Саха олоҕун быстыбат сорҕотунан, икки атахтааҕы араҥаччылааччы, итэҕэли кытта ситимнээччи, сиэрин-туомун ситэрээччи, сырдыгы да, хараҥаны да кытта алтыһыннарааччы ойуун, удаҕан буолар. Сахаҕа кинилэр тустарынан үгүс үһүйээн, номох хаалбыт.
Ол курдук Ньурба сиригэр, чуолаан Күндээдэҕэ Кугдаар түөлбэтигэр, улаханнык биллибит, ″эдьиийбит″ диэн ааттанар удаҕан Буут Айыыта олорбута. Кини аҕата Буут аатырбыт Мындай кинээс бииргэ төрөөбүт инитэ. 18 үйэҕэ олорбут дьоннор. Мындай муҥ аат баай, ол аата сүөһүтүн-сылгытын ахсаанын билбэт гына муҥутуу байбыт киһи диэн кэпсэнэр. Кини кыстаабыт сүөһүтүн Кураҥтан икки көстөөх Суораттаахха (былыргы аата ″Сур аттаах″ диэн) үүрэллэригэр, бастаан таһаарбыт сүөһүтэ Суораттаахха тиийэригэр, сорох сүөһүтэ Кураҥтан хоҥно илик буолара үһү.
Онтон Буут – дьадаҥы киһи. Кини, убайа тугу да көмөлөспөтүн иһин, Мындай халыҥ үөрүттэн уоран сиир идэлээх эбит. Арай биирдэ тоҕус биэни тутан, хахха сиргэ таһааран, муннуларын оҕустуу үүттээн баран, талаҕы көпсөлөөн дөрөлүү-дөрөлүү, ол көпсөлөрүн талаҕынан тиит силиһиттэн баайталаан туруорбут. Уонна сүгэтин-быһаҕын сытыыланан, олгуйун уокка туруоран бэлэмнии сылдьан сылгыларын көрбүтэ – Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар муннулара хаан-сиин буолан, эрэйдэнэн иҥэрсийбэхтии тураллара үһү. Онуоха Буут аһыныах санаата кэлбит: ″Ама мин дьадаҥы буолбутум иһин бу курдук айыы кыылларын эрэйдии сырыттахпыный?! Кэнэҕискитин түөкүн Буут аатыран, оҕолорум суолларын быһыам кэриэтин бу идэбин бырахпытым ордук″, — диэн баран сылгыларын ыыталаан, алтан солуурун түгэҕин сүгэнэн дьөлө охсон кэбиспитэ үһү. Онтон ыла түөкүннээн бүппүт.
Буут удаҕан кыыһын туһунан туох да улахан кэпсээн, номох хаалбатах. Ол курдук кини дьиҥнээх аата да биллибэт. Айыы диэн сахаҕа үөр буолбут дьону этэллэр. Буут Айыыта Кугдаарга, Улгукта Дьордону кытта быысаһар сиригэр тумул иһигэр буор араҥаска көмүллэ сытар. Бу сиргэ кини хойукка дылы баарын биллэрэр эбит. Ол туһунан Күндээдэ олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Иванов Петр Тимофеевич-Сакый манныгы кэпсээбитэ:
″Баарын биллэриитэ кэнники 1948 с. буолбут. Ити тумулга ыһыах ыспыттар. Олохтоох уол Иванов Тимофей Гаврильевич сэриигэ барарыгар “миигин эргийэн кэлэр гына оҥор” диэн кумаахыга суруйан араҥаска кыбытар. Сэрииттэн кэлэн ″Улгукта″ колхуос бэрэссэдээтэлэ буолар уонна кэлбитин махталыгар ыһыах ыһарга сананар. Ол иннинэ арай ийэтэ мэнэрийэр – сүгүн сылдьыбаккаҕын сир-дойду, от-мас иччитин көбүттүҥ, онон халаҥнарын-хансыктарын толорботоххуна бэйэҕиттэн бэйэҥ сэрэнээр. Ону сиэрин-туомун барытын толоро сатыыр. Удаҕан унуоҕун таһыгар ойуур иһигэр Амтыйа диэн эмээхсин олорор. Кини урукку итэҕэли, сиэри-туому билэр эбит. Бэйэтэ оҕото-уруута суох. Үс уолу ииппит. Мэнэрик этиппитин кэнниттэн Амтыйаҕа ситии хаттарбыттар уонна алаадьылаах кымыстаах Буут Айыытын унуоҕар тиийэн аһаппыттар.
Онно Дьүүрүндэ өтөҕүттэн иккис мэнэрик мэнэрийбит – “бу муҥнаахтарым букуруйан-такырыйан киирэн аһатан эрэллэр” диэн өссө чарапчыланан көрөрө үһү. Онтон ыһыах иннинэ саас колхуоска муҥаа чакыр, чокуруос харахтаах кулун төрүүр. Ону Дыгынас диэн сылгыһыт муҥнан өлөн хаалыа, онон эппиэккэ тиксиэм диэн оройуон бэтэринээр бырааһа Столяры таһааран аахтатан өлөрөн кэбиһэллэр. Уон биэс чилиэннээх колхуос чилиэттэрэ кулун этин үллэстэллэр, төбөтө Маппыай диэн аҥардас оҕонньорго тиксэр, ону чайдаан баран сүлэн сиэҕим диэн тоһоҕо төбөтүгэр анньан кэбиспит. Чайдыы олордоҕуна мэнэрик мэнэрийэн турар. “Ытык сылгым ыччатын, төрүт сылгым төрүөҕүн быртахтаан, былайдаан сиэбит буола буолаҕыт, төбөтүн уҥуоҕун араҥаспар киллэрэн кулуҥ” диэн Буут Айыыта мэнэриккэ киирэр. Ону Маппыай араҥаска тиийэн кулун төбөтүн ууран кэбиһэр (маска ыйаабыта буолуо).
Ыһыахтарын күнэ кэлэр – хорчуоппаланаллар, ыһыах ыһыах курдук барар. Онуоха, харчы киллэрээри, колхуос пиибэ көөнньөрөн атыылыыр эбит, ол тобоҕун Хорчуоппа диэн киһиэхэ куруусканан биэрбиттэр. Ону Хорчуоппа иһэн баран итирэн буккуллан турбут. Саввинов Кынаачай (Хаҥалас) диэн хорчуоппаһыт киһи уотун кыһыл ытыһынан ыһан киирэн барбыт. Ону тутан харыйаҕа кэлгийэн кэбиһэллэр. Онтон бэттэх Хорчуоппа иһээччи буолан хаалар уонна олоппоско олорон эрэ бабыгырыы сылдьар, кыырыан баҕарталыыр эҥин курдук буолар.
Ыһыах кэнниттэн колхуос бэрэссэдээтэлин 40 хонуктаах оҕото өлөн хаалар.
Хойут, бөдөҥсүтүү буолан, “Улгукта” колхуоһу “Пятилеткаҕа” холбоон кэбиһэллэр. Онон бары Кугдаарга көһөн бараллар. Ферма эрэ ордон хаалар.
Онон бу ыһыах тэрийэргэ сыыһалара диэн бастатан туран удаҕан көмүллэ сытар тумулугар оҥорбуттар уонна ытык дабатыллыбыт биэттэн төрөөбүт кулуну сиэбиттэр. Оннук сылгы бэйэтинэн сылдьыахтаах, бэйэтин көнньүнэн өлүөхтээх эбит.
Буут Айыыта кэнники даҕаны мээнэ саҥарар дьоҥҥо биллэр эбит. Холобур, отуулара да умайар эбит, кэнники техникалара да алдьанар эбит. Онон мээнэ саҥарыллыбат сир. Билигин да дьайа сытар курдук өйдөбүл баар. Холорук буолан киирэрин көрөллөр эбит.
Ити мэнэрийбит дьон туһунан этэр буоллахха манныктар: Бирээдик эмээхсинэ – Балбаара (Куприянов Егор Терентьевич ийэтэ); Лэппэриэн эмээхсинэ – Балбаара, Бырдырхаайы диэн хос ааттаах, киниэхэ атын киһи куолаһа киирэрэ үһү; Баан эмээхсинэ (Захарова); Илгэ ойоҕо; Хаҥалас ойоҕо Мотурууна (Корнилова)″.
Буут Айыытын уҥуоҕун биһиги иккитэ көрө сылдьыбыппыт. Петр Тимофеевич убайа Саввинов Владимир Иванович сирдээн. Онно уҥуох тас маһа ыһыллан, тэбиэҕинэн (тас хоруоба) эрэ турара. Таһыгар ат адаҕата сытара. Иванов П.Т. этэринэн, бастакы хостооһуну 1967 с. археолог Констанинов И.В. оҥорбут. Ол кэмтэн ыһыллыбыт буолуохтаах.
Иккис хостооһуну 2015 с. ХААОКуоГЧИ археология салаатын экспедициятын Ньурбатааҕы этэрээтэ оҥорбута. Тэбиэҕин ылан ийэ маһын (хоруоп) арыйбыттара – киһи чөмчөкөтүн уҥуоҕа, атын уҥуохтара уонна мала-сала баара: ыҥыыр, тимир кур туорумнара, икки тимир төгүрүктэр, туораах ытарҕа, симиир тылбыыта. Мантан ураты саа ботуруоннара (хойуккулар), испиискэ хаата, сэбиэскэй манньыаттар о.д.а. угуллубут этилэр. Онон бу хойукку дьон арыйан, баар малын-салын үрэйбиттэрэ дьэҥкэ.
Кэлин Буут Айыытын малларын экспедиция салайааччыта Петров Денис Михайлович Ньурба түмэлигэр туттарбыта. Билигин дьон көрүүтүгэр турар.
Борисов Б.Б.-Байан Түһүнэй
16.01.23 с.
Тирэх литература:
1) Күн тахсар Күндээдэбит. – Дьокуускай:Бичик, 2005.
2) Степанов Н.Т. Аптаах тыл соноругар. – Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 2006.
3) Сэһэнньит ИвановП.Т-Сакый (1947 с.т.).
Фото экспозиции.