Тэрийээччи: “Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин” кэммиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ.
Болдьоҕо: 2020 сыл алтынньы 1 күнүттэн 2020 сыл ахсынньы 22 күнүгэр диэри.
Сыала-соруга:
- Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын хомуйуу, харыстааһын, тэнитии;
- Норуот тылынан уус-уран айымньытын үгэстэрин үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдии, сырдатыы,бэчээккэ таһаарыы, чинчийии;
- Норуот тылынан уус-уран айымньытын билэр дьоммутуттан истэн, суруйан үйэтитии.
Ирдэбилэ:
Норуот тылынан уус-уран айымньытын билэр (фольклор) дьонтон тойугу, үһүйээни, норуот ырыатын, чабырҕаҕы, остуоруйаны истэн, сурукка түһэрэҕит. Кэпсээбит киһи аатын, сааһын, төрөөбүт сирин-уотун, ити кэпсээбитин кимтэн, хаһан истибитин, хаһан, ханна суруйбуккутун толору ыйаҕыт. Кэпсээччи хайдах кэпсээбитин, хайдах саҥарбытын курдук (холобур, дорҕоонун хайдах баарынан) уларыппакка суруйаҕыт (тылын-өһүн көннөрбөккүт). Аныгы уонна кинигэттэн ылыллыбыт айымньылар киирбэттэр.
Үлэни манна ыытаҕыт: ostyoryja_2019@mail.ru. Киирбит үлэлэри http://sakhaetigentyla.ru саайка таһаарабыт.
Ыйыталаһарга: 89142681196
Кыттыбыттарга туоһу сурук бэриллэр.
Хаартыскаҕа: Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын институтун фольклор уонна литература салаатын научнай үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата Надежда Павлова Туприн Трифон Алексеевич (Анаабыр улууһа, Үрүҥ Хайа нэһ., 2013 с.) олоҥхоттон быһа тардыыны кэпсиирин устар түгэниттэн.