Билигин уһуйааннарга, үөрэх кыһаларыгар араас тиэмэҕэ күрэх уолаттарга да, кыргыттарга да ыытыллар. Төрөппүт оҕотун таҥаһын-сабын бэрийэн, тылын-өһүн чочуйан, тэрээһин ирдэбилин барытын толорон дьоһуннук кыттарга бэлэмнэнэр. Бэлэмнэнии түһүмэҕэр саамай ыарырҕатара – оҕото сахалыы сайаҕастык, урааҥхайдыы ураннык бэйэтин билиһиннэрэр тыла-өһө буолар эбит. Кыра кээмэйдээх, илдьэ сылдьарга бэрт табыгастаах дьоро киэһэлэргэ аналлаах кинигэлэр бааллар. Холобур, Гаврил Торотоев «Эҕэрдэ эгэлгэтэ, этигэнэ, эриэккэһэ» диэн дьоҕус кинигэтэ олус туһалаах. Тылы туттуу холобурдарын тиэмэлэринэн наардаабыта кэрэхсэнэр. Кинигэлэр үксүлэрэ улахан киһи туһанарыгар сөптөөхтөр. Онон оҕолоох төрөппүттэргэ көмөлөөх буолаарай диэн бу ыстатыйаҕа билиһиннэрэр тыл этэргэ уонна эҕэрдэни хайдах суруйарга сүбэ-соргу биэриэхпит, көмө-тирэх тыллары суруйуохпут.

  1. Сиэр быһыытынан, саха киһитэ тыл этэригэр аан-бастаан дьиэлээх тойону эбэтэр кинини ыалдьыттата ыҥырбыт хаһаайыны аатын ааттаан нөрүөн нөргүйэр үтүө үгэстээх. Холобур, Далан «Тыгын Дархан» диэн арамааныгар Быйаҥ Төҥүлгү этэр тылын маннык саҕалыыр:
  • Дьоллоох Туймаада дьоһун баһылыга Тыгын Дархан! Уйгу Тунах ыһыаҕар мустубут Урааҥхай Сахалар уон улуустарын аҕа баһылыктара!

Эбэтэр Майаҕатта Бэрт Хара:

  • Нөрүөн нөргүй, аҕа кылыным Тыгын Дархан!

Күрэххэ кыттар оҕо мустубут дьоҥҥо туһаайар тылын маннык саҕалыан сөп:

  • Нөрүөн нөргүй, убаастабыллаах Дьүүллүүр Сүбэ! Үтүө киэһэнэн, ыраахтан-чугастан тоҕуоруһа мустубут күрэх кыттыылаахтара!

Ханнык күрэххэ кыттарыттан көрөн, ити тыллары чопчулуубут. Холобур:

  • Үтүө киэһэнэн, «Сааскылаана Куо» күрэххэ кытта кэлбит кэрэчээн кыргыттар – чугдаарар чуораанчыктар, тырыбыныыр чыычаахтар!
  • Үтүө күнүнэн, «Үрүҥ Уолан» күрэххэ күөн көрсө, күрэс былдьаһа кэлбит кус быһый, ат бөҕө уоланнар!

Бу курдук кыргыттарга, уолаттарга барсар араас эпитеттэри эбэн атыттарга маарыннаабат, көрөөччү болҕомтотун тардар бэйэни билиһиннэриини саҕалыахха сөп.

  1. Салгыы тэрийээччилэргэ махтал тылы аныыр тоҕоостоох. Лөкөй Тойон Туймаада ыһыаҕын тэрийбит Хаҥалас бас-көс дьонугар маннык махтанар:
  • Бастатан туран, Улуу тунах бастыҥ-мааны ыһыаҕар ыҥыран ыалдьыттаппыккытыгар барҕа махтал буоллун!

Тэрээһиҥҥэ кыттар оҕо махтанар тылын холобура:

Сынньалаҥ киинин
Сырдык уораҕайыгар
«Сааскылаана Куо» күрэҕи
Салайар тэрийээччилэргэ
Сүргэни көтөҕөр,
Санааны кынаттыыр
Махталбын этэбин.

Эбэтэр:

Уол оҕо барахсан
Аат былдьаһар,
Албан улкуйар
Алгыстаах түһүлгэтин
Тэрийээччилэргэ
Айхал-мичил буоллун!

  1. Ол кэннэ дьэ кыттааччыбыт мустубут дьоҥҥо бэйэтин билиһиннэрэр. Саха киһитэ былыр-былыргыттан төрөөбүт сирин-дойдутун, төрдүн-ууһун быһааран, кимин-тугун этэн, туох дьарыктааҕын кэпсээн дьону кытта билсэр буолара. Кэпсэтии сиэрин тутуһан (этикет), оҕо бэйэтин туһунан хоһоонунан хомоҕойдук кэпсиирин дьүүллээччи да, көрөөччү да биһирии истиэҕэ.

Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах
Кыыс оҕо барахсан
Кэпсии-ипсии тураҕын диэтэргит –
Арылыйар ыраас уулаах,
Сардааналаах кытыллардаах,
Бурдугунан сураҕырар,
Дьэдьэнинэн аатырар
Амматтан сыдьааннаахпын,
Суон сурахтаах Суола үрэхтээх
Саргылаах Сатаҕай сиригэр
Төрөөбүтүм-улааппытым.
Аатым-суолум …,
Араспаанньам ….
Айбыт Аар тойон аҕам
………………….,
Күн күбэй хотун ийэм
………………………
Үһүс оҕонон күн сирин көрдөрбүт
Мааны кыыстара (уоллара) буолабын.

Эбэтэр арыый көрдөөх соҕустук:

Кимтэн кииннээх,
Хантан хааннаах,
Туохтан тууралаах
Уол оҕо кэлэн
Уолугунан тыынна,
Уһугунан дугунна диэн
Атыҥырыы көрүмэҥ.
Ааппын-суолбун сурастаххытына,
Киммин-туохпун туоһуластаххытына –
Билсиһэргэ бэрпин,
Кэпсэтэргэ бэлэммин.

  1. Ити курдук аатын-суолун билиһиннэрэн баран, оҕо туох дьоҕурдааҕын, дьарыктааҕын кэпсиир. Үгүс оҕо ыллыыр-туойар талааннаах буолар. Онон сорох тылын ырыанан, чабырҕаҕынан эттэҕинэ көрөөччүлэр сэргэхсийэ түһээччилэр.

Үөрэхпэр үчүгэйбин,
Дьоҕур-талаан да баар.
Спордунан дьарыктанабын:
Сүүрэбин, тустабын,
Волейбол оонньуубун –
Кыайыы өрөгөйүн,
Хотторуу хомолтотун
Элбэхтик билбитим.

Кыргыттар:

Иллэҥ кэммэр
Дьарыгым үгүс,
Кэрэхсиирим элбэх.
Иистэнэрбин сөбүлүүбүн,
Баайарбын астынабын –
Быыстапкаҕа кыттабын.
Үҥкүүнэн үлүһүйэбин-
Күрэхтэргэ ситиһиилэнэбин.

Оҕуруоччуттар күрэхтэригэр кыттыбыт уһуйаан иитиллээччитэ маннык эппит:

Биһиги бас билэр уһаайбабыт –
Алаһа дьиэбит тиэргэнэ,
Астына үлэлиир оҕуруоппут,
Таптаан сынньанар тэлгэһэбит,
Сөбүлээн оонньуур хонуубут.
Баар манна хортуоскабыт бааһыната,
Бомудуорбут, оҕурсубут теплицата,
Эрдэ үүнэр эрэдьиискэни,
Битэмииннээх моркуобу,
Талымаһа суох сүбүөкүлэни,
Чээлэй күөх салааты,
Аһы тупсарар укуруобу-луугу
Өлгөмнүк үүннэрэр хоруудаларбыт.
Тэлгэһэбит киэргэлэ-
Сибэккилээх кулуумбалар
Кэккэлэччи тураллар.
Араас дьүһүннээх астралар,
Дьэрэкээн өҥнөөх бегониялар,
Бархатцылар, тюльпаннар
Детсадка барарбар сайыһаллар,
Кэллэхпинэ үөрэллэр —
Далбаатаһа көрсөллөр.
Сайын кэлэрин кэтэһэбин:
Убайбыныын- бырааппыныын
Тэлгэһэҕэ тахсаммыт
Оҕуруоппутугар уу кутуохпут,
Сыыс оту үргүөхпүт –
Хайҕал тылын истиэхпит.
Үлэлииргэ үчүгэй,
Сынньанарга оһуобай
Уһаайбабын таптыыбын!

  1. Күрэстэһээччи түмүк тылыгар кыттааччыларга барыларыгар ситиһиини баҕаран, бэйэтин дьоһунун, үтүө санаатын көрдөрөрө табыгастаах.

Күрэх кыттааччыларыгар
Бука барыгытыгар
Ситиһиини, табыллыыны баҕарабын.
Ким бэлэмнээх –
Ол кыайдын!

Эбэтэр:

Күрүлүүр күүстээх,
Орулуур уохтаах
Боотур буолуохтаах
Үрүҥ Уоланнарга
Уруй-айхал!
Кыайыылааҕы
Соргу-дьолуо быһаардын!

Ити курдук, ханнык баҕарар күрэстэргэ, куонкурустарга оҕо кыайыыга дьулуурун, ону таһынан утарылаһааччыларыгар убаастабыллаах сыһыанын биллэрэрэ хайаан да наада.

Эҕэрдэ сурук. Чугас дьоммут дьоро күннэригэр, үбүлүөйдэригэр ис сүрэхтэн этиллэр истиҥ эҕэрдэлэри, махтал тыллары суруйарга сүбэлиир эмиэ тоҕоостоох. Күндү киһибитин өйбүтүгэр оҥорон көрөн, кини эйэҕэс мичээрин, үтүө сыһыанын харахпытыгар бу баардыы көрөн олорон суруйар ордук табыгастаах буолар. Дьуһуурунай этиилэринэн эҕэрдэлиир, баҕа санааны этэр тустаах киһини хомотуон да сөп. Онон оҥостон олорон, ыксаабакка-тиэтэйбэккэ тылларбытын наардыыбыт. Эҕэрдэ сурук тутула үксүн маннык буолар:

  • Туһаайан этии улахан суолталаах уонна болҕомтону тардар аналлаах. Холобур, “Тапталлаах эһэбит Иван Иванович!” диэн саҕалыырдааҕар «Биһиги дьиэ кэргэн суон дурдата, халыҥ хаххата, тумус туттар күндү киһибит» диэтэххэ саастаах киһи төһөлөөх үөрүөй!? Кинини сыаналыылларын, таптыылларын биллэрбиттэриттэн астыныа-дуоһуйуо. Дьэ, салгыы тугу суруйаллар эбитий диэн сонурҕаан ааҕыа дии.
  • Эҕэрдэлиир түһүмэх. Манна бырааһынньык туохха аналлааҕынан эҕэрдэ тыла этиллэр. Холобур, үбүлүөй, малааһын, көмүс сыбаайба, наҕарааданы сууйуу о.д.а. Малааһын маанылаах остуолугар ыҥырыллан кэлбит ыалдьыт эҕэрдэтэ маннык буолуон сөп: “Ыра санааҕытын сүһүөҕэр туруоран, алаһа дьиэҕитигэр киирэр маанылаах малааһыҥҥыт дьоро күнүгэр сүрэхтиин үөрэн, дууһалыын долгуйан эҕэрдэ эриэккэһин этэн, үтүө тыл сүмэтин сүүмэрдээн, сахалыы алгыспытын аныыбыт, урааҥхайдыы уруйбутун туһаайабыт!” Эбэтэр үбүлүөй үөрүүлээх эҕэрдэтэ: «Эн 75 сыл кыыдааннаах кыһынын көмнөх хаарын санныгар уулларан, сандал сааһын сандаарар сарыалын түөскэр көтөҕөн, самаан сайынын илгэлээх ардаҕын эккэр-хааҥҥар иҥэринэн, көмүс күһүнүн күндү күлүмүн сүрэххэр сөҥөрдөн, дойдум-дьонум туһа диэн үрүлүйэ үлэлээн, үлүмнэһэ олох олорон үбүлүөйдээх күҥҥүн үөрэ-көтө көрсөргүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит!».
  • Эҕэрдэ ананар киһитэ туох үтүөлээҕин эридьиэстээн суруйуу. Үбүлүөйдээх киһи өр сыллаах кыайыылаах-хотуулаах үлэтин-хамнаһын түмүгүн, кэргэн уонна ийэ-аҕа быһыытынан маанытын, ураты дьарыгын, талба талаанын хоһуйан-хайҕаан суруйабыт. Малааһын тэрийэр дьоҥҥо: «Хайгыыбыт дьиэлээх тойону: олох оргуйар үөһүгэр, үлэ эргийэр киинигэр сылдьаҥҥын кылгас кэмҥэ дьулуургунан-дьаныаргынан туруулаһан, дьиэ-уот тутуннуҥ, сайылык дьиэ оҥоһуннуҥ, ойоҕуң-оҕолоруҥ туһа диэн кыһаллаҕын-мүһэллэҕин, кинилэргэ эрэллээх эркин, тулхадыйбат тулааһын буолаҕын. Хайгыыбыт дьиэлээх хотуну: «үрүҥ дьиэ үрүмэччитэ, хара дьиэ хараҥаччыта» — амтаннаах астаах, талааннаах тарбахтаах, тупсаҕай тутуулаах бэртээхэй хаһаайка буолаҥҥын, тойон эргэр – холоонноох доҕор, аналлаах аргыс, оҕолоргор – «сир күнэ» буолан, аал уоккун арчылыыгын, алаһа дьиэҕин араҥаччылыыгын».
  • Баҕа санаа. Гаврил Торотоев кинигэтиттэн цитаталары, алгыстары туһаныахха сөп. Эриэккэс эпитеттэри булан тылбытын-өспүтүн киэргэтэбит. Малааһыннаах ыалбытыгар, холобур, маннык алгыһы аныыбыт: «Баҕарабыт алаһа дьиэҕитигэр дьол-соргу күлүмнэс күнэ өрүү сыдьаайа тыгыахтын, көмүс ньээкэ уйаҕытыгар үйэ-саас тухары самныбат саргыланыҥ, түҥнэстибэт төлкөлөнүҥ, үөрүү-көтүү үктэллэниҥ, ил-эйэ эҥэрдэниҥ, таптал-табыллыы кынаттаныҥ! Быстыбат быйаҥнаах, уостубат уйгулаах, сырдык уоттаах, итии дьиэлээх дьоҥҥо-сэргэҕэ кэрэхсэнэр ыал буолуҥ!»

Киһи олоҕор бэлиэ күн үгүс, ону аныгы сиэринэн бырааһынньык тэрийэн бэлиэтиибит, чугас дьоммутун остуол тула мунньан үөрдэбит-көтүтэбит. Ыҥырыылаах ыалдьыт эҕэрдэ тылын долгуйа истэбит, суругун кэлин оҥостон олорон хас биирдии тылын ырытан ааҕабыт, долоҕойбутугар хатыыбыт, өйдүү-саныы сылдьабыт. Онон эҕэрдэ сурук ураты иһирэх иэйиилээх, өйү-сүрэҕи өрүкүтэр тыллаах-өстөөх буоллаҕына кэрэхсэниэ.

Хаартыскалар куйаар ситимиттэн ылылыннылар.