооно диэн норуот үйэлэргэ муспут, олоҕор туттан бэрэбиэркэлээбит муудараһа, дьон-сэргэ быһыытын-майгытын, олоҕун-дьаһаҕын, өйүн-санаатын туһунан бэргэн этиилэрэ, норуот бэйэтэ айбыт философията, ураты педагогиката.
Педагогическай ис хоһоонноох өс хоһооннорун К.С.Чиряев бэйэтэ тэрийбит Ороһутааҕы норуот педагогикатын музейыгар: “Норуот сэрэтэр», «Норуот сүбэлиир», «Норуот сэмэлиир» диэн үс бөлөххө араарбыт. Чахчы да, «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ» буоллаҕа. Ол былыргы өбүгэлэрбит кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар кэриэс-хомуруос тыллара – өс хоһоонноро буолаллар. Оттон сиэр быһыытынан, кэриэс тылы саха хаһан да кэспэт үгэстээх. Онон оҕолорбут ону умнубакка оҕолоруттан сиэннэригэр тиийэ тиэрдиэхтээх буоллахтара. Ол эрээри, оҕолорбут бу тылбыт баайын умнан-тэмнэн эрэллэрэ хомолтолоох.
Норуот бэргэн этиилэрин оҕону үөрэтиигэ, иитиигэ туттуу.
Фольклор диэн тугуй? Бу өбүгэлэртэн утумнаан кэлбит өй-санаа, бу биһиги метофондабыт (өйбүт-санаабыт фондата). «Ол гынан баран бүгүн даҕаны фольклор диэнинэн туох эрэ хаалбыты, былыргыны, аныгыга сөбө суоҕу өйдүүбүт. Телевизорга, радиоҕа тойук, олоҥхо, оһуохай биэриитэ кэллэҕинэ: «Дьэ эмиэ уһун да баҕайытык ыллаан эрэллэр», — диэн саба баттаан кэбиһэрбит баар суол.Ити өйдөбүл 1925 сыллаахтан норуот өйүн-санаатын хаалынньаҥынан ааттааһынтан, «эһиэкэйи эһиэххэ, оһуокайы охсуохха” диэн лозунтан утумнаан кэлбит. Биһиги бүгүн даҕаны фольклор үчүгэй өрүтэ, куһаҕан өрүтэ диэн араарабыт. Үчүгэй өрүтэ диэни (ону үчүгэйдик быһаара өйдүү иликпит) сайыннарабыт диибит. Дьиҥэр, итинник сыһыан фольклору самалык, киэргэл эрэ гына туттар кыаҕы биэрэр. (Кут-сүр оскуолата «Кыым» хаһыаттан).
Норуот сүнньүнэн буолар фольклор көрүҥэ элбэх: олоҥхо,оһуокай, таабырын, чабырҕах, өс хоһооно, үгэстэр, туомнар уо.д.а. эмиэ киирэллэр. Өс хоһооно диэн норуот муудараһа, философията, педагогиката. Ылан көрүөҕүҥ манныктары: «Өлүү быалаах, сор суоллаах», «Өрүс долгуннаах, олох очурдаах», «Хаахыныыр мас охтон биэрбэт», «Кэччэгэй кэҥээбэт», «Үчүгэй доҕор эмискэ көстүбэт», «Далайга таммах да эмтээх», «Олох олоруу – остуол ньуура буолбатах», «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ». Ити курдук сороҕун ханарытан, сороҕор судургутук олох, сиэр-майгы, өй-санаа араас көстүүлэринэн тойоннуур, быһаарар өс хоһооно элбэх. Ити өс хоһоонноро оҕону тугу барытын дириҥник өйдүүргэ, мындырдыырга үөрэтэллэринэн сүүнэ педагогическай соругу толороллор.
Педагогическай номохтоох өс хоһоонноруттан сиэр-майгы иитиллиитигэр хайысхалаах ордук элбэх. Олор кылыс этии күүһүнэн киһиэхэ бэрт наадалаах хаачыстыбалары иитэргэ көмөлөһөллөр. Ол курдук, төрөөбүт дойдуга уонна үлэҕэ тапталы, кырдьыксыт уонна чиэһинэй быһыыны, доҕорго, кэргэҥҥэ үчүгэй сыһыаны, эр санаалаах уонна өстөөххө эйэлэспэт хааны иитэр сүүһүнэн өс хоһоонноро баалллар.
Өс хоһооно – өй-санаа кылаан чыпчаала.
Өс хоһооно – сиэр-майгы суруллубатах сокуона.
Өс хоһоонун күүһэ: мындырыгар, кылыс тылыгар, сатаан туһаныыга.
Ону таба туһаннахха иитэр, үөрэтэр суолтата:
1. Дьон-сэргэ сиэрин-майгытын чочуйар.
2. Олоххо –дьаһахха оттомноох сыһыаны иитэр.
3. Үлэҕэ сүрэхтээх-бэлэстээх буолууга.
4. Кэрэ эйгэтигэр кытыарар.
5. Өйү-санааны сытыылыыр, о.д.а.
Төрөөбүт тыл үгэстэрин биллэрэргэ норуот уус-уран айымньытын билии, таптааһын улахан оруолу ылар. Саха фольклора баайын, фантазията киэҥин, уобарастара күүстээҕин, идеята дириҥин үгүс чинчийээччилэр бэлиэтээбиттэрэ.
Саха норуотун тылынан уус-уран айымньыларын үөрэтиигэ кылаас таһыгар ыытыллар үлэлэр улахан суолталаахтар. Кылаас таһынан үлэлэри салайааччы норуот бэргэн этиилэрин (өс хоһооннорун, тыл номохторун), суруйааччылар бэргэн этиилэрин лексикаҕа, синтаксиска таба туттан үлэни тэрийэр буоллаҕына, оҕоҕо тыл кэрэ эстетикатын, баайын ордук иҥэрэр, тиэрдэр, тылга интэриэһин көбүтэр, уруокка ылбыт билиитин чиҥэтэр, билэр-көрөр баҕатын уһугуннарар, сааһылаан кэпсиир, суруйар үөрүйэҕин, айар дьоҕурун сайыннарар.
Викториналар, грамматическай оонньуулар, таайбараҥнар
Кылаас таһыгар ордук киэҥник туттуллар үлэ көрүҥэ викторина буолар. Викторина — хоруй ыларга, билии киэҥин билгэииргэ анаан оҥоһуллар ыйытыылар бөлөхтөрө. Викторина араас саастаах, билиилээх оҕолорго сөп гына дөбөҥнүк оҥоһуллар. Кэрэхсэтии кыайыыга дьулуһуунан уонна боппуруоһу биэрии, хоруйдааһын араас өрүтүн туһаныынан ситиһиллэр. Биллэн турар, викторина ис хоһооно хайдаҕа эмиэ улахан оруоллаах. Кини билиини билгэлээһинэ оҕолор болҕомтолорун ордук тардар. Онон викторина бэйэтин форматынан оҕолору умсугутар.
Викторинаҕа хайа баҕарар ис хоһоону дэбигис киллэрэн, араас үлэ көрүҥнэрин кытта сибээстээн ыытыахха сөп. Араас биэчэрдэргэ, грамматическай оонньуу чаастарыгар, күннэригэр оҕолору кэрэхсэтэр оонньуу быһыытынан туһаныллар. Холобура, “Тыл үөрэхтээхтэрэ», «Лексика», «Тыл терминэ», «Суруйааччы бэргэн этиилэрэ», «Саха культурата», «Саха фольклора» о.д.а.
Тылга аналлаах викториналары араастык тэрийиэххэ сөп. Ити ханна, хаһан, кимиэхэ ыытартан улахан тутулуктаах.
- Тылга аналлаах хаһыаттарга, бюллетеннарга викториналар суруллан ыйаныахтарын сөп. Маннык викториналар оҕолор иллэҥ кэмнэригэр билиилэрин холонон көрөллөрүгэр туһуланар. Эппиэтэ ирдэммэт, ким төһөнү билэринэн холонор.
- Викториналары, боппуруостарын тута этэн, элбэх о5олор ортолоругар тэрийиэххэ сөп. Оҕолор биирдии эппиэттэрин иһин балл ылаллар. Элбэх эппиэти биэрбит оҕо кыайар. Манна кыра, орто, үрдүкү кылаас оҕолорун саастарынан учуоттаан тэрийэр сөптөөх.
- Учууталлар викториналарга оҕолору командаларга хайытан күрэхтэһиннэрэр үгэстэннилэр. Маннык викторина булугас өйдөөхтөр күрэхтэһиилэригэр, брейн-рингэҕэ маарынныыр. Боппуруоһу ыытааччы биэрэр, оттон балы команданан түмэри сэргэ биирдиилээн оҕо ситиһиитин эмиэ учуоттанар.
Викторинаҕа кыайан хоруйдамматах боппуруостары ыытааччы быһааран биэрэр. Ол оҕо билиитин системалыырыгар, толкуйдуур дьоҕура сайдарыгар көмөлөһөр.
- Билигин компьютер, ноутбук, планшет сайдыбыт үйэтигэр кабинекка электроннай варианын туспа папкалаан уган хаалараҕын, оччоҕо оҕо хаһан сололоох кэмигэр ылан таайар. Сыыспытын-сөбүн тутатына бэрэбиэркэлэнэр.
Оонньуу оҕону кэрэхсэтэр, умсугутар өрүттэргэ уонна сатабылга, билиигэ дьулуһууга, күрэхтэһиигэ, бастаан кыайыыга тирэҕирэр. Оттон күрэхтэһии билиигэ, өй кыаҕар, сылбырҕа буоларга олоҕурар. Онон оонньуу араас дьоҕурдары сайыннарар.
Оонньууну оҕо дьоҕурун сайыннарар тосхоллоон, туһалаах хайысханан салайарга, чопчу сыал-сорук , ис хоһоон булуллуохтаах.
Оонньуу атрибуттарга олоҕурар. Холобур, спортивнай оонньуулартан футбол, волейбол, баскетбол, лапта уо.д.а атрибуттара – мээчик. Мээчигинэн араас ис хоһоонноох, араас дьоҕуру сайыннарар оонньууну тэрийиэххэ сөп.
Абстрактнай предметтэр, өйдөбүллэр эмиэ атрибут буолаллар. Холобур, ахсаан, тыл, дорҕоон уо.д.а.
Тыл ыйааһына, сыта, кээмэйэ суох. Ол эрээри кини дорҕоон уонна сурук көмөтүнэн биһиэхэ объективнай көстүү, предмет быһыытынан биллэр.
Тыл дорҕооно, суолтата, грамматическай формата оонньуу атрибута буолар. Онон грамматическай оонньууларга оҕолортон элбэх тылы билии, тыл дорҕооннорун уонна грамматикатын сокуоннарын өйдөөһүн, тутуһуу эрэйиллэр.
«Игра – путь детей к познанию мира. Именно на игре словом ребенок учится к тонкостям родного языка, усваивает музыку его, и то, что филологи называют духом языка »,- диэбитэ М.Горькай.
Саха тылын матырыйаалынан о5олор оонньуулларыгар, сынньалаҥнарыгар киэҥник киллэрии, кинилэр төрөөбүт тылы араас кээмэйдээн уонна уустуктук толкуйдуу үөрэнэллэригэр көмөлөһөр. Төрөөбүт тылларын төһөнөн киэҥник билсэллэр, дириҥник билэллэр да, соччонон төрөөбүт норуоттарыгар убаастабыллара улаатар.
Грамматическай оонньуулары икки бөлөххө араарыахха сөп. Бастакытынан, тылы туһанан, араас хамсаныылаах оонньуулары ыытыы. Иккиһинэн, дидактическай оонньуулары эбэтэр кэрэхсэбиллээх эрчиллиилэр диэн ааттанар, толкуйу, билиини эрэйэр үлэ көрүҥнэрин быһыытынан ыытыы.
Грамматика, лексика, фонетика матырыйаалларыгар олоҕурар оонньуулары араастаан аттаран, уруокка, дьиэҕэ үлэ быһыытынан, сбордар, кылаас чаастарын, куруһуоктар, биэчэрдэр этаптарын курдук, арыт оонньуулары бэйэлэрин түмэн занятие, биэчэр тэрийиэххэ сөп.
Граматическай оонньуулар элбэх оҕону хабаллар, маассабайдар. Оонньуу, аҕыйах эбэтэр элбэх оҕо кыттарыттан тутулуга суох, оонньооччулары, көрөөччүлэри, истээччилэри кэрэхсэтэр.
Грамматическай оонньуу ис хоһооно оҕо сааһыттан, билиититтэн уо.д.а. араас оҕо туспатыйар уратытыттан сибээстэнэн хааччахтаммат. Оонньуу усулуобуйата уонна араас атрибуттара кимиэхэ баҕарар өйдөнөр буолуохтаахтар.
Грамматическай оонньуу син эмиэ атын оонньуулар курдук, быраабылалаах, усулуобуйалаах, тэрийээччилээх, түмүктээһиннээх. Ол иһин оонньууну ыытарга оҕолору сүүмэрдиир, талар, салайар киһи чопчу соругу туруорунар. Оонньуу соруга темаҕа сыһыаннаан уонна өй үлэтин көрүҥүнэн быһаарыллыан, аттарыллыан сөп.
Грамматическай оонньуулар ахсааҥҥа, формаҕа, условноска олоҕурар оонньууларга киирсэллэр. Ол иһин тас формалара, атрибуттара олус элбэх. Үгүстэрин остуолга, дуоскаҕа оонньонор. Элбэх оҕону сүүрэн-көтөн хабан, тыл көмөтүнэн тэрийиллэр. Онон бу оонньуулары хаһан, ханна, хайдах толорторор сүүйүүлээх буоларын үчүгэйдик билиэххэ наада.
Бэргэн этии үөскээбит төрдүн билии
Бүүчээн төһүүтүгэр дылы — булчут кыра табаны бултуйдаҕына, Байанайын алы гынан, сүрдээх улахан кыылы бултаабыттыы үөрэн саҥа аллайар, улахан маһынан төһүүлээн нэһиилэ сохсотун көтөхпүтэ буолар. Бу өс хоһоонун А.Е.Кулаковскай маннык быһаарар:”пословицу эту употребляют, когда увидят вещь или орудие не соответсвующее своему назначению» (Кулаковскай, 1979, стр. 30).
Аата, Кыычыкыын оҕуһун баһа буоллаҕай — Кыычыкыын диэн баай күүлэй тэрийэн баран, үлэһиттэрин кур оҕус баһа бустаҕына аһатыах буолар. Үлэ дьоно күүтэ сатыыллар да, баай элбэҕи оттотоору аһылыкка ыҥырарга тиэтэйбэт. Наһаа уһун кэтэһиилээх дьыаланы итинник этэллэрэ өс хоһооно буолан хаалбыт (Кулаковскай, 1979, стр. 113).
Биир ылбайы сэттэтэ уоппукка дылы — баай ыалга кийиит сүктэн кэлэн баран, нырамсыйан биир мундуну сэттэ сиринэн кэрчиктээн сиэбит. Онтон ыла наһаа бытааннык хамсанар, дьон хараҕар нырамсыйа сатыыр дьахталлары сирэн этэллэр (Кулаковскай, 1979, стр. 122).
Туһаныллыбыт литература:
- Антонов Н.К. Саха билиҥҥи тылын лексиката. – Якутскай: 1967
- Ааллаа5ыскай Н.А. Саха тылын омонимнарын тылдьыта. – Якутскай: 1979
- Ааллаа5ыскай Н.А, Луховцев Х.Х. Саха тылын синонимнарын кылгас тылдьыта. – Якутскай: 1982
- Васильев Г.М, Константинов Х.И. Саха норуотун айымньыта. – Якутскай: 1942
- Васильева Л.П. Лексические ошибки учащихся и выпускников якутских школ и некоторые пути их предупреждения– Якутскай: 1976
- Воронкин М.С, Алексеев М.П, Васильев Ю.И. Саха түөлбэ тылын тылдьыта. – Новосибирск: Наука, 1995
- Горохов С.И, Ефремов П.Е, Ойунская С.П. Киһи тыла – ох. – Якутскай: 1982
- Григорьев Н.С. Саха тылын сомоҕо домоҕун тылдьыта. – Якутскай: 1974
- Емельянов Н.В. Якутские пословицы и поговорки. – Якутскай: 1962
- Жегусов Д.С. Сиэргэ-майгыга сыһыаннаах өс хоһоонноро. – Якутскай: 19;дь
- Избекова Л.К, Сафонов Н.И. Фольклор оҕону иитиигэ дьайыыта. – Якутскай: 1990
- Кондакова У.Ф. Тыл оонньуута. Якутск: 1998
- Морозова М.М. Виды внеклассной работы по русскому языку. – М, Просвещение:1968
- Неустроев Н.Н, Поликарпова Е.М, Яковлева Т.И. 6 кылааска саха тылын, литературатын үөрэтии. – Дьокуускай, Бичик: 1999
- Оконешникова А.П. О5о дьо5урун уонна талаанын сайыннарыы. – Якутскай: 1979
- Окорокова В.Б. Студент научнай үлэтин көрүҥнэрэ. – Якутскай: 1999
- Панов Б.Т. Внеклассная работа по русскому языку. — Москва: Просвещение: 1980
- Попов Г.Г. – Боотой. Саха үгэстэрин ситимнэрэ. — Якутскай: 1991
- Стручкова И.И. Саха бэргэн тыла-өһө. – Дьокуускай, Бичик: 1997
- Филиппов Г.Г. Саха тылын методикатыгар лекциялар. – Дьокуускай:1982
- Филиппов Г.Г. Саха тылыгар ыстатыйалар уонна матырыйааллар. — Дьокуускай: 1977
- Федоров Г.Е. Быһаарыылаах өс хоһоонноро уонна тыл номохторо. – Дьокуускай: 1992
- Чиряев К.С, Васильева Ф.А. Норуот педагогикатынан дьарыктанар хайысхалар. – Ороһу: 1997
- Кулаковский, Алексей Елисеевич. Научные труды: Акад. наук СССР, Сиб. отд-ние, Якут. фил., Ин-т яз., лит. и истории. Якутск : Якут. кн. изд-во, 1979. — 483 с.