https://www.traditionrolex.com/1

Прокопий Елисеевич Ефремов улахан өҥөтүнэн урут анаан дириҥник үөрэтиллэ илик долган фольклорун уонна хотугу сахалар олоҥхолорун үөрэтиитэ, хомуйуута буолар. Монографияҕа П.Е. Ефремов долган омук өйүн-санаатын, норуот быһыытынан уратытын көрдөрөр тылынан уус-уран айымньыларын уонна төрөөбүт тылларын баайын былыргыттан илдьэ сылдьар информатордар олоҥхолуур ньымаларын, бу омук олоҥхотун сюжетнай-композиционнай тутулун, сүрүн дьоруойдар уобарастарын чинчийбит. 

        Прокопий Елисеевич 1964 уонна 1968 сылларга эспэдииссийэлэргэ сылдьан 78 саастаах И.А. Еремин-Сүтүктэн «Көмөрдөөх Үөстээх Оттооной-богатырь» олоҥхо бастакы чааһын, Ф.С. Сахатинтан “Тимир ньииптэ букатыыры” (Богатырь Железный Лежень), 80 саастаах Н.Д. Большаков-Бытыкыайтан “Три сестры” уонна Н.А. Христофоров-Моочуортан “Тойон Джолдо” диэннэри суруйбут.  

Сүрүн ис хоһооннорун маннык бэлиэтиир: «Герой себе жену ищет далеко от родины в чужих краях. Поэтому героическая женитьба – основное содержание многих олонхо. В них главная цель героя – продолжение рода» [Ефремов, “Долганское олонхо”, 1984, с. 40]. 

Олоҥхоһукка сыһыаннаах итэҕэллэри суруйар. Хотугу сахалар уонна долганнар тыл күүһүгэр олус итэҕэйэр буоланнар, олоҥхоһут этэр тыла тиллэр алыптааҕынан, улахан ыарыы, дьаҥ кэмигэр олоҥхолотон ыарыы абааһыларын үүрдэрэр, аллараа дойдуга салайтарар эбиттэр. Ырыаһыт да, олоҥхоһут да дьоло суох буоларын хотугу уонна киин олохтоох сахаларга баар итэҕэллэри кытта тэҥниир. Оттон А.А. Попов 30-сс сылларга диэри баар буола сылдьыбыт бобуулар туһунан манныгы суруйар: “Весной, во время прилета гусей и уток долганы не раасказывали былин и сказок. Образы повествований, становясь зримыми, якобы распугивали птиц, и они пролетели стороной” [Попов, “Пережитки древних дорелигиозных воззрений долганов на природу”, 1958, с. 88]. Прокопий Елисеевич дьиикэй табалары бултуур кэмҥэ эмиэ олоҥхолообот эбиттэрин суруйар. Аны туран олоҥхоһут бухатыыр аллараа дойдуга эбэтэр абааһыны кытта охсуһар кэмигэр тохтуо суохтаах эбит. Күннээҕи үлэ, түбүк-садьык бүппүтүн эрэ кэннэ киэһэ саҕалаан баран сарсыардааҥҥа диэри толороллор эбит.     

Бу үгэстэр да кэлин умнуллубуттарын, олоҥхолор да уларыйбыттарын бэлиэтээбит. Ол кудук аан бастаан 1902 с. “Эрэйдээх буруйдаах Эр Соҕотох” олоҥхоттон быһа тардыыны Туруханскай кыраайга П.Е. Островских Андрей Михайлович  Поповтан суруйбут эбит буоллаҕына, долганнарга сурук-бичик олох хойут 80-с сылларга эрэ төрүттэммитин быһыытынан, сүнньүнэн норуот уус-уран айымньылара сүтэн эрэллэрин туһунан суруйбут. Холобур, 1931-32 сс. А.А. Попов хомуйбут олоҥхолорун кытта тэҥнээн көрбүтэ кини хомуйбут олоҥхолоругар киириилэрэ, ойуулааһыҥҥа ымпыктааһын-чымпыктааһын суох буолбут. Дьоруойдар монологтарын И.А. Еремин уонна Ф.С. Сахатин эрэ толорор буолбуттар.  

Долганнар олоҥхолоро дириҥ силистээҕин-мутуктааҕын олохторугар-дьаһахтарыгар буолбут чахчылары туоһулуур научнай түмүктээһиннэринэн көрдөрөр: “… в олонхо отчетливо видны черты развитого родового строя и времени его разложения, начало образования раннего классового общества. А это думается, служит еще одним подтверждением мысли, что у долган имеет общий корень с олонхо стоящих на более высоком ступени общественного развития якутов, связь с которым во многом проливает свет на происхождение этой немногочисленной северной народности. Известно, что сильные остатки первобытно-общинных порядков у долган сохранились вплоть до 30-х годов” [Попов, 1958, с. 41].  

Прокопий Елисеевич норуот фольклорун үөрэтии сайдыытыгар эрэ буолбакка, долган литературатын төрүттэниитигэр эмиэ быһаччы кыттыылаах. Оччотооҕуга долганнарга саҥа сурук-бичик, үөрэхтээһин тарҕанан эрэр кэмигэр саҥа тахсан эрэр эдэр суруйааччы Огдо Аксенова бастакы суруйааччы буоларыгар улаханнык көмөлөспүт.  

Онон Прокпий Елисеевич  Ефремов олоҕо, чинчийэр үлэтэ үөрэтиллэн, архыыпка сытар үлэлэрэ күн сирин көрөн, дьон-сэргэ билиитигэр өссө  тахсан иһэллэрэ буоллар! 

Ойуун эттэтиитэ 

1947 с. биллэр Сэбиэскэй этнограф Андрей Александрович Попов «Получение шаманского дара у Вилюйских якутов» диэн кинигэтиттэн тылбаастааһыны биллиилээх фольклорист, биир дойдулаахпыт Прокопий Елисеевич Ефремов 1988 с. оҥорбута. Ону бэйэтигэр аахтаран, Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин кырдьаҕас олохтооҕо Харлампьев Пётр Васильевич магнитофоҥҥа уһулбута. Ол уһулбут кассетатыттан иһитиннэрбитин сурукка түһэрбитим. Онно Прокопий Елисеевич куолаһын истэн хаалбытым, ол кассета Бүөтүр дьонугар билигин баар буолуохтаах. Манна  Бүлүү улууһугар II Күүлэккэ төрөөбүт Испирдиэн ойуун-Герасимов Спиридон Герасимович туһунан кэпсэнэр. Бу тылбаас толору барыйаанын Прокопий Елисеевич “Отчут уола Оноху Испирдиэн” диэн төбөлөөн “Саха ойууттара” кинигэҕэ 1993 с. таһаарбыт (с. 5-16). Бүөтүр Харлампьевка кэпсииригэр кылгаппыт эбит. 

Күһүн биир сылаас күн миинэр табабын миинэн табалыы таҕыстым. Түүн буолан барда. Эмискэ ким эрэ көхсүбэр оҕуста. Инньэ гынаатын, этим бүтүннүүтэ муустаах уунан саба ыста. Төбөбүн көтөҕөн, өрө көрбүтүм,  үс суор олорор. Биирэ – маҥан төбөлөөх, иккиһэ – ала, үсүһэ – хара. Бу туох ааттааҕай диэммин көрөн турдум. Ол көрөн туран, төбөм эргийэн, охтон түспүтүм. Ол сытан ким эрэ саҥатын иһиттим: «Били көрдүүр киһибит бу сылдьар», – диэн. Итиннэ тураммын нэһиилэ саабын туттум уонна дьиэбэр тиийэммин ороммун буллум. Туох да күүстээхтик төбөм ыарыйда. Түүн түһээн көрдүм: туох эрэ дьоннор кэллилэр. Улахан хаптаһын киллэрдилэр. Эт-эттиир. Ону дьиэ ортотугар уурдулар. Онтон улахан хааһаҕы киллэрдилэр, атыыр оҕус төбөтүн саҕа. Иһигэр туох эрэ убаҕас баар быһыылаах. Били хааһаҕы хаптаһыҥҥа ууран баран, ортотунан хайа быстылар. Онуоха хаан халыйа түстэ. Онтон ханнык эрэ аҥаар өттүтүгэр турар киһи кэлэн ол хаанынан суунна. Онуоха мин эмиэ ол хааҥҥа баҕардым. Оттон били сууна турар киһи айаҕыттан хаан таҕыста. Ханнык эрэ бурдук куолаһынан эппин ибили ыспыттарын курдук буолла. Мин иттэннэри баран түстүм уонна били хааҥҥа чачайан бардым. Онтон икки киһи, миигин көтөҕөн ылан, таһырдьа таһаардылар. Онтон таһааран, туох эрэ хатырыгынан дуу, тимиринэн дуу таһыйан бардылар. Билбэт дьиэбэр киллэрдилэр уонна муостаҕа уурдулар. Ол уурбуттарыгар, эҥин араас үөн бөҕө ытыра түстэ. Онтон өйбүттэн тахсан хааллым, иирэн ылабын. Уһуктан туран бараммын, санаабыттан иирэр буоллум. Сааһыгар атын дьон көрбөтүгэр олох иирдим. Онуоха дьонум тутан ылан, сэргэҕэ сэттэ күн кэлгийэн кэбистилэр. Алтыс күнүгэр эмиэ тугу эрэ көрөр буоллум. Онно бастаан иһиттим киһи саҥатын: «Биһиги эйигин хотугуларга илдьиэхпит», – диэн. Онтон миигин кирдээх баҕайы хараҥа балаҕаҥҥа киллэрдилэр. Төбөбүн быһан ыллылар, туох да сүрдээх ыарыылаах буолар эбит уонна туох баар эппин бүтүннүү эттээтилэр. Ол этин уонна төбөбүн тимир иһиккэ уктулар. Ол укпуттарыгар, эттэммит этим барыта сыстыһан, бэйэм-бэйэбинэн буоллум. Ол кэннэ эриэн өтүүнэн кэлгийэн кэбистилэр уонна бардылар. Онтон өтөр буолан баран, эриэн өтүүлэрин сүөрдүлэр. Онтон, туох эрэ уһуктааҕынан анньа-анньа, уҥуоҕум кырамталарын уонна этим сааһын барытын аахтылар. Бу киһиэхэ биир уҥуох кырамтата уонна үс эт сааһа ордук эбит диэтилэр. Онтон хантан эрэ эһэҕэ маарынныыр киһи кэллэ: «Ол иһити аҕалыҥ эрэ», – диэтэ. Онуоха оһох таһыгар турар түөрт кырыылаах алтан иһити биэрдилэр. Ол иһиккэ хотуолаан барда өһөҕүнэн.  Миигин ол өһөххө хаста да уган ыллылар. «Бу киһиэхэ аат биэриэххэ»,  –  диэтилэр. Ону мин, саҥатын истээри, иһиллээтим, тоҕо эрэ эппэтилэр. Онтон эмиэ биир киһи саҥата: «Кэл эрэ бэттэх, эмэ түс», – диэтилэр. Онуоха биир ыт сиэтиилээх дьахтар киирэн кэллэ. Ыт миигин сирэйбиттэн салаата, уҥан хааллым. Өйдөммүтүм, биир дьахтар түһэҕэр олорор эбиппин. Дьахтар хаҥас эмиийин таһааран миэхэ биэрдэ. Сиргэнэммин тиэрэ хайыстым. Онуоха дьахтар миигин сирэйбинэн умса уурда: «Бу киһиэхэ уйата бэлэмнээҥ», –  диэтэ уонна ыйытта: «Төһө улахан уйаны оҥороору гынаҕыт?». Онуоха ким эрэ эппиэтээтэ: «Төгүрүмтэтэ түөрт арсыын, үрдүгэ үс алтан болгуоччулаах буолуоҕа»,  – диэтэ. Миигин ыланнар оруобуна эппиттэрин курдук иһиккэ уктулар уонна оҕо курдук эрийэн кэбистилэр. Ол иһиккэ сыттахпына, ынырык сирэйдээх-харахтаах дьон киирдилэр. Эмээхситтэр быһыылаах. Ол эмээхситтэртэн биирдэстэрэ: «Бу туох эрэ ас буолуоҕа баар эбит. Туох эрэ ас буһарыныҥ эрэ», – диэтэ. Онуоха икки дьахтар таһырдьа таҕыстылар. Тахсааттарын кытта, мин икки харахпын тэһэн кэбистилэр. Онтон эмиэ саҥа иһиллэр: «Бу кини эбит», – диэтэ. Иттэннэри баран түстүм. Ол сыттахпына, муннум аҥаар кэҥириититтэн хаҥас диэки тимир тордуоҕунан тартылар. Онтукабын көтөхпүппэр, уруккум курдук эмиэ көрөр буолан кэллим. Онтон өйдөммүтүм,  хааннаах өрүстэр. Ол өрүстэн, кууһан ыланнар, миигин ууга уганнар, утаҕы иһэртилэр, кулгаахпын үүттээтилэр. Чиэппэр кэриҥэ үрдүктээх уһун иһиккэ уктулар уонна эттилэр: «Эн улуу ойуун буоллуҥ, хаан олбохтоох», – диэтилэр. Сыттык саҕа хаан бөлөнөҕүн быраҕан биэрдилэр уонна онно миигин үктэннэрэн баран эттилэр:“Эн хаан олбохтоох абааһы ойууна, эһэ кыыл буоллуҥ”, – диэтилэр. Ол тыллары мин бэйэм да билбэккэбин хатылаатым уонна өтүүнэн баайдылар, усталаах сиринэн бырахтылар. Ити кэннэ ханна эрэ илдьэ бардылар. Онтон ыарахан баҕайы ойуун таҥаһын таҥыннардылар, илиибэр былаайах, дүҥүр биэрэн баран эттилэр: «Уот кутуруктанныҥ эбээт, түптэ төлөн тыыннанныҥ эбээт, сырҕан эһэ сырайа сырайданныҥ эбээт, хагдаҥ эһэ хара хаан харахтанныҥ эбээт, кэрэ чуор кулгаахтанныҥ!»,– диэтилэр. Мин олоро түһээт, кыыран бардым. Ол буоллаҕына, саҕалаатым быһыылаах. Онтон, бүппүтүм кэннэ, илиибин эмиэ дэлби суулаан кэбистилэр, олбоххо олортулар. Онтон ханнык эрэ дьон кэлэн тыбыс-тымныынан миигин сууннаран бардылар. Онтон били илиибин эттээбит сирдэригэр аҕаллылар, өтүүлэрин сүөрдүлэр уонна “кэлбит ойууттары кытта ойууннаа” диэтилэр. Мин буоллаҕына аккаастанным. Онуоха эттилэр: «Омук кыыһа, бэртэх кэл эрэ, бу хара кырыыстааҕы илдьэҥҥин иннин ыл», – диэтилэр. Онтон миигин ыланнар, инчэҕэй эһэ тириитигэр уганнар, ханна эрэ илдьэ бардылар. Эмиэ сүөккээн кэбистилэр. Онтон эмиэ өйдөнөн истэхпинэ, туох да киһи тулуйбат ыарыыта буолла. Ханнык эрэ билбэт дьонум миигин дэлби кэбилии тураллар эбит. Ити син өр салҕанан барда. Онтон дьэ миигин муҥнааччы  дьон тохтоотулар уонна эттилэр туох эрэ диэн. Ону анараа дьон хат ыйыттылар: «Ханна?» – диэн. Онуоха эттилэр: «Тоҕус ии үүтүн курдук түгэҕэ биллибэт дьибилгэннээх дойдуга», – диэтилэр. Миигин ханна эрэ иттилэр уонна кыараҕас хайаҕаска уган кэбистилэр: “Бу киһини  Ньохтолоох  ууһугар илдьи, хара быарын туһунан тоһоҕолооҥ кэбиһиҥ», – диэн быһаардылар. Быарбар хара быһаҕынан саайдылар. Мин өйбүн сүтэрэн кэбистим. Онтон биирдэ өйдөммүтүм, дьиэм анныгар баайылла сытар эбиппин. Дьонум эбиттэр – дьоммор “миигин сүөрүҥ”диэн көрдөстүм уонна дьэ өр баҕайы мэнэрийдим. Кэнники түүннэргэ били сылдьыбыт сирдэрбэр тиийэн хаалбыт буолабын. Уонна оннук сылдьан ыалдьар дьону көрдөхпүнэ, ойууннуохпун баҕарар буоллум. Ол кинини ыарыытыттан быыһыыр туһугар диэн. Уһугуннахпына, иһим үлүн да үлүн буолар, унуохтарым дьаралыйаллар. Оннук күннэргэ мин төбөм эргийэр, хараҕым иирэр. Инньэ гынан баран, быһах уонна саа ылан мээнэ баран хаалабын, санаабар, бэйэбэр тиийинэргэ сананным. Ол гынан баран, сырыы аайы төннөн кэлэр буоллум. Оннук сылы быһа сордоннум. Биир түүн түһээммин, биир киһини көрдүм. Ол киһим таҥаһа ынах таҥкычаҕыттан. Дьэ, онтон ыла мин хайдах эрэ түһээн да, илэ да ойууннуохпун баҕам күүһүрдэ уонна атах балай барар буоллум. Ити саас этэ. Ону дьонум үс төгүл булан аҕалаллар (өйө суох эбиппин) эбит. Өйдөнөн баран, бөрөнү уонна эһэни үтүктэн, түөрт атах буолан сылдьан, хайдах сири-буору сүргэйэн, эҥин араас сидьиҥ үөннэри, кутуйахтары сиртэн хаһан сиирбин саныыбын. Дьэ, оннук мээнэ сылдьан, биирдэ өйдөммүтүм, түүн үөһэ буолбут, сыбыс-сыгынньах сытар эбиппин. Онуоха хонноҕум анныттан сахсырҕа бөҕө көтөн таҕыста. Атахпын бүтүннүүтэ кымырдаҕас сиэн кэбиспит. Онтон дьиэбэр нэһиилэ тиийдим. Ити түүн дьонум утуйбуттарын кэннэ, сирэйбэр улахан уот кэлэн түстэ, хата, сиэбэтэ. Онтон балааккам таһыттан биир киһи киирэн, тарт да тарт буолла. Мин, куттанан, улаханнык хаһыытаатым. Дьонум уһугуннулар. 

Аны иккис саҕаланыытыгар мин иччилэри кытта мөккүһэр буолан бардым, “мин ойуун буолуом суоҕа”  диэн. Ону этэллэр: «Сөбүлэн, син биир буолуоҕуҥ», – диэн. «Биһиги син-биир эйигин сөбүлэһиннэриэхпит, баараҕай атахтаах, маҥан муруннаах, түүн бараан ийэҕэ», – дии-дии кычыгылаталлар. Онтон баттахпын тарыы-тарыы үөрэтэллэр. «Дьэ, баттаххын кырынан көрөөр эрэ», – дииллэр. Сороҕор түүн сыгынньах тииккэ ыттан олоробун уонна сарсыарданан билбэттэринэн киирэн ороммор сытабын. Оннук иккис сылбын туораатым.  

Үһүс кыһыным буолла. Саас маамыкталаах таба тута бардым, күөлгэ тиийэммин үөмэн истэхпинэ, арай иннибэр улахан баҕайы ыт баар буола түстэ. Ол ыкка чугаһаабыппар, эмиэ кулгааҕым курулуу түстэ да, өйбүн сүтэрэн кэбистим. Онтон өйдөммүтүм, миигин кытаанах баҕайы гына кэлгийбиттэр. Мин туран сүүрэн истим. Тиит таҥалай баара туораан хаалла. Онтон эмиэ охтон түстүм, өйбүн сүтэрэн кэбистим. Сарсыарда турбутум, кэлгиллэ сытар эбиппин. Эмиэ тутан аҕалан кэлгийбиттэр. Били бүтэһик сүтүүм кэннэ дьонум таайбыттар эбит уонна былаайах, таҥас тиктэрбиттэр. Онон үтүөрэн баран ойуун буоллум.

 Хаартыскалары Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин бибилэтиэкэтин пуондатыттан туһанныбыт.