Хос эһэм Константинов Дмитрий Гаврильевич-Миитэрэй Көстөкүүнэп (1930–2016 сс.) орто дойдуга киһи-аймахха үөһэ айыылартан кыптыыйынан кырыллан кэмнэнэн бэриллэр олоҕун кэнчээри ыччаттарыгар холобур буолар, кэпсээҥҥэ-номоххо киирэр гына олорон ааспытын туһунан суруйуубун билиһиннэриэм. Эһэм – сээркээн сэһэнньит, сир түннүгэ кырдьаҕас этэ. Кини үлэһит үтүөтэ, байанайдаах булчут, тайахсыт, эсэһит быһыытынан биллэрэ.
Уоһуттан тахсыбыт кэпсээннэрин, сылдьыбыт ыырдарын, сырыыларын, төрөөбүт дойдутун, кини айылҕатын хайдахтаах таптыырын, айылҕаны, булду-аһы харыстыырын, сиэри-туому тутуһарын уонна ыччаттарын тутуһарга үөрэтэрин туһунан Уус Алдан улууһун Тандатыгар олорор эбэм Никифорова Анна Дмитриевна кэпсээниттэн суруйдум. Эбэм аҕатыгар махталын, тапталын «Холобур буолар дьоһун олох» диэн кинигэ таһааран үйэтиппитэ.
«Аҕабыт, эһэбит барахсан аны үөрэн-көтөн өтөҕөр эргиллибэт, үүтээнин аанын аспат, кутаа уотун оттон күлүбүрэппэт, үрэҕин устун тыытынан эрдэн сыыйылыннарбат, илимиттэн көмүс хатырыктааҕын араарбат, буһарбыт лэппиэскэтин сыта ыраахтан дыргыйбат. Олох тыйыс ыйааҕа орто дойду аанын кини иннигэр саптаҕа. Кэнчээри ыччаттара кини сэһэннэрин үйэтиттэрбит диэн эбэм баҕа санаалаах бу суруйан эрэбин.
Эһэм уос номоҕо оҥосторо
Хос эһэм Константинов Дмитрий Гаврильевич II Өспөх нэһилиэгэр Чагдаайыга төрөөбүт. Онно олордохторуна, биэс эрэ саастааҕар көрбүтүн олоҕун устатын тухары умнубакка сылдьыбыта. Арай биирдэ сайын ийэтэ титииккэ ынах ыы сырыттаҕына, оҕо (эһэм) онно ийэтигэр барбыт. Ол баран иһэн көрдөҕүнэ, сүөһү хаайар далга биир дьахтар кэннинэн хайыһан турар үһү. Оҕо дьахтарга чугаһаабыт, ол кэмҥэ кэннинэн турар дьахтар былаатын тыал хамсаппыт. Онно оҕо көрбүтэ, били дьахтар сирэйэ кэтэҕэр баар үһү. Оҕо сарылыы түһээт, ийэтигэр сүүрэр. Били дьахтары көрдөрө сатыыр да, көстүбэт үһү. Онон ийэтэ уолун сымыйалыыгын диэн мөҕөн ыыппыт.
Эмиэ ити сиргэ олордохторуна, киэһэ аайы эһэбин, биэстээх оҕону, дьоҥҥо көстүбэт биир киһи киирэн тутаары гынар, эккирэтэр эбит. Оҕо ол киһиттэн куотан, оһоҕу тула эргийэ сүүрэр, тутаары гыннаҕына ыксаан ийэтигэр саба түһэр, көтөхтөрөр эбит. Оччоҕо били көстүбэт киһи, дьиэттэн тахсан барар үһү. Оҕо дьоно: «Бу оҕо туох ааттаах киэһэ аайы мэниктиир», — диэн мөҕөллөр эбит. Оҕолоро: «Бу киирдэ, бу кэллэ, ити турар», — дии сатыырын, ким да көрбөт, ким да аахайбат эбит. Дьиэҕэ оһох кэннигэр сүгэлэрин уураллар эбит: биирэ — улахан, иккиһэ — кыра. Арай оҕо көрдөҕүнэ, били киһи тахсан иһэн, улахан сүгэлэрин илдьэ барбыт. Оҕо дьонугар: «Куһаҕан киһи киирэн улахан сүгэбитин ылан барда», — диир. Дьоно көрдөхтөрүнэ, сүгэлэрэ сыппыт сирдэригэр бааллар үһү. Ол иһин, бу оҕо сымыйачы буолбут диэн, уолларын таһыйбыттар. Киэһэ аайы ол баҕайы илэ киирэн оҕолорун ылаары эккирэтэрин кыайан көрбөттөр, билбэттэр эбит. Ол кэнниттэн аҕыйах хоноот улахан уоллара оһолго өлөр. Дьэ, итиннэ эрэ өйдөөбүттэр, оҕолоро кырдьыгы этэрин, кинилэр кыайан көрбөттөрүн, уоллара көрөрүн, аһаҕас эттээҕин. Бэрт түргэнник бу илэ хаама сылдьар иччилээх сиртэн куотан, сир уларытан, Түүлээх нэһилиэгэр «Танда төрдө» диэн сиргэ көспүттэр. Аҕыйах сыл олорбуттарын кэннэ аҕалара, чугас тыаҕа мас кэрдэ сылдьан, маска баттатан өлбүт. Мас кэрдэ тахсар сарсыардатыгар биир көрбүөччү эмээхсин, Чэриктэй Биэрэтэ дииллэрэ, чугас ыалларыгар эппит: «Бүгүн ким да тыаҕа тахсымаҥ, абааһы кыыһа тиит үрдүгэр тахсан ыллыы олорорун көрдүм», — диэбит. Ол саҕана ыаллар бытанан, бары тэйиччи сирдэргэ олороллор эбит. Онон биһиги эһэбит аҕата ол сэрэтиини кыайан истибэтэх, билбэтэх. Онно баран тииккэ баттанан өлбүт.
Эһэм сүүрбэтиттэн тахсан, кэргэннэнэн, оҕолонон баран, мас кэрдэ сылдьан эмиэ маска баттатан, нэһиилэ тыыннаах хаалар. Эһэлээҕим элбэх оҕолононнор да, оҕолоро өлөн иһэр эбит. Элбэх оҕоттон аҕыйах оҕо ордон, син этэҥҥэ улаатан иһэн, икки уол оҕо, аҕыйах сыл быысаһан 16 саастарыгар өлөллөр. Кырдьаҕас дьон сүбэтинэн, биир уол оҕо хаалбытын күрэтэн, сир уларытан, Тиит-Арыы нэһилиэгэр көһөн кэлэллэр. Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, хос эһэм аҕата кэрэхтээх тиити кэрдэн, эһэлээҕим уол оҕолоругар өлүүлээх буолбуттар эбит.
Эһэм ыраах бултуу баран иһэн аара биир ыалга хонор. Ол ыаллар дьиэлэрин иһигэр куурусса иитэллэр эбит. Киэһэ аһаан баран утуйбуттар. Утуйа сытан эһэм куурусса хахаарар саҥатыттан уһуктар. Уһуктан иһиллээбитэ, кууруссалара киһилии саҥарар үһү. «Алдьархай буолар буолла, бу ыал кыыстара өлөр буолла», — диэбит. Эһэм сарсыарда туран, дьиэлээхтэргэ куттаныахтара диэн тугу да эппэккэ, салгыы айанныыр. Хас да ый буолан баран төннөн иһэн били хоммут ыалыгар кэлэр. Ыаллара ыар санааҕа ылларан олороохтууллар эбит, кыыстара өлбүтүн туһунан кэпсииллэр. Онно эрэ эһэм дьиэлээхтэргэ урут хоно сытан куурусса саҥатын истибитин кэпсиир. «Көтөр-сүүрэр саҥатын истибит киһи кимҥэ да кэпсиэ суохтаах үһү, ону мин кэпсээн кэбиһэн, онтон ыла истибэт буолбутум», — диэн эһэм кэпсиирэ.
Ыраах Хоту Тааска эһэм табаһыттыы, бултуу сылдьан биирдэ киэһэ хараҥаҕа ылларан балааккатыгар төннөн испит. Ол истэҕинэ ыраахтан туох эрэ сырдык уот сандааран көстүбүт. Бу түҥ дойдуга, киһитэ-сүөһүтэ суох сиргэ туох уота көстөрүй диэн муодарҕыы саныы-саныы баран испит. Уота, сүтүөн оннугар өссө сырдаан, киниэхэ чугаһаан иһэр эбит. Чугаһаан истэҕинэ өйдөөн көрбүтэ, били уота төгүрүк, мээчик курдук төкүнүйэн иһэр үһү. Тула өттө сып-сырдык буолбут. Табах эрийэн тардар хаһыатын сиэбиттэн хостоон көрбүтэ киһи хаһыаты ааҕар гына сырдык эбит. «Туох дьиибэ уота миигин арахсыбакка буулаата, төттөрү бардахпына өссө куһаҕан буолара дуу», — дии санаан уотугар барбытын курдук утары баран испит, уота олох иннигэр кэлэн эрэ баран мэлис гыммыт. Ханна да барбыта биллибэккэ сүппүт, ытыс таһынар хараҥа буолбут. Эһэм кырдьан олорон, ол туох уотун көрбүтүн туһунан мунааран кэпсиирэ.
Эмиэ ити сылларга Хоту Тааска сылдьан, ханнык эрэ бэлиэ сиргэ, ааһан иһэр дьоннор бэлэх ууран ааһар сирдэригэр түбэһэ түспүт. Оччолорго эһэм 17-18 саастаах, сиэр-туом диэни соччо билбэт, эдэр уол эбит. Арааһы барытын ууран ааһар сирдэрэ эбит. Табах, ботуруон, испиискэ, бытархай харчы, хаалаах кэмпиэт уураллар эбит. Эһэм хаалаах төгүрүк кэмпиэккэ наһаа ымсыырбыт. Уһуну-киэҥи санаабакка икки-үс кэмпиэти ылан сиэн кэбиһэр. Ол киэһэ балааккатыгар тиийэн баран ыалдьан охтор. Оронуттан кыайан турбат гына ыалдьыбыт. Ол кэмҥэ киниттэн чугас соҕус сиргэ эбээннэр көһөн кэлэн балаакканан түһэн олорбуттар. Дьолго, ол киэһэ ыаллыы олорор эбээн эмээхсинэ киирэн кэлбит. Дойду сириттэн сылдьар соҕотох олорор саха уола диэн кэлэ-бара сылдьан ааһаллара үһү. Таҥаһа-саба алдьаннаҕына, Атара Дэбдэтэ диэн эбээн эмээхсинэ абырахтаан, тигэн биэрэр эбит. Уол хайдах ыалдьыбытын, бүгүн ханнык сирдэринэн сылдьыбытын эмээхсин ыйыталаһар. Ол кэннэ балааккатыгар тахсан бытыылкаҕа арыгы илдьэ киирэр. Уотун тигинэччи оттон баран, аал уотугар киллэрбит арыгытыттан кута-кута, бэйэтин тылынан эбээннии алгыыр, көрдөһөр-ааттаһар. Уотун аһатан бүтэн баран эмээхсин уолга тоҕо ыалдьыбытын кэпсиир. «Били бэлэх уурар ытык сиртэн кэмпиэт ылан сиэбитин иһин иччилэр моһуохтаабыттар», — диэбит. Эһэм ол түүн сүрдээх үчүгэйдик утуйан турар, харахтан сыыһы ылбыт курдук үтүөрбүт. Ону холобурдаан туран эһэбит хаһан да ытык сиргэ ууруллубут бэлэҕи тыыппат буолуҥ диэн үөрэтэрэ-такайара.
Эһэм Хоту Тааска табаһыттыы тиийэн балаакка туруорунан олорор. Бастакы хонор түүнүгэр бүтүннүү сарыы, оҕуруо киэргэллээх таҥастаах кыраһыабай бэйэлээх эдэр кыыс түүлүгэр көстөр. Эһэм эбээннэри кытта билсэн доҕордоһор. Кинилэргэ: «Кэлиэхпиттэн ыла куруук түүлбэр биир эдэр кыыс көстөр», — диэн кэпсиир. Ону эбээннэр: «Эн ханнык, хайдах сиргэ олороргун билбэккин. Ити эн олорор сиргэр биир ааттаах удаҕан дьахтар олорбута, уҥуоҕа чугас хараллан сытар. Ол түүлгэр киирэр кыыһыҥ кини эбит», — диэн кэпсииллэр. Кэнники да ол кыыс эһэм түүлүгэр киирэн хайа сиргэ бултуу барарын чуолкай баҕайытык ыйан, этэн биэрэр эбит. Эһэм, ол кыыс эппит сиригэр бардаҕына, хайаан да бултуйар эбит. «Миэхэ ол кыыс туох да куһаҕаны оҥорботоҕо, куттаабатаҕа. Хата санаабар, араҥаччылыыр, көмүскүүр курдуга», — диэн кэпсиирэ.
Эһэм айылҕаҕа, сиргэ-уокка дьикти күүс баарын, киһи итэҕэли, сиэри-туому тутуһа сылдьыахтааҕын туһунан тоһоҕолоон этэрэ. Хоту Тааска, кинилэр балааккаланан олорор сирдэриттэн тэйиччи, ыраас сиргэ, хонуу саамай ортотугар улахан баҕайы таас сытара үһү. «Бу тааһы ойуун бырахпыта», — диэн эбээттэрэ кэпсииллэр эбит. Эһэм бу тааһы чинчийээччи буолбут. «Икки илиилээх миэстэтиттэн да хамсаппат тааһа. Хантан ким ылан бырахпыта буолла?», — диэн эһэм сөҕүү бөҕөнү сөхпүт. Тула хаама сылдьан тайах маһынан тоҥсуйан көрбүт уонна үрдүгэр олорон сынньанааччы буолбут. Таастан туран барыахча буолан иһэн төбөтө уот салаан эрэрин курдук буолбут. Балааккатыгар нэһиилэ тиийэн тимир оһоҕун сытан эрэ оттон чаанньыгыттан уу эрэ испит. Илиитэ-атаҕа сүүлэ иһэн кыайан уйуттан турбат буолбут. Сарсыныгар уоллара таһырдьа көстүбэтэҕиттэн Дэбдэ эмээхсин киирэн ханна сылдьан кэлбитин туоһуласпыт, сэмэлээбит. Ол кэннэ эмиэ уокка ас кээһэн бэрт өр ботугураан көрдөспүт. Сарсыныгар эһэм илиитэ-атаҕа хамсыыр, ыалдьа сылдьыбыт быһыыта суох буолан турбут. Дьикти күүс баарыгаронтон ыла эһэм куруук итэҕэйэр буолбут.
Бииргэ ыырдаһар эбээттэрэ эһэм айаннаан иһэрин эрдэттэн билэллэрэ үһү. «Дайды оҕото бэриэччиттээххин», — диэннэр чэйдэрин бэлэмнээн көрсөллөр эбит.
Мин эһэм Константинов Дмитрий Гаврильевич 1930 сыллаахха сэтинньи 7 күнүгэр Уус-Алдан оройуонун II Өспөх нэһилиэгэр «Чагдаайыга» төрүүр. Оҕо сааһыттан үлэҕэ- хамнаска эриллэн улаатар. Сэрии сылларыгар эһэм, уонуттан тахсан эрэр оҕо, колхоһун дьонун кытта Булуҥҥа, Тиксиигэ балык бултааһыныгар барар. Аччык аҥардаах сылдьан улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлиирэ. Кинилэр бултаабыт балыктарын тууһаан фроҥҥа ыыталлара. «Барыта кыайыы туһугар, барыта фроҥҥа» диэн бары биир киһи курдук дьулуурдаахтык үлэлииллэрэ. Бултаабыт балыктарыттан сииллэрин көҥүллээбэттэр эбит. «Биир ньоҕор — биир немец хараҕын тэһэр», — диэн биригэдьиирдэр, салайааччылар, боломуочунайдар өйдөтөллөр, үөрэтэллэр эбит. Нуорманан кыра ас биэрэллэрэ үһү. Эһэм сэрии бүтүөр дылы онно балык бултааһыныгар үлэлиир. Кыайыы күнүн Тиксиигэ көрсөр.
Ити курдук, эһэм оонньооботох оҕо сааһа сэрии ыар сылларыгар ааһар. Онон мин эһэм, төһө да кыра буоллар, кыайыы туһугар бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрсибитэ диэн киэн туттабын. Сэрии кэнниттэн дойдутугар кэлэн эмиэ үлэ ыараханыгар, ханна ыыталларынан үлэлиир. Ол курдук, эһэм колхоз табаһыта, булчута буолар. Саатын, өйүөтүн сүгэн, бу диэкинэн буолуохтаах диэн бэйэтэ хайысхатын сэрэйэн, хайыһарынан Хоту Тааска айаныыра.
Ол саҕана кырыс сир дьонугар компас, карта диэн суоҕа. 16-17 саастаах оҕо, собус- соҕотоҕун муммакка, кыылга, дэҥҥэ-оһолго түбэспэккэ, хайдах сылдьыбытын сөҕөбүн эрэ. Дьааҥы хайаларын быыһыгар колхоһун табаларын биири да энчирэппэккэ көрбүт-харайбыт. Кини хас да сыл табаһыт, булчут буолан Хоту Тааска олорор. «Кыһыл Сойуус» колхоз Хоту Тааска баар табаларын эспитин кэннэ эһэм дойдутугар төннөр. Уонна куораттан Түүлээххэ табанан таһаҕас таһар. Танда, Тиит-Арыы, Бээрийэ кырдьаҕастара ону өйдүүллэр эбит. «Табалаах уол кэлэн ааһарын көрөр этибит», — дииллэр. Колхоз табатын олорчу эспитин кэннэ эһэм колхоһа тугу соруйарынан үлэлиир. Пенсияҕа тахсыар диэри «Герой Егоров» совхоз Тиит-Арыытааҕы биригээдэтигэр тракториһынан үлэлиир. Совхоз сүөһүлэрэ сиир отторо бүтэн, ыраах Кэбээйиттэн кытта ДТ-75 тракторынан от таһара. Оройуон иһинээҕи нэһилиэктэртэн от тиэйэрэ сонун да буолбат этэ. Кини кыһыннары-сайыннары үргүлдьү, биир да өрөбүлэ, уоппуската суох үлэлиирэ. Үлэтигэр куруук үтүө суобастаахтык, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ону үгүс знактар, мэтээллэр, оройуон чемпион тракториһын уонна Коммунистическай үлэ ударнигын үрдүк ааттара туоһулууллар.
Эһэм — байанайдах булчут, тайахсыт, эсэһит, балыксыт бастыҥа эбит. Кини тайахсыт, эсэһит «Север» диэн ааттаах ыттааҕа үһү. Эһэм кэпсээнинэн ыта кыайан саҥарбат эрэ, куһаҕан киһиэхэ бэриллибэт өйдөөх ыт эбитэ үһү. Үйэтин тухары ол ытын аһыйан кэпсиирэ. Ол ытынаан түспүт хаартыскатын остуолугар ууран туруорар этэ. Эһэм кырдьан баран, 80-на буолуор дылы, дойдутугар курдары тартаран, кыһыны быһа турбат-олорбот курдук буолан, саас суол хаалыан иннинэ дойдутугар барара. Онно тиийээт да ыраах үүтээнигэр барара. Киһитэ-сүөһүтэ суох сиргэ соҕотоҕун кырдьаҕас киһи олороро кутталлаах этэ. Оҕолоро, аймахтара этэ сатыылларын истибэккэ: «Эс, туох буолуохпунуй, өтөхпөр өссө сынньанабын, сиргэ-тыаҕа сылдьан доруобуйам өссө көнөр», — диирэ. Сайыны быһа балыктаан, ону дьарык оҥостон түбүгүрэрэ. Сайынын аймахтара өр буола-буола, моторканан кэлэн ас аҕалан, балык ылан бараллара. Үүтээнин таһыгар сыл аайы тыатааҕы сылдьара. Ону эһэм: «Дойдулаах кыыл сылдьар, миигин тыыппат», — диирэ. Эһэм ас тобоҕун уонна балык өлүүлээн үүтээнин таһыгар киэһэ аайы уурар үһү. Ону кырдьаҕас түүн аайы кэлэн сиэн барар эбит. Сороҕор балыктыы барарыгар суолугар туора сытар буолар уонна чугаһаатаҕына аргыый туран барар эбит. Эһэм ону: «Бэйэм курдук кырдьаҕас кыыл, эдэр буолбатах, сырыттын, кини да тыыппат, мин да тыыппаппын. Сайын аайы бэйэ-бэйэбитин доҕор оҥостон хааллыбыт. Кэлбэтэҕинэ, сүттэҕинэ суохтуурум буолуо», — диирэ.
Мин эһэм түүллээх-биттээх, туох буолуохтааҕын эрдэ билэр этэ. Үүтээнигэр сайылыыр сылларыгар: «Байанайым бүтэһикпин бултатыахтаах, түүл-бит оннук», — диирэ. Ол иһин, төһө да саас баттаатар, ыарытыйар эрээри, саас аайы дойдутугар, өтөҕөр барара. Тандатыгар хаар түспүтүн, тоҥоруу буолтун кэннэ кэлэрэ. Түһээбитин курдук буолбута — бүтэһигин Байанайа бултаппыта. Ииппит туһаҕар тайах (ыҥаах) иҥнэн эһэм барахсан оҕолуу үөрээхтээбитэ.
Биһиги эһэбит — алта оҕо амарах аҕата, уон сэттэ сиэн, сүүрбэ биир хос сиэн тапталлаах эһэлэрэ этэ. Таптыыр, ытыктыыр, олохпутугар холобур оҥостор эһэбит биһиги кэккэбитигэр суоҕун да иһин кини сырдык өйдөбүлэ сүрэхпитигөр сөҥө, сылааһынан угуттуу сылдьар. Эһэбит эдэр эрдэҕинээҕи сырыыларын, тайҕа суруллубатах сокуоннарын туһунан кэпсээннэрин, булка түбэспит мүччүргэннээх уонна көрдөөх түгэннэрин киэҥ эйгэҕэ салгыы сырдатыам диэн баҕалаахпын.
Лилия Алексеева,
П.Н. уонна Н.Е.Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолата