Саха үһүйээннэригэр, номохторугар хаалбытынан уонна чинчийээччилэр суруйалларынан сахаҕа Айыы ойууна диэн баара. Кинини саха итэҕэлин илдьэ сылдьааччы уонна тарҕатааччы быһыытынан көрөллөр. Саха бастакы айыы ойууна Эллэй Боотур улахан уола Намылҕа Силик этэ диэн номоххо кэпсэнэр.
Өссө эрдэтээҥҥи чинчийээччилэр И. Гмелин, Г. Миллер, И. Яхонтов уонна Я. Линденау “сахаҕа ыһыах эрэ кэмигэр сиэри-туому оҥорор ойууннаахтар” диэн бэлиэтээн тураллар. И.Яхонтов уонна Г.Миллер кинини “сайыҥҥы ойуун”, Линденау “сайыҥҥы” эбэтэр “Таҥара ыһыах”, И.Гмелин “аптаах, хомуһуннаах ойуун” диэн суруйаллар. Бу, биһиги саныахпытыгар, кинилэр айыы ойуунун эппиттэр. Мантан көстөрүнэн, кини ордук тарҕаммыт аата “сайыҥҥы ойуун” диэн быһыылаах. Тоҕо оннугуй диэтэххэ – бу саха олоҕун укулаатыгар сытар: үрүҥ ойуун кыттар сүрүн сиэрэ-туома сайын ыытыллар этэ. Маны таһынан айыы ойууна урууларга алгысчыт быһыытынан кыттара диэн өрөбөлүүссүйэ иннинээҥи суруйууларга бэлиэтэнэр.
Онон Айыы ойууннара 18 үйэҕэ саха итэҕэлин сүрүн тарҕатааччылар быһыытынан өссө да бааллар эбит. Кэлин кинилэри ыһыахтарга алгысчыт солбуйбута диэн буолар.
Чинчийээччи Сэһэн Боло суруйбут сэһэнинэн Айыы ойууна “сиэмэҕэ, абына-дьабына, ыта-куһа суох, наар ыһыахха, ситии быһыыга, төрүүр, ынахсыт тардыыга алгыстааҕынан, аньыыга киирбэтэх эдэр дьоннорунан битииһиттэрдээх, кыыран аан дойду иччититтэн, үөһээ үрдүк айыыттан дьол-соргу, баай-дуол көрдөһөөччү… Айыы ойууна дүҥүрү туппат, симэхтээх таҥаһы кэппэт, наар сахалыы таҥаһынан: таҥалайдаах сону, муостаах бэргэһэни, бууктаах сону, дьабака бэргэһэни, оноолоох сону, нуоҕайдаах туоһахталаах бэргэһэни, уостаах киис үтүлүгү кэтэн алгыыра үһү. Кини үөһээ үрдүк айыыттан төрүттээх ойуун буолара үһү. Айыы ойууна кэрэх туруорбат, ытык ыспат эбит”.
Мантан көстөрүнэн, айыы ойууна киһи олох оҥосторугар мэлдьи көмөлтө буолар, алгыһынан араҥаччылыыр айылгылаах буолар эбит. Оттон сорох источниктарга кини дүҥүрдэнэрин, аптаах-хомуһуннаах, ийэ кыыллаах буоларын туһунан эмиэ кэпсэнэр.
П.И. Корякин “Үрүҥ ойуун – Аан Намыһын алгысчыт” диэн ыстатыйатыгар суруйарынан, Айыы ойууна буолуохтаах оҕо дьоно биир сарсыарда күн тахсыыта сылгы кистиирин истэллэр эбит. Ол күн ол оҕо уу чуумпутук, санаарҕаан сылдьара. Дьон ыйыттаҕына, “үөһээҥи аарык, чуораан, кыаһаан тыаһын истэбин, төбөм куугунуур, саныыр санаам көтөр, өйбүн сүтэрэбин” диирэ үһү. Ити курдук киниэхэ Айыы ойууна буоларын биллэрэллэр эбит.
Айыы ойууна маҥан кулун тириитэ сонноох буолара. Соно хара кулун тириитэ хадьааһыннааҕа. Көхсүгэр тэһииннээҕэ, тэһиинин саҕаланыытыгар уонна түмүгэр хобо эбэтэр чуораан иилэллэрэ. Атын тимир-туһах кини таҥаһыгар суох буолара.
А.А.Саввин айыы ойуунун бэргэһэтин икки көрүҥүн суруйан хаалларбыта. Маҥнайгыта: бэргэһэни маҥан эбэтэр ала кулун тириититтэн кулгааҕа чоройо, сиэлэ ойуун моонньугар намылыйан түһэ сылдьар гына тигэллэрэ. Иккиһэ: сиэлинэн чомпой бэргэһэ курдук хаталлара, сырдык сарыынан эбэтэр кулунчук сиэлинэн истииллэрэ.
Айыы ойууна ″дэпсэ″ эбэтэр ″түһэргэ″ диэн ааттанар анал олбохтоох буолара. Олбоҕу маҥан өҥнөөх айаас сылгы төбөтүн тириититтэн оҥороллоро. Кини бэйэ-бэйэтигэр үс төгүрүк тирии ууруллубутун курдук көрүҥнээҕэ, төгүрүктэр быыстарынан хара түү хадьааһыннааҕа. Олбох ортотугар үрүҥ көмүс туоһахталааҕа.
Билигин Айыы ойуунун таҥаһа Орто Халыма улууһун Өлөөкө Күөл сэлиэнньэтин түмэлигэр харалла сытар. Бу таҥас бу эргин бүтэһик ойуун Дмитрий Николаевич Батюшкин-Суор ойуун (1887-1968) киэнэ эбит. Дьон кэпсииринэн кини Дьаргылаатап Баакшан диэн кырдьаҕас ойууҥҥа уһуйуллубут. Кырдьаҕас ойуун икки саас тухары уһуйбут, үһүс сааһыгар өлөн хаалбыт. Онон Суор ойууну “тохсус халлааҥҥа тахсыбатах, толору ойуун буолбатах” дииллэрэ. Ол да үрдүнэн кини сүрдээх күүстээх эбит. Сүһүөх, уҥуох ыарыытын, өйдөрүнэн буккуллубут, сатаан оҕоломмот, оҕо турбат дьонун эмтиирэ. Кини ол-бу тээбирини көтүтэр (левитирование), ардаҕы, тыалы түһэрэр кыахтааҕа, хаар үрдүнэн суолун хаалларбакка хаамара. Таҥаһын Куучалаан Тэрэнтэй ойуун кыыһа Кэтириинэ Батюшкина тикпит. Дүҥүрүн Кэтириинэ кэргэнэ, уус Баһылай Батюшкин оҥорбут. Бу саҕынньаҕы Кэтириинэ маҥнай кыыһыгар анаан тикпит эбит. Ону Суор ойуун эрдэ эмиэ маннык соннооҕун кутуйах сиэбитин иһин көрдөөбүтүгэр биэрбит. Сон ала кулун тириититтэн тигиллибит, сиэҕэ, бэтэрээ эҥэрэ уонна тэллэҕэ хара түү хадьааһыннаах. Көхсүгэр хараҥа өҥнөөх түүнэн хотой ойууламмыт. Аны моонньунан икки хонноҕун аннынан ситии быа ааһар уонна көхсүгэр холбоһон икки утах буолан намылыйар. Бу – ойуун тэһиинэ. Тэһиин түмүгэр тоҕус тирии бытырыыстаах, онно таҥас кырадаһынныра бааллыбыттар уонна “тэргэн бүөр” диэн алтан (?) харысхаллаах. Суор ойуун тастыҥ балта Винокурова Мария Васильевна кэпсээнинэн эрдэ тэһиин түмүгэр иккилии алтан харысхаллааҕа уонна чуорааннааҕа үһү, олор сүппүттэр. Сон аллара өттө кэҥээн түһэр уонна ис биэтэһэ суох буолан сүрдээх чэпчэки эбит. Мантан көстөрүнэн, бу урукку кэмнэргэ сахаҕа киэҥник олоҕура сылдьыбыт “хотойдоох сон” буолара дьэҥкэ. Көннөрү сонтон уратыта диэн – көхсүгэр тэһииннээҕэ буолар. А.А. Саввин Абый ойууннара Слепцов А.И. уонна Суздалов И.А.-Сапалай ойуун кэпсээбиттэриттэн уруһуйдаабыт үрүҥ ойуунун таҥаһыгар көхсүгэр эмиэ тэһииннээх, уонна сиэҕинэн, эҥэрдэринэн, тэллэҕинэн хадьааһыннаах. Онон Өлөөкө Күөл түмэлигэр харалла сытар үрүҥ ойуун таҥаһа аналыгар сөп түбэһэр.
Үөһээ этиллибитин курдук, айыы ойууннара 18 үйэттэн саҕалаан тохтоон барбыттара. Ол эрэн, дьон-сэргэ айыы ойуунунан ааттыыр уонна оннук үгэһи тутуһар, сиэри-туому толорор ойууттар хойукка дылы, ордук хоту улуустарыгар бааллар эбит. Чуолаан Орто Халыма улууһугар биллэр айыы ойууннара 19-20 үйэлэр кирбиилэригэр олоро сылдьыбыттара: Слепцов Терентий Николаевич-Куучалаан, Сивцев Иннокентий-Ачахчаан, Созонов Дмитрий Игнатьевич-Холбос ойуун, Кондакова Мария Николаевна-Маача удаҕан, Огдооччуйа удаҕан, Кокорин Софрон-Чапыан ойуун.
Оттон дьон-сэргэ бүтэһик Айыы ойуунунан ааттыыр киһилэринэн Иван Андреевич Суздалов-Сапалаай (1882-1958) буолар. Кини Абый улууһун Уолбут нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ойууннуурун таһынан биллэр олоҥхоһут, сэһэнньит этэ. Киниттэн фолькористар А.А. Саввин, Г.М. Васильев араас сэһэннэри, олоҥхо ис хоһооннорун, былыргы сиэри-туому о.да. суруйбуттара. Холобур, Сапалаай маннык сиэрдэри-туомнары суруйтарбыт: “Кут араарыы”, “Кут сүүдүйүүтэ”, “Оҕо төрүүр сиэрэ-туома”, “Айыы ыһыаҕа”. Дьон-сэргэ этэринэн, кини уһуйааччытынаан Чапыан ойууннуун 1922 с. Орто халымаҕа бүтэһик Айыы ыһыаҕын ыспыттар. Манна Сапалаай кутуруксутунан сылдьыбыт.
Мантан көстөрүнэн, Хоту кытыы сирдэригэр саха үгэһэ бэрт хойукка диэри тутуһулла сылдьыбыта. Ол эрэн, сэбиэскэй кэм буолан, ойууттар утары охсуулаах үлэ ыытыллан, кинилэр бэйэлэрин кыахтарын ситэ арыйбатахтара. Дьолго, Сапалаай ойууну куолаһын быспатахтара, уопсастыбаттан туораппатахтара. Ол да үрдүнэн кини толору кыаҕын, аналын арыйбатаҕа сэрэйиллэр.
Ити курдук саха итэҕэлин, үгэһин ситимэ сап-саҕаттан салҕанан биһиги үйэбитигэр тиийэ кэлбитэ.
Борисов Б.Б.
Тирэх литература:
- Аввакумов Н.И. Ойууннар, уда5аннар, норуот эмчиттэрэ. — Дьокуускай: Бичик, 2017.
- Васильев, В. Е. Реликты шаманизма у северных саха Средней Колымы и Верхоянья / В. Е. Васильев. — Текст : непосредственный // Молодой ученый. — 2011. — № 10 (33). — Т. 2. — С. 91-93. — URL: https://moluch.ru/archive/33/3723/ (дата обращения: 03.01.2023).//
- Дьячковскай Д. И.-Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нууччалар кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо – Дьокуускай, 1994.
- Корякин П.И. Белый шаман — Аан Намысын алгысчыт.//Илин №2 (37), 2004.
- Софронеев П. С. Якуты в первой половине XVIII века. — Якутск: Якут. кн. изд-во, 1972.
- Илларионов В.В., Максимова А.А. Забытые ритуалы белых шаманов. https://cyberleninka.ru/article/n/zabytye-ritualy-belyh-shamanov
- Элерт А.Х. Якутский праздник Ысыах в описаниях участников Второй Камчатской Экспедиции. // Источники по русской истории и литературе: Средневековье и Новое время. (Археография и источниковедение Сибири; вып. 19). Новосибирск. РАН. 2000