А.И. Леонтьев аатынан Лөкөчөөн орто оскуолата
Камилла Петрова, Матрена Федорова,
саха тылын уонна литературатын учуутала

Билиҥҥи  балысхан  сайдыы кэмигэр  куйаар ситимин туһаммат киһи суоҕун кэриэтэ. Куйаар ситимигэр тахсарга араас элбэх гаджет үөдүйдэ. Ол түмүгэр бу тэрили хааччаҕа суох туттар оҕо төрөөбүт  тылын умнар  кыһалҕата үөскээтэ. Саха тыллаахтарга төрөөбүт тылы тыыннаах хаалларыы соруга сытыытык турда. Онон маннык кэмҥэ гаджеты туттар саха оҕото кэпсэтэр тылын чинчийии  тоҕоостох. 

I бас. Гаджет өйдөбүлэ, туттуллуута

Аан бастаан гаджет туһунан  Роберт Брун “Spurn yarn and Spindrift” диэн кинигэтигэр моряктар умнубут малларын ааттыылларын суруйбут. Оттон нуучча тылыгар гаджет диэн IT – технологияны кытта ситимнээх туттар тэрил өйдөбүлэ. Тылдьыт этэринэн “гаджет — (англ. gadget — штуковина, прибамбас) модное приспособление, техническая новинка. Напр. коммуникатор, блендер и пр.” [4].

Гаджеттар араас эйгэҕэ киэҥник тарҕаннылар: спорка (фитнес- трекердэр, фитнес-браслет, спорт-девайстар), медицинэҕэ (электроннай пластырдар, трикодердар, гидрокоптердар, экзоскелеттэр), аралдьытар эйгэҕэ (смартфоннар, флеш-карталар, өйдөөх колонкалар,  смарт-чаһы, планшеттар, музыкальнай плеердэр, фотоаппарат, геймпад, виртуальнай ачыкылар). Балартан сороҕун кылгастык быһаардахха маннык:

  1. Фитнес-браслет: эт-хаан туругун кэтиир.
  2. Экзоскелет: кыаммат буолбут дьоҥҥо чөлүгэр түһэргэ көмөлөһөр уонна быччыҥ үлэтин күүһүрдэр.
  3. Смартфоннар: аныгы мобильнай төлөпүөн.
  4. Флеш-карта: хаартыска, видео хаһаанарга аналлаах.
  5. Өйдөөх колонкалар: музыка истэргэ, дьиэ автоматикатын холбуурга, информация ыларга саҥанан холбонор. 
  6. Смарт-чаһы: смартфонтан кэлэр биллэриилэри, чаас хас буолбутун уонна араас параметры көрдөрөр.
  7. Фотоаппарат: хаартыскаҕа түһэрэр.
  8. Виртуальнай ачыкы: виртуальнай эйгэҕэ киллэрэр.
  9. Геймпад: компьютерга оонньуурга туттуллар

Гаджеттар биһиги олохпут быстыспат сорҕото буоллулар уонна араас аналлаахтар:

  1. Тэрил үлэтин судургутар. Холобур, компьютер мышката уонна клавитура компьютеры салайар.
  2. Туттар тэрил кыаҕын кэҥэтэр. Холобур, өйдөөх чаһы телефоммутугар кэлбити биллэрэр, оттон өйдөөх колонкалар музыканы истэргэ уонна дьиэ кэргэн автоматикатын салайарга көмөлөһөллөр.

Гаджеттар биһиги олохпутугар өтөн киирдилэр. Күн аайы инженердэр уонна дизайнердар саҥаттан саҥа гаджеттары айан таһаараллар. Холобур, хас да сыл анараа өттүгэр дьиэ кэргэн техникатын саҥатынан салайыахха сөбүн билбэт этэ. Оттон күн бүгүн өйдөөх колонкалар дьиэ аайы баар буоллулар.

Сорох дьон гаджекка аһары убанна. Чинчийээччилэр этэллэринэн аһары гаджетынан үлүһүйэр киһи дьиҥнээх олохтон тэйитиэн сөп эбит. Онон сөбүн көрөн туттуохтаахпытын умнуо суохтаахпыт.

Биһиги үлэбитигэр оскуола оҕолоро туттар гаджеттарыгар тохтуубут. Ордук смартфону тута сылдьар буоллулар. Кэпсэтэллэрин таһынан Интернеккэ тахсарга, музыканы истэргэ, киинэни көрөргө, кинигэ ааҕарга,  суһал наадаларыгар тутталлар. Аныгы гаджеттар дьаһамыр, ыйааһына кыра буоланнар илдьэ сылдьарга олус табыгастаахтар. Ытыска, таҥас-сап сиэбигэр хайа баҕарар укта сылдьыахха сөп. Ол эрэн наһаа гаджеттары туттуу доруобуйаҕа улахан охсуулааҕын бары медиктэр, учуонайдар билинэллэр. Маны таһынан гаджет оҕо саҥатыгар дьайарын элбэх учуонай бэлиэтиир. Чинчийээччилэр “Речевое развитие подростков 10 – 12 лет и использование электронных устройств” үлэлэригэр оннооҕор 2 чаастан ордук кэмҥэ араас гаджеты тутуннахтарына оҕо саҥатыгар дьайарын дакаастаан суруйбуттар: “Результаты исследования, позволяют говорить о том, что отсутствие регламентации и использование ЭУ подростками во внеурочное время больше 2-х часов оказывает негативное влияние на речевое развитие и развитие когнитивных функций в целом” [5].

II баһа. Аныгы гаджет төрөөбүт тылга дьайыыта

2.1.  Гаджет оҕоҕо суолтата

Билиҥҥи  ыалга гаджет арааһа баар. Улаханныын-кыралыын бары туттабыт. Онон бу тэрил оҕоҕо туох суолталааҕынчинчийээри 3 араас ыйытык оҥордум. Ыйытыкка барыта 43 оҕо (А.И.Леонтьев аатынан Лөкөчөөн орто оскуолатын 5-11 кылаас оҕолоро) кытыннылар.

Бастакы ыйытык. Сыала — гаджет оҕо тус олоҕор ылар суолтата (1 сыһыарыы).

Бу ыйытыктан көстөрүнэн оҕолор ордук смартфону (90%), планшеты (7%), ноутбугу (3%) ордороллор. Күнү быһа гаджеты 79 %, 4-5 чаас 14%, 2-3 чаас 7% оҕо туттар. Оонньоору 93%, кэпсэтээри 74%, билии ылаары  37%

Гаджет туттан баран 14% түргэнник 40% нэһиилэ, 47% ыараханнык үөрэҕэр ылсар эбит. Дьиэҕэ үлэ толоро олордохторуна телефоҥҥа биллэрии кэллэҕинэ сонно 42%, сороҕор 19% көрөр,  40% көрбөт эбит.

Ыйытыыга хоруйдаабыт оҕолор хоруйдарыттан көрдөххө оҕо барыта гаджеты билэр, үксүлэрэ (90%)  смартфону ордороллор. Оҕолор гаджеты ооннььоору, видео көрөөрү 93%; саастыылаахтарын кытта кэпсэтээри 74%; үөрэхтэригэр туһанаары 37%  тутталлар эбит.

Иккис ыйытык. Сыала: оҕо гаджекка төһө убаммытын быһаарыы (2 сыһыарыы).

Ырытан көрдөххө төлөпүөнэ суох оҕо 33% сатаммат. Атын дьарыгын быраҕан туран телефону 30% көрөр. 37% оҕо күнү да быһа телефону тутан сылдьыахпын сөп. 26% оҕо аттыгар  телефона баар буоллаҕына эрэ үөрэр  уонна дуоһуйар. Смартфонум суох 19%  сатаммат, кыйаханар.  Быыс  булла да телефону көрөр, илиититтэн араарбат оҕо 91%. 33% оҕо смартфону туттарын аҕыйата сатыыр да кыаллыбат, сылтах була-була ылан иһэр.  93% дьонугар күнү быһа телефоҥҥа олорорун эппэт. Смартфоҥҥа солуута да суоҕу көрөөрү суһал да наадатын  47%  умнар.

Мантан көстөрүнэн оҕо 37% гаджета суох сатаммат эбиттэр, ону өйдөөн смартфону туттарын аҕыйата сатыыр да кыаллыбат эбит. Оҕо 93% күнү быһа телефоҥҥа олорорун дьонуттан кистиир, ол түмүгэр дьонун кытта оҕо 17% иирсэр. Үгүс  оҕо билиҥҥи кэмҥэ куйаар ситиминэн туһаммат, гаджеты туттубат киһи олохтон хаалар диэн өйдөбүллээх. Онон оҕо гаджекка убаммыт эбит.

Үһүс  ыйытык. Сыала: Куйаар ситиминэн оҕо сахалыы кэпсэтэр тылын быһаарыы (3 сыһыарыы).

Оnlinetestpad конструкторга ыйытык оҥордубут. Ыйытык түмүгүнэн көрдөххө 77% оҕолор утарыта кэпсэтэллэрин ордороллор, ол эрэн, иллэҥ кэмнэригэр кинигэ ааҕыахтарын оннугар 79% интернет ситиминэн кэпсэтэллэр.  Интернет ситиминэн бодоруһалларыгар 62% тылы кылгатан, уларытан тутталлара бэлиэтэннэ. 51% таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуспаттар.  Ситимҥэ тутта үөрэммит тыллара таба суруйалларыгар 23% оҕо мэһэйдиирин эппит. Биир дьиксинэр түгэн: оҕо интернетинэн кэпсэтэригэр 64% киирии тылы ордук туттар эбит.

Төрдүс ыйытык. Сыала: смартфону үөрэх кэмигэр хааччахтыыр сокуону төһө ылыналларын быһаарыы (4 сыһыарыы).

Оҕо гаджекка убаныытын бохсор биир көрүҥүнэн үөрэх кэмигэр  гаджеты туһаныыны хааччахтыыр сокуон тахсыыта буолар (Федеральный закон от 19.12.2023 № 618-ФЗ «О внесении изменений в Федеральный закон «Об образовании в Российской Федерации».)  Бу туһунан оҕолор санааларын билээри ыйытык оҥордум. Онно үөрэх кэмигэр гаджеты боборго үрдүкү кылаас оҕолоро ордук сөбүлэһэллэр (48 %).Оҕо  оскуолаҕа үөрэнэ,билии ыла кэлэрин уонна гаджет бобуллан үөрэхтэригэр кыһаллар буолуохтарын туһунан этэллэр. Оттон кыра уонна ортоку сүһүөх кылаас оҕолоро бу сокуону сөбүлээбэттэр (38 %). Үөрэнээччи 14 % билбэт. Онон гаджеттан толору аккаастанар оҕо бырыһыана аҕыйах буолла. Бу ыйытык үгүс үөрэнээччи үөрэх кэмигэр гаджеттан аккаастанарга бэлэмэ суохтарын көрдөрдө. Ол эрэн 51% үөрэнээччи үөрэх кэмигэр гаджеты хааччахтааһын туһалааҕын бэлиэтииллэр уонна төлөпүөн аралдьытарын билинэллэр.

2.2. Гаджеты туттар оҕо кэпсэтэр тылын кэтээн көрүү

Салгыы гаджет төрөөбүт тылга дьайыытын чинчийээри Лөкөчөөн оскуолатын оҕолоро ордук элбэхтик туттар WhatsApp сыһыарыытын кэтээн көрдүбүт. Үлэбитигэр чопчу биир оскуола оҕолорун талбыппытын быһаардахха маннык: билиҥҥи оҕо олорор сириттэн куйаар ситиминэн саастыылаахтарын кытта ханнык баҕарар улууһу, куораты кытта кэпсэтэр, билсэр кыахтаах. Онон кэпсэтэр тыллара сүнньүнэн биир. Манна 6-11 кылаастан 39 үөрэнээччи кытынна.  Скринтшоттары  ырытан баран тылы сыыһа туһаныы ордук тарҕаммыт көрүҥнэрин маннык араҥалаатыбыт.

Киирии тылы туттуу. Хомойуох иһин, нууччаттан уонна омук тылыттан киирии тыл олус элбэх. Киһи ааҕан сиппэт. Этии аҥара сахалыы, аҥара нууччалыы. Аҕыйах холобур аҕалабын: 1) послезавтра эйиэхэ в гости барыам; 2) привет девочки миэхэ лайкта туруоруҥ эрэ; 3) жесть тоска дии; 4) на каникулы Якт барыахпын баҕарабын; 5) а так тугу да гынарым суох; 6) жесть тоска ди вще (1 сыһыарыы, 1 ойуу).

Ордук элбэхтик туттуллар омук тыла: лайк (от англ. like – нравится) – cөбүлүүбүн; окей (от англ. okay – договорились) – сөбүлэһэбин; лав (от англ. love – люблю) – таптыыбын; плиз (от англ. please – пожалуйста) – баһаалыста; сори  (от англ. sorry – извините) — буруйа суоҕунан аах; тренд (от англ, trend — общее направление, тенденция) – сүүрээн.

Онон киири тыл кэпсэтии тылыгар өтөн киирдэ. Ол иһин саха оҕото төрөөбүт тылынан саҥарара лаппа аҕыйаата, тыа оскуолаларыгар муодаҕа киирдэ. Саха тылын аанньа ахсарбат буоллулар. Төрөөбүт тыл туттуллубат турукка киирдэ.

Төрүт дорҕоону уларытыы. Сахалыы шрифт баарын үрдүнэн кириллицаны тутталлар. Үөрэнээччилэр үөрэхтэригэр улаханнык мэһэйдэтэр буолбуттар.  Саха төрүт дорҕооно туттуллубат буолан иһэр, ол оҕолор суруктарыттан ырылыччы көстөр: уһун а/д кылгаабыт, хоһуласпыт бүтэй дорҕоон олох да суруллубат, ҥ-н, ө-е, һ-ь, уо-уа-оо, уо-үө, иэ-е солбуллубут. Холобур: ооо-оо, эҕэрдээ – эҕэрдэ, ытын- ыытыҥ, сеп — сөп, аьа — аһа, дуа, доо — дуо, үөн – уон, ден -диэн, кэлгит – кэллигит, нэт –нет, миня – меня.

Таба  суруйуу уонна сурук бэлиэтин быраабылаларын кэһии. Этиини, анал ааттары кыра буукубаттан суруйуу муодаҕа (тренд) киирбит (1 сыһыарыылар, 2 ойуу). Биир да сурук бэлиэтэ туттуллубат. Холобур, якт хаһан барагын – бу түбэлтэҕэ ыйытар бэлиэ суох, анал аат кыраттан, кылгатыллан суруллубут.

Тылы кылгатыы. Тылы суруйууга сорох буукубаны, сүһүөҕү, тыл өлүүскэтин көтүтүү көстөр. Тылы кылгатыы аббревиатураҕа кубулуйбут. Быһаарыылаах тылдьыкка аббревиатураны маннык быһаарбыттар “это существительное, образованное из усеченных   слов, входящих в синонимичное словосочетание, при этом опорный компонент может быть целым, а не усеченным словом” [3]. Үксэ киирии тылы тутталлар.  Холобур, төрөөбүт күн оннугар ДР (день рождение), дьиэҕэ үлэ оннугар ДЗ (домашнее задание), баҕар диэн МБ (может быть), махтанар тыл ПОЖ (пожалуйста) буолбут.

Саха тылын кылгаты холобурдара: блтбн – балтыбын, брт – быраат, бьлх – быһыылаах, гнаҕн – гынаҕын, доо – доҕор, дрбоо – дорообо, кб – ким баар, крдук, крдк- курдук, крдьк- кырдьык, Лек – Лекечен , мб – мин баарбын, өйдөтм – өйдөөтүм, пхай – пахай, сонон- сонун, тг – тугу гынаҕын, убй –убай, хрч –харчы, эбт – эбит, Якт – Якутск.

Киирии тылы кылгатыы холобурдара: бл – блин, гс- голос ссобщение; дароу – здорова; дз – дом задание; др – день рождения, драсте, здр – здравствуйте,  инет – интернет, тя – тебя, кд – как дела, кз – кто знает, крит – критический, круто – крутой, крч – короче, лп – лучшая подруга, лс – личная страничка, мб – может быть,  нг – новый год, оруу – смешно, пж-пожалуйста, пикни – мельком посмотри, пок – пока, пон-понял(а), почм – почему, прет, пр- привет, пшол – пошел, распис – расписание, рч – ручка, сж –сижу, слить – сливать, см – смешно, смыс – в смысле, спс – спасибо, ст – стой, стр – страница, стс – статус, сж – сижу, тип – типа, ток – только, тслпвэм – ты самая лучшая подруга в этом мире, хрш – хорошо, чел – человек, чд  – что делаешь, чза – что за, чтоль – чтоли, шас – сейчас, шк – школа.

Тылы уларытыы. Кэлиҥҥи кэмҥэ эдэр ыччат билэ-билэ тылы уларытан саҥараллар. Холобур: дароба – дорообо; Һоах – суох; гнагн – гынаҕын ; барехпын – барыахпын, , һоах — суох, гнагн — гынаҕын, баһаалуста — баһаалыста, дароба — дорообо, индигинда – итинник диигин дуо, хдх рэ – хайдах эрэ, туу, тгу — тугу, кэлгит — кэллигит, лябы — дьаабы, мбэтим — билбэтим, мнэ — мээнэ, одь – оо дьэ, оччоо — оччоҕо, сдьагн — сылдьаҕын, тох — туох, сох — суох, эчэ – ээ чэ, эбт — эбит, крдук — курдук, Угу – эһэ, кэлээччим – кэлээччибит.

Тыл суолтатын уларытан туттуу. Бу тылынан эдэр эрэ ыччат кэпсэтэр. Онон сорох саастаах дьон олох да өйдөөбөттөр. Холобур: чиккэс – үчүгэй, индинда – оонньоон эттим, тобук – куһаҕан буолбут, лол – смешно, челлендж — предложение совершить какое-то действие на спор, хайп – мода, зашквар – позор, кэп — человек, который говорит очевидные вещи, кринж -стыдно, чилить – отдыхать, кич – кончено, кринж – стыд, крипово – страшно. Үксэ киирии тылы атын тыл суолтатыгар тутталлар.

2.3. “Күөрчэх” тыл оонньуута (холоон көрүү тэрээһин)

Оскуола саастаах оҕолору гаджеттан аралдьытаары «Күөрчэх» тыл оонньуута холоон көрүү (эксперимент) тэрийдибит. Ооньуубут сүрүн сыала: оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар саҥатын сайыннарыы, тылы туттар эйгэтин  кэҥэтии; оонньуунан кэпсэтэр тылы байытыы.

Оонньууга 5-11 кылаастартан кыыстаах уол кыттыннылар, бары сахалыы таҥас кэттилэр. 10 түһүмэхтээх оонньууга көхтөөхтүк кытыннылар. Күөрчэхтээх алаадьынан күндүлээтибит.  Тэрээһин 1 чаастан ордук буолла. Түмүккэ  ыйытыы биэрдим.

  1. Оонньууну төһө сөбүлээтигит?
  2. Саҥаны тугу биллигит?
  3. Тугу билбэт эбиккитий?
  4. Оонньуу олорон смартфоҥҥун санаатыҥ дуо?
  5. Оонньууну кэмигэр телефоҥҥун көрүөххүн баҕарбытыҥ дуо?
  6. Өссө маннык тыл оонньуутугар кыттыаҥ этэ дуо?

Биир оҕо билбэтэ элбэҕиттэн оонньууну соччо сэҥээрбэтэх, ол иһин телефонунан оонньуон баҕарбыт. Уоннааҕылар смартфон туһунан олох санаабатахтар. Онон оҕону сааһынан көрөн араас тэрээһиннэри тэрийдэххэ саатар аҕыйах да чааска гаджет тутталларын умнуо эбиттэр. Онон эксперимеммит табыллыбытынан аахтыбыт.

Түмүк

Үөһэ этиллибит ыйытынньыктар түмүктэрэ көрдөрөрүнэн оҕо үксэ гаджекка убаммыттар. Гаджеттары үксүн кэпсэтэргэ, бодоруһарга, саатыырга эрэ тутталлар эбит.

Оттон WhatsApp сыһыарыыга саха оҕото үксүн  киирии тылы туттар, төрүт дорҕооно сүтэн эрэр, тылы сыыһа  суруйар, сурук бэлиэтин туттубат, тылы кылгатар, суолтатын уларытар. Саха  тылыгар ыччат тылын (молодежный сленг) араҥата баар буолбут [2, 13-14 с.]. Оҕолор кэпсэтэр тылларын кэтээн көрүү соччото суох түмүктээх буолла: сыыппара эйгэтигэр төрөөбүт тылларын тутталлара күн-түүн аҕыйаан иһэр эбит. Бу түмүгэр төрөөбүт тылын оҕо умнан эрэрэ биһиги чинчийиилэрбититтэн көстөр: алын сүһүөх кылааска 5%  оҕо нуучча, 35 % оҕо саха, 60 % оҕо икки тылы булкуйан саҥараллар. Орто сүһүөххэ 5, 6,7  кылаастарга уу сахалыы 75%, нууччалыы – 7%, икки тылынан — 18%, оттон 8 кылаастан үөһэ бары сахалыы саҥараллар. Онон алын кылаас оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн гаджеты туттар буолан ордук төрөөбүт тылларын умнан эрэллэр эбит. Бу көрдөрүүлэринэн аныгы гаджет оҕо саҥатыгар дьайар, ол түмүгэр тыл култуурата намтыыр, саха тыла туттуллар эйгэтэ кыарыыр диэн сабаҕалааһыммытын бигэргэттибит.

Маны таһынан чинчийии түмүгүнэн гаджет оҕо тылын алдьатар сүрүн төрүөттэрин бэлиэтээтибит: 1) түргэнник суруйуу баҕата, кыһалҕата; 2) толкуйдаабакка бүдүмүк суруйуу; 3) тулалыыр эйгэҕэ олохсуйбут сленг охсуута; 4) борустуой кырааматынаһа суохтан; 5) көстө-биллэ сатаан; 6) төрөөбүт тылы аахайбаттан.

Онон гаджеты туттар оҕо төрөөбүт тылын умнубатын туһугар араас өрүттээх үлэ тэрийиэххэ:

  1. Хас биирдии оҕо араас гаджеттары сөбүн көрөн туттарын ситиһиэххэ, оччоҕо эрэ улаханнык убаныа суоҕа;
  2. Алын кылаастан саҕалаан киһилии суруйарга дьулуһуохха;
  3. Саха тылын сыыппара эйгэтигэр киллэриэххэ. Сыыппара эйгэтигэр киирбэтэх тыл “өлөрүн” туһунан венгр учуонайа Андраш Корнай «Цифровая смерть языков» үлэтигэр этэн турар: «В век цифровых технологий признаки начинающегося вымирания языков имеют следующие характеристики: потеря функциональности. Сегодня интернет затрагивает каждую функциональную область, начиная от ежедневного общения (сообщения, электронные письма), и заканчивая торговлей, официальным предпринимательством и так далее. Потеря престижности четко прослеживается в афоризме: «То, чего нет в интернете, не существует» [3].
  4. Саха оҕото сэҥээрэр тэрээһиннэрин тэрийиэххэ.

Түмүкпэр, саастыылаахтарбар суруйааччы Александр Тарасов тылларын аныахпын баҕарабын:

Өбүгэттэн кэриэс хаалбыт
Өлбөт-сүппэт ийэ тылбыт.
Өрүү кинини эн үөрэт,
Өрөгөйүн өссө үрдэт.

Туһаныллыбыт литэрэтэрэтиирэ

  1. Петрова, Тамара Ивановна. Саха тылын истилиистикэтэ : лиэксийэ матырыйаала : учебное пособие для студентов высших учебных заведений по направлению 031000 и специальности 031001 — «Филология» — Дьокуускай : См. след. карт. ИПК СВФУ, 2011. — 129 с.;
  2. Тылы-өһү таба туттуу : (функциональнай стиль төрүтэ) / М. К. Аммосов аатынан Саха государственнай университета, Саха тылын уонна культуратын факультета ; хомуйан оҥордо Т. И. Петрова. — Дьокуускай : ЯГУ издательствота, 1998. — 35 с.;
  3. Советский энциклопедический словарь [Текст] / гл. ред. А. М. Прохоров. — 4-е изд., испр. и доп. — Москва : Советская энциклопедия, 1989. — 1633 с.;
  4. https://sah.wikipedia.org/wiki/Түмэт-ситим;
  5. https://azbuki.bg/wp-content/uploads/2022/02/Foreign_Language_1_22_Bezrukih-Mariqna-Mihailovna.pdf