Сергеева Кира,
Дьокуускй 31 №-дээх оскуолатын γѳрэнээччитэ,
Заморщикова Варвара Васильевна, алын кылаас учуутала.

Билиҥҥи кэмҥэ дьон сахалыы харысхалы туһанара олус элбээн эрэр. Харысхал – киһини харыстыыр, арчылыыр аналлаах эмэгэт, ымыы. Нууччалыы эттэххэ, “оберег, талисман” диэн буолар.

Харысхал бэлиэлэрэ биһиэхэ былыргы үйэттэн кэлбиттэр.

Бастатан туран, көрүҥнэрин чинчийэн үөрэттим. Ордук биллибиттэрэ манныктар эбит:

1. “Биэс харах” – Бу ойуу уйгуну – быйаҥы аҕалар диэн өйдөбуллээх. Эбиитин хара дьайтан, куһаҕан тыынтан, киһини быһа этэр тылтан харыстыыр.
2. Төгүрүк быһыылаах “Түөрт өттүгүттэн көмүскүүр харысхал” дьаҥтан-дьаһахтан харыстыыр, алаһа дьиэҕэ эйэни, тапталы, дьолу түстүүр.
3. “Үс кут” – киһи үс кутун харыстыыр: Салгын кут, Ийэ кут, Буор кут. Сүрдээх күүстээх араҥаччылыыр суолталаах.
4. “Кыптыый” – кыыс оҕо харысхала
5. “Ох”– уол оҕо харысхала.
6. “Дьиэ кэргэн” – ыалы бөҕөргөтөр харысхал.
7. “Дөлүһүөн хатыыта” – оҕо-уруу харысхала.
8. “Кымырдаҕас” – дьиэ-уот харысхала.
9. “Саһыл тумса” – баай-дуол харысхала.
10. “Сөпкө толкуй” – сөпкө толкуйдуурга, ситиһиини тардарга аналлаах харысхал.
11. “Лыах” – үтүө санаа харысхала, куһаҕан тыынтан араҥаччылыыр (оберег от сглаза).

Харысхаллары араас матырыйааллартан онороллорун бэлиэтии көрдүм: көмүстэн, сэлии (мамонт) муоһуттан, бэс мастан, туойтан, туостан, таҥастан, сиэлтэн о.д.а. Ордук үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут харысхал сыаналанар, тоҕо диэтэргит үрүҥ көмүс ыраастыыр, харыстыыр суолталаах.

https://www.traditionrolex.com/2

Саха дьоно ханнык харысхаллары төһө атыылаһалларын билээри атыыһытыттан ыйыттым. Онуоха үксүтүн саастаах дьон кэлэн атыылаһаллар диэтэ. Бэлэх оҥорон чугас дьоннорун харыстаары, араҥаччылаары харысхалы ылаллар эбит.

Бэйэм оҥорон көрдүм

Кыыс оҕо буоларым быһыытынан кыргыттарга аналлаах харысхалы үөрэттим.

“Кыптыый” – биллэр кыыс оҕоҕо аналлаах харысхал буолар. Былыр кыра кыыс оҕону сытыы харахтан, куһаҕан дьайтан харыстаары сыттыгын анныгар кыптыый уураллар эбит. Мин “Кыптыый” диэн харысхал хартыынаны киэргэтэн оҥорорго үөрэнним.

Харысхал оҥорорго туһанным:

Хаартыска араамата (А4), харысхал бэчээттэммит уруһуйа (трафарет), сыстар стразалар, киэргэллэр, өстүөкүлэҕэ аналлаах килиэй.

Трафареппытын ылан хаартыска арааматын иһигэр угабыт. Уруһуйунан сирдэтэн өстүөкүлэбит үрдүгэр киэргэллэрбитин сыһыарабыт. Хас да өҥү туһанан оҥоруохха сөп. Бүтэһигэр араамабыт иһигэр өҥнөөх хордуон уган оҥоһукпутун өссө эбии тилиннэрэбит.

Харысхал арааһа баарын биллим-көрдүм. Харысхаллары араас матырыйааллартан оҥороллор эбит. Ону сатаан туттуохтаахпыт. Суолтатын билбэккэ эрэ, харысхалы ылан мээнэ кэппэт эбиккин.