Солторой – Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин Быччардаан диэн сиригэр төрөөбүт улуу ойуун. Солторойдор биир-икки ынахтаах, балыгынан олорор ыал эбит. Кинилэр өрүс туора үрэхтэрин төрдүлэригэр быһыттаан, Сыаҥда Күндэйэтин, Күөмэйдэтэр, Токурума  сээннэрин, Алын, Орто Хорхоччумалар, Ураһалыыт, Кумах үрэҕин уонна ити түөлбэлэр бэрт элбэх күөллэригэр балыктаан сиэн ыал буолан олорбуттара диэн Н.В. Тихонов «Амыһаах – өбүгэм сирэ» кинигэтин рукопиһыгар суруллар [Тихонов, 1996–97]. Бу ойуун туһунан Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин кырдьаҕастара кэпсээбиттэрин хайдах баарынан таһаарабыт.

Маисов Семен Сергеевич, 1936 с. III Күүлэккэ Маайыс Аһыктаатыгар төрөөбүт, 1963-64 сс. Лукин Никита Ивановичтан истибититтэн кэпсээнэ.

Солторой – Быччаҥдаан (Амыһаах) улуу ойууна. 1947 сыллаахха уот буолбут. Сайын ортото хайдах да умуруорар кыахтара суох буолбут. Алексеев Никита Константинович-Лаппаакы Никиитэ оҕонньор көрдөһө тахсыбыт. Холкуос бэрэссэдээтэлэ. Ол тиийэн көрдөспүт: “Дьэ, бу алдьархайдаах уот турда. Ардаҕы аҕалан көр”, – диэбит. Оҕонньор улаханнык кэтэмэҕэйдээн баран эппит: “Бу хомуньуус киһи аата, күлүү гыммыт курдук, тоҕо миигиттэн көрдөһөҕүн?”, – диэбит. Көрдөһөн баран, онуоха Никита Константинович: “4 киилэ арыы аҕалабын”, – диэбит. Олорболоон баран оҕонньор: “Сарсын ардыаҕа, биир хамыйах ууну бэрсиэм”, – диэбит. Никита Константинович дойдутугар кэлбит. Үс түүнү быһа ардаабыт.  Онуоха кини: “Сүрдээх оҕонньор эбит. Тылбын ылынан, аал уоту умуруорда”, – диэбит.

Яковлев Алексей (Солторой  ойуун) туһунан

Афанасьев Иван Ильич, 1940 с. Үгүлээт нэһилиэгэр Токурума диэн күөлгэ төрөөбүт.

Прокопьев Николай сэрии бэтэрээнэ, кавалерист, Чехословакияны көмүскээһиҥҥэ атаҕар уонна көхсүгэр араанньылаах. Орто уҥуохтаах, сып-сап түргэн туттуулаах, уһанар эҥин киһи этэ. Солторой кыыһа Марфа кэргэнэ этэ, оҕолоро суох. Оҕонньор өлөөрү сытан, күтүөтүгэр кэриэһин этэр. “Луоппа хайатын тэллэҕэр икки тэҥ түөрт муннуктаах таастары аҕалан, ииним үрдүгэр хара быарым туһунан уурталаар уонна бараргар наай диэн кэннигин хайыһаайаҕын, хайыстаххына, бэйэҥ бэйэҕиттэн хоргутаар”, – диэбит. Өлбүтэ сыла туолбутун кэннэ, Николай били таастары тиэйэн аҕалан, оҕонньор эппитин курдук уурталыыр. Онтон көлөтүн эргитэн суолга киирэн эрдэҕинэ, кэннигэр тап-таһыргас тыас бөҕө буолар. “Бэйи тааспын сыыһа уурдум дуу?” диэн лу кылам гынар уонна кэннин диэки хайыспытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Көрбүтэ, били уурбут таастара умайан күөдүпчэлэнэ тураллар үһү. Оҕонньор эппитин дьэ өйдүүр да, кэмсиммитин иһин, туох кэлиэй. Аһыырынан ыалдьан икки ый кэриҥэ эрэ олорбута. Бу Николай дьонугар кэпсээбититтэн сурулунна.

Онтон биир түбэлтэ сэрии иннинэ буолуо. Дьон кэпсииринэн, оҕонньор куруук да, Күндэйэ үрэҕин төрдүгэр айааны быһыттаан, онно лу киирэр балыгы астаан, кыамматтүгэммэт дьон онно мустан, аһаан-сиэн сайылыыллар этэ. Ол бириэмэҕэ улахан уот өрүс уҥуоргунан кэлэн, сирин-дойдутун сиир лу от тирээбитигэр, үс түүннээх күнү быһа кыырбыт. Онтон тутайан, усталыы оттуллубут лу кытыытыгар нуктаан сыттаҕына, хайдах сытарын курдук киһилэрэ өрө дэгдэйэн тахсан, ким эрэ бырахпытын курдук, лу ортотугар баар буола түһэр. Дьэ онтон бурҕаллан туран, “уот иччитэ сии сыста” диэбит уонна үс түүннээх күн дохсун ардах түһэн, уоту умуорбута. Ол уокка быраҕыллан, этин-сиинин элбэхтик сиэтэн, уһуннук эрэйдэммитэ диэн кэпсээччилэр.

Кэлиҥҥи 2014 сыллааҕы улахан уот, кураан баҕайы сайын этэ, хайдах эрэ Быччандаан дэриэбинэтин сиэн баран, икки килэмиэтир курдук Сыаҥда диэки киирэн иһэн, умуллан хаалбыт этэ. Оттон оҕонньор олоҕо 4 килэмиэтири кыайбат. Билигин да сирин-уотун көмүскүү, арчылыы сытар быһыылаах.

Яковлев Алексей (Солторой) 1953 сыллаахха биһиги Маҥан өтөххө олордохпутуна, кыһын кэлэн хонон барбыта. Онно аҕам ийэм бааллара. Киэһэни быһа кини хайдах ойуун буолбутун кэпсээбитэ: «Мин Үөһээ Дойдуттан айдарыылаах ойууммун. Дьэ арааһынай ыт-кус буолан кэлэн сиэри сырыс да сырыс буолаллар. Наһаа арахпакка сырсар буоллахтарына, үөһэ былыкка тахсан саһабын, ону уһаппаттар, тэҥҥэ сырсан тахсаллар. Хас былыт баар да, ол кэтэҕэр барытыгар Солторой сирэйэ буолан хаалар. Ону сырса сатаан баран төннөллөр. Кутталлааҕа диэн үөһэнэн көтөн ааһан иһэн, үөрбэ быраҕаллар. Ону кутуҥ кыайар буоллаҕына, этиҥ тардан аһаран биэрэҕин. Маны таһынан сиикэрэ быраҕаллар. Ону хайаан да ыйыстыахтааххын. Ол ойууну кыайар буоллаххына, таах хотуолаан кээһэҕин. Мин бу букатын былыргы ойуун сиикэрэтигэр түбэһэн, өрүттүбэттии ыалдьа сылдьабын, – диэбитэ. – Дьэ уонна түһээтим. Көрөн турдахпына, сүрдээх улахан уот сири-дойдуну барытын ньимиччи сиэн ааста. лу от ааста да, кэнниттэн тута көҕөрөн кэллэ да, туох да буолбатаҕын курдук чэлгийэ түстэ. Бу олох үс сылынан кэлиэ дииллэр, дьэ ол үс сыллара хаһан кэлэрэ буолла…”. Аҕалаах ийэбэр: “Эһиги бу олоххо тиийбэккит буолуо, оттон бу оҕолор тиийиэхтэрэ”, – диэбитэ. Онтон салгыы хайдах эттэтэн, ойуун буолбутун кэпсээбит этэ, ону утуйан хаалан истибэтэҕим.

Ангелина Кузьмина «Үгүлээт фольклора» кинигэтигэр Сайыына Николаева уруһуйа