Элгээн сиригэр, Сунтаардыыр суол кытыытыгар Көрдүгэн диэн бүөр алаас баар. Бу дьон бөҕө олорбут, сиэр-туом олохсуйбут, түмүллүбүт, киһи кута-сүрэ тохтуур сирэ. Урут дьон “Сир хаарты хараҕын курдук үчүгэйдээх, куһаҕаннаах” дииллэрэ уонна билгэлээн үчүгэй сиргэ олохсуйарга талаһаллара.
Төрөөбүт алааһым киэҥ суол айаҕа буолан, аттаах-сатыы быыстала суох сылдьар сирэ этэ. 1731 сылтан Ыраахтааҕы ыйааҕынан почтаны уонна судаарыстыбаннай сулууспалаахтары таһар, сылы быһа эргиччи үлэлиир дьаамнар олохтоммуттара. Онно Көрдүгэн дьаама Элгээйи дьаамыгар киирсэр эбит.
Өлүөхүмэ-Сунтаар-Дьокуускай айанын аартыга манан аарыгыран ааһара. Сунтаартан Ньурбанан Дьокуускайга диэри 100-тэн тахса көстөөх сиргэ сыарҕалаах атынан күнүстэри-түүннэри айаннаан уон хонугунан тиийэллэрэ. Онон, Бүлүү сүнньүн дьонноро кэлэ-бара элбэхтик хоммут, чэйдээбит, аттарын хабыалаппыт өтөхтөрө буолар.
Номохторго кэпсэнэринэн, Дьаархан эмээхсин үс уолунаан уонна чугас дьоннорунаан Тыгынтан куотан Туймаада эҥээринэн Сиинэннэн киирэн, Туобуйаны таарыйан, Күндэйэ үрэҕин батыытынан Бүлүү эбэҕэ түспүттэр.
Онно Көрдүгэн алааска олохтоох Чакыр оҕонньору көрсүбүттэр. Чакыр дьоннорунан көмөлөһүннэрэн, Дьаархан эмээхсин уолаттара Бүлүү эбэни туорааннар, Маар Күөл, Уһун Күөл, Дьаархан нэһилиэктэрин төрүттээбиттэр.
Онон, бу кыракый алаас сахалар Сунтаарга кэлэн Хочо сиригэр олохсуйалларыгар сүрүн оруолу ылбыт Ытык алаас буолар.
Дьаарбаҥ аарыма сэргэтэ
Өрөбөлүүссүйэ иннинэ, Бүлүү эбэҕэ киирэр налыы, дэхси кырдалга Хочо кулубата борохуоту тохтотор бириистэнэ баар этэ. Онно уустук оҥоһуулаах, Дьаарбаҥ аарыма сэргэтин туруорбуттара эмэҕирэн сууллубутун харыйаҕа өйөннөрбүппүт.
Көрдөөһүннэр, булуулар уонна сабаҕалааһыннар көмөлөрүнэн, бу алааска сылдьан, таарыйан ааспыттара диэн маннык биллиилээх дьону ааттыахха сөп:
- Иннокентий Вениаминов аккыырай (архиепископ) 1857 сыллаахха Бүлүү куоратыттан Сунтаарынан Өлүөхүмэ куоратыгар ааһарыгар, хас дьаам аайы оҕонньоттору-эмээхситтэри хомуйтаран, дьону-сэргэни мустаран көрсүһүннэрбиттэр үһү. Бу аккыырай 1858 с. “Евангелиены” сахалыы тылбаастаан, саха тылынан таҥара сулууспатын ыыппытынан биллэр. Бу биһиги сахалар суруга-бичигэ суох эрдэхпитинэ бэчээттэммит сахалыы биир бастакы кинигэ буолар. Суруйааччы Николай Якутскай кини туһунан сэһэн суруйан турар.
- Номоххо киирбит Манчаары Баһылай Ньурба Малдьаҕарыгар көскө олорон, Сунтаар улууһугар күүлэйдиир идэлээх эбит. “Манчаары норуот номоҕор” диэн кинигэҕэ: “Манчаары биирдэ, кырдьан баран, дьону кытта аргыстаһан, Бүлүүттэн Өлүөхүмэҕэ баар 2-с Нөөрүктээйи нэһилиэгэр киирбит” диэн ахтыллар. Дьэ, онон аатырар Манчаары Баһылай 1860-1870 сыллар диэки бу биһиги алааспытыгар тохтоон, чэйдээн, баҕар хонон ааспыт буолуон сөп. Суруйааччы Михаил Тимофеев-Терешкин кини туһунан элбэх суруйуулардаах. М.Н. Тимофеев-Терешкин бу сылга төрөөбүтэ 140 сылын туолар.
- 1875 сыл от ыйыгар народник Ипполит Мышкин Бүлүү куоратыгар сыылкаҕа олорор Н.Г. Чернышевскайы күрэтээри, инньэ Женеваттан манан кэлэн, таарыйан ааспыта чуолкай. Өлүөхүмэттэн Сунтаарга диэри татаардар ыҥыыр атынан аҕалбыттара. Сунтаар быраабатыттан саҕалаан, киниэхэ дьаамнар хааччаҕа суох айаны хааччыйбыттара биллэр.
- 1900 сыллаахха Элгээйи бастакы учуутала Дмитрий Сивцев уонна олохтоох баай, меценат Георгий Терешкин сахалартан аан-бастакынан Парижка баар аатырбыт Эйфель башнятыгар ыттар чиэстэммиттэрэ. Арҕаа Европанан, киэҥ Арассыыйанан сылдьыбыт дьон кэпсээннэрин мин төрүттэрим тус бэйэлэриттэн истэр дьолго тиксибиттэрэ чахчы.
- Петр Хрисанфович Староватов – маҥнайгы Үлэ Дьоруойа, учуутал, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи. Кини Элгээйигэ 1907-1913 сылларга олорбут уонна үлэлээбит. 1911 сыллааҕы сайын Элгээйиттэн Кэппэндээйигэ сатыы тиийэн турар. 1928 сыллаахха Элгээйи ситэтэ суох орто оскуолатыгар П.Х. Староватов аата иҥэриллибитэ. Быйыл П.Х. Староватов төрөөбүтэ 150 сылын туолар.
- Алексей Андреевич Иванов-Күндэ биһиги бастакы суруйааччыбыт. 1917-1920 сыллардаахха маҥнай Тойбохой, онтон Кутана оскуолатыгар учууталлаабыта. Манан элбэхтик тиэстибит киһи буолуохтаах. Кутана оскуолата уонна литературнай музей кини аатын сүгэллэр.
- 1922 сыл саас Захарий Пясталов этэрээтэ Өлүөхүмэттэн кэлэн, Сунтаартан Ньурбаны босхолуу ааспыта. Ити сыл Иван Строд этэрээтин байыастара хаста да манан ааспыттара. “Хороох бэргэһэлээх, ыҥыыр аттаах дьон тэлгэһэҕэ тэлэкэчитэллэрин, ыстыыктара кылбаҥныырын сыһыы уҥуоргуттан көрөр этибит”, – диэн Өрүүнэ Кынаачайаба эмээхсин ахтар буолара.
- Михаил Николаевич Тимофеев-Терешкин – суруйааччы. Көрдүгэн алааска элбэхтик сылдьыбыт киһи. Сэрии саҕаттан ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Быйыл төрөөбүтэ 140 сыла.
- Саха биллиилээх историга, этнограба, фольклориһа Гавриил Васильевич Ксенофонтов 1925-1926 сыллардаахха Бүлүү-Үөһээ Бүлүү-Ньурба-Сунтаар хайысханан кэлэн (Ербогочан-Новотуруханск, Красноярск) ааспыта. Кини быйыл төрөөбүтэ 135 сыла (аҕам кинилиин эт саастыылар эбит). Гавриил Ксенофонтов “Урааҥхай сахалар”, “Эллэйада” диэн улахан научнай суолталаах кинигэлэрдээх.
- Сивцев Иван Егорович-Арбита сэрии иннинэ Элгээйигэ учууталлыы сылдьан Сунтаарга кэлэрэ-барара. Быйыл 110 сылын туолар үбүлүөйдээх сыла бэлиэтэниэхтээх.
- Мокутов Иван Николаевич – Чакыр бастакы комсомолеһа. 1930 сыллаахха “Кыһыл Көрдүгэн” колхуоһу тэрийбитэ. Аҕа Дойду сэриитигэр сылдьан “Великая Отечественная Война” диэн уордьанынан наҕараадаламмыта. Белоруссияҕа охтубута.
- Гуринов Прокопий Григорьевич-Күүстээх Күүрүнэп, Быччыҥнаах Быычынап. Сунтаар улууһун сэрии иннинээҕи кэм номоххо киирбит күүстээҕэ.
1931-32 сылларга СНБО-ну бүтэрбитэ. Борокуоппай эдьиийэ сүктэн кэлэн Ачаанаптарга кийиит буолбут. Онно, отутус сыллар ортолоругар П.Г. Гуринов кэлэн кыстыыра, сайылыыра үһү. Ликбезкэ учууталлаан, Көрдүгэн алаас дьоно бары, бэчээтинэй буукубанан илиилэрин баттыыр буолбуттар.
- 1932-33 сылларга биллиилээх орнитолог Борис Николаевич Андреев Чакыр алын сүһүөх оскуолатыгар учууталлаабыта. Кини ийэм Анна Исаевна чугас уруута буолан, Көрдүгэн алааска элбэхтик сылдьыбыт.
Андреев Б.Н. РСФСР, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, “Октябрьскай Өрөбөлүүссүйэ” уордьан кавалера. Элгээйитээҕи Айылҕа музейын төрүттээччи, үчүгэй худуоһунньук этэ.
- Биһиги тиэргэммит сэрии сылларыгар аармыйаҕа барааччылар суолларын миинэ сытара. Хастыы эмэ уонунан-сүүһүнэн аттаах, сатыы дьон хоту нэһилиэктэртэн Сунтаарга ааһаллара. Үгүстэр бу суолунан тиһэх төгүлүн ааспыт буолуохтаахтар. Кинилэр бырастыылаһар үҥкүүлэрин саҥатын бу тиэргэн иҥэринэн сыттаҕа.
- Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Александра Яковлевна Овчинникова эдэригэр Кэппэндээйи суолун тутуутугар маастарынан үлэлээбитин, манан элбэхтэ сылдьыбытын дьон-сэргэ кэпсиирэ.
- Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уолун ырыатын-тойугун бу өтөх балаҕана элбэхтэ истибитэ диэн тыыл бэтэрээнэ Прокопий Михайлович Иванов туоһулуур. С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатыра Дьокуускайга үлэлиир.
- Сунтаар улууһун биллиилээх лирик бэйиэтэ Егоров Альберт Семенович-Бүлүүйүскэй быйыл төрөөбүтэ 80 сылын туолар. Кини атынан сылдьыллар саҕана, 1950-с сыллар саҥаларыгар, Кутанаттан Сунтаарга балыыһаҕа киирэ сылдьыбытын, “онно Көрдүгэҥҥэ, эн аҕаҥ аахха кэлэ-бара чээйдээн ааспыппыт” диэн ахтар буолара.
- Игнатьев Владимир Никифорович-Айар Дабаан. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, худуоһунньук, график, скульптор. Быйыл тохсунньу 30 күнүгэр төрөөбүтэ 75 сааһын туолар.
Төрүттэрбит, өбүгэлэрбит маннык сүдү дьоннуун алтыспыт, кэпсэппит, өй-санаа эбиммит буоланнар, Көрдүгэн ыалларын ыччаттара билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах, сайаҕас буола иитиллибиттэрэ.
“Миигин 16 улуус дьоно билэр”, — диир этэ аҕам. Ол аата бу алааска 16 улуус дьоно сылдьан, хонон ааспыттар эбит.
Онон, дойду сураҕа, алаас аата бэйэтин кэмигэр киэҥ сирдэринэн тарҕаммыта чуолкай. Кэлин да Көрдүгэн алаас ыччаттара омук сирдэригэр кытта бааллар: Японияҕа, Францияҕа, Америкаҕа, Англияҕа олороллор, үлэлииллэр, дойдуларын аатын чиэстээхтик ааттаталлар.
Бу алаас тула араас кэрэхсэбиллээх дьон олорон ааспыттара: “Кыһыл Көрдүгэн” колхуос стахановеһа Ефим Игнатьев-Ардыык Хоноһо, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрииттэн уордьаннаах эргиллибит ини-бии буойуннар Николай уонна Егор Ачаанаптар, уордьаннаах ыанньыксыттар Татьяна Васильева, Марина Егорова, уордьаннаах тырахтарыыс Николай Алексеев, сахаттан бастакы ихтиолог учуонай Василий Игнатьев, Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ: Иван Васильев-Элгээнэп, Александр Васильев-Көрдүгэн, Владимир Игнатьев-Айар Дабаан, Анатолий Макаров-Дайыы, РФ Суруналыыстара Александр Васильев-Көрдүгэн, Николай Егоров, Феврония Николаева, РФ Худуоһунньуктарын чилиэнэ Галина Федотова, РФ Норуотун Үөрэҕириитин туйгуна, француз тылын үрдүк категориялаах учуутала Анна Егорова, Саха сирин Үөрэҕириитин туйгуна Надежда Игнатьева, Саха сирин Доруобуйа харыстабылын туйгуна Мария Ощепкова, Фатина Павлова, РФ Доруобуйа харыстабылын туйгуна Людмила Никитина (Егорова), Союз Сибээһин туйгуна Прокопий Иванов, ССРС көҥүл тустууга эдэрдэргэ чөмпүйүөнэ Максим Аммосов.
Билиҥҥитэ
Бу алаас ыалларын олохторун илгэтин таһыма бөдөҥсүтүү, сыыһа-халты көһүү сылларыгар биллэ-көстө мөлтөөбүтэ. Бэрт уустук оҥоһуулаах “Кыһыл Көрдүгэн” колхуос миэлиҥсэтэ Элгээҥҥэ көһөрүллүбүтэ. 1950-с сыллар саҕаланыыларыгар манна улахан типовой хотон ньиргиччи үлэлии турбута, бараан фермата эмиэ баара. Улахан саҥа бурдук ыскылаатын туппуттарын, 1960-с сылларга Элгээҥҥэ көһөрөн кулууп гыммыттара. Ол кулуубу кэлин “Сунтаар” сопхуос хортуоппуй подвалын ытыыһа гынан сиргэ тимирдибитэ…
Сунтаартан биллиилээх фольклорист Георгий Евгеньевич Федоров, Кутанаттан САССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, кыраайы үөрэтээччи Николай Иннокентьевич Иванов этиилэринэн, сүбэлэринэн көҕүлэнэн, тирэҕирэн 1988 сыллаахха аҕам Василий Егорович Егоров-Алаа Баһылай алааһыгар Көрдүгэҥҥэ, үөскээбит өтөҕөр, олорбут олбуоругар, тиэргэнин сэргэтин аттыгар төрөөбүтэ 100 сылыгар өйдөбүнньүк сэргэни туруорбуппут.
Онтон ыла өтөхпүт тэлгэһэтигэр эргэ уонна саҥа сэргэлэрбит таһыгар аймах-билэ дьоннор дөрүн-дөрүн көрсүһэн, сирбитин-уоппутун аһатан, сэргэхситэн, бэйэбит да ирэ-хоро кэпсэтэн түмсэрбит үгэскэ кубулуйда.
2005 сылга ийэбит Васильева Анна Исаевна төрөөбүтэ 100 сылын туолуутугар эмиэ өйдөбүнньүгү туруорарга түөрт уола Дьокуускайга көрсөн сүбэлэспиппит. Күндэйэҕэ олохтоох киһи быһыытынан үлэни мин сүрүннүөхтээҕим биллэр этэ. Ол кэмҥэ Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх 60 сыла туоларынан Кыайыыга аналлаах ыһыахтар ыһыллалларынан, окко киириэххэ диэри сэриигэ охтубут буойуннары үйэтитэр тутуулары саҥардар, ситэрэр элбэх эбии үлэлэр барбыттара. Биһиги үөрүөхпүт иһин, “Аттаах Тумул” мемориальнай комплекспыт улууска көрүү күрэскэ бастаабыта.
От үлэтин кэнниттэн үлэ холгуннаан, ийэбит сэргэтин туруораары түмсүбүппүт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан алгысчыта, убайбыт И.Ф. Васильев алгыһынан сиэри-туому тутуһан, түгэҕэр сиэли, манньыаты ууран, ийэбит сэргэтин туруоран сандаардан кэбистибит. Иван Федорович илдьэ кэлбит саламатын үс сэргэни сиэттиһиннэрэ дьиримнэтэ оонньотто.
Оҥорбут үлэбит табыллыбытыттан, бары да астыммыт дьон быһыытынан сэргэбит төрдүгэр олорон, сытан, уруккуну-хойуккуну ирэ-хоро кэпсэттибит. Өтөхпүт былыргы сэргэтин уонна ийэлээх аҕабыт сэргэлэрин сипсиһэр сиккиэрдэригэр бигэннибит.
2022 сыллааҕы саас Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сыллаах үбүлүөйэ ньиргийэн кэлбитэ.
Ону көрсө төрөөбүт-үөскээбит өтөхпөр, Көрдүгэҥҥэ, дьон-сэргэ тохтоон, сылдьан сынньанан аастын диэн дьиэ тутарга санаммытым.
Бэйэм СӨ Бочуоттаах тутааччыта киһи сирбэр-дойдубар туох эмэ үйэлээҕи, үтүөнү хаалларар санаа уруккуттан да баара. Уолаттарым, күтүөтүм, атастарым көмөлөрүнэн дьиэбит сотору сиэрин-туомун ситэн, саламалаах сэргэ туруорбуппут. Бу үлэбит сүрүн сыалынан-соругунан былыргы айан суолун дьаамнарын, бэдэрээтчиттэри, таһаҕасчыттары, айанньыттары үйэтитии этэ.
Дьаамсыктарга
Сунтаар-Бүлүү-Дьокуускай айанын аарыктаах аартыктара өбүгэлэрим тэлгэһэтин ортотунан ааһара. 1950-с сыллар ортолоругар диэри почта дьаамнара сүүрбүттэрэ.
Саҥа туппут дьиэбит үҥсэригэр (сарайдаах аһаҕас күүлэ) хопто (хосуопка) сыарҕаны туруорбуппут, ат араас сэбин-сэбиргэлин, тэриллэрин ыйаабыппыт.
Сэбиэскэй кэмҥэ дьаамсыктарынан Чакыртан (Күндэйэ нэһилиэгин урукку аата) үлэлээбиттэрэ:
- Алексей Алексеевич Игнатьев-Лыкый;
- Прокопий Михайлович Иванов-Үҥкүү;
- Егор Иванович Аммосов-Курууска;
- Егор Матвеевич Максимов-Куччугуй Дьөгүөссэ о.д.а.
Кинилэр ааттарын үйэтитэн, сүппэт курдук суруйан, дьиэ тас эркинигэр ыйыахтаахпыт.
Дьаамсыктартан ураты бэдэрээтчиттэр, таһаҕасчыттар, айанньыттар диэннэр бааллара. Дьон киэнэ толуулара, ньургуннара, ыһыылара, уһуктаахтара, кырыылаахтара.
Кинилэр сылдьыбыт, кэлбит-барбыт айаннарын аартыктарын курдарыта түһэн, аныгы айан суоллара ыппыт охтуу субуллаллар.
Төрөөбүт алааһым Көрдүгэн – айылҕа ытык сирэ. Манна өбүгэлэрим уутуйан олохсуйбут сирдэрэ, хас биирдии отугар-маһыгар санаалара иҥмитэ. Манна оҕо сааһым ааспыта. Сахаҕа оннооҕор хоммут отуу кэриэстэбиллээх. Былыр да оннук этэ, аны да оннук буолуохтаах.
Төрөөбүт-үөскээбит Көрдүгэн алааспар олоро сылдьыбыт, ыалдьыттаан ааспыт дьоннор хас биирдиилэрэ – сэргэлэр, дьылҕалар, устуоруйа кэрэһиттэрэ, олох тулааһыннара буоланнар өй-санаа өйдөбүлүгэр үйэтийэн, иҥэн сылдьаллар.
Сирбитин-уоппутун куттуур-сүрдүүр, өбүгэлэрбитигэр аналлаах өйдөбүнньүктэр саха алаастарын аныгы көстүүлэрэ буолан, үйэлээҕи ыһа, кэскиллээҕи өйдөтө тураллара, дьоҥҥо-сэргэҕэ, ыччаттарбытыгар үтүө өттүнэн дьайар күүһүн саарбахтаабаппын. Кэнники кэмҥэ сири кытта сибээстээх, норуот бэйэтин уратыларын көрдөрөр, ону учуоттаан оҥоһуллубут өйдөбүнньүктэр Саха сиригэр үксүү туруохтара диэн эрэл улахан.
Егоров Николай Васильевич-Аҕырытта Ньукулай, сэрии сылын оҕото. Өрөспүүбүлүкэ Бочуоттаах тутааччыта, Бочуоттаах бэтэрээнэ, “Сунтаар улууһун култууратын сайдыытыгар тус кылаатын иһин” үрүҥ көмүс бэлиэ хаһаайына, Сунтаар, Күндэйэ.
Хаартыскалары Элгээйитээҕи кыраайы үерэтэр «Туойдаах Алаас» түмэл пуондатыттан туһанныбыт.